19-с туһунан хайыһар биригээдэтигэр 1712 нуучча, 597 саха, 253 украинец, 95 татаар, 66 белорус уонна 200 киһи араас омук баара. Бу чуолаан Саха өрөспүүбүлүкэтиттэн ыҥырыллыбыт саллааттартан талыллыбыт, таҥыллыбыт сэриилэһэр чаас (https://kiinkuorat.ru/articles/ilmen-k-lge-tragediya).
Ордук элбэх киһи олунньу 23 күнүгэр Ильмень күөлгэ өлбүтэ. Аҥардас бу күн өлбүт саха саллаатын ахсаана 80 киһи.
Чурапчыттан 19 ТХБ кыттыбыт 57 киһи аатын, онтон олунньу 23 күнүгэр өлбүт 11 киһи аатын И.М.Павлов үлэлэригэр көрүөххэ сөп:
Алаҕар
- Лыткин Федор Николаевич
- Попов Алексей Иннокентьевич
- Егоров Алексей Константинович
- Попов Алексей Иннокентьевич
Аччаҕар
- Пудов Николай Николаевич
Болтоҥо
- Бескин Николай Исакович
- Дуранов Василий Петрович – олунньу 23 к. өлбүт
- Седалищев Дмитрий Константинович
- Борисов Михаил Григорьевич
- Беляев Исаак Ильич
- Картузов Иван Николаевич
Болугур
- Ноев Андрей Трофимович
- Ноев Тимофей Афанасьевич – олунньу 23 к. өлбүт
- Петров Илья Спиридонович – олунньу 23 к. өлбүт
- Фомин Дмитрий Семенович
- Христофоров Василий Лазаревич – олунньу 23 к. өлбүт
- Васильев Михаил Григорьевич
Мугудай
- Борисов Афанасий Михайлович
- Сивцев Иван Петрович
- Сивцев Степан Петрович
- Ноговицын Тимофей Степанович
- Пермяков Иннокентий Николаевич
- Коркин Роман Егорович
Мэлдьэхси
- Корякин Николай Петрович
- Пестерев Алексей Иванович
- Тарабукин Семен Семенович
Одьулуун
- Григорьев Семен Дмитрьевич
- Игнатьев Иван Прокопьевич
- Игнатьев Николай Прокопьевич
- Колесов Егор Иннокентьевич – олунньу 23 к. өлбүт
- Михайлов Николай Николаевич – олунньу 23 к. өлбүт
- Чичигинаров Николай Петрович
- Степанов Иван Иванович
- Семенов Дмитрий Николаевич – олунньу 23 к. өлбүт
Соловьев
- Федоров Василий Константинович
- Соловьев Андриан Тимофеевич эргиллибит
Сылаҥ
- Дьяконов Николай Федорович
- Макаров Михаил Петрович – олунньу 23 к. өлбүт
- Макаров Егор Ильич
- Ноговицын Семен Алексеевич
- Ноговицын Степан Иванович
- Сивцев Данил Иннокентьевич
Төлөй
- Аммосов Алексей Михайлович
- Захаров Гаврил Егорович
Хадаар
- Дьячковский Гаврил Дмитрьевич – олунньу 23 к. өлбүт
- Карпов Афанасий Прокопьевич
- Кузьмин Иван Петрович
- Протодьяконов Семен Лукич
- Степанов Гаврил Лукич
- Степанов Иннокентий Алексеевич
- Феофанов Тимофей Егорович – олунньу 23 к. өлбүт
- Протодьяконов Семен Николаевич
Хатылы
- Архипов Дмитрий Алексеевич – олунньу 23 к. өлбүт
Хайахсыт
- Поисеев Дмитрий Егорович
Хоптоҕо
- Васильев Сергей Осипович
Чакыр
- Данилов Петр Петрович
- Адамов Никита Гаврильевич
🔶 Олунньу 18 күнүгэр Аҕа дойду көмүскээччилэрин күнүгэр анаммыт саха иһитин чочуйан оҥорууга семинар-практикумҥа биһиги специалиспыт Илья Ильич Лазарев сылдьан үөрэннэ
🔶 Олунньу 17 күнүгэр Чурапчы улууһугар культура, литература уонна искусство күннэрин чэрчитинэн П.Е.Гуляев салайыылаах делегация Ем. Ярославскай аатынан Саха музейыгар, С.А.Зверев – Кыыл Уола аатынан Үҥкүү уонна Олоҥхо тыйаатырдарыгар сырыттылар, инники үлэни торумнустулар.
🔸 “Алаҕар нэһилиэгэ” МТ Чурапчы улууһугар “Ытыктабыл” сылынан Сэбиэскэй буойуттар фашистартан Сталинград куораты босхолообуттара 80 сылынан, аатырбыт артиллерист Г.Д. Протодьяконов олоҕун сырдатар кинигэни бэлэх уунна.
Кинигэҕэ Чурапчы улууһун Алаҕарыттан төрүттээх саха саллаатын аатын ааттаппыт Протодьяконов Г.Д. дьиҥнээх дьоруой буоларын туоһулуур айымньылара, архыып докумуоннара, ахтыылара киирбиттэр.
🔸 Саха норуодунай суруйааччыта С.А.Новгородов – Сэмэн Тумат “Лингвист Семен Новгородов уонна кэм-кэрдии тсохоло” кинигэтин түмэлбит библиотекатыгар бэлэх уунна.
Кинигэҕэ ааптар лингвист С.А.Новгородов Тыл наукатыгар оҥорбут үлэтин сырдатыынан сибээстээн кэккэ ыстатыйалары, публикациялары таһынан “Лингвист Семен Андреевич Новгородов: хаартыскалар, докумуоннар, ыстатыйалар” (2007), “Лингвист С.А.Новгородов: хаан-уруу дьоннор суруктара. Кини туһунан ахтыылар” (2011); “Лингвист Семен Новгородов суолталаах бэлиэтээһиннэрэ” (2014); “Душе моей две Родины…” (Елена Семеновна Новгородова туһунан ахтыылар, докумуоннар); “Өй-сүрэх көрдөбүлүнэн (чинчийиилэр, көрдөөһүннэр-булуулар, публикациялар, эсселар, суоллааҕы бэлиэтиһээннэр)” (2009); “Ытыллыбыт олох” (Андрей Андреевич Новгородов); “Рукопись” (2020) диэн кинигэлэрин суруйан, түмэн таһаарда. Сэ
Сэмэн Тумат бу кинигэҕэ С.А.Новгородов тула кэм-кэрдии тосхолун ырытар.
Чурапчы улууһугар ыытыллар “Чолбон” бириэмийэ үлэһит дьоҥҥо күүстээх сыанабыл буолар”, – диэн Афанасий Иванович санаатын тириэртэ.
Сиһилии⤵️📰: https://xn--80aa7aggbp2b.xn--p1ai/article/88574
Bu kyn, 1892s olunńu 13 kynyger saqa lingibi:s uĉuonaja Semen Öndöryöjebis Noĝuruodap kyn sirin körbyte. By belie kyn bihigi öröspy:bylykebitiger törööbyt tûl, suruk-biĉik kynynen billerillibite.
🔻С.А.Новгородов туһунан кэпсиир Чурапчы орто оскуолатын үөрэнээччитэ Нарыйа Аржакова
Каженкин Тихон Михайлович Боотур Уус улууһун Бастакы Хайахсыт (билигин Чурапчы улууһун Арыылаах) нэһилиэгэр таҥара дьиэтин, онтон ол таҥара дьиэтигэр сыһыаран бастакы оскуоланы туппут, онно попечителлээбит меценат туһунан кэпсээтэ сиэнэ Каженкина Анна Дмитриевна
🔻 Сталинградтааҕы кыргыһыы: 1942 сыл от ыйын 17 күнүттэн саҕаламмыта. Итиэннэ 1943 сыл олунньу 2 күнүгэр Кыһыл Армия Сталинградскай (билиҥҥитэ Волгоградскай) уобалас сирин – уотун өстөөхтөн босхолообута. Сталинград кыргыһыыта — Иккис Аан дойду сэриитин бөдөҥ кыргыһыыта.
🔻 Сталинград уоттаах кыргыһыытыгар Чурапчыттан 93 киһи кыттыбыт, олортон 56 киһи өлбүт, 37 киһи дойдуларыгар эргиллибиттэр.
Официальный сайт "Чурапчинского музея и истории этнографии им.А.А.Саввина"