А.А.Саввин аатынан Чурапчытааҕы история уонна этнография музейа төрүттэниитин историятыттан сырдаттахха, 1930-с сыллартан саҕаланар. Дед Курашов аатынан ШКМ оскуолатын оҕолоро уонна коллектива маҥнайгы былыргы малы түмүү үлэтин саҕалаабыттар.
Н.Д.Кривошапкин – Уот Субуруускай 1932 сыллахха, Саха Автономията төрүттэммитэ 10 сылыгар анаан альбом таһааттарбыта. Бу альбом түөрт сирэйигэр ШКМ иһинэн тэриллибит музей экспонаттарын көрдөрөр хаартыскалар бааллар. Манна көстөр экспонаттартан кымыска туттуллар иһиттэр, ат тэриллэрэ биһиги музейбытыгар билигин бааллар, дьоһун миэстэни ылаллар.
1946-1948 сылларга В.С.Соловьев-Болот Боотур – фронтовик-учуутал, норуодунай суруйааччы Амма өрүс сүнньүнэн, былыргы аҕа уустара ордук түөлбэлээн олорбут сирдэринэн походтары тэрийэн оскуола музейын эбии хаҥаппыттара: булт уонна күннээҕи олоххо туттуллар тэриллэри, дьахтар дьабака бэргэһэтин, тииҥ кутуругуттан моойтуругу, былыргы кыыллар уҥуохтарын булаттаабыттара. Уосайа 445 экспонаттаах: 185 сүрүн фондаҕа уонна 260 көмө матырыйаал быһыытынан оскуола иһинэн музей-хоһо диэн баар буолбута. Бу музей-хос көхтөөхтүк үлэлээн, нэһилиэнньэ сэҥээриитин ылары ситиһэн, 1948 сыллаахха общественность уонна партия райкома туруорсаннар, кулун тутар ый 11 күнүгэр Чурапчы музейын тэрийэр туһунан райсовет исполкомун анал уурааҕа тахсыбыта. Маҥнайгы директорынан биллиилээх фольклориһы, этнограбы Андрей Андреевич Саввины анаабыттара. Ити курдук, оскуола оҕолоро, учууталлара саҕалаабыт үтүө дьыалалара музейбыт тэриллиитигэр олук буолбута.