Бэс ыйын 17 күнүгэр Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар аналлаах Чурапчы улууһун ыһыаҕар “Саргыны салайсыбыт үтүө дьоммут”, В.Иохельсон кэлэн Чурапчы ыһыаҕын үйэтиппит хаартыската 120 сылыгар аналлаах выставка Аал Луук Мас балаҕаныгар турда
Архив за месяц: Июнь 2022
Үс сэргэ – үс кут
Бэс ыйын 14 күнүгэр А.Е.Кулаковскай – Өксөкүлээх Өлөксөй төрөөбүтэ 145 сылыгар анаан “Үс сэргэ – үс кут” диэн концепция бырайыак чэрчитинэн Өймөкөөнтөн делегация – Өймөкөөн улууһун баһылыга Иннокентий Семенович Сивцев, культура дьаһалтатын начальнига Аксиния Семеновна Сивцева кэлэн бардылар. “Үс кут – үс сэргэ” концепция сүрүн соруга – Өксөкүлээх Өлөксөй тус бэйэтинэн оҥорон хаалларбыт аһаҕас халлаан мусуойун экспонаттара – мас сэргэлэрэ кини олоҕун уонна үлэтин кэрэһиттэринэн буолан туралларын үйэтитии. Өймөкөөнтөн ыалдьыттарбыт Өймөкөөн сириттэн буор аҕалан куттулар.
Санатан эттэххэ:
🌿Саха норуотун духуобунай лиидэрэ Өксөкүлээх Өлөксөй Саха сиригэр үс эрэ улуус нэһилиэктэригэр – Чурапчы Арыылааҕар, Үөһээ Бүлүү Оҥхойугар уонна Өймөкөөн Томторугар Өйдөбүнньүк сэргэлэри туруорбута. Ол мас историческай өйдөбүнньүктэр күн бүгүнүгэр диэри бу улуустар олохтоохторо сүгүрүйэн ааһар ытык сирдэринэн буолаллар.
🌿Ол курдук, 1904 сыллаахха Чурапчы улууһун Арыылаах нэһилиэгэр Өксөкүлээх кэлэн өбүгэ сиэрин-туомун тутуһан, арыгыта суох уруу тэрийбит. Манна кини саҥа олох түстэниитин бэлиэтин — ИЙЭ КУТ бастакы сэргэтин туруорбут.
1905 сыллаахха Үөһээ Бүлүү улууһугар эмиэ Арыылаах нэһилиэгин Оҥхой учаастагын олохтоохторугар от охсор тэрили илдьэ тиийэн, оһуохай тэрийэр. Кини манна үлэни, или уонна уйгулаах олоҕу түстүүр БУОР КУТ — иккис сэргэтин туруорбут.
1924 сыллаахха эйэлээх олох кэлбитин, судаарыстыбаннас түстэммитин уруйдаан, Өймөкөөн улууһун Томтор нэһилиэгин Үрэх Төрдө диэн сиргэ өбүгэ үгэһин барытын тутуһан ыһыах ыһар уонна манна – САЛГЫН КУТ үһүс сэргэтин туруорбут.
Симэлийбэт ситим
Бэс ыйын 10-12 күннэригэр Таатта улууһун Чөркөөҕөр «IIS.UUS.AS fest» этнографическай бэстибээл түһүлгэтэ буолан ааста. Манна «Ытык ымыым – хомуһум” диэн хомус уустарын икки ардыларыгар, кылтан, сиэлтэн, туостан, муостан, туойтан, талахтан оҥоһуктарга, ону сэргэ “Үрүлүйэр үрүҥ аспыт барахсан” диэн асчыттар түһүлгэлэригэр анаммыт улахан тэрээһин буолла. А.А.Саввин аатынан Чурапчытааҕы история уонна этнография түмэлэ “Симэлийбэт ситим” выставкаҕа кытынныбыт.
Курс повышения квалификации по образовательной программе “ГИД-ЭКСКУРСОВОД”
С 1 по 3 июня сотрудники нашего музея Никонова С.Р., Мохначевская В.В., Федорова В.В. прошли курсы повышения квалификации по образовательной программе “ГИД-ЭКСКУРСОВОД”. Курсы проходили в живописной местности “Дружба” с. Соттинцы Усть-Алданского улуса. В образовательной программе приняли участие сотрудники музеев с разных уголков Республики Саха (Якутия). Слушатели получили практические знания, изучили основы риторики, логистики, психологии, узнали, как составлять маршруты, показывать экспонаты, общаться в рамках правил этикета, рекламировать свои услуги. Объем программы составил 144 академических часов. По итогам обучения слушатели курсов получили удостоверения о повышении квалификации.
Спасибо организатором курса!
Алексей Кулаковскай – Саха сирин духуобунай лидерэ
Ыам ыйын 25-26 күннэригэр Хаҥалас улууһун Хачыкаат нэһилиэгэр “Алексей Кулаковскай – Саха сирин духуобунай лидерэ” диэн научнай-практическай симпозиум буолла. Бу тэрээһин Өксөкүлээх Өлөксөй төрөөбүтэ 145 уонна кини айан хаалларбыт “Интеллигенцияҕа суруга” бичиккэ тиһиллибитэ 110 сыллаах үбүлүөйдэригэр ананар. Симпозиум Саха сирин Бастакы бэрэсидьиэнэ, судаарыстыбаннай сүбэһит Михаил Николаев көҕүлээһининэн, Ил Дархан Айсен Николаев өйөөһүнүнэн ыытылынна. Тэрээһин хас да хайысханан үлэтин ыытта. Ол курдук тыа хаһаайыстыбатыгар, доруобуйа харыстабылыгар, туризмы сайыннарыыга секциялар үлэлээтилэр. Ону таһынан Өксөкүлээх Өлөксөй духуобунай нэһилиэстибэтин туспа ырыттылар.