«Яндекс.Дзен» платформа журналистара ыалдьыттаатылар

🟡🟡🟡🟡🟡🟡🟡🟡🟡🟡🟡🟡
Москваттан «Яндекс.Дзен» платформа журналистара от ыйын 3 күнүгэр А.А.Саввин аатынан Чурапчытааҕы история уонна этнография, Д.П.Коркин аатынан спортка албан аат музейдарыгар сырыттылар, онтон Арыылаахха Хотугу Чэлгиэрийэҕэ баар руна суруктаах ампаары көрдүлэр. Кинилэр Саха сиригэр путеводитель оҥоро сылдьаллар.

🟡 Яндекс. Дзен – это платформа для создания и просмотра контента. «Дзен» формирует ленту публикаций, автоматически подстраиваясь под интересы пользователя. Подбор публикаций осуществляется на основе анализа истории посещенных страниц, указанных пользователем предпочтений, и других факторов.

#ДЬОҺУНБЭЛЭХ

⭕️ От ыйын 3 күнүгэр Степан Кузьмич Макаров оҕолоро аҕаларын наҕараадаларын (Аҕа дойду сэриитин II истиэпэннээх уордьана, үбүлүөйүнэй мэтээллэр) музейга бэлэх ууннулар.

🔴 Макаров Степан Кузьмич (05.08.1917 — 12.06.1969) — РСФСР уонна Саха АССР оскуолатын үтүөлээх учуутала, Чурапчы улууhун бастакы бочуоттаах гражданина, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа. Олоххо ураты дьулуурун иhин Саха Маресьевынан ааттаммыта.

Чурапчинский музей истории и этнографии им. А.А.Саввина получил субсидию в размере 1 230 000 рублей

В Год культурного наследия народов России 10 муниципальных музеев Республики Саха (Якутия) за счет средств республиканского бюджета направлены субсидии на приобретение оборудования для экспозиционно-выставочной деятельности, сохранности и хранения музейных предметов, а также оборудования для автоматизации билетной системы, системы учета музейных предметов.

Туймаада ыһыаҕа

Бэс ыйын 25-26 күннэригэр Туймаада хочотун киэҥ туонатыгар ытык ыһыах ыһылынна. Быйылгы ыһыах Саха АССР 100 сылыгар, Дьокуускай куорат төрүттэммитэ 390 сылыгар, Арассыыйаҕа биллэриллибит Норуоттар култуурунай нэһилиэстибэлэрин сылыгар ананна. Чурапчы улууһун түһүлгэтигэр “Саргыны салайсыбыт үтүө дьоммут” выставкабыт турда.

🌿Сиһилии Николай Боякинов видеотыгар көрүҥ

Партнерство в целях устойчивого развития территорий

23-24 июня состоялся республиканский форум корпоративной социальной ответственности «Партнерство в целях устойчивого развития территорий». В республике впервые в таком масштабе представители власти, бизнеса и общества собрались на одной площадке для обсуждения актуальных вопросов, решение которых на благо республики невозможно без взаимодействия. В работе форума приняли участие такие ведущие компании, как АК «АЛРОСА» (ПАО) и АО «Алмазы Анабара», АКБ «Алмазэргиэнбанк» АО и дочернее предприятие ПАО НК «РОСНЕФТЬ» – ООО «Таас-Юрях Нефтегазодобыча», АО «Полиметалл Управляющая компания» и АО «РНГ», ПАО «ЯТЭК» и другие социально-ориентированные предприятия.

Үөһээ Бүлүүгэ Олоҥхо ыһыаҕа

Бэс ыйын 20-21 күннэригэр Үөһээ Бүлүүгэ XV үбүлүөйдээх Олоҥхо ыһыаҕа буолан ааста. Икки күн устата барбыт күрэстэр саха төрүт култуурата, ийэ тылбыт, үгэстэрбит сүппэттэрин, үйэлэри уҥуордаан, үүнэр көлүөнэлэргэ бэриллэ туралларыгар туһуланан ыытылыннылар. Бу дьоһун тэрээһиҥҥэ республика араас муннугуттан тыһыынчанан киһи тоҕуоруста. Биһиги музейбытыттан Толстоухов Ю.С. бөлөҕүнэн олоҥхо толоруутугар кыттан “Сэһэн сүнньүн тутааччылар” анал ааты ыллылар. Онтон Никонова С.Р. «ЮНЕСКО шедеврдарын көрсүһүүтэ» IV Норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээл кыттыылаахтарын гид быһыытынан арыаллаата.

Москваттан үбүлүөйдээх ыһыахпытыгар ыалдьыттар

Бэс ыйын 17 күнүгэр Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылын бэлиэтиир үбүлүөйдээх ыһыахпытыгар Москваттан “Музей Победы” түмэл салайааччыта Слесаренко Елена Сергеевна, Новгородовскай уобалас Старай Русса куорат военно-историческай түмсүүтүн директора Тума Игорь Григорьевич уонна Санкт-Петербург Приморскай оройуонун 554-с нүөмэрдээх оскуолатын салайааччыта Баскакова Ольга Анатольевна ыалдьыттаан бардылар.  Музейга Тума Игорь Григорьевич поисковай үлэлэрин туһунан кэпсээтэ.