Архив рубрики: Новости

Выставки Якутского музея им. Ем. Ярославского в с. Чурапча посетили свыше 1000 человек

С 30 ноября по 2 декабря в рамках проведения Дней государственных музеев РС(Я) в Чурапчинском улусе сотрудники Якутского государственного объединенного музея истории и культуры народов Севера им. Ем. Ярославского организовали три выездные выставки «Легенды музея», «Любящий Вас, Лев Толстой» и «Артефакты Чурапчинского улуса» (по материалам Саха-французской археологической экспедиции») в стенах Чурапчинского музея истории и этнографии им. А.А. Саввина и одну выставку «Семейные реликвии глазами потомков» в Музее переселенцев в с. Хатылы Чурапчинского улуса.

В культурном центре «Айылгы» глава МО «Чурапчинский улус (район)» А.Т. Ноговицын и заместитель министра культуры и духовного развития РС (Я) Н.А. Макаров торжественно открыли Дни государственных музеев РС (Я) в Чурапчинском улусе. Всего приняли участие и организовали свои выставки на разных площадках Национальный художественный музей РС(Я), Якутский государственный литературный музей им. П.А Ойунского, Музей музыки и фольклора народов Якутии, Музей дружбы народов им. К.Д. Уткина и Якутский музей им. Ем. Ярославского.

На выставках Якутского музея им. Ем. Ярославского были представлены уникальные и легендарные экспонаты из фондов старейшего музея республики: трехножный чорон XVI века, найденный археологом В.В. Поповым в с. Болтоҥо Чурапчинского улуса, этнографические материалы, собранные известным фольклористом и краеведом Д.И. Дьячковским — Сэһэн Боло, два портрета великого русского писателя Л.Н. Толстого, написанные И.И. Сивцевым – Мытыйыкы, предметы из коллекции декоративно-прикладного искусства разных народов, подаренные в 50-годы в фонды музея Ф.Ф. Корниловой – Ракоши, а также легендарный чорон из бивня мамонта с бриллиантами и другими драгоценными камнями, подаренный Л.И. Брежневу от имени всех трудящихся Якутии и другие экспонаты. Большим интересом у детей пользовались интерактивные экспонаты – макеты оружий времен Великой Отечественной войны и макеты оружий землепроходца XVII века.

На торжественном открытии выставок Якутского музея им. Ем. Ярославского присутствовали директор Якутского музея им. Ем. Ярославского Е.С. Шишигин, глава МО «Чурапчинский улус (район)» А.Т. Ноговицын, начальник управления культуры Чурапчинского улуса Д.Д. Попов, директор Чурапчинского музея истории и этнографии им. А.А. Саввина Ю.С. Толстоухов, краеведы, представители общественности с. Чурапча и другие.

Всего выставки Якутского музея им. Ем. Ярославского посетили 1204 человека.

http://yakutmuseum.ru/news/vystavki-yakutskogo-muzeya-im-em-yaroslavskogo-v-s-churapcha-posetili-svyshe-1000-chelovek/

Емельян Ярославскай аатынан Саха музейа чурапчыларга сэдэх экспонаттарын көрдөрдө

СӨ култуура уонна духуобунай сайдыы министиэристибэтин, «Чурапчы улууһа» МТ дьаһалтатын тэрийиилэринэн Чурапчыга үс күн устата өрөспүүбүлүкэ музейдарын күннэрэ ыытылыннылар.


img_8209-muzej1Быыстапканы үөрүүлээхтик аһыыга Саха музейын директора, историяҕа наука кандидата, РФ уонна СӨ култуура үтүөлээх үлэһитэ, РФ музейдарын сойууһун Президиумун чилиэнэ Е.Шишигин, Чурапчы улууһун баһылыга А.Ноговицын, А.Саввин аатынан история уонна этнография музейын директора Ю.Толстоухов кытыннылар. Бар дьону үөрүүлээх күнүнэн эҕэрдэлээтилэр, тэрээһиҥҥэ кытталларыгар, быыстапкалары көрөллөрүгэр, санааларын тиэрдэллэригэр ыҥырдылар.

Долгутуулаах тэрээһиҥҥэ Емельян Ярославскай аатынан Хотугу норуоттар историяларын уонна култуураларын холбоһуктаах государственнай музейа “Легенды музея”, “Любящий Вас, Лев Толстой” уонна “Артефакты Чурапчинского района” диэн быыстапкаларын Чурапчытааҕы А.Саввин аатынан история уонна этнография музейыгар туруорда. Онтон музей научнай үлэһитэ Юлия Илларионова оҥорбут «Семейные реликвии глазами потомков» диэн быыстапката Хатылы олохтоохторун болҕомтолорун тарта.

img_8245-muzej2Чурапчылар дьикти историялаах сэдэх экспонаттары улаханнык сэргээтилэр, сөҕө-махтайа көрдүлэр. Ол курдук, музейбыт археолога Василий Попов Болтоҥо нэһилиэгиттэн булбут 16-с үйэтээҕи үс атахтаах мас чороонун, “Кыыс таҥара” диэн ааттаах саха былыргы итэҕэлин көрдөрөр экспонатын, саха фольклорун уһулуччулаах чинчийээччитэ Д.И.Дьячковскай-Сэһэн БолоОдьулуунтан хомуйбут этнографическай коллекциятын, Чурапчы Сылаҥыттан төрүттээх худуоһунньук И.И. Сивцев – Мытыйыкы Уус нуучча улуу суруйааччытын Лев Толстойу уруһуйдаабыт икки хартыынатын, Саха сириттэн төрүттээх Венгрия генсегын кэргэнэ Ф.Корнилова — Ракошибэлэхтээбит араас экспонаттарын, Манньыаттаах уола тутта сылдьыбыт малын-салын, РСФСР, САССР норуодунай худуоһунньуга, муосчут Т.Аммосов оҥорбут, СӨ Л.Брежневкэ 70 сааһыгар анаан оҥорбут, бэлэхтээбит аатырбыт-сураҕарбыт бриллианнаах чороонун уонна да атыны уу харахтарынан көрөллөрүн сэргэ, историяларын сиһилии билсэн ордук улаханнык астыннылар, дуоһуйдулар. Дьон-сэргэ чахчы астынан туран, маннык тэрээһиннэр олус наадалаахтарын ыйдылар.

Чурапчы улууһугар буола турар Музейдар күннэригэр кэскиллээх кэпсэтии таҕыста

Чурапчы улууһугар 2016 сыл Музей сылынан биллэриллибитэ. Ол чэрчитинэн үлэ-хамнас өрө көтөҕүллүүлээхтик, тиһиктээхтик ыытылынна. Онтон бу күннэргэ, сэтинньи 30 күнүттэн ахсынньы 2 күнүгэр диэри, СӨ Государственнай музейдарын күнэ бэрт сэргэхтик буола турар. Бэлиэ дьаһалга Бырайыак толорооччуларынан Чурапчы улууһун дьаһалтата, СӨ култуура уонна духуобунай сайдыы министиэристибэтэ, олохтоох култуура уонна музей тэрилтэлэрэ буолаллар.


Ол курдук, Емельян Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы хотугу норуоттар култуураларын уонна историяларын кэпсиир музей, СӨ Национальнай художественнай музейа, Былатыан Ойуунускай аатынан литература музейа, Саха норуотун фольклорун уонна музыкатын музейа, Ксенофонт Уткин аатынан Ньурбатааҕы доҕордоһуу музейа кэлэн кыттыыны ыла сылдьаллар. Хас биирдии түмэл бэйэтэ аҕалбыт экспонатын үс күн устата көрөөччү сэҥээриитигэр таһаарда.dsc_0028-dni-muzeya-v-churpache-zhvr

Үөрүүлээх дьаһал умнуллубат түгэнинэн Андрей Саввин-Өндөрүүскэ Саабын аатынан музейга кини мемориальнай дуоскатын аһыы сиэрэ-туома буолла. Салгыы СӨ култуура уонна духуобунай сайдыы миниистирин бастакы солбуйааччы Николай Макаров, улуус баһылыга Андрей Ноговицын, Ярославскай аатынан музей дириэктэрэ Егор Шишигин, кэлбит музейдар бэрэстэбиитэллэрэ, улуус кыраайы үөрэтээччилэрэ, история учууталлара, култуура, музей үлэһиттэрэ кыттыылаах төгүрүк остуолга сэргэх кэпсэтии таҕыста. Бу духуобунас тыынын өрө күүрдэр аһаҕас, ыллыктаах сэһэргэһиигэ баҕа санаалар этилиннилэр. Инникитин музей үлэтин өссө үрдүк таһымҥа таһааран, норуот духуобунай таһымын кэпсиир үйэлээх дьыалаҕа күүскэ ылсыы, норуот быһыытынан ураты суолбутун булунарбытыгар кэмнэр аастахтарын ахсын улахан көмөнөн буолалларын бэлиэтээтилэр. Үс күн устата биэс сиринэн ыытыллар Государственнай музейдар быыстапкалара улуус дьонугар-сэргэтигэр саҥа көрүүлэри, үтүө түгэннэри бэлэхтиэхтэрин эттилэр.

Чурапчы улууһун салалтата Музей сылын биллэрэн, бу эйгэҕэ үгүс үлэни былааннаахтык ыыппытын бэлиэтиир тоҕоостоох. Итиниэхэ тэрээһин кыттыылаахтара маннык улахан дьаһал биир сылынан түмүктэнэн хаалбакка, кэлэр сылга суолун өссө тобулан, оннун булан үтүмэн үлэни ыытыаҕар эрэннилэр, бу хайысха сайдар кыахтааҕын бэлиэтээтилэр.

ЯСИА