Архив рубрики: Дьоһун бэлэх

ССРС кульутарын туйгуна, СӨ культуратын үтүөлээх үлэһитэ, Чурапчы улууһун уонна Болугур нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, күндүтүк саныыр, киэн туттар бэтэрээн үлэһиппит Валентина Дмитриевна Пинигина сырдык аатыгар бэрт истиҥ, иһирэх ахтыы кинигэни дьоһун бэлэх оҥордулар. Кинигэни таҥан оҥордулар А.М. Смирникова, Е.С.Слепцова. Валентина Дмитриевна Чурапчы музейын, культуратын үрдүк таһымҥа таһаарбыт дьонтон биирдэстэрэ буолар. Кини үлэлээбитэ-хамнаабыта, оҥорбута-туппута Чурапчыбыт историятын кэрчик кэмнэрин сырдатар. Онон үгүһү кэпсиир ис хоһоонноох кинигэни таһаарбыккытыгар, үтүө киһибитин үйэтиппиккитигэр ис сүрэхтэн махтанабыт!

В дар нашему музею концевой скребок из стоянки Хонду, найденный в 2023 г.. Скребок создан древним человеком на пластинчатом отщепе. Длина 4,8 см, ширина 2,6, толщина 0,5. Культурная принадлежность – дюктайская культура. Возраст 35 – 10,5 тысяч лет назад. Дар музею оказал Кандыба Александр Викторович, старший научный сотрудник отдела археологии каменного века Института археологии и этнографии СО РАН. Передал артефакт участник архелогической раскопки ученый археолог из Якутска Протопопов Альберт Васильевич.

Бүгүн биһиги түмэлбит библиотекатыгар Чурапчы улууһун үөрэҕин салалтатыттан «Край родной Чурапчинский» диэн улуус үүнэр көлүөнэ ыччата төрөөбүт дойдутун үөрэтэн сиһилии билэригэр туһуламмыт, оскуола 5-һис кылааһын үөрэнээччилэригэр улуус географияҕа, историяҕа учууталлара оҥорбут кинигэлэрин дьоһун бэлэх оҥордулар.

Бу кинигэҕэ улуус историята, айылҕата, нэһилиэнньэтэ, киэн туттар дьоно, тыа хаһаайыстыбата, улуус билиҥҥитэ барыта олус өйдөнүмтүө, оҕолорго сөптөөх тылынан киирбит. Бу үөрэх кинигэтэ биһиги үлэбитигэр куруук туһанар кинигэбит буолуоҕа саарбаҕа суох. Онон олус улахан махталбытын тиэрдэбит үөрэх салалтатыгар Юрий Павлович Посельскайга, бу элбэх сыллаах киэҥ хабааннаах үлэни салайан таһаартарбыт педагогика билимин кандидатыгар Любовь Семеновна Пахомоваҕа, бары автордарга: Анастасия Алексеевна Аржаковаҕа– Николай Дмитриевич Субуруускай аатынан Болтоҥо орто оскуолатын географиятын учууталыгар, Анна Гаврильевна Борисоваҕа– Иван Егорович Федосеев-Доосо аатынан Дириҥ орто агро оскуолатын бэтэрээн учууталыгар, Нина Михайловна Дагданчаҕа – Тихон Михайлович Каженкин аатынан Арыылаах орто оскуолатын географиятын учууталыгар, Зинаида Петровна Дьячковскайаҕа – Профессор Георгий Прокопьевич Башарин аатынан Сылаҥ орто оскуолатын географиятын учууталыгар, Люция Павловна Илларионоваҕа– С.А. Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатын историятын учууталыгар, Мария Дмириевна Колесоваҕа– И.М. Павлов аатынан Чурапчы орто оскуолатын географиятын учууталыгар, Татьяна Ивановна Лазареваҕа Василий Семенович Яковлев-Далан аатынан Кытаанах орто оскуолатын географиятын учууталыгар, Любовь Семеновна Макароваҕа– С.А. Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатын географиятын учууталыгар, Марфа Афанасьевна Монастыреваҕа– Дмитрий Петрович Коркин аатынан Чурапчытааҕы республиканскай олимпийскай эрэллэри бэлэмниир спортивнай орто интернат-оскуола географиятын учууталыгар, Екатерина Дмитриевна Софроноваҕа – Одьулуун орто оскуолатын географиятын учууталыгар, Иван Романович Федосеевка – Василий Сергеевич Соловьев-Болот Боотур аатынан Хатылы орто оскуолатын географиятын учууталыгар.

Бүгүн биһиги түмэлбит библиотекатыгар Чурапчы улууһун үөрэҕин салалтатыттан «Край родной Чурапчинский» диэн улуус үүнэр көлүөнэ ыччата төрөөбүт дойдутун үөрэтэн сиһилии билэригэр туһуламмыт, оскуола 5-һис кылааһын үөрэнээччилэригэр улуус географияҕа, историяҕа учууталлара оҥорбут кинигэлэрин дьоһун бэлэх оҥордулар.

Бу кинигэҕэ улуус историята, айылҕата, нэһилиэнньэтэ, киэн туттар дьоно, тыа хаһаайыстыбата, улуус билиҥҥитэ барыта олус өйдөнүмтүө, оҕолорго сөптөөх тылынан киирбит. Бу үөрэх кинигэтэ биһиги үлэбитигэр куруук туһанар кинигэбит буолуоҕа саарбаҕа суох. Онон олус улахан махталбытын тиэрдэбит үөрэх салалтатыгар Юрий Павлович Посельскайга, бу элбэх сыллаах киэҥ хабааннаах үлэни салайан таһаартарбыт педагогика билимин кандидатыгар Любовь Семеновна Пахомоваҕа, бары автордарга: Анастасия Алексеевна Аржаковаҕа– Николай Дмитриевич Субуруускай аатынан Болтоҥо орто оскуолатын географиятын учууталыгар, Анна Гаврильевна Борисоваҕа– Иван Егорович Федосеев-Доосо аатынан Дириҥ орто агро оскуолатын бэтэрээн учууталыгар, Нина Михайловна Дагданчаҕа – Тихон Михайлович Каженкин аатынан Арыылаах орто оскуолатын географиятын учууталыгар, Зинаида Петровна Дьячковскайаҕа – Профессор Георгий Прокопьевич Башарин аатынан Сылаҥ орто оскуолатын географиятын учууталыгар, Люция Павловна Илларионоваҕа– С.А. Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатын историятын учууталыгар, Мария Дмириевна Колесоваҕа– И.М. Павлов аатынан Чурапчы орто оскуолатын географиятын учууталыгар, Татьяна Ивановна Лазареваҕа Василий Семенович Яковлев-Далан аатынан Кытаанах орто оскуолатын географиятын учууталыгар, Любовь Семеновна Макароваҕа– С.А. Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатын географиятын учууталыгар, Марфа Афанасьевна Монастыреваҕа– Дмитрий Петрович Коркин аатынан Чурапчытааҕы республиканскай олимпийскай эрэллэри бэлэмниир спортивнай орто интернат-оскуола географиятын учууталыгар, Екатерина Дмитриевна Софроноваҕа – Одьулуун орто оскуолатын географиятын учууталыгар, Иван Романович Федосеевка – Василий Сергеевич Соловьев-Болот Боотур аатынан Хатылы орто оскуолатын географиятын учууталыгар

🙌

#дьоһунбэлэх2024

Дьоһун бэлэх

“Сүүрбэ сыл усталаах экспедиция (2000-2020 сс.)” диэн биллиилээх археолог, СР культуратын туйгуна, Ем. Ярославскай аатынан саха гос. музейын этнография салаатын салайааччыта Василий Васильевич Попов сүүрбэ сыллаах археологическай уонна этнографическай үлэлэрин түмүгүнэн таһаарбыт кинигэтин, автор бэйэтэ музейбыт библиотекатыгар анаан дьоһун бэлэх оҥордо. Бу кинигэҕэ археолог былыргы сахалар көмүүлэрин көрдүүр-булар ньымалары ырытан суруйар. Өссө билим эйгэтигэр тиһиллэ илик саха XV-XVIII үйэтээҕи көмүүлэр ис мастарын, ол иһигэр киһи өлүгүн араастык сытыарыы, уотунан сиэтэн ыраастааһын уо.д.а. сиэрдэри-туомнары бэлиэтиир. Салгыы, археологическай чахчыларга олоҕуран, саха палеоэтнографиятыгар саҥа быһаарыылар, өйдөбүллэр бэриллэллэр, түмүккэ Саха сиригэр орто үйэлэри археологическай чинчийии кыһалҕаларын ыйар. Кинигэ анал идэлээхтэргэ: археологтарга, этнографтарга уонна кыраайы үөрэтээччилэргэ ананар. Биир кэрэхсэбиллээҕинэн буолар автор кинигэтин сахалыы толкуйдаах, сахалыы ньымалары туһанар археологтар тахсалларыгар анаан саха тылынан суруйбут. Убаастабыллаах Василий Васильевич, киэн туттар биир дойдулаахпыт, өр сыллаах үлэн түмүгүн кинигэ оҥорон таһаарбыккынан киэн туттан туран истиҥник эҕэрдэлиибит уонна дьоһун бэлэҕин иһин улаханнык махтанабыт! Өссө да үтүө сыалларгын толороҥҥун, оргуйар олох үөһүгэр айа-тута сылдьаргар баҕарабыт!

Дьоһун бэлэх

Уус Алдан улууһун “Умсулҕан” түмсүүтүттэн бэрэсэдээтэли солбуйааччы Анна Федорова салайааччылаах 10 киһилээх бөлөх коллекционердар күннэригэр сөп түбэһиннэрэн Чурапчыга кэлэ сылдьан биһиги түмэлбитигэр эмиэ сылдьан ааспыттара. Бу кэлэ сылдьан “Мүрүйээдэ үтүмэн үйэлэр быыстарын сэгэтэн” диэн Бороҕон сахаларын эрэ буолбакка саха омуга Евразия норуоттарын кытары историческэй уонна культурнай ситимнэрин туһунан кэпсиир дьоһун кинигэни бэлэх ууммуттара.

 

Дьоһун бэлэх

Быйылгы үбүлүөйүнэй ыһыахпыт биир бастыҥ түһүлгэтигэр “Сыл бастыҥ экспоната” күрэхпит ССРС культуратын туйгуна, СР культуратын үтүөлээх үлэһитэ, Чурапчы улууһун, Болугур нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, музейга өр сылларга үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээбит Валентина Дмитриевна Пинигина сырдык аатыгар ыытыллыбыта. Валентина Дмитриевна кыыһа СР культуратын туйгуна, НХМ худуоһунньук-реставратора Евдокия Семеновна Пинигина бу тэрээһиҥҥэ кэлэ сылдьан “Раритеты Якутии: Намский улус” А.Л.Габышева, Г.Г. Неустроева автордаах альбом-каталог кинигэни бэлэх ууммута

Дьоһун бэлэх

“Саха саата-саадаҕа” диэн кинигэни автор бэйэтэ Егоров Николай Иванович-Баайаҕыын бу сайын ыһыахха кэлэ сылдьан бэлэх ууммута. Кинигэ ааптар өр сылларга араас музейдар матырыйаалларын үөрэтэн, үгүс научнай үлэлэри ааҕан, кырдьаҕастары кытта кэпсэтэн, элбэх араас чахчыларга олоҕуран, саха саатын-саадаҕын ырыппыт үлэтин түмүгэ буолар

Дьоһун бэлэх

Таатта улууһун П.А.Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннас түмэлиттэн Михаил Геннадиевич Аржаков бу сайын тэрээһиҥҥэ кэлэ сылдьан былыргы үрүҥ көмүс ат ыҥыырын бүрэтин пластинатын фрагменын уонна уулаах көмүстэн тиэрбэс (сыалдьаҕа сутуруо быатын баайар эбэтэр кур тиэрбэһэ) бэлэх ууммуттара. Бу предметтэр Ааллаах Үүҥҥэ таһаҕас таһар суол сириттэн көстүбүттэр

“Дьоһун бэлэх”

Музейбыт библиотекатыгар XIX үйэтинээҕи сахалыы иис уонна саха декоративно-прикладной искусствота түмүллүбүт каталог-кинигэлэри и.н.к., М.К.Аммосов аатынан ХИФУ ХИНТуоКИ фольклор уонна культура кафедратын доцена, түмээччи-автор С.И.Петрова дьоһун бэлэх оҥордо (28.08.2023).