https://lazarev-5.ispring.ru/app/preview/f7167422-e563-11ed-9d38-4a58f7b677d0
Архив за месяц: Апрель 2023
Чурапчыга палеонтология наукатыгар инникитин көстүбэтэх булумньулар тула үлэ ыытыллыаҕа
Итини санаатахха, “муора билигин ханан сытарый? Онтон Чурапчы ханна турарый?” диэн буолар. Бу тула толкуй элбэх. Онон Чурапчыга булумньу неординарнай диибит. Бу Арассыыйа хотугулуу-илиҥҥи өттүгэр хаһан да булуллубутах арыйыы диэххэ сөп.
Музейбыт экспонаттара, библиотеката эбиллэ турар
Өссө биир экспонат 75 сыллаах үбүлүөйдээх сылбытын арыйар күммүтүгэр киирдэ. Быһа холоон 1950-60 сс. оҥоһуллубут хаарыс былааты коллекционер Варвара Дмитириевна Попова бэлэхтээтэ. Кини бу былааты Үөһэ Дьааҥыттан Старостина Галина Илларионовнаттан 2020 сыллаахха ылбыт.
Саха АССР үтүөлээх учуутала Виктор Семенович Алехин олоҕун, үлэтин-хамнаһын сырдатар кинигэни дьоһун бэлэх оҥордулар. Учуутал үрдүк аатыгар сүгүрүйэн үөрэнээччилэрэ, коллегалара,аймахтара суруйбут ахтыылара киирбиттэр. Дьоһун бэлэҕи аймаҕа Кириллина Виктория Ивановна туттарда.
“Байбал тэлбит суолунан” альбом-кинигэни автор бэйэтэ – фотограф, суруналыыс, Чурапчы нэһилиэгин бочуоттааҕа Г.Г.Турантаев бэлэхтээтэ. Бу хаартысканан дьүһүйүүтүгэр Олимпийскай чемпион Павел Павлович Пинигины уонна 2018,2023 сыллардааҕы Тарскай бирииһин турнирдарын үйэтиппитэ киирбиттэр.
“Чурапчы үйэттэн үйэҕэ” диэн Чурапчы нэһилиэгэ 375 сыллаах историятын, сайдыытын сырдатар кинигэ музейбыт библиотекатыгар киирдэ. Маннык олус туһалаах, үйэлээх кинигэлэммиппитигэр нэһилиэк салалтатыгар, кинигэ автордарыгар улаханнык махтанабыт!
75 сыллаах үбүлүөйдээх сылбытын арыйар кэрэ-бэлиэ күммүтүгэр, Егорова (Саввина) Евдокия Петровнаттан дьоһун бэлэх киирдэ
75 сыллаах үбүлүөйдээх сылбытын арыйар кэрэ-бэлиэ күммүтүгэр, Егорова (Саввина) Евдокия Петровнаттан дьоһун бэлэх киирдэ. 1954 сыллаахха Евдокия Петровна Өлүөхүмэҕэ күн сирин көрбүт. 4 ыйдаах эһээхий оҕону биһиккэ уган пароходунан Чурапчыга илдьэ кэлбиттэр. Кэлин бу биһиги оҕолорун,сиэннэрин илдьэ сылдьалларыгар туттубуттар. Дьиэ кэргэн ытык мала музейбыт көмүс фондатыгар киирэн этнографияны сырдата туруо.
Мастер класс «Бисероплетение (чокер, кольца, браслеты)» от Анны Варламовой, Мастер-класс от реставратора музея Василия Протопопова
А.А Саввин аатынан Чурапчытааҕы исторя уоннна этнография түмэлэ тэриллибитэ 75 сылын көрсөр арыллыытыгар анаммыт тэрээһиннэр
А.А.Саввин аатынан Чурапчытааҕы история уонна этнография түмэлэ тэриллибитэ 75 сылын үөрүүлээх арыллыытын үбүлүөйүнэй экскурсията
А.А. Саввин аатынан Чурапчытааҕы устуоруйа уонна этнография мусуойугар улахан тэрээһин ыытылынна
Ол курдук, мусуой тэриллибитэ 75 үбүлүөйдээх сыла үөрүүлээхтик аһылынна. Маны тэҥэ “Чурапчы улууһун артефактара” быыстапка аһыллыыта буолла.
В честь 130-летия со дня рождения Ивана Винокурова в Чурапчинском улусе возложили цветы
“Всю свою короткую, но яркую жизнь Иван Николаевич посвятил служению родной республике и отстаиванию интересов якутян. Мужество, политическая воля, ответственность за судьбу всего народа отличали основоположников республики”, — подчеркнул Глава Чурапчинского улуса Степан Саргыдаев.
Иван Винокуров үтүө аатын үйэтитиигэ үлэлиэххэ
Үбүлүөйдээх сылыгар анал хамыыһыйа тэриллэн былааннаах үлэни ыытар. Бүгүн, төрөөбүт күнүгэр, улуус оскуолаларыгар анал линейкалар, уруоктар буоллулар. Тэрийэр хамыыһыйа мунньаҕар үйэтитиигэ ханнык үлэлэр барыахтаахтара чопчуланна.
https://xn--80aa7aggbp2b.xn--p1ai/article/93313
«Талба талаан тахсар сирэ – Чурапчы»
Биһиги коллегаларбыт Дарамаев В.В. уонна Лазарев И.И. оҥоһуктара «Талба талаан тахсар сирэ – Чурапчы» быыстапкаҕа турдулар