LED экраны туруоруу түгэннэриттэн

🟠🟠🟠🟠🟠🟠🟠🟠🟠🟠🟠🟠
Муниципальнай мусуойдары техническэй өттүнэн хааччыйыыга регион бюджетыттан субсидияны ылыыга күрэх биллэриллибитэ. А.А. Саввин аатынан Чурапчытааҕы история уонна этнография музейа кыттан, 10 музей иһигэр киирэн, үп ылары ситиспитэ. Ол үптэн ылыллыбыт LED экраны туруоруу түгэннэриттэн

#маастаркылаас

🟠🟠🟠🟠🟠🟠🟠🟠🟠🟠🟠🟠
А.П.Гоголев аатынан оҕо искусствотын оскуолатын прикладной кылааһын преподавателэ Прокопий Екечьямов уонна норуот уус-уран оҥоһуктарын маастара, саха туой иһитин сөргүтээччи Ульяна Матвеева туой оҥоһуктарга ыыппыт маастар-кылаастарын түгэннэрэ

В 2023 и 2024 годах капитальный ремонт проведут в пяти музеях

: в Усть-Майском краеведческом, Вилюйском краеведческом, Кобяйском краеведческом, Жиганском историческом, Чурапчинском музее истории и этнографии.

Всего в рамках нацпроекта «Культура» на эти цели предусмотрено более 46 млн рублей из федерального и республиканского бюджета.

На фото представлены рендеры будущих преобразований.

#объясняемреспублика_саха

ССРС государственнай бириэмийэтин лауреата, сылгыһыт Михаил Семенович Толстоухов

Михаил Семенович Толстоухов сэрии сылын оҕото төһө даҕаны тулаайах улааттар, оскуола партатыгар олорор дьолу билбэтэр даҕаны, дьиҥнээх сахалыы майгытынан, олоххо дьулуурунан, үлэҕэ сатабылынан “Оҕо Мэхээлэттэн” ССРС государственнай бириэмийэтин лауреата курдук үрдүк наҕараадаҕа тиийэ үлэтигэр ситиһиилэнэн үтүө холобур буолар олоҕу олорбута.
Михаил Семенович сылгыһыт эппиэттээх үлэтигэр барыта тохтоло суох 28 сыл үлэлээбитэ. Бу үлэлиир сылларыгар кулун деловой тахсыытын үрдэтэргэ улахан сылгыны тыыннаах иитиигэ үгүс сыратын биэрбитэ, ыраас хааннаах саха сылгытын иитиигэ, үчүгэй удьуордаах атыырдары булууга, сылгы хаанын булкуһуннарбат гына биэлэри талыыга, атыыр үөрдэрин сүүмэрдээһиҥҥэ үгүс сыратын биэрбитэ. Ол түмүгэр, кини үлэлиир биригээдэтигэр Төлөй Дириҥэр, чуолаан манна тэриллибит кини салайар звенотугар сылгыны иитиигэ племенной сылгы фермата тэриллибитэ. 1971 сыллаахха маҥнайгы улахан наҕараадатын – Саха АССР Верховнай президиумун Бочуотунай грамотатынан, 1978 сыллаахха Үлэ Албан аатын III степеннээх орденынан, 1979 сыллаахха ССРС государственнай бириэмийэтин лауреата үрдүк аатын ылары ситиспитэ.
Салҕыы  Михаил Семенович олоҕун, үлэтин-хамнаһын сырдатар видеоны көрүҥ

“Кинини үлэ хатарбыта” быыстапка

🟠🟠🟠🟠🟠🟠🟠🟠🟠🟠🟠🟠
Саха АССР тэриллибитэ 100 сылыгар, ССРС государственнай бириэмийэтин лауреата, сылгыһыт Михаил Семенович Толстоухов төрөөбүтэ 90 сылыгар аналлаах “Кинини үлэ хатарбыта” быыстапка арыллыытыгар ыҥырабыт!

Буолар күнэ-дьыла: Сэтинньи 24 күнүгэр, 15.00 чаастан
Буолар сирэ: А.А.Саввин аатынан Чурапчытааҕы история уонна этнография музейа

⭕️ ССРС уонна СӨ культуратын туйгуна, СӨ культуратын үтүөлээх үлэһитэ, культура ветерана, Чурапчы улууһун уонна Болугур нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, “Гражданскай килбиэн” бэлиэ хаһаайката, РФ суруналыыстарын Союһун чилиэнэ, 2011 с. СӨ Президенын профессор М.Ф.Габышев аатынан “Музей бастыҥ сотруднига” бириэмийэ хаһаайката, ытыктыыр, убаастыыр ветераммыт, наставникпыт Пинигина Валентина Дмитриевна уһун ыарахан ыарыыттан күн сириттэн барбытынан кэргэнигэр, оҕолоругар, чугас дьонугар дириҥ кутурҕаммытын биллэрэбит.
⭕️ Олус күндүтүк саныыр киһибит Валентина Дмитриевна үйэтин тухары А.А.Саввин аатынан Чурапчытааҕы история уонна этнография түмэлэ сайдарыгар, үрдүк таһымҥа тахсарыгар сүрэҕэ тэбэрин тухары күүһүн-уоҕун харыһыйбакка үлэлээтэ. Кини туһунан үтүө өйдөбүл биһиги түмэлбит устуоруйатыгар көмүс буукубаларынан суруллан үйэлэргэ хаалыаҕа.

Бүгүн билим таһымнаах музеевед Андрей Андреевич Саввин-Өндөрүүскэ Саабын төрөөбүтэ 126 сыла

Андрей Андреевич Саввин Чурапчытааҕы кыраайы үөрэтэр түмэлгэ 1948 сыллаахха бастакы директорынан ананан үлэлии киирэригэр номнуо биллиилээх этнограф, фольклорист этэ. Киэҥ сиринэн экспедицияларга сылдьан баай көрүүлээх, билиилээх чинчийиилэрин барытын түмэли тэрийэргэ биэрбитэ.

Бүлүү уонна Хоту оройуоннарга сылдьан музейдарга сылдьыбыт. Саха сиригэр музейнай дьыала тэриллиитин үөрэппит Винокуров П.В. үлэлэриттэн көрдөххө,маҥнай Бүлүүгэ, Орто Халымаҕа, Өлүөхүмэҕэ, Үөһээ Дьааҥыга, Ньурбаҕа, Тойбохойго, Элгээйигэ оскуола иһинэн түмэллэр үлэлээн саҕалаабыттар. Ордук, Бүлүү музейа Петр Хрисанфович Староватов Бүлүүтээҕи алын училища учуутала 1917 сыллаахха тэрийбит түмэлэ биллэрэ. Андрей Андреевич Саввин «Бүлүү музейын туһунан» диэн ыстатыйалаах. Бу ыстатыйаҕа салалта өттүттэн музейнай дьыалаҕа өйөбүл суоҕун, дьиэ-уот, анал үлэһит тиийбэтиттэн саҕалаан, туох баар комплектования, концепция боппуруоһугар туох эбии киириэхтээҕин сиһилии ырытан суруйбут.

Өндөрүүскэ Саабын Бүлүү оройуонунан сылдьан кэлэн баран, Дьокуускайдааҕы түмэлгэ 63 малы аҕалан этнография салаатыгар туттарбыт уонна отчуоттаабыт: «Воспользовавшись случаем посещения ряда мест, весьма отдаленных и глухих уголков Вилюйского района, где, наряду с пережитками старого быта, обычаев и нравов, сохранились также одежда, украшения, оружия и предметы религиозного культа минувших эпох, я собирал для Якутского областного музея экспонаты этнографического характера, представляющие значительный научный интерес», – диэн. Ол туһунан Саввинов А.И. саха таҥаһын туһунан А.А. Саввин үлэлэринэн таһаарбыт ыстатыйатыгар суруллубут.

Национальнай художественнай музей «Раритеты Якутии» диэн бырайыагар бастакынан Чурапчы улууһун раритеттарынан таһаарыыны талбыта. Ол төрүөтэ Чурапчы түмэлэ бастакы толору научнай төрүккэ олоҕурбут түмэл буоларыгар сытарын, НХМ үлэһиттэрэ бэйэлэрэ бэлиэтээн тураллар.

А.А. Саввин түмэл үлэтэ хайдах буолуохтааҕын толору билэр буолан, хара маҥнайгыттан научнай төрүккэ олоҕурбут түмэли Чурапчыга төрүттээбит.

А.А. Саввин музейнай үлэ соруктарын чопчу өйдөөн үлэлээбитин Саха АССР Верховнай Сэбиэтин депутатыгар Винокурова Агафья Феоктистовнаҕа 1951 сыллаахха муус устар 12 күнүгэр илии баттааһыннаах, түмэлгэ оборудования, экспонат ылыытыгар ходатайство суруйан ыыппыт докумуонугар көрүөххэ сөп: «Музей собирает, хранит и изучает вещевые, документальные материалы музейного значения характеризующие данный район. Путем всестороннего изучения собирания и показа научных материалов, музей должен распротранять среди широких масс населения знание о ходе законодательного развития природы и общества», – диэн түмэл дьиҥ оҥорор кыаҕын (функциятын) ыйбыт, чуолаан музей“собирает”, “хранит”, “изучает”, «показывает», “распространяет” диэн тылларыгар.

I. Түмэл чинчийэр, научно-исследовательскай хайысхатын үлэтин сүрүн соругунан түмэл концепциятын, хайысхатын чопчулааһын буолар диэн музееведения билимигэр сурулла сылдьар. Онуоха, А.А. Саввин кыраайы үөрэтии торумун туһунан санааларын «Кыраайы үөрэтии» ыстатыйаларыттан көрүөххэ сөп. Манна кини полевой уонна социальнай опрос, интервью методикаларын туһаныахха наада диэн сүбэлиир. Ону маннык суруйар: «Былыргы стойаанкалары (өтөхтөрү) ханна баалларын испиэһэктии, кинилэр тустарынан баар кырдьаҕас кэпсээнин суруйуу. Онно наадалаахтар: былыргы 200-300 сыллаахтар диэки аатырбыт саха төрүттэрин, боотурдар, киһи хотон билбэт омуктарын өтөхтөрө». Итинэн кини чинчийии ньымаларын чопчу ыйар.

Маны тэҥэ чахчыны булууга архыып докуомуоннара туоһу буолалларын, харыстабыллаах сыһыаҥҥа наадыйалларын этэр: «Оскуолалар, н-собиэттэр, кооперетииптэр, норуот сууттара, РСК-тэ уо.д.а. сууттар аркыыбаларын үчүгэйдик тутталларыгар, харыстыылларыгар үлэ-дьаһал барыахтаах».

Фольклору үөрэтии этнографияны үөрэтиигэ быһаччы сибээстээҕин быһаарар: «Полклуор (норуот айыыта) хомуллуохтаах былыргы аныгы кэпсээн, ырыа-тойук, олоҥхо, чабырҕах, таабырын – кинилэр норуот өйүн, тылын баайын, итэҕэлин, эрэйин-буруйун, уоттаах тапталын ырылыччы көрдөрөллөрүн, норуот тылын дөксө байытар наадаҕа хомуллуохтаах», – диэн бэлиэтээбитэ кэрэхсэбиллээх. Итинник түмэлбит этнографияны хайдах үөрэтэрин эппит. Маны салҕыы, төрөөбүт айылҕабытын уонна оройуон историятын кэпсиир түмэл буолуохтааҕын концепциябытын чопчу ыйбытын бэлиэтиэххэ наада.

Төрөөбүт айылҕаны үөрэтиэхтээхпитин кини “тэнэлуогуйа” диэн халлаан туругун кэтээн көрөр ньыманан үөрэтиэххэ диэн суруйар: «Саас көтөр кэлиитин, үөн-көйүүр тиллиитин, сүүрэр атахтаах эксэҥҥитин, мас үүнэрин, сибэккилэрин, күһүн кытар барарын, үөн өлөрүн, от-мас хагдарыйарын, хаһыҥ, тымныы, ардах, хаар-силлиэ буоларын суруйуу», – диэн, чопчулаан сиһилии ыйбыт. Маны тэҥэ сир аннынааҕы баай, туһалаах оттор-мастар үөрэтиллиэхтээхтэрин эмиэ эппит.

Оройуон историята суруллуохтаах торумун оҥорбут: «Олох уонна остуоруйа.

Саха сиригэр көскө кэлбит судаарыскайдар хайтах сылдьыбыттарын, сир былдьаһыгын, түҥэтигин, нэһилиэк арахсыыларын, ойох ылсыыны, арахсыыны, хаан өс, итэҕэл сокуонун миэрэ үөскээбитин, сүөһү иитиитин, бурдук кутуутун, хамначчыт хабалатын, сэриилэр, долгуннар тустарынан үөрэтии-сирийии барыахтаах”, – диэн историяны үөрэтиигэ киириэхтээх темаларбытын кытары итинник чопчулаан, сыал-сорук оҥорбут.

Ити курдук, күн бүгүн үлэлии олорор суолбут бастакы директорбыт оҥорон хаалларбыт хайысхатыттан туох да туорааһына суох, кини ыйбыт сыалларын-соруктарын ситэрэбит

II. Биир сүрүн хайысханан түмэл фондата буолар.

Бу хайысха сүрүн соруга – фондаҕа баар маллары комплектованиялааһын буолар. Ол эбэтэр темаларга арааран, тиийбэти ситэрэн, комплект оҥоруу. Манна хомуйуу үлэтэ тахсан кэлэр.

Комплектованияны оҥорууну, туох мал киириэхтээҕин эмиэ ыстатыйатыгар чуолкайдык көрөбүт: «…хомуйарга: былыргы сэби сэбиргэли, таҥаһы-сабы, иһити-хомуоһу, бурдук сэбин, сылгы-ынах иһитин, кыыллар уҥуохтарын, хаччыны, сааны-саадаҕы, итэҕэл, араас хаартыскалары, былыргы дьиэлэр, киһи уҥуохтарын, аныгы сэргэни, дьиэлэри, былыргы дьиэ-уот, уҥуохтарын формаларын, араас хатарбыт оту-маһы, араас тааһы – тимири – сир аннын баайдарын”, – диэн, ыйан биэрбит.

Комплектованияны ситэрии ньымаларыгар киирэллэр:

Экспедицияларга сылдьыы; Научнай командировкалар; Дьонтон эбэтэр тэрилтэттэн босхо, букатыннаахтык ылыы; Атын музейдары, чинчийэр тэрилтэлэри кытары атастаһыы; Атыылаһыы; Анаан сакааһынан оҥотторуу. Ити музееведенияҕа суруллубут хомуйуу ньымаларыттан Андрей Андреевич үгүс ньыманы туһаммыт эбит. Үгүс экспонаты дьон бэйэтэ бэлэхтээбитэ уонна Андрей Андреевич харчы көрдөрөн атыыласпыта биллэр. Сорох малы полевой экспедицияларга көрдөөн булбуттар. Амма, Хатылы, Одьулуун оскуолатын оҕолоро суолталаах маллары баһаамы булбуттар.

Музейнай фонданы учеттааһын диэн музейга хараллан сытар маллары сокуонунан харыстааһын буолар. Киирбит маллары испиэһэктиир кинигэни толоруох иннинэ, учетнай карточкалар толоруллаллар. Бу карточкалар толоруулара, туспа, халбаҥнаабат быраабылалаах буолаллар: мал аата, ураты бэлиэтэ, размера, материала, техниката, хайдах туруктааҕа, сыаната, подпиһа чопчу ыйыллара ирдэнэр. А.А. Саввин толорбут карточкалара, сурунааллара бу быраабылаҕа олоҕурбуттар, толору толоруллубуттар. Уопсайа А.А. Саввин үлэлиир кэмигэр 1733 экспонат баара бэлиэтэммит. Онтон основной фондаҕа

1405 экспонат, көмө экспоната 378 баар эбит.

III.Үһүс хайысха музей үлэтигэр экспозиция туруоруу буолар. Экспозиция туруоруу чинчийэр уонна фондовай үлэ түмүгүнэн буолар.

Экспозиция туруоруутун туһунан былаанын 1949 сыллаах докладной заметкаларыгар көрүөххэ сөп: “…деятельность музея, место, связанная с краееведением, главным образом, будет заключаться, в научно-исследовательской работе путем сбора, систематизации и демонстрации предметов”, – диэн этиититтэн, экспозиция туруоруу этабын чопчулаабытын көрөбүт.

Андрей Андреевич Саввин эргэ дьиэни тупсаран түмэл оҥорбута.

Түмүктүүр хайысханан түмэлгэ сылдьыыны тэрийии буолар.

Музейга сылдьыы интэриэһинэй буоларын туһугар музейга сылдьааччылар тугу көрүөхтэрин-истиэхтэрин баҕаралларын мэлдьи кэтээн көрө, ыйыталаһа, бэлиэтэнэ сылдьыы биир сүрүн сорук буолар. Ону тэҥэ атын сыһыаннаах тэрилтэлэри кытары тэҥҥэ үлэлээһин киирэр. Бу соругу күүскэ, сөпкө ылынан Андрей Андреевич үлэлээбитин эмиэ 1949 сыллаах докладной заметкатыгар көрүөххэ сөп: «Основным направлением в работе музея будет показ –колхозникам, учащимся школ и интеллигенции конкретных материалов относящихся к историии культуры местного населения, в его прошлом, настоящем и в связи с этим естественно исторических богаств района, ведущего к поднятий культурного уровня и расширений исторического кругозора масс», – диэн, олус үчүгэйдик, билиҥҥи музееведение, педагогика соруктарын курдук туох да уратыта суох суруйбута сөхтөрөр.

Уонна А.А. Саввин дьоҥҥо-сэргэҕэ мэлдьи агитационнай, былыргы мал төрүт итэҕэли, историяны илдьэ сылдьарын, сүдү суолталааҕын быһаарыы үлэтин күүскэ ыыппыт.

Ити курдук, Андрей Андреевич Саввин, музей бары хайысхатыгар үрдүк таһымнаахтык 1948-1951 сс. үлэлээбит. Кини соҕотоҕун кэриэтэ сүҥкэн үлэни ситиспит. Киниэхэ көмөлөһөөччүнэн Фекла Кривошапкина охраннигынан, остуораһынан үлэлээбит. Кини төрүттээччи уонна бастакы директор быһыытынан туруорсубута, сүүрбүтэ-көппүтэ баһаам. Өндөрүүскэ Саабын толорбут сметаларын көрөн эмиэ киһи сөҕөр. Олус элбэҕи туруорсубут, эккирэтиспит, ирдээбит.

Түмүктээн эттэххэ, Андрей Андреевич Саввин фольклорист, этнограб, учуутал, кыраайы үөрэтээччитин таһынан, кини билим таһымнаах музеевед уонна музейнай дьыалыны төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ буоларын сырдатыах, киэн тутта ааттыах, музееведтар кэккэлэригэр киллэриэх тустаахпыт!

@Ulusmedia

Василена Мохначевская, А.А. Саввин аатынан Чурапчытааҕы история уонна этнография түмэлин үлэһитэ.

 

“Гончарное ремесло у якутов” кинигэ презентацията

А.А.Саввин аатынан Чурапчытааҕы история уонна этнография түмэлигэр “Гончарное ремесло у якутов” диэн А.А.Саввин хомуйбут баай архыыбыттан тахсыбыт кинигэ сүрэхтэниитэ сэтинньи 16 күнүгэр буолан ааста. Кинигэҕэ кимнээх үлэлээбиттэрин, кинигэ ис хоһоонун уонна сүрэхтэнии түгэннэрин сырдатар видеону салҕыы сигэнэн киирэн көрүҥ