“Чурапчы чараҥа” Чурапчы тэрилтэлэрин икки ардыланааҕы уус-уран самодеятельность фестиваля

Арассыыйаҕа культурнай нэһилиэстибэ, Саха АССР тэриллибитэ 100 сыла, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ, Чурапчы улууһугар Сир Ийэ, Чурапчы нэһилиэгэр тулалыыр эйгэни харыстааһын сылынан «Чурапчы Чараҥа» Чурапчы нэһилиэгин тэрилтэлэр икки ардыларынааҕы уус-уран самодеятельность фестиваля кулун тутар 21-22 күннэригэр Айылгы норуот айымньытын дьиэтигэр ыытылынна. Биһиги түмэлбит коллектива фольклор дьүһүйүүнэн кыттан “Бастыҥ фольклор” номинация хаһаайына буолла.

“Твой STARt” мини-бэстибээл

Кулун тутар 18 күнүгэр Чурапчы улууһугар “Твой STARt” мини-бэстибээл  I-тын ыытылынна. “Айылгы” НАДь улуус нэһилиэктэриттэн талааннаах, көхтөөх 14-35 саастарыгар диэри эдэр дьон муһуннулар. Бу үрдүк таһымнаах тэрээһин өрөспүүбүлүкэтээҕи “Muus uSTAR” ыччат бэстибээлин иһинэн буолла, Саха АССР 100 сылыгар ананна. Бэстибээлгэ биһиги түмэлбит эдэр үлэһиттэрэ кытыннылар, маастар кылааска сылдьан элбэххэ үөрэннилэр.

Наталья Харлампьеваны кытта көрсүһүү

Кулун тутар 17 күнүгэр Чурапчытааҕы киин библиотекаҕа “Суруйааччы уонна кэм” диэн айар экспедиция чэрчитинэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай суруйааччыта, Россия улахан литературнай бириэмийэтин лауреата, Саха комсомолун бириэмийэтин, Казахстан Өрөспүүбүлүкэтин ,,Алаш” литературнай бириэмийэтин лауреаттара, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Россия суруйааччыларын сойууһун чилиэттэрин салайааччыта Наталья Харлампьеваны кытары көрсүһүү буолла.

ТОЛСТОУХОВ МИХАИЛ СЕМЕНОВИЧ төрөөбүтэ 90 сылыгар аналлаах биэрии

Кулун тутар 2 күнүгэр М.Горькай аатынан холкуоска 36 сыл сылгы иитиитинэн дьарыгырбыт, ССРС Государственнай бириэмийэ лауреата, Үлэҕэ албан аат II, III истиэпэннээх уордьаннар, СР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Мугудай нэһилиэгин, Чурапчы улууһун Бочуоттаах олохтооҕо ТОЛСТОУХОВ МИХАИЛ СЕМЕНОВИЧ төрөөбүтэ 90 сылыгар аналлаах биэрии буолан ааста

“Иван Николаевич Винокуров: сборник архивных документов” кинигэ сүрэхтэниитэ

Кулун тутар 2 күнүгэр бөдөҥ судаарыстыбаннай уонна политическай деятель И.Н.Винокуров туһунан “Иван Николаевич Винокуров: сборник архивных документов” диэн кинигэ сүрэхтэниитэ улуустааҕы киин библиотекаҕа буолан ааста. Бу кинигэни Чурапчы киин балыыһатын клинико-диагностическай лабораториятын сэбиэдиссэйэ, кыраайы үөрэтээччи Л.М.Григорьева уонна СӨ национальнай архыыбын сүрүн археограба А.А.Калашников оҥорон таһаардылар. Сатабыллаах салайааччы, Саха сирин сайыннарыыга үгүс сыратын уурбут ытык киһибит Иван Николаевич Винокуров туһунан сүҥкэн үлэ оҥоһуллубут. Үөрүүлээх быһыыга-майгыга Любовь Михайловна Григорьеваҕа улуус историятын, бэлиэ дьонун үйэтитиигэ сыралаах үлэтин сыаналаан улуус социальнай-экономическай сайдыытыгар киллэрсибит кылаатын иһин II истиэпэннээх бочуоттаах бэлиэ туттарылынна. Любовь Михайловнаны эҕэрдэлиибит, үгүс үтүө баҕа санааларын тэтимнээхтик салгыы туоллуннар, кэми-кэрдиини быстыбат ситимниир үтүө соруктарын олоххо киирэннэр, айымньылаах үлэн өссө да ситиһиилэнэригэр!

Проект «Верхоянские якуты»: материалы северной экспедиции А.А. Саввина (1939-1940 гг.)

На днях состоялась запланированная конференция ИГИиПМНС СО РАН в формате Zoom, по проекту «Верхоянские якуты»: материалы северной экспедиции А.А. Саввина (1939-1940 гг.). Тема обсуждения касалась издательства книги о научных работах А.А. Саввина, в конференции также приняло участие МКУ «Управление культуры» МО «Верхоянский район» РС(Я).

«Саввин Андрей Андреевич (1896-1951) – фольклорист-собиратель, этнограф. В 1939—1940 гг. участвовал в Северной фольклорно-диалектологической экспедиции Института языка и культуры по северным районам Якутии. В ходе экспедиции А.А. Саввин собрал огромное количество произведений малых жанров – легенды и рассказы о шаманах, алгысы –благословение, записи различных поверий и обычаев. Собирание и изучение фольклора населяющих Якутии состоялось и в Верхоянском районе – слушал тойуксутов-импровизаторов, описывал проведение обряда кумосопития. К проведению празднования 100-летия ЯАССР в районе ведется масштабная подготовительная работа. Одним из событий станет издание книги ИГИиПМНС СО РАН по материалам северной экспедиции А.А.Саввина», – сообщила начальник управление культуры Надежда Саввинова. /картины И.Ю.Пестрякова/.

Пресс-служба МО «Верхоянский район»

ВЯОНУ

Кулун тутар 2 күнүгэр ВЯОНУ (Быстах кэмнээҕи Саха уобалаһын норуотун управлениета) 1922 сыллаахха кулун тутар 2-12 күннэригэр Чурапчыга сэбиэскэй былаастан босхоломмут Саха уобалаһынааҕы учредительнай съеһэ тэриллибитэ. Бу съеһи бэрэссэдээтэл Г.С. Ефимов, бэрэссэдээтэли солбуйааччылар И.Ф. Афанасьев уонна П.А. Слепцов-Арбатскай, сэкирэтээрдэр В.И. Михайлов, А.И. Говоров-Ленскэй уонна М.П. Слепцов-Отоороп салайан, сүрүннээн ыыппыттар. Съезд түмүгүнэн ВЯОНУ бэрэссэдээтэлинэн Г.С. Ефимов, бэрэссэдээтэли солбуйааччынан А.И. Говоров-Ленскэй, чилиэннэринэн М.Д. Азаров, М.М. Сивцев-Маппыайабыс, В.А. Коробейников, чилиэҥҥэ кандидаттарынан П.И. Оросин-Хайыкы, А.И. Сентяпов, сэкирэтээринэн М.П. Слепцов-Отоороп талыллыбыттар.

#Дьоһунбэлэхмусуой

СӨ муниципальнай сулууспатын туйгуна, Кытаанах нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо Екатерина Прокопьевна Скрябина Чурапчы оройуонун Кытаанах уонна Танда-Бахсы нэһилиэктэриттэн Аҕа дойду Улуу сэриитигэр кыттыбыт, Улуу Кыайыы туһугар эдэркээн саастарыгар олохторун толук уурбут хорсун буойуттарын туһунан “Алаас буойун уолаттара: Кытаанах, Танда-Бахсы 1941-1945 сс.” диэн кинигэни музейга бэлэх уунна

Саха Республикатын бочуоттаах бэтэрээнэ, Чурапчы улууһун, Болугур нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Николай Григорьевич Михайлов 75 сааһыгар, Ааллаах Үүн таһаҕасчыттарыгар аналлаах выставка арыллыыта

Чурапчы улууһун биир киэн туттар ытык киһитэ, Саха Республикатын бочуоттаах бэтэрээнэ, Чурапчы улууһун, Болугур нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, общественнай организация бастыҥ салайааччыта, өр сылларга экономистан саҕалаан сопхуос дириэктэригэр, нэһилиэк баһылыгар тиийэ тахсылаахтык үлэлээбит, кыраайы үөрэтээччи, үйэтитээччи Николай Григорьевич Михайлов 75 сааһыгар,  Ааллаах Үүн таһаҕасчыттарыгар аналлаах выставка олунньу 24 күнүгэр арылынна. Ааллаах Үүн түргэн сүүрүүктээх үрэх. Сэбиэскэй кэм бастакы күүрүүлээх пятилеткатыгар көмүстээх Алдан сайдыытын сэргэ Ааллаах Үүн үрэҕэр бастакы көрдүүр-чинчийэр үлэлэр ыытыллыбыттара. Бу үрэх уонча салаатыгар көмүс утахтара булуллубуттара. Онно “Джугджурзолото” трест тэрийбит кыһыл көмүһү хостуур үгүс ахсааннаах бириискэлэрин үлэһиттэрин аһынан-таҥаһынан, туттар сэптэринэн, тутуу матырыйаалларынан кыһыҥҥы кэмҥэ сыарҕалаах аттарынан 22 сыл устата Чурапчы, Амма, Мэҥэ Хаҥалас, Уус Алдан, Таатта, Орджоникидзевскай, Өлүөхүмэ холкуостаахтара хааччыйбыттара. Онно Николай Григорьевич аҕата тыыл, үлэ ветерана Григорий Алексеевич Михайлов – Киргиэс таһаҕас таһыытыгар 8 сыл сылдьыбыта. Ааспыт сайын Николай Григорьевич аҕатын Ааллаах Үүҥҥэ сылдьыбыт малларын А.А.Саввин аатынан Чурапчытааҕы история уонна этнография музейыгар бэлэхтээбитэ. Сиһилии видеоҕа