“Умнуллубат чахчылар, үйэлээх өйдөбүллэр” өрөспүүбүлүкэтээҕи форум

Балаҕан ыйын 20 күнүгэр С.К.Макаров аатынан Чурапчытааҕы гимназияҕа Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр Чурапчы улууһун 41 холкуоһа хоту фроҥҥа балыктыы диэн күүс өттүнэн көһөрүллүбүттэрэ 80 сылыгар аналлаах “Умнуллубат чахчылар, үйэлээх өйдөбүллэр” өрөспүүбүлүкэтээҕи форум буолан ааста.

Форум үөрүүлээх аһыллыытыгар улуус баһылыга С.А.Саргыдаев, Ил Түмэн дьокутаата М.Д.Гуляев, көһөрүллүү историятын үйэтитээччи А.С.Иустинова ситиһиини баҕаран тыл эттилэр. Форум кэмигэр көһөрүллүүнү  толору сырдатар  кинигэ быыстапката, “Кэм-кэрдии кээрэппэтин, кэрэ ааккыт кэриэс буоллун” альбом-кинигэ cүрэхтэниитэ буолла.

Уопсайа барыта 5 улуустан: Чурапчы, Кэбээйи, Булуҥ, Эдьигээн, Таатта уонна  Дьокуускай куораттан 128 киһи кыттыыны ылла. Көһөрүллүү чахчыларын үйэтитэр, чинчийэр уонна сырдатар сыаллаах форум биэс сиэксийэҕэ арахсан үлэлээтэ:

  1. Чурапчы холкуостарын көһөрүү историческай чахчылара

Экспиэртэр:

  • Пономарев Иван Терентьевич – С.К.Макаров аатынан Чурапчытааҕы гимназия историяҕа учуутала
  • Прокопьев Владимир Николаевич – Д.П.Коркин аатынан Чурапчытааҕы республиканскай спортивнай интернат-оскуола историяҕа учуутала
  • Попов Степан Дмитриевич – С.К.Макаров аатынан Чурапчытааҕы гимназия историяҕа учуутала
  1. Чурапчы оройуонун хоту оройуоннарга күүс өттүнэн көһөрүү социальнай-экономическэй сайдыыга уонна демографияҕа сабыдыала

Экспиэртэр:

  • Кронникова Мария Филипповна – Чурапчы улууһун баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы
  • Попов Дмитрий Дмитриевич – Чурапчы улууһун культуратын салалтатын начальнига
  • Филиппова Мария Егоровна – ветеран-учуутал, кыраайы үөрэтээччи
  1. Көһөрүллүү кыттыылаахтарын ыар дьылҕалара

Экспиэртэр:

  • Егоров Захар Егорович – Н.Д.Субуруускай аатынан Болтоҥо орто оскуолатын түмэлин салайааччыта, кыраайы үөрэтээччи
  • Чечебутова Кыдаана Дмитриевна – улуустааҕы педагогическай “Албан аат” түмэлин үлэһитэ
  • Окорокова Екатерина Иннокентьевна – улуустааҕы педагогическай “Албан аат” түмэлин үлэһитэ
  1. Көһөрүллүү кыттыылаахтарын үлэҕэ хорсун быһыылара

Экспиэртэр:

  • Толстоухов Юрий Семенович – А.А.Саввин аатынан Чурапчытааҕы история уонна этнография түмэлин дириэктэрэ
  • Попова Варвара Дмитриевна – Е.А.Борисов архив-библиотекатын салайааччыта, кыраайы үөрэтээччи
  • Пинигина Айылгы Муосчут кыыһа – “Ай” норуот талааннарын түмэр студия үлэһитэ
  1. История чахчытын үйэтитии

Экспиэртэр:

  • Захаров Афанасий Афанасьевич – Чурапчы улууһун депутаттарын Сэбиэтин. “Үйэтитии” хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ
  • Соловьева Ирина Саввична – С.К.Макаров аатынан Чурапчытааҕы гимназия научно-методическай үлэҕэ директоры солбуйааччы, педагогика наукатын хандьыдаата
  • Егасова Дария Пантелеймоновна – Чурапчытааҕы библиотечнай ситим методиһа

Түмүккэ бөлөх экспиэртэрэ тахсаннар үлэлэри ырытан, уратыларын бэлиэтээн кыайыылаахтары таһаардылар:

 

  1. Чурапчы холкуостарын көһөрүү историческай чахчылара

Лауреат – Иванова Айнура, С.К.Макаров аатынан Чурапчытааҕы гимназия үөрэнээччитэ, тиэмэтэ “Оонньооботох оҕо саас”;

I истиэпэннээх дьупулуом – Корякина Л.Л., Эдьигээн орто оскуолатын дириэктэрэ, тиэмэтэ “Шемяков Н.В. – славный сын Севера”;

II истиэпэннээх дьупулуом – Попова М.Н., С.А.Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатын учуутала, тиэмэтэ “Куокуй оскуолатыгар үөрэммит Чурапчы оҕолоро”;

II истиэпэннээх дьупулуом – Сивцев Дьулуур, Смирникова Женя, Д.Д.Красильников аатынан Мугудай орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ, тиэмэлэрэ “Умнуллубат ыар чахчылар”;

III истиэпэннээх дьупулуом – Ноговицын Сеня, С.К.Макаров аатынан Чурапчытааҕы гимназия үөрэнээччитэ, тиэмэтэ “Көһөрүллүү аанньаллара”;

III истиэпэннээх дьупулуом – Посельская Айгыына, И.Е.Федосеев-Доосо аатынан Дириҥ орто оскуолатын үөрэнээччитэ, тиэмэтэ “ Олох – эйигин таптыыбын”;

III истиэпэннээх дьупулуом – Слепцова Ангелина, С.К.Макаров аатынан Чурапчытааҕы гимназия үөрэнээччитэ.

 

  1. Чурапчы оройуонун хоту оройуоннарга күүс өттүнэн көһөрүү социальнай-экономическэй сайдыыга уонна демографияҕа сабыдыала

Лауреат – Трифонов Егор, Максимов Ариан, Н.Д.Субуруускай аатынан Болтоҥо орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ, тиэмэлэрэ “Диалог культур”;

I истиэпэннээх дьупулуом – Дьячковский Айтал, С.Д.Флегонтов аатынан Хадаар орто оскуолатын үөрэнээччитэ, тиэмэтэ “Коммеморативные практики ВОВ в с.Юрюнг-Кюель”;

II истиэпэннээх дьупулуом – Оконешникова Милана, Н.Д.Субуруускай аатынан Болтоҥо орто оскуолатын үөрэнээччитэ, тиэмэтэ “Жить и помнить”;

II истиэпэннээх дьупулуом – Попов Петя, Д.П.Коркин аатынан Чурапчытааҕы республиканскай спортивнай интернат-оскуола үөрэнээччитэ, тиэмэтэ “Кунайаан алааска көһөрүллүү өйдөбүнньүгэ”;

III истиэпэннээх дьупулуом – Пинигина Амелия, Дьячковский Кирилл, С.А.Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ, тиэмэлэрэ “Көһөрүллүү кыттыылаахтара билигин хайдах олороллоруй?”;

III истиэпэннээх дьупулуом – Гоголев Илдьар, Д.Г.Барашков аатынан Бахсы орто оскуолатын үөрэнээччитэ, тиэмэтэ “История переселения в работах И.И.Попова-Бахсылыырова”.

 

  1. Көһөрүллүү кыттыылаахтарын ыар дьылҕалара

Лауреат – Старкова В.Н., Хатастааҕы “Кэрэчээнэ” уһуйаан эбии үөрэхтээһин педагога, тиэмэтэ “Көһөрүү кэмигэр оҕо дьылҕата”;

I истиэпэннээх дьупулуом – Данилова Айта, Д.Д.Красильников аатынан Мугудай орто оскуолатын үөрэнээччитэ, тиэмэтэ “Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат”;

II истиэпэннээх дьупулуом – Лонгинова Милена, С.А.Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатын үөрэнээччитэ, тиэмэтэ “Ааспыт тыйыс дьыллар тымныы тыыннара”;

II истиэпэннээх дьупулуом – Яковлева А.Н., А.П.Илларионов аатынан Хайахсыт орто оскуолатын учуутала, тиэмэтэ “Путь на Лаптевое море”;

III истиэпэннээх дьупулуом – Барашкова Саина, В.С.Яковлев-Далан аатынан Кытаанах орто оскуолатын үөрэнээччитэ, тиэмэтэ “Утум салҕанар”;

III истиэпэннээх дьупулуом – Лукина Анита, Д.П.Коркин аатынан Чурапчытааҕы республиканскай спортивнай интернат-оскуола үөрэнээччитэ, тиэмэтэ “Көһөрүү кэмигэр оҕо дьылҕата”;

III истиэпэннээх дьупулуом – Новгородов Ариан, Монастырев Юра, Н.Д.Субуруускай аатынан Болтоҥо орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ, тиэмэлэрэ “Биһиги дьиэ кэргэммитигэр көһөрүллүү иэдээнэ”.

4. Көһөрүллүү кыттыылаахтарын үлэҕэ хорсун быһыылара

Лауреат – Васильева М.Д., Төлөй орто оскуолата, тиэмэтэ “Чурапчыны ааттаппыт Нам туруу үлэһит дьоно”;

I истиэпэннээх дьупулуом – Ким Кира, С.К.Макаров аатынан Чурапчытааҕы гимназия үөрэнээччитэ, тиэмэтэ “Воспоминания, рассказы, стихи моего прадеда – участника насильственного переселния”;

II истиэпэннээх дьупулуом – Старкова В.Н., Хатастааҕы “Кэрэчээнэ” уһуйаан эбии үөрэхтээһин педагога, тиэмэтэ “Көһөрүү оҕолорун дьылҕаларын үйэтитии”;

II истиэпэннээх дьупулуом – Пермяков Женя, С.К.Макаров аатынан Чурапчытааҕы гимназия үөрэнээччитэ, тиэмэтэ “Мин эһэм – Тарасов Николай Петрович”;

III истиэпэннээх дьупулуом – Ноев Алеша, Н.Д.Субуруускай аатынан Болтоҥо орто оскуолатын үөрэнээччитэ, тиэмэтэ “Бессмертны ваши имена”;

III истиэпэннээх дьупулуом – Сотникова Надя, С.К.Макаров аатынан Чурапчытааҕы гимназия үөрэнээччитэ, тиэмэтэ “Из рассказов бабушки”;

III истиэпэннээх дьупулуом – Попов Ваня, С.К.Макаров аатынан Чурапчытааҕы гимназия үөрэнээччитэ, тиэмэтэ “Хочуон” диэн тыл кистэлэҥэ”.

5. История чахчытын үйэтитии

Лауреат – Борисова Н.С., А.П.Илларионов аатынан Хайахсыт орто оскуолатын учуутала, тиэмэтэ “Көһөрүллүү иэдээнин айымньы быһыытынан оҕолорго тиэрдии”;

I истиэпэннээх дьупулуом – Новикова К.Е., И.Н.Левин аатынан Танара орто оскуолатын учуутала, тиэмэтэ “Умнуллубатын, хатыламмытын”;

II истиэпэннээх дьупулуом – Пермяков Е.Е., “Мичил” уһуйаан, тиэмэтэ “Уһуйаан оҕолоругар Чурапчы хоту көһөрүллүүтүн туһунан өйдөбүлү тиэрдии”;

II истиэпэннээх дьупулуом – Петрова Р.Н., Эдьигээн орто оскуолата, тиэмэтэ “Сохранение исторической памяти Чурапчинский переселенцев как основа гражданско-патриотического воспитания подрастающего поколения”;

III истиэпэннээх дьупулуом – Попова Е.Е., Говорова А.С., Төлөй орто оскуолатын учууталлара, тиэмэлэрэ “Көһөрүү уонна IT-технология”;

III истиэпэннээх дьупулуом – Федорова Ксения, С.К.Макаров аатынан Чурапчытааҕы гимназия үөрэнээччитэ, тиэмэтэ “Чурапчинская трагедия (игра-лото и электронная книга)”;

III истиэпэннээх дьупулуом – Софронова Айаана, С.С.Яковлев-Эрилик Эристиин аатынан Чакыр орто оскуолатын үөрэнээччитэ, тиэмэтэ “Уот кыымнаах, өтөх төҥүргэстээх”.

Форум түмүгүнэн “Умнуллубат чахчылар, үйэлээх өйдөбүллэр” электроннай хомуруунньук киэҥ эйгэҕэ тахсыа. Бары кыттыыны ылбыттарга дириҥ махталбытын тиэрдэбит, көһөрүллүү алдьархайын эттэринэн-хааннарынан билбит дьоммут сырдык ааттарын үйэтитии, кэлэр көлүөнэҕэ тиэрдии биһиги ытык иэспит буолар.

Үтүө санаа үрдүккэ сирдиирэ

Балаҕан ыйын 19 күнэ –Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр Хоту оройуоннарга балык булдугар күүс өттүнэн көһөрүүгэ баран өлбүт Чурапчы дьонун кэриэстиир күн. Бу күн А.А.Саввин аатынан Чурапчытааҕы история уонна этнография музейыгар бэрт дьоһун быыстапка арылынна. «Үтүө санаа үрдүккэ сирдиирэ» диэн Сэбиэскэй партийнай салайааччы, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын, судаарыстыбаннай сулууспатын, телевидение уонна радио туйгуннара, Чурапчы уонна Булуҥ улуустарын, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Доллу нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо Агафия Семеновна Птицына олоҕун кэпсиир быыстапка үгүс киһини түмтэ.

Быыстапкаҕа Агафия Семеновна тус бэйэтэ тутта сылдьыбыт маллара, наҕараадалара уонна кинигэлэрэ, араас докумуоннара, рукописьтара турдулар. Бу тэрээһини көҕүлээччинэн кини бииргэ төрөөбүттэрэ буолаллар. Быыстапка аһыллыытыгар бииргэ төрөөбүттэрэ: Птицына Татьяна Семеновна – партийнай, государственнай сулууспа бэтэрээнэ, сурдьа Птицын Петр Семенович – саппааска олорор милииссийэ подполковнига, Ис дьыала министерствотын бэтэрээнэ кэргэнинээн Лена Прокопьевналыын – налоговай сулууспа бэтэрээнэ, СӨ үтүөлээх экономиһа, балта Константинова Екатерина Семеновна – СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, оскуолаҕа бииргэ үөрэммит доҕоро Слепцов Дмитрий Дмитриевич – Мэҥэ Хаҥалас улууһун Доллу нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо кыттыыны ыллылар. Ону тэҥэ Чурапчы улууһун депутаттарын Сэбиэтин председателэ Захаров Афанасий Афанасьевич, СӨ Ил Түмэн государственнай Мунньаҕын депутата Пинигин Павел Павлович, Чурапчы нэһилиэгин баһылыга Сивцев Владимир Дмитриевич, өр сылларга бииргэ үлэлээбит коллегата, Хайахсыт нэһилиэгин баһылыга Тарасов Тарас Лукич, улуус ветераннара, Хоту көһөрүллүү кыттыылаахтара кыттыыны ыллылар.

Агафия Семеновна 1984 сылтан 1991 сылга диэри ССКП Чурапчытааҕы райкомун секретарынан үлэлээбитэ, «Чурапчы алдьархайынан” ааттаммыт Хоту көһөрүллүү сабыылаах дьыалатын арыйааччы уонна үйэтитээччи дьонтон биирдэстэрэ буолар. Оччолорго кини үлэлиир сылларыгар олох укулаата уларыйар, араас уустуктардаах кэмнэр этилэр. Бу кэмҥэ өр сылларга санаа аалыыта буола сылдьыбыт, ыар сүтүктээх Хоту көһөрүллүү дьыалата сабыылаах этэ. Ол туһунан кэпсэтэр да табыллыбат этэ. Бу ыарахан уонна уустук боппуруоһу сүрүннээһиҥҥэ уонна үлэни сөптөөх хайысханан ыытарга ылсыбыт, хорсун уонна үтүө санаатынан үрдүгү ситиспит Агафия Семеновна Птицына буолар. Ол түмүгэр 213 №дээх 1942 сыл атырдьах ыйын 11 күнүнээҕи Обком бюрота таһаарбыт Чурапчы оройуонун 41 колхоһун Кэбээйи, Эдьигээн, Булун оройуоннарыгар көһөрөр туһунан уодаһыннаах уураах 1991 сыл тохсунньу ый 29 күнүгэр көтүллэрин ситиһиллибитэ.

Мантан салҕыы Агафия Семеновна өссө да үгүс үлэни үйэтитиигэ ыыппыта. Чурапчыны кытары сибээһин быспакка ханнык баҕарар көрсүһүүлэргэ, үөрүү, кутурҕан да күннэригэр өрүү бииргэ буолара, сүбэлиирэ-амалыыра. Саха сирин тыйыс тымныытыгар сэрии кэмигэр үүрүллэн кэлэн, Чурапчы көһөрүллүүлээхтэрин кытары балыктааһыҥҥа сылдьыбыт литовецтары уонна кинилэр сыдьааннарын кытары сибээһи олохтообута. Ити курдук, олохторун биир саамай ыарахан кэмнэригэр, бэйэ-бэйэлэригэр өйөбүл буолбут табаарыстары булуһуннарбыта, эдэр көлүөнэ ыччат умнубаттарыгар, билсэ туралларыгар олук уурбута.

Быыстапка аһыллыытыгар Агафия Семеновна тус бэйэтэ тутта сылдьыбыт малларыттан Хатылытааҕы Көһөрүллүү музейыгар бэлэхтиирин туһунан балта Татьяна Семеновна эттэ. Тэрээһиҥҥэ кэлбит дьон кини туһунан истиҥ иһирэх ахтыылары оҥордулар, Чурапчы дьоно-сэргэтэ бу улахан салайааччыга, кэрэ киһиэхэ махтаналларын, киниэхэ сүгүрүйэллэрин туһунан долгуйан туран эттилэр.

Агафия Семеновна «Чурапчы алдьархайа» диэн бэйэтэ салайан таһааттарбыт көһөрүллүү туһунан бастакы кинигэтин аан тылыгар суруйбут ахтыытынан видео

Чурапчы улууһун колхозтаахтарын 1942-44 сылларга Хоту көһөрүүнү 1991 сыллаахха диэри сыыһа дьаһалынан күүс өттүнэн көһөрбүттэрэ диир табыллыбат этэ. Бу ыарахан уонна уустук боппуруоһу сүрүннээһиҥҥэ уонна үлэни сөптөөх хайысханан ыытарга ылсыбыт, хорсун уонна үтүө санаатынан үрдүгү ситиспит ССКП Чурапчытааҕы райкомун секретарынан 1984 сылтан 1911 сылга диэри таһаарылаахтык үлэлээбит Агафия Семеновна Птицына буолар. Ол курдук, кырдьыгы таһаарарга уонна үйэтитиигэ кимнээх, хайдах үлэлээбиттэрин туһунан Агафия Семеновна «Чурапчы алдьархайа» диэн бэйэтэ салайан таһааттарбыт көһөрүллүү туһунан бастакы кинигэтин аан тылыгар суруйбут ахтыытынан видео.

#Дьоһунбэлэх

Төһө да Чурапчы алдьархайын өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 1991 сыллаахха биирдэ сыыһа дьаһалынан, күүс өттүнэн көһөрүүнэн билиммиттэрин иһин, кэнники сылларга көһөрүллүү историятын үйэтитии сыллата бара турар. Ол үтүө соругу ылынан, сылаас илиитинэн, сырдык сүрэҕинэн үйэтитиигэ кыттыспыт норуот маастара Григорьева-Баишева Татьяна Никитична быысапка курдук сыралаах технологиянан оҥорбут “Кутурҕан” диэн хартыынатын Көһөрүллүү 80 сылыгар дьоһун бэлэх оҥордулар Баишевтар дьиэ кэргэн.
Инникитин даҕаны үйэтитии курдук сырдык дьыалаҕа кыттыһан, дьон-сэргэ туһугар сырдык санааҕытынан холобур буола туруҥ.

Баҕарабыт Эһиэхэ өрүү сөҕүрээбэт эрчими, саха тиит маһыныы чиргэл доруобуйаны, ыра санааҕытынан кынаттанан дьоллоох-соргулаах олохтоноргутугар!

Муниципальнай түмэллэри техническэй өттүнэн хааччыйыыга субсидия

Өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн муниципальнай түмэллэри техническэй өттүнэн хааччыйыыга субсидия көрүллэн, былааннаах үлэ баран, Хатылытааҕы көһөрүллүү түмэлигэр интерактивнай панель ыллыбыт