Ыам ыйын 16 күнүгэр А.А.Саввин аатынан Чурапчытааҕы история уонна этнография музейын коллектива Хатылытааҕы Көһөрүллүү музейыгар В.С.Соловьев-Болот Боотур аатынан Хатылы орто оскуолатын үөрэнээччилэрин кытта көрсүһүүлэрэ буолан ааста. Көрсүһүүгэ 7,8,10 кылаас оҕолоро кыттыыны ыллылар. Бу тэрээһин музейдар Аан дойдутааҕы күннэригэр ананан ыытылынна.

            Музей директора Афанасий Афанасьевич Захаров музей үлэтэ биһиги олохпутугар суолтатын, элбэҕи билэргэ-көрөргө улахан көмөлөөҕүн туһунан, төрөөбүт дойдубут историятын билэрбит хайаан да наадалааҕын туһунан оҕолорго элбэҕи кэпсээтэ, музей идэтин ылалларыгар ыҥырда. Музей научнай сотруднига Юрий Семенович Толстоухов Чурапчы оройуонугар – урукку Боотурускай улууһугар музейдар аан бастаан хаһан тэриллэ сылдьыбыттарыттан саҕалаан Чурапчы музейдарын, салгыы Дьокуускай куоракка баар музейдар тустарынан, онтон салгыы Аан дойдуга ханнык музейдар баалларын туһунан сырдатта. Көһөрүллүү музейын сэбиэдиссэйэ Марфа Владимировна Чичигинарова бу музей тэриллиитэ хайдах саҕаламмытын, музей экспонаттара, матырыйааллара Хатылы оскуолатын оҕолорун күүстэринэн хомуллубутун киэн тутта кэпсээтэ. Экскурсовод Василена Васильевна Мохначевская оҕолорго Чурапчыбыт историятыттан бэртээхэй викторинаны ыытан улахан сэргэхсийиини, ол быыһыгар мөккүөрдээх да түгэннэри таһаарда. Оҕолор бука бары көхтөөхтүк кыттаннар бары ыйытыктарга хоруйдаатылар, кыайыылаахтар сэмэй бирииһинэн наҕараадаланнылар.

Түмүгэр В.С.Соловьев-Болот Боотур аатынан Хатылы орто оскуолатын администрациятыгар, чуолаан оскуола музейын салайааччытыгар Алгыстаана Николаевна Федороваҕа, Көһөрүллүү музейын сотрудниктарыгар махталбытын биллэрэбит.