“Чурапчыга ыһыах” хаартыска историята

1902 сыл ыам ыйын 5 күнүгэр Владимир Иохельсон Өлүөнэ өрүс аһыллыан иннинэ Дьокуускайтан илин кытылга туораан Чурапчыга кэлбитэ кини суруктарыттан биллэр.

Киниэхэ анаан, тустаах кэмтэн арыый эрдэ тэриллибит көрдөрүү ыһыаҕын чурапчылар тэрийбиттэрэ. Онтон сылыктаатахха, “илин улуустарга саха төрүт үгэстэрэ ордук үчүгэйдик хараллан хаалбыттар”, ол иһин этнография матырыйаалын хомуйарга ордук табыгастаах эбит.

Сахалыы саҥарар, саха омук үгэһин убаастыыр, тутуһар чинчийээччини Чурапчы дьоно ытыктаан көрсүбүттэр. Учуонайга олус күндү бэлэх оҥоһуллубута – баай тигиилээх туос ураһа туттарыллыбыттара ону туоһулуур. Бу докумуоҥҥа киирбит, хаартыскаҕа хатаммыт ыһыах кэнники кэм чинчийээччилэригэр бэрт элбэҕи биэрбитэ, көрдөрбүтэ. Оттон Иохельсон кэллиэксийэтигэр хомуйбут сири иһитэ, симиирэ, симиирчэхтэрэ, көҥкөлөйдөрө мусуойдарга харалла сыталлар, ааспыт кэм илэ туоһулара буолаллар.

Сыл бастыҥ экспоната – 2023

Чурапчы улууһун Чурапчы нэһилиэгэ 375 сылыгар аналлаах үбүлүөйдээх республиканскай ыһыахха уонна ыһыах программатыгар киирбит “Сыл бастыҥ экспоната – 2023” муниципальнай түмэллэр икки ардыларынааҕы күрэххэ кэлэн кыттыыны ыларгытыгар ыҥырабыт!

Быйылгы күрэхпит Чурапчы нэһилиэгэ төрүттэммитэ 375 сылыгар, улууска Ытыктабыл, А.А.Саввин аатынан Чурапчытааҕы история уонна этнография түмэлэ тэриллибитэ 75 сылыгар, ССРС культуратын туйгуна, СР культуратын үтүөлээх үлэһитэ, Чурапчы улууһун, Болугур нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, олоҕун бүтүннүү Саха сирин культурата сайдарыгар анаабыт Валентина Дмитриевна Пинигина сырдык аатыгар анаан ыытыллар.

Сиһилии:
экспонат года 2023 положение