Саха биир талааннаах уолугар Прокопий Алексеевич Екечьямовка төрүт үгэстэри тилиннэрэ, сайыннара сылдьарын иһин махтанан туран А.А.Саввин аатынан Чурапчытааҕы история уонна этнография мусуойун аатыттын “Гончарное ремесло у якутов” кинигэни бастакынан бэлэх ууннубут
Архив за месяц: Октябрь 2022
А.С.Бочкарева-Иннокентьева – Сууралдьыма көһөрүллүү тиэмэтигэр уруһуйдара
Россия худуоһунньуктарын чилиэнэ, Саха сирин искусствотын үтүөлээх деятелэ Александра Самсоновна Бочкарева-Иннокентьева – Сууралдьыма биһиги киэн туттар биир дойдулаахпыт буолар.
🟠 Сууралдьыма живопись бары жанрдарын баһылаабыт худуоһунньук. Худуоһунньук хас биирдии үлэтин оҥороругар элбэҕи үөрэтэн, хасыһан баран суруйар. Онон кини үлэлэрэ история чахчыларын, культураны кэпсиир дириҥ ис хоһоонноохтор. Төһө да Чурапчы алдьархайын өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 1991 сыллаахха биирдэ сыыһа дьаһалынан билиммиттэрин иһин, кэнники сылларга көһөрүллүү историятын үйэтитии сыллата бара турар. Ол үтүө соругу ылынан, көһөрүллүү кыттыылаахтарыттан ахтыы ылан, экспедицияларга сылдьыһан туран уруһуйдаабыт көһөрүллүүнү кэпсиир хартыыналардаах.
🟠Олортон икки хартыыната биһиги музейдарбытыгар баар: А.А.Саввин аатынан Чурапчытааҕы история уонна этнография музейыгар уонна Хатылытааҕы көһөрүллүү музейыгар күннэтэ историяны кэпсии, көрдөрө тураллар.
Дмитрий Павлович Чечебутов удостоен звания народного учителя Якутии
Сегодня, в этот праздничный день, высокого звания “Народный учитель Якутии” удостоен Дмитрий Павлович Чечебутов.
Дмитрий Павлович – ветеран педагогического труда, заслуженный учитель РСФСР, Почетный гражданин Чурапчинского улуса. Он всю свою жизнь посвятил сфере образования и воспитания детей, провёл большую работу по увековечиванию памяти переселенцев Чурапчинского улуса в годы Великой Отечественной войны. В этом году Дмитрию Павловичу исполнилось 85 лет. Несмотря на почтенный возраст, он продолжает помогать молодым педагогам.
От всей души поздравляю Дмитрия Павловича с присвоением почетного звания! Желаю крепкого здоровья, неиссякаемой бодрости и долгих лет жизни!
t.me/aisen_nikolaev
#Дьоһунбэлэх
Балаҕан ыйын 30 күнүгэр Кытаанах нэһилиэгин баһылыга Потапов Егор Николаевич “Сут-кураан, уот сэрии, көһөрүү… Кытаанах, Танда-Бахсы нэһилиэктэрэ 1941-1945 сс.” кинигэни түмэлбит библиотекатыгар бэлэх уунна.
Кинигэҕэ Чурапчы оройуонун Кытаанах уонна Танда-Бахсы нэһилиэктэрин Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар тыылга кыайыыны уһансыбыт тыыл ветераннарын, хоту улуустарга күүс өттүнэн көһөрүү кыттыылаахтарын ахтыылара, бэчээккэ тахсыбыт уонна архыып матырыйаалларыттан булуллубут чахчылар киирбиттэр.