Дьоһун бэлэхтэр

Аан дойдутаа5ы музей күнүн чэрчитинэн сылын аайы ыытыллар «Дар музею» акция буолан ааста. Биһиги түмэлбитигэр, үйэтитии үлэтин сыаналааччылар, бар дьонум туһа диэн үлэлээн-хамнаан кэлбит, күн бүгүн кыһаллан туран сүбэлиир-амалалыыр ытык дьоммут, дьоһун бэлэх туттардылар.

 Бэйэбит ветеран үлэһиппит, СССР, СР культуратын туйгуна, РФ суруналыыстарын чилиэнэ Пинигина Валентина Дмитриевна 16 үйэтээҕи туой чороон реконструкциятын туттарда.

СР үөрэхтээһинин Бочуоттаах ветерана, үлэ, тыыл ветерана, Чурапчы улууһун “Норуотун маастара”Санникова Аграфена Игнатьевна  бэйэтин сылаас илиитинэн оҥорбут «Бэйбэрикээн» түмсүү туһунан альбому бэлэх уунна. Аграфена Игнатьевна бу түмсүүнү уонча сыл салайбыт.

В.И.Ленин аатынан Бүтүн сойуустааҕы пионердар хамсааһыннара тэриллибитэ 100 сыла

🚩🥁🎺 🚩🥁🎺 🚩🥁🎺 🚩🥁🎺
🚩🥁🎺 🚩🥁🎺 🚩🥁🎺 🚩🥁🎺
Ыам ыйын 19 күнүгэр Пионерия күнэ бэлиэтэнэр

Бу күн сэбиэскэй кэминээҕи оҕолорго ураты күн. Күн-дьыл төһө да илим хотоҕоһунуу устан аастар, билигин 50-чалаах уонна онтон аҕа саастаах дьоннорго оскуолатааҕы пионерскай оҕо сыллара – олохторун биир саамай чаҕылхай, умнуллубат кэрэ кэмнэрэ. Оччотооҕу оҕолор кыһыл хаалтыс баанан, пионердар кэккэлэригэр киирбит долгутуулаах күннэрэ өйдөрүгэр-сүрэхтэригэр өрүү сырдык өйдөбүл буолан хааллаҕа…

🚩🚩🚩🚩🚩🚩🚩🚩🚩🚩🚩🚩
В.И.Ленин аатынан Бүтүн сойуустааҕы пионердар хамсааһыннара тэриллибитэ 100 сылынан истиҥник эҕэрдэлиибит!

📷 Хаартыска5а
🔴 Ыам ыйын 15 күнүгэр 1936 сыллаахха оҕо-ыччат республикатааҕы хаһыата “Бэлэм буол” бастакы нүөмэрэ тахсыбыта. Тирааһа 980 экземпляр эбит;

🔴 Сивцева А.И. – Чурапчы улууһун бастакы пионер баһаатайа;

🔴 Атырдьах ыйын 16 күнүгэр 1930 сыллаахха Дьокуускай куоракка бастакы пионерскай слет тэриллэр. Онно 12 улуустан 52 делегат кыттыыны ылар;

🔴 Сима Сергеев аатынан о5о тэрилтэтин пионердара (С.Д.Флегонтов аатынан Хадаар орто оскуолата)

(Хаартыскалар А.А.Саввин аатынан Чурапчытааҕы түмэл фондатыттан)

 

Маастар кылаас

🌿🌿🌿🌿🌿🌿🌿🌿🌿🌿🌿🌿
Күндү Чурапчы улууһун кэрэ аҥардара!

🌿Ыам ыйын 20 күнүгэр А.А. Саввин аатынан Чурапчытааҕы история уонна этнография түмэлигэр ыһыахха кэтиллэр сахалыы таҥас тигиитигэр маастар кылааска ыҥырабыт!

🌿Маастар кылааһы ыытыаҕа норуот маастара Надежда Прокопьевна Ахматова

🌿 Маастар кылаас төлөбүрэ: 2️⃣5️⃣0️⃣ солк. Бэйэҕитин кытта калька, ручка, харандаас, сантиметровка илдьэ кэлэҕит.

🌿🌿🌿🌿🌿🌿🌿🌿🌿🌿🌿🌿
Кэлэн кэрэни кэрэхсээн, сатабылла ылынан күүтүүлээх ыһыахха маанымсыйыҥ!

Аан дойдутааҕы музей күнүн чэрчитинэн ыытыллар “Дьоһун бэлэх” акцияҕа кыттарга ыҥырабыт!

Аан дойдутааҕы музей күнүн чэрчитинэн ыытыллар “Дьоһун бэлэх” акцияҕа кыттарга ыҥырабыт. Өскөтүн эһиэхэ былыргы эбэтэр дириҥ историялаах маллаах эбит буоллаххытына үйэтитиэххитин, дьон-сэргэ көрүүтүгэр таһаарыаххытын сөп. Сыллата А.А.Саввин аатынан түмэлгэ бэйэлэрин баҕа санааларынан, бар дьонум туһа диэн дьоһун бэлэх оҥорбут дьоммутугар өссө төгүл махталбытын биллэрэбит. Үтүөҕүт үйэлэргэ умнуллубатын!

Чурапчы нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, тыыл, үлэ бэтэрээнэ, СР норуотун маастара Ноговицына Акулина Ильинична төрөөбүтэ 100 сылыгар аналлаах, Аан дойдутааҕы музей күнүн чэрчитинэн ыытыллар “Далбар Хотун” тэрээһин программата

Чурапчы нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, тыыл, үлэ бэтэрээнэ, СР норуотун маастара Ноговицына Акулина Ильинична төрөөбүтэ 100 сылыгар аналлаах, Аан дойдутааҕы музей күнүн чэрчитинэн ыытыллар “Далбар Хотун” тэрээһин программата

🔺🔺🔺Тэрийээччилэр: Чурапчы улууһун культураҕа салалтата, А.А. Саввин аатынан Чурапчытааҕы история уонна этнография түмэлэ, «Ай» норуот талааннарын түмэр студия

🔺🔺🔺Буолар сирэ: А.А. Саввин аатынан Чурапчытааҕы история уонна этнография түмэлэ
🔺🔺🔺Буолар кэмэ: ыам ыйын 20 күнэ, күнүс 3 чаастан

🟣🟣🟣🟣🟣🟣🟣🟣🟣🟣🟣🟣
• Ноговицына Акулина Ильинична олоҕун, айар үлэтин ахтыы;
• Саха таҥаһын уларыйыытын туһунан сырдатыы;
• «Ыһыаҕым маанылаах таҥаһа» быыстапка;
• Халадаай уонна хаһыаччык тигиитигэр норуот маастара Ахматова Надежда Прокопьевна маастар кылааһа, сүүтүк сүбэлэрэ;
• “Дьоһун бэлэх” акция (дьонтон музейга бэлэх тутуу).

P.s. Кэлэн кэрэни кэрэхсээн, сатабылла ылынан күүтүүлээх ыһыахха маанымсыйыҥ🤗

Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар аналлаах «Чурапчыбыт сайдыытын 100 сыллаах былаана” оҕолорго айар үлэ күрэҕин түмүгэ

🔴🔴🔴🔴🔴🔴🔴🔴🔴🔴🔴🔴🔴
Саха Автономиятын туруулаһааччы, саха сэбиэскэй литературатын төрүттээччи, биллиилээх судаарыстыбаннай, политическай уонна уопсастыбаннай деятель Былатыан Ойуунускай 1927 сыллаахха «Сүүс сыллаах Улуу былаан» диэн айымньытыттан сиэттэрэн «Чурапчыбыт сайдыытын 100 сыллаах былаана» улуустааҕы куонкурус оҕо айар, суруйар дьоҕурун сайыннарар сыалтан ыытыллыбыта. Уопсайа 11 үлэ киирдэ, сүрүннээн улахан кылаас оҕолорун үлэлэрэ.

🌍🌍🌍🌍🌍🌍🌍🌍🌍🌍🌍🌍🌍
Түмүккэ,
🥇 С.А. Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатын 9 кылааһын үөрэнээччитэ Романова Лидия, салайааччыта Попова Л.Е.;
🥈 С.А. Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ Борисова Лидия, салайааччыта Попова Л.Е.;
🥉 Р.И. Константинов аатынан Амма орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ Егорова Анна, салайааччыта Васильева А.Н.;
🔴 “Кыайыыга дьулуур” биһирэбил аат туттарыллар И.М. Павлов аатынан Чурапчы орто оскуолатын 6 кылааһын үөрэнээччитигэр Тимофеев Робертка, салайааччыта Ефимова С.Н.

🔴 Оҕолор айар үлэлэрин көрдөххө үгүстэрэ Чурапчы куорат буолан килбэйиэ диэн бэлиэтииллэр. Төрүт үгэспитин сыспай сиэллээх, хороҕор муостаах өрүү баар буолуо диэн суруйаллар. “Чурапчыбыт спорт өттүгэр улуустары ситимниир сыантыр буолан элбэх спортсменнары таһаарыаҕа” дииллэр. Экология тематын сытыытык арыйан суруйбуттарыттан олус үөрдүбүт.

🔴 Биһирэммит үлэлэр электроннай кинигэ буолан Оҕо көмүскэлин күнүгэр тахсыаҕа.
Кыттааччыларбытыгар баҕарабыт өссө да ситиһиини, дойдугутар туһалаах, үтүө дьон буола улаатаргытыгар.

Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылын чэрчитинэн ыытыллыбыт «Чурапчым инникитэ мин харахпынан» оҕолорго улуустааҕы уруһуй күрэҕин түмүгэ

🔴Күрэх оҕо анааран көрөр, уруһуйдуур, сырдыкка-кэрэҕэ талаһар дьоҕурдарын сайыннарар сыаллаах-соруктаах ыытыллыбыта. Оҕолор аны 100 сылынан тапталлаах Чурапчыбыт үүнүүтүн-сайдыытын хайдах көрөллөрүн, бэйэлэрин баҕа санааларын уруһуйдаабыттара.

🔴И.Е.Федосеев-Доосо аатынан Дириҥ, В.С.Яковлев-Далан аатынан Кытаанах, Р.И.Константинов аатынан Амма, С.С. Яковлев-Эрилик Эристиин аатынан Чакыр, И.М.Павлов аатынан Чурапчы, Одьулуун, Төлөй орто оскуолаларын, С.К.Макаров аатынан Чурапчытааҕы гимназия, А.П.Гоголев аатынан Чурапчытааҕы искусство оскуолатын үөрэнээччилэрэ көхтөөх кыттыыны ыллылар. Уопсайа: кыра кылаастарга – 37 үлэ, улахаттарга – 40 үлэ киирдэ.

🎨🎨🎨🎨🎨🎨🎨🎨🎨🎨🎨🎨
1-4 кылааска диэри саастаах оҕолорго:
🥇 И.М. Павлов аатынан Чурапчы орто оскуолатын 4 кылааһын үөрэнээччитэ Собакина Каролина, салайааччыта Собакина А.В.;
🥈А.П.Гоголев аатынан Чурапчытааҕы искусство оскуолатын үөрэнээччитэ Дорогунова Чэмэлиинэ, салайааччыта Екечьямов П.А.;
🥉 Р.И. Константинов аатынан Амма орто оскуолатын 4 кылааһын үөрэнээччитэ Саввина Надя, салайааччыта Луковцева Арина Ильинична

🎨🎨🎨 🎨🎨🎨🎨🎨🎨🎨🎨🎨
5-8 кылаас:
🥇В.С. Яковлев-Далан аатынан Кытаанах орто оскуолатын 6 кылааһын үөрэнээччитэ Борисова Сайаана, салайааччыта Борисова Александра Григорьевна;
🥈 И.М. Павлов аатынан Чурапчы орто оскуолатын 6 «б» кылааһын үөрэнээччитэ Билюкина Саина, салайааччыта Собакина А.В.;
🥉 Одьулуун орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ Малышева Таня, салайааччыта Колесова А.Т.

🔴 Оҕолор уруһуйдарын көрдөххө үгүстэрэ зоопарка, сынньалаҥ паркалар баар буолуо диэн баҕараллар эбит. Чурапчыга атыы-эргиэн киинэ, араас саҥа ураты көлөлөрүнэн сылдьарбытын үгүстүк ойуулаабыттар. Уруһуйдарга барыларын кэриэтэ сахалыы символ бэлиэлэр, Чурапчы улууһун гербэтэ биир дьоһун миэстэни ылаллар. Оҕолор төһө да аныгы, сайдыылаах кэми ойуулаабыттарын иһин, үгэстэр, культурнай памятниктар үйэлэргэ баар буоларын, саха омуга кэскиллээҕин бэлиэтээбиттэриттэн олус үөрдүбүт. Кэнчээри ыччаппыт дойдутун таптыыра, Чурапчытын сайдарыгар баҕата бу уруһуйдар нөҥүө тириэрдилиннилэр.

🔴 Биһирэммит үлэлэр электроннай кинигэ буолан Оҕо көмүскэлин күнүгэр тахсыаҕа.
Кыттааччыларбытыгар баҕарабыт өссө да ситиһиини, дойдугутар туһалаах, үтүө дьон буола улаатаргытыгар.

Киэн туттабыт, махтанабыт, эҕэрдэлиибит!


Петр Терентьевич Карсанаев – Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Россия художниктарын союһун чилиэнэ, Аҕа дойду сэриитин I степеннээх ордена, “Бойобуой үтүөлэрин иһин”, “Германияны кыайыы иһин” мэтээллэр кавалера, “Гражданскай доблеск” знак хаһаайына, Саха Республикатын культуратын туйгуна, Чурапчы улууһун бочуоттаах олохтооҕо, Арыылаах нэһилиэгин “Ытык киһи” бэлиэ хаһаайына. Петр Терентьевич-бу күҥҥэ Аҕа дойду сэриитигэр кыттыбыт Чурапчы буойуннарыттан соҕотох бэтэрээн.

  • Улуу Кыайыыны аҕалсыбыт буойуммутун Чурапчытын дьоно-сэргэтэ Кыайыы бырааһынньыгынан махтанан, киэн туттан туран эҕэрдэлиибит! Ытык киһибитигэр баҕарабыт чэгиэн сылдьаргар, ыллыктаах санааларгынан тулуур-дьулуур холобура буола тураргар.
  • Уоттаах сэриигэ 5 бииргэ төрөөбүт Карсанаевтар кыттыбыттара. Филипп, Серафим сэрии толоонуттан эргиллибэтэхтэрэ, Никита, Афанасий, Петр этэҥҥэ эргиллэн кэлбиттэрэ. Ини-бии Карсанаевтар туһунан видеоны салҕыы  көрүҥ.

“Барыта Кыайыы туһугар!”

Ыам ыйын 9 күнэ – Улуу Кыайыы күнэ! Бу күн хас биирдиибитигэр улахан суолталаах. Бу күн, бүтэһик тыыннарыгар диэри хара көлөһүннэрин, олохторун толук уурбуттары уонна киһи кыайбатын кыайан, олох туһугар туруулаһан тыыннаах хаалбыт сэрии кэминээҕи дьоммутугар махтанар күммүт. Хас биирдиибит төрүччүтүгэр, биһиги кэскилбит туһугар аччыктыыры, утуйары умнан “Барыта кыайыы туһугар” диэн девизтээх көннөрү киһи өйүгэр баппат героизмнарын көрдөрөн Улуу Кыайыыны аҕалсыбыт эбээлэрдээхпит-эһээлэрдээхпит!
Чурапчы үлэһит дьоно сэрии кэмигэр үлэлэрин туһунан видеону салҕыы көрүҥ