Архив за месяц: Апрель 2022
Чурапчы үлэ үөһүгэр
🔴🔴🔴🔴🔴🔴🔴🔴🔴🔴🔴🔴
Чурапчыбыт улууһун чулуу үлэһит дьоно күргүөмнээх үлэни күүстээхтик тэрийэн чэбдик, байылыат олоххо аҕалбыттарын сырдатар
🔸🔸🔸🔸🔸🔸🔸🔸🔸🔸🔸🔸
ЧУРАПЧЫ ҮЛЭ ҮӨҺҮГЭР
🔸🔸🔸🔸🔸🔸🔸🔸🔸🔸🔸🔸
видеону көрөргүтүгэр ыҥырабыт
🔶Төрөөбүт дойдуҥ историятын бил, сэргээ
XVI-с үйэтээҕи үс атахтаах чороон презентацияланна
🔹Болтоҥо нэһилиэгин Тимир Баппыт алааһыгар XVI-с үйэтээҕи чороон үлтүркэйэ 2005 сыллаахха булуллубута.
🔹Былыргы иһит сиһилии үөрэтиллэн, билигин Емельян Ярославскай аатынан мусуойга хараллан сытар.
🔹Бу үс атахтаах чороон куопуйатын норуот маастара, үрдүк категориялаах педагог-маастар Гаврил Васильевич Егоров – Чороон Хабырыыл саха төрүт ньыматынан тутан-хабан оҥордо.
🔹Булумньу дэҥҥэ көстөрө уһуллар, кэтиллэр атаҕар сытар эбит. 📽 Сиһилии видеоҕа Чурапчытааҕы мусуой дириэктэрэ Юрий Толстоухов кэпсиирин көрүҥ.
Саргыны салайсыбыт үтүө дьоммут
Чурапчыга Саха АССР 100 сылыгар анаан “Саргыны салайсыбыт үтүө дьоммут” быыстапка аһылынна
Андрей Саввин аатынан түмэл дириэктэрэ Юрий Толстоухов:
– Чурапчы улууһуттан Саха АССР тэриллиитигэр, атаҕар туруутугар сүҥкэн кылааттарын киллэрбит дьоммутун үйэтитээри, дьоммутугар-сэргэбитигэр кэпсээри, бу быыстапканы тэрийдибит. Быыстапкаҕа 40 киһи мэтириэтэ киирдэ. Саха АССР төрүттэспит киһибит Иван Винокуровтан, сенатор Егор Борисовтан саҕалаан ускуустуба деятеллэригэр, спортсменнарбытыгар тиийэ бааллар.
Холобур, суруйааччы Эрилик Эристиин, саха күөрэгэйэ Анастасия Лыткина, улуу тириэньэр Дмитрий Коркин, уо.д.а. Мэтириэт хас биирдиитэ кюар-кодтаах, онон билбэт киһи тутатына төлөпүөнүгэр бу киһи туһунан информацияны ылыан сөп.
Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар аналлаах А.А.Саввин аатынан Чурапчытааҕы история уонна этнография түмэлигэр ыытыллар декада программата
Дьоһун бэлэх
📍Муус устар 16 күнүгэр А.А. Саввин аатынан Чурапчытааҕы история уонна этнография түмэлигэр дьоһун бэлэх киирдэ.
💠Одьулуунтан Ааллаах Үүҥҥэ таһаҕас таһыытыгар 11 төгүл биригэдьииринэн бара сылдьыбыт Старостин Григорий Федорович мэтириэтин, Ааллаах Үүн сыралаах айанын көрдөрөр хартыынаны аймаҕа, биллиилээх худуоһунньук Рязанскай Николай Николаевич үйэтиппитин биһиги түмэлбитигэр аҕалан аймахтара туттардылар.
💠Худуоһунньук Ааллаах Үүн таһаҕасчыта барыта салла саныыр, Сэттэ Дабаан диэн Суордаах симиэбийэтин аастаххына кэлэр, 12 км устата олус ыараханынан аатырбыт, 200 миэтэрэ үрдүктээх хайаттан түһүүлээх-тахсыылаах суолу Григорий Федорович дабайан тахсан турарын ойуулаабыт. 11 сыл сылдьыбыт эбит буоллаҕына, кини бу хайанан кэлэ-бара 88 түспүт-тахсыбыт. Ол эбэтэр ааллаахсыттар сэтинньигэ дьиэлэриттэн тахсан баран муус устарга биирдэ дьиэлэригэр төннөллөрө. Охотскай Перевозка диэри тиийэн, малларын тиэнэн баран Аалаах Үүҥҥэ диэри илдьэллэр, онтон төттөрү кэлэн, эмиэ Охотскай Перевозтан тиэнэн, оннук 4 кырыналлар. 1 баран кэлиигэ быһа холоон биир ый сылдьаллар. Онон, табыллан үчүгэйдик сылдьан кэллэхтэринэ, 170 күнүнэн дьиэлэригэр төннөллөр.
💠Санатан эттэххэ, быйыл биһиги түмэлбитигэр Ааллаах Үүн таһаҕасчыттарын историятын кэпсиир стендэни сэргэ, Ааллаах Үүҥҥэ сылдьыбыт таһаҕасчыт малларын быыстапкатын туруорбуппут. Мантан салҕыы таһаҕасчыттар тустарынан материаллары түмэр, үйэтитэр баҕа санаалаахпыт. Онон, сыралаах айаҥҥа сылдьыбыт, эһээлэргит-эбээлэргит тустарынан материаллаах, экпонаттаах буоллаххытына үйэтитии үлэтигэр кыттыһын диэн ыҥырабыт.
Старостиннар аймахха дьоһун бэлэххит иһин истиҥник махтанабыт. Инникитин да үйэтитии үлэтигэр кыттыһа, кэрэни кэрэхсии сылдьыаххыт диэн эрэнэбит. Тус олоххутугар дьолу-соргуну баҕарабыт!
Хос быһаарыы: Cэбиэскэй кэм иккис күүрүүлээх пятилеткатыгар көмүстээх Алдан сайдыытын сэргэ Ааллаах Үүн үрэҕэр бастакы көрдүүр-чинчийэр үлэлэр ыытыллыбыттара. Бу үрэх уонча салаатыгар көмүс утахтара булуллубуттара. Онно “Джугджурзолото” трест тэрийбит кыһыл көмүһү хостуур үгүс ахсааннаах бириискэлэрин үлэһиттэрин аһынан-таҥаһынан, туттар сэптэринэн, тутуу матырыйаалларынан кыһыҥҥы кэмҥэ сыарҕалаах аттарынан 20 сыл устата Чурапчы, Амма, Мэҥэ Хаҥалас, Уус Алдан, Таатта, Орджоникидзевскай, Өлүөхүмэ холкуостаахтара хааччыйбыттара. Суола-ииһэ эрэйдээх айаҥҥа, бастыҥнар эрэ тулуйар ыарахан усулуобуйаларыгар сылдьан, былааннарын 216% тиийэ толорбуттарын оройуон архыыба бигэргэтэр.