Все записи автора Администратор

Ыам ыйын 16 күнүгэр А.А.Саввин аатынан Чурапчытааҕы история уонна этнография музейын коллектива Хатылытааҕы Көһөрүллүү музейыгар В.С.Соловьев-Болот Боотур аатынан Хатылы орто оскуолатын үөрэнээччилэрин кытта көрсүһүүлэрэ буолан ааста. Көрсүһүүгэ 7,8,10 кылаас оҕолоро кыттыыны ыллылар. Бу тэрээһин музейдар Аан дойдутааҕы күннэригэр ананан ыытылынна.

            Музей директора Афанасий Афанасьевич Захаров музей үлэтэ биһиги олохпутугар суолтатын, элбэҕи билэргэ-көрөргө улахан көмөлөөҕүн туһунан, төрөөбүт дойдубут историятын билэрбит хайаан да наадалааҕын туһунан оҕолорго элбэҕи кэпсээтэ, музей идэтин ылалларыгар ыҥырда. Музей научнай сотруднига Юрий Семенович Толстоухов Чурапчы оройуонугар – урукку Боотурускай улууһугар музейдар аан бастаан хаһан тэриллэ сылдьыбыттарыттан саҕалаан Чурапчы музейдарын, салгыы Дьокуускай куоракка баар музейдар тустарынан, онтон салгыы Аан дойдуга ханнык музейдар баалларын туһунан сырдатта. Көһөрүллүү музейын сэбиэдиссэйэ Марфа Владимировна Чичигинарова бу музей тэриллиитэ хайдах саҕаламмытын, музей экспонаттара, матырыйааллара Хатылы оскуолатын оҕолорун күүстэринэн хомуллубутун киэн тутта кэпсээтэ. Экскурсовод Василена Васильевна Мохначевская оҕолорго Чурапчыбыт историятыттан бэртээхэй викторинаны ыытан улахан сэргэхсийиини, ол быыһыгар мөккүөрдээх да түгэннэри таһаарда. Оҕолор бука бары көхтөөхтүк кыттаннар бары ыйытыктарга хоруйдаатылар, кыайыылаахтар сэмэй бирииһинэн наҕараадаланнылар.

Түмүгэр В.С.Соловьев-Болот Боотур аатынан Хатылы орто оскуолатын администрациятыгар, чуолаан оскуола музейын салайааччытыгар Алгыстаана Николаевна Федороваҕа, Көһөрүллүү музейын сотрудниктарыгар махталбытын биллэрэбит.

САХА ЛИТЕРАТУРАТЫН ЭЙГЭТЭ. Дьуон Дьаҥылы уонна Сэмэн Тумат

Поэт, тылбаасчыт, Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии кыттыылааҕа, ССРС суруйааччыларын союһун чилиэнэ

  • Гаврил Иванович Макаров-Дьуон Дьаҥылы төрөөбүтэ 110 сылыгар

       Поэт, тылбаасчыт, Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии кыттыылааҕа, ССРС суруйааччыларын союһун чилиэнэ Гаврил Иванович Макаров-ДЬУОН ДЬАҤЫЛЫ төрөөбүтэ 110 сылыгар, уонна поэт, прозаик, литературнай критик, тылбаасчыт, суруналыыс, Саха Республикатын народнай суруйааччыта, Саха Республикатын культуратын үтүөлээх үлэһитэ, Российскай Федерация уонна Саха Республикатын суруйааччыларын союзтарын чилиэнэ Семен Андреевич Попов-СЭМЭН ТУМАТ 80 сааһыгар ананар «САХА ЛИТЕРАТУРАТЫН ЭЙГЭТЭ: Дьуон Дьаҥылы. Сэмэн Тумат.» диэн хаһан да, ханна даҕаны киэн тутта ааттыыр биир дойдулаахтарбыт ааттарыгар ыытыллар литературнай тэрээһиммитигэр муһуннубут. Гаврил Иванович Макаров-Дьуон Дьаҥылы 1914 сыллаахха олунньу 26 күнүгэр төрөөбүтэ, онтон Семен Андреевич Попов-Сэмэн Тумат 1944 сыллаахха олунньу 23 күнүгэр күн сирин көрбүтэ. Онон быйылгы үүммүт сыл уонна олунньу ый бу икки улахан суруйааччыларбыт үбүлүөйдээх кэмнэрэ буоларынан биһиги кинилэр тустарынан дьоҥҥо-сэргэҕэ өссө төгүл билиһиннэрэр, кинилэр тустарынан кэпсиир ытык иэстээхпит.

Бу икки суруйааччы быстыспат ситимнээхтэр. Ол курдук Дьуон Дьаҥылы саха поэзиятыгар саҥа суоллары киллэрбит, Улуу Пушкин «Евгений Онегин» поэматын тылбаастаан сахалыы саҥардыбыт, норуот таптаан ааҕар айымньылардаах лирик-поэт быһыытынан биллэр. Онтон Сэмэн Тумат суруйааччы, критик быһыытынан Дьуон Дьаҥылы олоҕун, кини поэзиятын үөрэппит, ырыппыт, киниэхэ анаан кинигэлэри, үгүс суруйуулары, ыстатыйалары таһаартаабыт, онно бэйэтэ этэринии олоҕун 40 сылын анаабыт киһи буолар. Семен Андреевич бу 40 сыл устата мунньубут матырыйаалларын, балайда улахан архыыбы биһиги түмэлбитигэр 2021 сыллаахха фондаҕа үйэ-саас тухары харайарга бэлэхтээн турар. Онон бүгүн бу Семен Андреевич тус архыыбыттан бэриллибит матырыйааллары фондабытыттан дьон-сэргэ көрүүтүгэр таһаараммыт быыстапка тэрийдибит.

Сэмэн Тумат «Дьуон Дьаҥылы» диэн кинигэни суруйан 1994 сыллаахха бэчээттэппитэ. Онтон бу кинигэни өссө байытан, тупсаран 2013 сыллаахха поэт төрөөбүтэ 100 сылын көрсө иккистээн таһааттарбыта. Кинигэ киирии тылыгар Семен Андреевич маннык суруйар: Хаста-хаста аахтым буолла мин Дьуон Дьаҥылыны. Ол тухары саҥаттан саҥаны, үчүгэйтэн үчүгэйи, кэрэттэн кэрэни булабын. Дьуон Дьаҥылы поэзиятын тоҕо таптыыбыный? Поэт хоһооннорун кинигэтин ханнык баҕарар строкаларын аахтахпына, олох бэйэтинэн, тырыбынаабытынан, наскыйбытынан, ардыгар нүһэрдик тыйыһырбытынан тиийэн кэлэр. Ол курдук тулалыыр эйгэни кытта соргулаахтык силбэспит нарын тыллаах-өстөөх лирик-поэт Дьуон Дьаҥылы.

«Дьуон Дьаҥылы олоҕун туһунан уонна айар үлэтигэр сыанабыл биэрэр боччумнаах үлэ билиҥҥитэ тахса илик. Суруйааччылар биирдиилээн ыстатыйалара уонна М.К.Аммосов аатынан Саха государственнай университетын устудьуоннарын дипломнай үлэлэрэ суруллубуттара поэт айар үлэтин туһунан туруктаах кэлим өйдөбүлү биэрбэттэр» диэн этэр Сэмэн Тумат.

Оттон билигин бу дьоһуннаах киһини, уран тыллаах поэты чахчы да үйэтиппит, кини олоҕун кэрдиис кэмнэрин, айар үлэтин кинигэ оҥорон таһаарбыт Саха народнай суруйааччыта Семен Андреевич Попов-Сэмэн Тумат «Дьуон Дьаҥылы» диэн кинигэтин арыйталаан көрүөҕүҥ, поэт олоҕун олуктарын туһунан кэпсэтиэҕин.

Кинигэ бастакы баһын Сэмэн Тумат «Поэт оҕо сааһа. Чурапчытааҕы педагогическай училищеҕа үөрэммит сыллара. Сэрии иннинээҕи лириката» диэн ааттаабыт.

Гаврил Иванович Макаров 1914 сыллаахха олунньу 24 күнүгэр Боотурускай улууһугар Болтоҥо нэһилиэгин биир уһук алааһыгар Кындалга орто бааһынай кэргэнигэр төрөөбүтэ. Макаровтар оччотооҕу киэбинэн олох бары сиэрин тутуһан олорбуттара. Дьону мунньан олоҥхолотуу, кыһыҥҥы уһун киэһэлэргэ остуоруйалааһын бу дьиэ кэргэн олоҕун аргыһа этэ. Чугас ыалларыгар кийиит кыыс сүктэн кэлиитэ, идэһэ өлөрүллүүтэ, куска, андыга сытыы, урууларга ыҥырыллыы, күһүҥҥү муҥхаҕа сылдьыы Хабырыыска өрүүтүн үрдүк үөрүүнү аҕалара. Макаровтар өтөхтөрүттэн чугас Чуораайытта алааска олохтоох ыаллар оҕолоро Семен Андреевич Новгородов саха бастакы лингвист учуонайа буола үүммүтэ. Бу нэһилиэктэн Николай Дмитриевич Кривошапкин-Уот Субуруускай курдук гражданскай сэрии кыттыылааҕа, саха литературатыгар үгэ жанрын төрүттээбит Степан Афанасьевич Саввин-Күн Дьирибинэ, артыыс Виктор Афанасьевич Саввин уонна кинилэр убайдара, саха бастакы фольклористарыттан биирдэстэрэ Андрей Андреевич Саввин, суруйааччы Михаил Федосеевич Доҕордуурап, онтон да атыттар үүнэн-үөскээн тахсыбыттара.

Кыһын уот сыламар мин оҕо

Бастаан ааҕар кинигэм –

Бу баар Новгородов оччоҕо

Биэрбит «Суруга бичигэ».

Оҕо кинигэтин кэпсээнин

Аахтаран аҕам сэргиирэ.

  • Мин уолум, Өндүрэй Сэмэнин

Курдук үөрэхтээх буол, – диирэ.

  • диэн поэт суруйбута. Онон кини үөскээбит нэһилиэгэр үөрэххэ тардыстыы күүстээх этэ.

Ганяны төрөппүттэрэ оскуолаҕа биэрбиттэрэ. Олус ситиһиилээхтик умсугуйан туран үөрэммитэ, ол эрээри ол дьоло уһаабатаҕа. Маҥнай утаа гражданскай сэрии буолан быһыы-майгы уларыйбыта. Онтон 1924 сыллаахха аҕата Иван Афанасьевич ыалдьан өлбүтэ. Иитэр-аһатар киһилэрэ суох хаалбыт ийэлээх уолу аҕаларын инилэрэ Иван уонна Егор Макаровтар бэйэлэригэр сыһыаран олордубуттара.

Гаврил ийэтигэр көмөлөһөр, сүөһү ииттэр туһуттан аймахтарыныын оттуура-мастыыра. Үлэни кыайар-хотор буола улааппыта. Кини айылҕаҕа сылдьарын, саас-күһүн кустуурун, түөйэ үрэх куулатыгар куобахтыырын олус диэн сөбүлүүрэ.

Ыстаан кэтэн сүүрүөхпүттэн

Ырыаны таптаабытым,

Бэйэм Түөйэ үрэхпиттэн

Биллиэхпин санаабытым.

Кини оччоттон поэзияҕа тардыстыылааҕа. Норуотун ырыатын матыыбыгар дьүөрэлии хоһооннору этэн субурутарын, хоһоону айыыга дьоҕурдааҕын болтоҥолор адьас кыра сааһыттан бэлиэтии көрбүттэр эбит.

Эдэр киһи үөрэҕи ылынар ураты дьоҕурдааҕа. Улаатан, Чурапчы сэттэ кылаастаах оскуолатын бүтэрэригэр элбэҕи аахпыт-билбит дьон ахсааныгар киирбитэ. Нууччалыы олус үчүгэйдик суруйара. Салгыы учууталлаары кууруска үөрэммитэ. Болтоҥо алын сүһүөх оскуолатыгар сэбиэдиссэйинэн ананан үлэлээбитэ. Онтон кэлин Соловьев, Бахсы, Кытаанах нэһилиэктэрин оскуолаларыгар учууталлаабыта. Учууталлаабыт сиригэр литературнай куруһуогу тэрийэрэ, дьоҕурдаах оҕолору түмэрэ, хоһоон суруйуу ньыматыгар үөрэнэрэ. Ити сылларга учуутал быһыытынан оройуоҥҥа биллибитэ-көстүбүтэ.

Сүүрбэ сааһын да туола илик Гаврил Иванович 1937 сыл күһүнүгэр саха бастакы лингвист-учуонайа С.А.Новгородов аатынан Чурапчытааҕы педагогическай училищеҕа үөрэнэ киирбитэ. Кини оччолорго Түөйэлээхэп диэн псевдонимынан хас да хоһоону өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарыгар таһааттарбыт кэмэ этэ. Бу кэмҥэ Чурапчыга саха биллиилээх суруйааччылара буола үүммүт тыл чулуукан маастардара үлэлииллэрэ. Таллан-Бүрэ, райфиҥҥа Василий Андреевич Протодьяконов-Кулантай, драматург Степан Ефремов, Биилин поэт, Баал Хабырыыс, саҥа суруйан эрэр Алексей Бродников, Михаил Доҕордуурап, Николай Михайлович Заболоцкай-Чысхаан. Кинилэр литератураҕа тардыстыылаах эдэр ыччакка көҕү үөскэппиттэрэ чахчы.  Чысхаан тэрийбит литературнай куруһуогун биир көхтөөх уонна дьоҕурдаах чилиэнэ эдэр поэт Түөйэлээхэп этэ. Кини Байрон «Паломничество Чайльда Гарольда» поэматыттан нойосуус ааҕарын, тылбаастарын ис-иһиттэн көтөҕүллэн ааҕан иһитиннэрэрин биир кэмҥэ училищеҕа үөрэммиттэрэ ахталлар эбит. Дьиҥинэн кини Чурапчы педучилищетыгар киириэн иннинэ Дьокуускайдааҕы учительскай институтка 1936-1937 сылларга үөрэнэ сылдьыбыт эбит.

Гаврил Иванович итинник көтө-көтө үөрэнэригэр төрүөттэр бааллара диэн суруйар Сэмэн Тумат. Ол курдук оройуон кырдьаҕас учуутала Роман Максимович Саввин Дьуон Дьаҥылы туһунан ыстатыйатыгар: «…политическай сэргэхпит аһары сытыырхайбыт » кэмигэр Г.И.Макаров-Дьуон Дьаҥылы училищеҕа үөрэнэ киирэбин диэн былдьана сыспыта…Кини саҥа үөрэнэн истэҕинэ хомсомуол мунньаҕа буолбута диэн ахтар. Ол кэмҥэ П.А.Ойуунускай, Н.Д.Субуруускай хаайылланнар норуот өстөөҕүнэн ааттаммыт кэмнэрэ эбит. Гаврил Ивановиһы ол мунньахха «Кылаассабай охсуһуу тыынын сыппатан, айылҕаны, тапталы хоһуйан, мелкобуржуазнай, мещанныы буортулаах өйү-санааны тарҕатар хоһооннору айыынан дьарыктанар» диэн матыыптаан училищеттан үүрбүттэрэ, хомсомуолуттан устубуттара. Өссө кини 1935 сыллаахха суруйбута эбээт үрдүк гражданскай иэйиилээх «Кыһыл этиҥ» хоһоонун.

Ардах астан

Аалай маҥан

Көмүс өҥө

Күлүм көрдө.

Дьолун туппут

Төрүт дойдум

Көҥүл сирэ

Күөҕэ күллэ.

Улугурбут уһугунна,

Улуу олох

Тутулунна.

Илин диэки

Этиҥ этэр.

Эмиэ силлиэ

Эҥсэн эрэр.

Баҕар, бүгүн,

Баҕар, сарсын,

Бары дойду

Ньуурун хабан

Улуу буурҕа

Уруганныа.

Сири-уоту

Ньимси хаамыа.

Эмиэ кыһыл

Этиҥ этиэ.

Эмиэ кыайыы

Имэ кэйиэ!

         “Сиппит-хоппут дьиҥнээх хомсомуолу, оччотооҕу аан дойду политическай олоҕун быһыытын-майгытын дириҥник өйдөөбүт, үрдүк гражданскай иэйиилээх «Кыһыл этиҥи» айбыт талааннаах поэты ол хаарыаннаах хоһооннорун иһин училищеттан үүрбүппүт, хомсомуолуттан устубуппут. Ньүдьү-балай, илини-арҕааны ыйдаҥардыбат дьон сааттаах быһыыны таһааран, Чурапчы оройуонун хомсомуолун историятыгар сотуллубат-сууйуллубат саат-суут мэҥин түһэрбиттэрэ… Сотору учууталлыы барыахтаах эдэр дьонтон ким даҕаны Дьуон Дьаҥылы туһугар биир да тылы көтөхпөтөҕө. Хобулаабыт, холуннарбыт – ол күннээбитэ, кырдьыгы-сиэрдээҕи эппит, суруйбут уол үөҕүллүбүтэ, үүрүллүбүтэ. Бу кинини хомоппут, кэлэппит, кылгас кэмҥэ кини айар үлэтигэр охсууну оҥорбут да буолуон сөп да, поэт бэриммэтэҕэ», – диэн ахтар Роман Максимович.

         Гаврил Иванович Хара Уулаах диэн сиргэ олохтоох Чочоолоптор кыыстарын Мария Афанасьевнаны кэргэн ылбыта. Кийиит убайдара Виктор Саввин, Андрей Саввин, Күн Дьирибинэ П.А.Ойуунускайдааҕы кытары өй-санаа да өттүнэн, үлэлэрин тосхоллорунан даҕаны олус чугастара, бэл үйэ-хайа аймахтыылара биллэр. Араастаан киириини-тахсыыны, үҥсүүнү-харсыыны эдэр киһи эрдээхтик тулуйбута. Үлэнэн өрө оргуйбута, талааннаахтык суруйуу суолугар туруммута.

1932 сыллаахтан ыла суруйар буолбутум диэн поэт автобиографиятыгар ахтар. Бастакы «Холкуостаах хочобор» диэн хоһооно «Кыһыл ыллык» сурунаалга бэчээттэммит. 1938 сыллаахха эдэр суруйааччылар «Саас сардаҥата» диэн альманахтарыгар «Сэттэ сирэй» диэн сатирическай поэмата бэчээттэммитэ. Гаврил Иванович айар талаанын бастакы хараҥаччыта «Төрөөбүт күүлэбэр» диэн кинигэ буолан, 1936 сыллаахха күн сырдыгын көрбүтэ.

Чурапчытааҕы педагогическай училище үһүс курсун бүтэрбит Гаврил Иванович Макаров бастаан утаа Уус Алдан оройуонугар Курбуһах оскуолатыгар нуучча тылын учууталынан анаммыта. Онтон сотору кэминэн Дириҥ орто оскуолатыгар сэбиэдиссэйинэн көһөрүллүбүтэ. Курбуһах, Мүрү, Танда оскуолаларыгар үлэлээбит кэмигэр нуучча литературатын чулуу классиктарын айымньыларыттан уус-уран тылбаастары оҥорууга балайда үлэлэспитэ. А.С.Пушкин, М.Ю.Лермонтов, Н.А.Некрасов, ону тэҥэ сэбиэскэй поэттар хоһооннорун, поэмаларын аҕыйаҕа суоҕу тылбаастаабыта. Олортон үгүстэрэ республика хаһыаттарыгар, уопсай хомуурунньуктарга бэчээттэммиттэрэ. Оччолорго саҥа сайдан эрэр литературалаах норуокка уус-уран тылбаас ылар суолтата улахан этэ.

1939-1940 сыллар кирбиилэригэр «Уйбаанчык» диэн хоһоонунан романын суруйуутун саҕалаабыт буолуон сөп эбит. 1940 сыл поэкка киэҥ биллиини аҕалбыта. «Хоһооннор» диэн хомуурунньуга кинигэ буолан бэчээттэнэн тахсыбыта. Гаврил Иванович бу кинигэтин «Дьуон Дьаҥылы” диэн аатынан илии баттаабыта. Кини тоҕо Дьуон Дьаҥылы диэн ааттаммытын поэт А.С.Бродников ыйытан хаалбыттаах эбит. Онуноха биирдэрэ маннык ис хоһоонноохтук хардарбыт: «Эллэй бэлэхтээбит аата. Кини: «Түөйэлээхэп да, Массыныыс Хабырыыс да диэн ааттаргын бырах. Аны Дьуон Дьаҥылы диэн буол. Эн саха оҕото буоллаҕыҥ. Ол аата бухатыыр сиэнэҕин. Бары да олоҥхо бухатыырдарын удьуордара буоллахпыт», – диэбитэ.

Оччотооҕу кэм дьонун сиэринэн Гаврил Иванович эмиэ Европа дойдуларыгар буолуталыыр бары политическай уларыйыылары бэчээт нөҥүө кэтээн көрөрө. Немецкэй фашизм талабырдаах сэриини ыытарыттан дьиксинэ саныыра. Поэт дойдутугар улуу иэдээн ааҥныыр куттала улаатан иһэрин сэрэйэрэ.

Өлүөм дуо?

Муодатын!

Па, саҕы даҕаны,

Куһаҕан ыарыыга хотторуом дуо ама?

Эбэтэр

Дьэ хайа өстөөхтөн самнаммын,

Бу сырдык дууһабын быстарыам буоллаҕай

Суох!

Өлөр сатаммат!

Букатын сатаммат!

Төрүөхпүн төрөөбүт дойдубар

Олох бэрт!

Олох диэн үчүгэй даҕаны!

Киһи,

Көр, олордор олоруон баҕарар, –

диэн ити санаатын аһаҕастык эппитэ.

Сэриигэ ыҥырыллыыта уонна Сибиир устун айаннааһына.

1943 сыл атырдьах ыйын 16 күнүттэн Гаврил Иванович Макаров-Дьуон Дьаҥылы, Чурапчы Дириҥэр учууталлыы сылдьан сэриигэ ыҥырыллар бэбиэскэни туппута. Дьылҕата кинини арҕаа буолбакка, илин тиэрдибитэ. Оччотооҕуга милитаристскай Япония мөлүйүөн кэриҥэ саллааттаах Квантунскай аармыйата, тииһигэр диэри сэбилэммит сэриилэрин кыраныысса ыксатыгар туппута, Сэбиэскэй Сойуус муоратааҕы күүстэригэр саба түһэр дьайыылар оҥоһуллубуттара. Байыаннай балаһыанньа олус тыҥааһыннааҕа. Аармыйаҕа ыҥырыллыбыт саха уолаттара хаһыа да буолан, фронт кыһалҕатыгар туһанылларга хомуйуллубут саха сылгыларын тиэрдэр сорудаҕы ылбыттара. «Сталин борохуотунан» ыкса күһүн айаҥҥа турбуттара. Айан улахан өттө сүрдээх кыһарҕаннаах кыһыҥҥы кэмҥэ барбыта.

– Байыаннай кэм буолан эппиэтинэс улахана. Үүрэн иһэр сылгыбыт өллөҕүнэ эппиэттэтиэхтэрин сөп этэ. Сылгы да охторо кэмэ суох этэ. Ону Дьуон Дьаҥылы акталарын, докумуоннарын үчүгэйдик, грамотнайдык оҥорон иһэр буолан биирдэ да мөҕүллүбэтэхпит. Олус боростуойтан дириҥ санааны этэри сатыыра. Оттон ити «Тууйас» диэн хоһоонун харахпыт ортотугар айбыта. Ити күн дойдубутуттан илдьэ кэлбит арыыбыт тобоҕоломмута, «Таҥалай тигиилээх туос тууйас, Ленаны таҥнары устан сыый! Таптаабыт дойдуттан туруу ас эн искэр баранна, бырастыы!» диэн алгыс тыллаах өрүскэ быраҕыллыбыта. Тууйас барахсан сүүрүк хоту элээрэ турбута. Ол бэйэккэтэ ити хоһоон буолан хааллаҕа. Саха тууйаһын туһунан ситигирдик минньигэстик суруйбуттарын истэ иликпин. Талааннаах, сайаҕас, көрдөөх-нардаах, доҕордоһууга бэриниилээх киһи этэ Дьуон Дьаҥылы, – диэн дириҥ ытыктабылынан кэпсээбит эбит Болугур нэһилиэгин олохтооҕо Николай Васильевич Фомин.

Тоҥуу-хатыы бөҕөнү көрсүбүт, айан эрэйин тулуйбут сахалар сылгыларын «Залари» станцияҕа тиэрдэн бойобуой сорудаҕы толорбуттара.  Дьуон Дьаҥылы бу кэмнээҕи хоһоонноро бэйэлэринэн ол тыйыс айан дневнигин курдуктар, олох үөрүүтүнэн, хомолтотунан толорулар.

Өлбөт иһин охсуспуттар,

Өйдүүн-саналыын биир буолтар.

Тотору билбэт сахалар,

Тоҥмут сирэйдээх нууччалар –

Саха сириттэн иһээччилэр,

Ол сылгы үүрээччилэр.  

 – Илиҥҥи кыраныыссаҕа айаннаан иһэн суруйбут хоһоонноругар икки суол хайысха баар. Норуоттар интернациональнай доҕордоһууларын сэрии тиэмэтин кутта ситимнээһин уонна саха киһитин бу кэминээҕи дууһатын уустук хамсааһынын лирическэй герой санаатынан-оноотунан биэриини кэҥэтии, – диэн Дьуон Дьаҥылы айымньыларын ырытар Сэмэн Тумат.

Охсуһууга сылдьаммын умуннум

Ичигэс тыллары, тапталы;

         Мин ахтыбат буоллум бэл доҕорбун,

         Эйиигин – күн айыы дьахтары.

         Аан дойдуну, киһини таптыырым,

         Айыыны, сырдыгы санааммын,

         Ол бэйэм ким эйэни аймыыры

         Умсарар ыар хара хааннанным.

         Поэт ити санаатын «Сахалар ыллаһаллар», «Тууйас», «Умнуллубат күннэр», «Мухтуйа», «Витим», «Эдэрбэр, күөгэйэр күннэрим саҕана…», «Баҕа», «Мас эрбиир кыргыттар», «Сылгы үүрээччилэр» диэн хоһоонноругар салгыы эппитэ. Киһи сүрэҕэ, саллаат киһи сүрэҕэ аймаһыйа көрбүтүн эппитэ:

         Тулла5ас сүгэни тутаннар,

         Сыппах, ыар эрбиин сыһаннар,

         Иһэллэр аһыыры ахтаннар.

         Ол иһэн кинилэр ыллыыллар.

         Уолларын, дьоннорун саныыллар.

         Ыллыыллар диэн, дьиҥэр, ытыыллар! –

«Мас эрбиир кыргыттар» диэн хоһоонугар бу строкалар бааллар.

         Дьуон Дьаҥылы Заларитааҕы холкуос ырыынагыттан Александр Пушкин толору хомуурунньугун булан атыылаһан сүргэтэ көтөҕүллэн, үөрэн-көтөн кэлбитин бииргэ айаннаспыт киһитэ И.К.Макаров ахтар эбит. Онно кини улуу Пушкин «Евгений Онегинын» тылбаастыахтааҕын ахтыбыт эбит. Ити курдук кинилэр дойдуларыттан турууларыгар:

Түрбүөннээх үйэҕэ

Түбэһэ төрөөммүт,

Буурҕаҕа-силлиэҕэ

Муҥнары көрөммүт,

Өлбүппүт өлүөҕэ

Дьон-норуот иннигэр.

Ким орпут кэлиэҕэ

Көр, ыһыах күнүгэр.

Оо, сырсыҥ долгуттар,

Санааны эрдитэ,

Ыллаһыҥ уолаттар,

Сүрэҕи эппэтэ! –

диэн эппит тылларын чиэстээхтик толороллоро чугаһаатар чугаһаан испитэ.

          Илиҥҥи кыраныыссаҕа. Сэрии сылларынааҕы поэзията.

1944 сыллаахха Иркутскайга биир дойдулааҕын Николай Алексеевич Дьячковскайы көрсүбүттээх эбит. Сахалар хаһыа да буолан сорохторо бааһыран, сорохторо ыалдьан армияттан төннөн иһэллэр эбит. Чурапчыттан Соловьев Н.С. пересыльнай пууҥҥа баалларын истэн кэлэн хонон барбытын, түүнү быһа фронт, дойдуларын туһунан кэпсэтиһэн арахсыбыттарын туһунан Николай Алексеевич ахтар эбит.

Саха саллаатын илиҥҥи кыраныыссаҕа хайдах быһыы-майгы күүтэрэ буолуой? Милитаристскай Японияны кытта хапсыһыы буолуо дуо? Хаһан? Тыыннаах ордуом дуо? Диэн санаа Гаврил Ивановиһы эмиэ эрийэрэ, мунчаардара кэмнээх буолуо дуо?

Эрэн, итэҕэй дуу доҕорум,

Илин барарым тухары

Өстөөх күүстэрин үгдэритэн,

Өһөгөйдүүр өһү ситэн,

Ороскуоту оҥорон баран,

Өй-күүс өттүнэн да кыайан,

Өлөргө кыһанар буолуоҕум,

Өрөгөйдөөбүтүнэн охтуоҕум, – диэн этиититтэн да өйдүөххэ сөп.

Сотору кэминэн поэт илиҥҥи кыраныыссаҕа тиийбитэ. «Дьуон Дьаҥылы сүрдээх тулуурдаах этэ, илии бүлүмүөтүгэр иккис нүөмэринэн сылдьыбыта. Ыарахан баҕайы бүлүмүөт диискэлэрин тэһиппэккэ илдьэ сылдьара. Мин армияттан кини иннинэ кэлбитим. Кини госпитальга сытан хойут кэлбитэ” – диэн ахтар А5а дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии араас фроннарыгар кыттыбыт сэттэ бырааттыылартан биирдэстэрэ Дмитрий Афанасьевич Илларионов.

Саха саллаатын оччотооҕу өйүн-санаатын туругун Дьуон Дьаҥылы хайа да поэттааҕар ордук ситэри-хотору эппитэ.

Ситиһэ иһэбит нууччалар,

Сэрэниҥ, туспа сирдээхтэр!

Сэт-сэмэ чаастара туоллулар.

Уора-өлөрө кимнээхтэр

Россияҕа кииртэрэй?

Киһини сиэччи Гитлер, Гиммлер,

Геринг, Геббельс, Риббентроп,

Москва буомбатын ботуччу уоп,

Берлин, дьэ бэрин! – диир күннэр

Дэбилийэ үүннүлэр.

Кыайыы өрөгөйдөөх күннэрэ чугаһаабыттара. Ыар сэрииттэн ордубуттар дойдуларыгар кэлитэлээн эрэр сурахтара иһиллэрэ. Арай илиҥҥи кыраныыссаҕа тыҥааһын улахан этэ. Милитаристскай Япония мөлүйүөн кэриҥэ саллааттаах Квантунскай аармыйаны тутан турара.

Сэбиэскэй сэриилэр тииһигэр тиийэ сэбилэммит Квантунскай аармыйаны урусхаллааһыны саҕалыыр историческай кыргыһыылара тиийэн кэлбитэ. Бу сэриигэ кыттыбыт Петр Кононович Данилов, онтон да атыттар кэпсииллэринэн, Хайлар хайатын туһаайыытынан кимэн киирии олус ыарахан усулуобуйаҕа барбыт. «Илиҥҥи фронт наһаа ыарахан этэ. Уу суоҕа, истиэп, хайа. Быһата, дьиикэй айылҕалаах дойду диэн кини буолар. Хайлар хайатыгар үс күннээх түүн хаан тохтуулаах сэрии буолбута. Ити сэрии элбэх күчүмэҕэйдээҕэ. Маннык усулуобуйаҕа сэрии буолбут түбэлтэтэ историяҕа аҕыйаҕа чахчы буолуо дии саныыбын», – диэн сруйбута ахтыытыгар Петр Кононович Данилов. Ити кыргыһыы саҕаланыан аҕай иннинэ «Поход» диэн хоһоонун суруйбута:

Хараҥа хойдон, мустан

Хайаларга түстэ,

Буордаах уһун суол устун

Поход устан истэ.

Сатыы, аттаах, моточаас…

Саа-сэп өрө туппут

Сэрии күн-түүн аас да аас,

Сири толорбуппут.

Сүгэһэр, сылаа, утах…

Сүүс көс сири кэлии.

Хааман иһиий, хаамп атах!

Хайыахпытый, сэрии.

Тэргэннэргэ кистэнэн

Суостаах массыыналар

Лиһигирээн, лүҥсүйэн,

Кэлэн бастаатылар.

Им-ньим. Хаамыы ньиргиэрэ…

Эрэй тиһэх күннэрэ…

Иһиллибэт саҥа.

Искэ – сааныы, аба.

Иҥиэттэр илин халлаан

Эмиэ биттэммиттии

Умайар. Ууну туораан,

Сарсыарданан киирсии.

Хайаһабыт, дьэ ыттар!

Халлаан сырдаан эрэр.

Иэһи ситиһэ арҕааттан

Илин поход иһэр, –

диэн тылларынан кыргыһыы иннинээҕи тыҥааһыны хайдах баарынан биэрбитэ.

 Онтон салгыы Петр Кононович ити ыарахан сэрии кэмигэр станцияҕа Гавриил Иванович ыараханнык бааһыран сытарын көрбүтүн туһунан ахтар. Кинини көрөөт тута билбитин, онтон Гавриил Иванович киһини билбэт буолбут этэ диэн ахтар. «Кинини илдьэр дьон кинигэлээх буолан орпут диэбиттэрэ. Кэнниттэн көхсүгэр табыллыбыт этэ. Вещмешогун толору элбэх кинигэни сүгэн иһэригэр, буулдьа дуу, оскуолка дуу олору ыдырыччы дьөлө көтөн, көхсүгэр мөлтөөн тиийбит буолуон сөптөөҕө», – диэн онтон улаханнык хараастыбытын туһунан суруйбут.

Ити курдук бу кыргыһыыга атырдьах ыйын 15 күнүгэр 1945 сыллаахха көхсүгэр уонна сирэйигэр ыараханнык бааһырбыт Г.И.Макаров-Дьуон Дьаҥылы сэрии иккис группалаах инбэлиитинэн билиниллибитэ. Поэт бу ыарахан кэмнэрин эрдээхтик тулуйбута, байыаннай госпитальга сытан элбэх хоһооннору суруйбута:

Хааным баран, ханна баарбын

Дөйөн умна-умнабын,

Госпитальга мин сытарбын

Өйдөөн үөһэ тыынабын.

Хаарыан тимир кэккэбиттэн

Хаалбыт аанай абабын!

Аны биирдэ кынат үүнэн,

Булуом дуо полкабын?! –

диэн эппитэ «:Өлөөрү сытан» диэн хоһоонугар.

Гавриил Иванович Макаров-Дьуон Дьаҥылы поэт, гражданин, фронтовик быһыытынан Кыайыы өрөгөйдөөх күнүн буһан-хатан көрсүбүтэ. Поэт бу кэмнээҕи хоһоонноруттан саамай табыллыбыттарынан, дириҥ философиялааҕынан, олох бары эйгэтин хабан этэринэн уонна норуот бүттүүнүн үөрүүтүн өрө көтөҕүллүүлээхтик биэрэринэн, ону кэлэр кэскилин кытары табатык дьүөрэлииринэн «Биһиги иһэбит» диэн хоһооно буолар.

Сүүрүк хоту «суох», «баар» дэттэрбит,

Сураҕырбыт, бочуокка киирбит,

Биллибэтэх, таастыы тимирбит,

Берлиҥҥэ, Будапешка тиийбит,

Эһи эрэлгитин толорбут,

Элбэх киэҥ суоллары тобулбут,

Ааттаахтар-суоллаахтар, чыыннаахтар,

Арааһы көрбүт да саллааттар –

Кыайбыттар дьэ илэ бэйэбит

Эһиэхэ биһиги иһэбит.

         Гавриил Иванович Макаров-Дьуон Дьаҥылы 1946 сыллаахха сэтинньи бүтүүтэ тапталлаах Чурапчытын буоругар үктэммитэ. Төһө даҕаны инбэлиит буолан эргилиннэр, тохтуу түһэн баран, норуот үөрэҕириитин оройуоннааҕы отделын сэбиэдиссэйинэн үлэҕэ ылыллыбыта. Кини бу дуоһунаска 1948 сыллаахха диэри үлэлээбитэ. Поэт сэрииттэн «Кыайдыбыт» диэн хоһоон кинигэтин илдьэ кэлбитэ. Бу хомуурунньук 1946 сыллаахха Саха сиринээҕи кинигэ издательствотынан бэчээттэнэн тахсан күн сирин көрбүтэ. Бу кинигэтэ киниэхэ поэт быһыытынан киэҥ биллиини аҕалбыта. Саха ааҕааччылара олох үөһүттэн уһаарыллан тахсыбыт талааннаах поэт баар буолбутун итэҕэйбиттэрэ.

«Уйбаанчык» хоһоонунан роман – саха бастакы историко-психологическай романа

Дьуон Дьаҥылы поэзиятын критикалааһыны өссө Чурапчытааҕы педагогическай училищеҕа үөрэммит сылларыттан саҕаламмыт эбит буоллаҕына, ол матыыптара кыратык да мүлүрүйбэккэ 1949 сылга тиийэн кэлбитэ. «Поэт Дьуон Дьаҥылы алҕаһыыр» диэн ыстатыйаны С.Тэкэндэ уонна П.Иванов илии баттаан «Кыым» хаһыат ити сыллааҕы 791-с нүөмэригэр суруйан таһаартарбыттара. Ол эрээри кэлин даҕаны итинник ааттаах суруйааччылар ханна да көстүбэтэхтэр. Онон ыстатыйа автордара ааттарын-суолларын кистэнэн атын аатынан суруйбуттар диэн түмүккэ кэлиэххэ сөп.

«Уйбаанчык» – хоһоонунан суруллубут роман. Дьуон Дьаҥылы сэрии сылларыгар уонна бүппүтүн кэннэ суруйбут айымньыларыттан саамай бөдөҥнөрө. Роман саамай наадалаах боппуруоһу, саха национальнай үгэстэрин харыстааһын курдук оччолорго умнууга-тэмниигэ анньыллыбыт боппуруоһу олус хорсуннук туруорбута. Ону уус-уран айымньыга ымпыктаан-чымпыктаан, дьоҥҥо оннук баар этэ ээ диэн өйдөтөн-санатан ылары сорук быһыытынан ылыммыта критиктэринэн кыайан өйдөммөтөҕө. «Уйбаанчык» хоһоонунан роман киириитигэр бары айымньылар курдук, анабыл тыллааҕа. Анабыл Иннокентий Иванович Сивцев-Мытыйыкы диэн аатынан норуокка биллибит киһи кыыһыгар Анастасия Иннокентьевна Сивцеваҕа анаммыта:

Эйиэхэ – көмүс күннэрдээх

Эдэр сааһым доҕоругар

Саныыр, кэриэстиир, биир сирдээх

Сахам үөрэхтээх кыыһыгар

Ойор уоттаах күннэрдээҕи,

Утуйбатах түүннэрдээҕи

Хараҥа, сырдык санаалаах,

Харах уулаах, көр-нар тыллаах

Эрэйбин, үлэм төрүөҕүн

Эйиэхэ күндүлүүбүн.

Ыл тут ырыаһыт доҕоруҥ

Бастакы бөдөҥ айымньытын!

Бэйэтин саастыы дьоннорун

Будулҕаннаах олохторун,

Үөскүүр үйэ күннэригэр

Үөтэр, ааттатар иннигэр,

Кини бастыҥ талаһыытын!

Баҕар, мөҕүллүүм, күлүллүүм, –

Көлүөнэм аатын көмүскүүм.

Манна даҕатан эттэххэ, кини Анастасия Иннокентьевнаны эдэр уол сылдьан таптаабыт эбит. Ол эрээри кинилэр суоллара сатаан холбоспотох.

Уон түөртээх сааспыттан таптаабыт

Доҕорбор ыалдьыттаан долгуйдум.

Эдэрбэр ырыанан ытаабыт

Эргэрбит альбоммар суруйдум:

«Биһиги тапталбыт бүттэҕэ…”

Бүппэтин, кэриэһэ уһаатын!

Кэнэҕэс кэлэр да күннэргэ

Эн кыыскын мин уолум таптаатын. – диэн Москваҕа сылдьан суруйбут кылгас хоһоонун аахтым.

Хоһоонунан роман үрүҥнэр эмиэ күөрэйэннэр тыа сирин олоҕо-дьаһаҕа аймаммыт күннэриттэн саҕаланар. Айымньыга саха норуотун этнографиятын, культуратын, майгытын сигилитин, бэл оннооҕор айымньы сюжетын, лирическэй киллэһиктэрин кытары табатык дьүөрэлииринэн Дьуон Дьаҥылы чахчы уратылаах поэтическай ньымалары булбут поэтынан буолар – диэн Сэмэн Тумат бу айымньыга олус үрдүкт сыанабылы биэрэр. Оттон бу айымньы иннинэ саха литературатыгар хоһоонунан романы суруйууга ким да ылса илигэ. Онон Дьуон Дьаҥылы нуучча классическай поэзиятын форматын туһаныахха сөп дуо диэн киминэн даҕаны, хаһан даҕаны үөрэтиллэн көрбөтөх санааны булбута уонна ону сахалыы хоһоон форматыгар сөп түбэһэр өрүттэрин көрдүүр олус ыарахан, сонун суолу бастакынан солуур сыралаах, дьүккүөрдээх үлэҕэ туруммута.

Дьуон Дьаҥылы Москватааҕы сыллара.

Сэрии кэннинээҕи лириката уонна айар үлэтэ.

Билиитин-көрүүтүн ситэригэр баҕа санаата тулуппакка, оҕолоох-уруулаах ыал аҕа киһи, учууталлыы-учууталлыы, икки сыл устата кэтэхтэн үөрэнэн Дьокуускайдааҕы государственнай учительскай институт нуучча тылыгар уонна литературатыгар отделениетын 1949 сыллаахха бүтэрбитэ.

1947-1949 сыллар Гавриил Ивановичка олоҕор-дьаһаҕар үс суол үөрүүнү аҕалбыттара. Ол курдук, алтынньы 24 күнүгэр 1947 сыллаахха поэт Дьуон Дьаҥылы ССРС Суруйааччыларын сойууһугар чилиэнинэн ылыллыбыта. Кини бу улахан ситиһиитин уонна үөрүүтүн аны уол оҕо төрөөн эпсибитэ. Уолларын Афоня диэн ааттаабыттара. 

Гавриил Иванович оройуоннааҕы педкабинет сэбиэдиссэйинэн үлэлиир кэмигэр учууталлар идэлэрин үрдэтиигэ туһаайыллыбыт киэҥ далааһыннаах үлэни ыыппыта. Итини таһынан Чурапчы орто оскуолата тэриллибитэ 20 сылын туоларынан сибээстээн, үбүлүөйдээх оскуола историятыгар сыһыаннаах матырыйааллары хомуйсубута, ону тэрийээччинэн буолбута.

Гавриил Иванович өссө улахан айымньылары суруйар, аан дойду улуу классиктарын айымньыларын тылбаастыыр үтүө баҕатын толорор сыалтан Москватааҕы М.Горькай аатынан литературнай институтка үөрэнэн 1955 сыллаахха бүтэрбитэ. Манна үөрэнэ сылдьан дьоҥҥо тута сөбүлэппит хоһооннорун суруйталаабыта.

Ахтар, таптыыр доҕорум,

Аайа, хаһан көрсүөмүй?

Хаһан үрдүк толору

Үөрэхтэнэн төннүөмүй?!

Ыал дьукааҕа дьонум, уой,

Ыраах, ыраах да бааргыт.

Хаһан бииргэ олоруой

Хамнас ылбат аҕаҕыт?

Чэ, күөх далай, хара тыа

Булда туран эрдиннэр.

Сайын бултаан аһатыам

Сатыы Хаама, эрдинэ.

Сыта байыы туһатын

Сатаан билэ иликпэр

Эдэр ыччат баҕатын

Этиэх буолабын стихпэр.

Талаан курдук, өй үөдэн

Соччо суоҕун билэбин,

Эрэйинэн, үлэнэн

Идэм сайдыа дэнэбин.

Холбоһуохтан «устудьуон”

Арыт эстэн ылар эр,

Эриҥ эдэр поэт Дьуон

Куолутунан үөрэнэр, –

Олоҕун бэлиэ түгэннэрин юмордаан «Москваттан сурук» диэн кэргэнигэр Мария Афанасьевнаҕа анаабыт хоһоонугар эппитэ. Поэт, тылбаасчыт Г.И.Макаров-Дьуон Дьаҥылы, биллэрин курдук, 1956 сыллаахха Аллайыаха оройуонугар Саха сирин Суруйааччыларын бырабылыанньатыттан айар командировка ылан айаҥҥа турбута. Дьуон Дьаҥылы хотугу дойду олоҕун-дьаһаҕын көрүөн-билиэн баҕарара. Ол айар командировкаҕа сылдьан хас да хоһооннору суруйбута, ону таһынан «Хотугу хоһууттар» диэн үһүйээн-номоҕу олохтоох дьон сэһэргээһиннэриттэн бэлиэтэммитэ. Хомойуох иһин бу командировкаҕа сылдьан поэт Индигир үрэх салаатыгар Дьолоон үрэххэ Острай диэн учаастакка 1956 сыллаахха кулун тутар 26 күнүгэр соһуччу сырдык тыына быстыбыта. Бу литература эйгэтигэр улахан сүтүк буолбута. Араас сирдэртэн кутурҕан телеграммалара кэлбиттэрэ, суруйааччы доҕотторо улаханнык аймаммыттара, хараастыбыттара. Саха норуодунай поэта Күннүк УУрастыырап бу курдук суруйбута: Бэйэтин урукку ситиһиитинэн хаһан даҕаны дуоһуйбат, муҥурдаммат буолара, өссө ордук үчүгэйи суруйарга, өссө ордук кэрэни айарга дьулуһара –  диэн саамай сөптөөх сыанабылы биэрбитэ. Дьуон Дьаҥылыны дойдутугар Чурапчыга Братскай могила диэн ааттанар кылабыыһаҕа көмүс уҥуоҕун көтөхпүттэрэ.

Туттуллубут презентациялар.

https://docs.google.com/presentation/d/1FC2ImrcrZ32Ee5UddCcwCxrZvWub150w/edit?usp=drive_link&ouid=107904499510167892539&rtpof=true&sd=true
https://drive.google.com/file/d/10PhYm-odSLY3eBf4BcWgU56IZH8WRQaq/view?usp=drive_link
https://docs.google.com/presentation/d/1SjS2YE0GT2PafLr5XScoHwseTHfvZ-Bc/edit?usp=drive_link&ouid=107904499510167892539&rtpof=true&sd=true

Дьоһун бэлэх

“Сүүрбэ сыл усталаах экспедиция (2000-2020 сс.)” диэн биллиилээх археолог, СР культуратын туйгуна, Ем. Ярославскай аатынан саха гос. музейын этнография салаатын салайааччыта Василий Васильевич Попов сүүрбэ сыллаах археологическай уонна этнографическай үлэлэрин түмүгүнэн таһаарбыт кинигэтин, автор бэйэтэ музейбыт библиотекатыгар анаан дьоһун бэлэх оҥордо. Бу кинигэҕэ археолог былыргы сахалар көмүүлэрин көрдүүр-булар ньымалары ырытан суруйар. Өссө билим эйгэтигэр тиһиллэ илик саха XV-XVIII үйэтээҕи көмүүлэр ис мастарын, ол иһигэр киһи өлүгүн араастык сытыарыы, уотунан сиэтэн ыраастааһын уо.д.а. сиэрдэри-туомнары бэлиэтиир. Салгыы, археологическай чахчыларга олоҕуран, саха палеоэтнографиятыгар саҥа быһаарыылар, өйдөбүллэр бэриллэллэр, түмүккэ Саха сиригэр орто үйэлэри археологическай чинчийии кыһалҕаларын ыйар. Кинигэ анал идэлээхтэргэ: археологтарга, этнографтарга уонна кыраайы үөрэтээччилэргэ ананар. Биир кэрэхсэбиллээҕинэн буолар автор кинигэтин сахалыы толкуйдаах, сахалыы ньымалары туһанар археологтар тахсалларыгар анаан саха тылынан суруйбут. Убаастабыллаах Василий Васильевич, киэн туттар биир дойдулаахпыт, өр сыллаах үлэн түмүгүн кинигэ оҥорон таһаарбыккынан киэн туттан туран истиҥник эҕэрдэлиибит уонна дьоһун бэлэҕин иһин улаханнык махтанабыт! Өссө да үтүө сыалларгын толороҥҥун, оргуйар олох үөһүгэр айа-тута сылдьаргар баҕарабыт!

Дьоһун бэлэх

Уус Алдан улууһун “Умсулҕан” түмсүүтүттэн бэрэсэдээтэли солбуйааччы Анна Федорова салайааччылаах 10 киһилээх бөлөх коллекционердар күннэригэр сөп түбэһиннэрэн Чурапчыга кэлэ сылдьан биһиги түмэлбитигэр эмиэ сылдьан ааспыттара. Бу кэлэ сылдьан “Мүрүйээдэ үтүмэн үйэлэр быыстарын сэгэтэн” диэн Бороҕон сахаларын эрэ буолбакка саха омуга Евразия норуоттарын кытары историческэй уонна культурнай ситимнэрин туһунан кэпсиир дьоһун кинигэни бэлэх ууммуттара.

 

Дьоһун бэлэх

Быйылгы үбүлүөйүнэй ыһыахпыт биир бастыҥ түһүлгэтигэр “Сыл бастыҥ экспоната” күрэхпит ССРС культуратын туйгуна, СР культуратын үтүөлээх үлэһитэ, Чурапчы улууһун, Болугур нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, музейга өр сылларга үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээбит Валентина Дмитриевна Пинигина сырдык аатыгар ыытыллыбыта. Валентина Дмитриевна кыыһа СР культуратын туйгуна, НХМ худуоһунньук-реставратора Евдокия Семеновна Пинигина бу тэрээһиҥҥэ кэлэ сылдьан “Раритеты Якутии: Намский улус” А.Л.Габышева, Г.Г. Неустроева автордаах альбом-каталог кинигэни бэлэх ууммута

Дьоһун бэлэх

“Саха саата-саадаҕа” диэн кинигэни автор бэйэтэ Егоров Николай Иванович-Баайаҕыын бу сайын ыһыахха кэлэ сылдьан бэлэх ууммута. Кинигэ ааптар өр сылларга араас музейдар матырыйаалларын үөрэтэн, үгүс научнай үлэлэри ааҕан, кырдьаҕастары кытта кэпсэтэн, элбэх араас чахчыларга олоҕуран, саха саатын-саадаҕын ырыппыт үлэтин түмүгэ буолар

Дьоһун бэлэх

Таатта улууһун П.А.Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннас түмэлиттэн Михаил Геннадиевич Аржаков бу сайын тэрээһиҥҥэ кэлэ сылдьан былыргы үрүҥ көмүс ат ыҥыырын бүрэтин пластинатын фрагменын уонна уулаах көмүстэн тиэрбэс (сыалдьаҕа сутуруо быатын баайар эбэтэр кур тиэрбэһэ) бэлэх ууммуттара. Бу предметтэр Ааллаах Үүҥҥэ таһаҕас таһар суол сириттэн көстүбүттэр

14 октября 1896 года в 1-м Болугурском наслеге Ботурусского улуса Якутской области родился Роман Иннокентьевич КОНСТАНТИНОВ

14 октября 1896 года в 1-м Болугурском наслеге Ботурусского улуса Якутской области родился Роман Иннокентьевич КОНСТАНТИНОВ – якутский табунщик, Герой Социалистического Труда (1948). Первым в Якутии удостоился этого звания. С 1933 г. работал в колхозе им. Константинова табунщиком, затем, с 1938 г. – в колхозе им. Фрунзе заведующим коневодческой фермой. За время работы в колхозе смог увеличить численность табуна колхоза на 168 %, добившись 100%-й рождаемости кобыл. В 1947 г. достиг рекордного показателя – 55 жеребят выращенных от такого же количества кобыл. За высокие трудовые успехи 5 августа 1948 г. Константинову присвоено звание Героя Социалистического Труда с вручением ордена Ленина и золотой медали «Серп и Молот».
Жил Константинов в с. Мындагай Чурапчинского улуса. В 18 лет женился, кроме родной дочери вместе с женой воспитывал 5 приёмных детей. Дважды – в 1949 и 1958 гг. избирался депутатом Верховного Совета Якутской АССР. Умер в 1994 году в возрасте 98 лет.

🗓 В этот день в истории Якутии

«ИСТОРИЯ ЧУРАПЧИНСКОГО ПЕРЕСЕЛЕНИЯ – хронология событий»

Чурапчинский музей истории и этнографии А.А.Саввина, [18 сен. 2023 в 12:34]
🔴🔴🔴🔴🔴🔴🔴🔴🔴🔴🔴🔴
Чурапчинский музей истории и этнографии им.А.А.Саввина, Хатылынский филиал «Музей переселенцев» предлагает к просмотру видеоролик о насильственном переселении в годы ВОВ жителей Чурапчинского района в далекие северные районы Якутии на добычу рыбы для фронта – «ИСТОРИЯ ЧУРАПЧИНСКОГО ПЕРЕСЕЛЕНИЯ – хронология событий»,ссылка к просмотру: https://youtu.be/0PmnfkFn-2kА также фильмы наслегов, созданные к улусному фестивалю художественной самодеятельности «Айхаллан, Чурапчы!», посвященный к 80-летию насильственного переселения Чурапчинского района в северные районы «КӨҺӨРҮЛЛҮҮ ИСТОРИЯТА БИҺИГИ НЭҺИЛИЭКПИТИГЭР, 2022 г.:
🎞 МО «Алагарский наслег» https://youtu.be/KKI-OnRDvxM
🎞 МО «Арылахский наслег» https://youtu.be/CNi673M_qwA
🎞 МО «Бахсытский наслег» https://youtu.be/ijBZuac7tIU
🎞 МО «Болтогинский наслег» https://youtu.be/EZ3hrw2Ntu4
🎞 МО «Болугурский наслег» https://youtu.be/kiJ3hs_b2tM
🎞 МО «Кытанахский наслег» https://youtu.be/GTQ9ywo93Hg
🎞 МО «Мугудайский наслег» https://youtu.be/msw8w4HAqjA
🎞 МО «Ожулунский наслег» https://youtu.be/9Q_mlJXfXpU
🎞 МО «Соловьевский наслег» https://youtu.be/dX3HjIq3P-k
🎞 МО «Сыланский наслег» https://youtu.be/T26FQZ18tP8
🎞 МО «Телейский наслег» https://youtu.be/ZeHurQ8eBow
🎞 МО «Хадарский наслег» https://youtu.be/0ckhiccWYKI
🎞 МО «Хатылынский наслег» https://youtu.be/_s7Wmo-rbl8
🎞 МО «Хаяхсытский наслег» https://youtu.be/cnxq_E7trV4
🎞 МО «Хоптогинский наслег» https://youtu.be/WPYIlHlFBgQ
🎞 МО «Чакырский наслег» https://youtu.be/TkwRSXxj9Ls
🎞 МО «Чурапчинский наслег» https://youtu.be/e1X6PjwiUbA

Г.В.Баишев-Алтан Сарын төрөөбүтэ 125 сыла

Чурапчинский музей истории и этнографии А.А.Саввина, [16 сен. 2023 в 09:00]
Сахаттан биир маҥнайгы тыл үөрэхтээҕэ, ураты көрүүлээх учуонай, тюрколог, талааннаах суруйааччы, тылбаасчыт Г.В.Баишев-Алтан Сарын төрөөбүтэ 125 үбүлүөйдээх сылынан Чурапчы Чыаппаратыгар таас өйдөбүнньүк турда.