Старшай сержант. Мэлдьэхси нэһилиэгэ (1921-1993). Армияҕа ыҥырыллыар диэри, Чурапчы оройуонугар милиция отделениетын сотруднигынан үлэлээбитэ. 1941 с. атырдьах ыйыгар тылланан Ийэ дойдутун көмүскүү аттаммыта. Сэриилэспитин былаһын тухары, түөрт төгүл, ол иһигэр биирдэ ыараханнык бааһырбыта. Хорсун сэрииһит уоттаах сэрии толоонугар Аҕа дойду сэриитин I-кы, II-с степенэ, Кыһыл Сулус орденнарынан, “Хорсунун иһин”, “Бойобуой үтүөлэрин иһин” медалларынан наҕараадаламмыта.
Түөрт сыл устата Советскай Союз территориятыттан немецкэй фашистары ыраастаһан, Польша, Илиҥҥи Пруссия, Германия устун сэриилэспитэ, Эльба өрүскэ тиийбитэ. Берлини ылсыбыта.
1947 с. дойдутугар эргиллибитэ. Муома, Томпо оройуоннарыгар, Дьокуускай куоракка араас үлэлэргэ пенсияҕа тахсыар диэри үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ.
Илья Иванович Муома оройуонугар ВЛКСМ РК 2-с секретарынан уонна РТК парткомун секретарынан 1947-1950 сс. үлэлии сылдьыбыт. Хорсун буойуну Муома кыраайы үөрэтээччитэ Соркомов Сергей Семенович үйэтитэн саҕалаабыт, кини олоҕун үөрэппит, хаһыаттарга сырдаппыт. Сергей Семенович Илья Ивановиһы: «Марков – мин кумирым», – диирэ үһү. Ол, Илья Иванович Марков сэрии да кэнниттэн хорсун олох холобурун көрдөрбүтүттэн эмиэ буолар: хоту күүс өттүнэн көһөрүллүүгэ чугас дьонун барытын сүтэрбит, иккис кэргэнэ эмиэ эдэр сааһыгар ыарахан ыарыттан олохтон туораан уолун бэйэтэ улаатыннарбыт, балтын үөрэттэрэн үлэһит киһи оҥорбут.
Соркомов Сергей Семенович саҕалаабыт үтүө дьыалатын, кыыһа Чуканова Жанна Сергеевна ситэрэн биэрбит. Бу сыл ыам ыйыгар Илья Иванович Марков хаартыскатын Калининград түмэлигэр ыытан, Стена Памяти киллэттэрдэ. Онон, Илья Иванович Марков бэйэтэ ылсыбыт куоратыгар кини үтүө аата уонна сырдык мөссүөнэ 78 сыл буолан баран ыйанна.
Сергей Семенович Соркомов Илья Иванович Марков олоҕун үөрэтээри үгүс үлэни ыыппыта. Биһиги музейбытыгар 2020 сыллаахха эмиэ тахсан, кэпсэтэн, информация ылбыта. Хомойуох иһин билигин Сергей Семенович биһиги кэккэбитигэр суох.
Чурапчыбыт дьонун-сэргэтин аатыттан, Соркомовтар дьиэ кэргэҥҥэ истиҥ махталбытын тиэрдэбит, сырдык санааҕытынан салайтаран үйэтитии үлэтин оҥорбуккутугар! Эһиги курдук үтүө дьон баарын тухары, үтүө дьоммут ааттара ааттана туруо…