Бүгүн, тохсунньу 24 күнүгэр, киэн тутта ааттыыр биир дойдулаахпыт, саха литературатын сайдыытыгар сүҥкэн кылаатын киллэрбит бөдөҥ суруйааччы, дойдубутугар дьоллоох олох иһин турууласпыт революционер, салайааччы, хорутуулаах, хорсун үлэһит Степан Семенович Яковлев – Эрилик Эристиин төрөөбүтэ 130 сылын туолла.
Олоҕун олуктара:
⭕️ 1892 с. тохсунньу 24 күнүгэр Боотур Уус улууһун (билиҥҥи Чурапчы улууһа) Чакыр нэһилиэгэр төрөөбүтэ.
⭕️Гражданскай сэрии кэмигэр — кыһыл бартыһаан.
⭕️1923 сыллаахтан бэчээттэнэр буолбута.
⭕️1924 сылтан – ССКП чилиэнэ, 1938 сылтан – ССРС Суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ.
⭕️1928 сыллаахха «Чолбон» сурунаалга «Соһуччу үөрүү» диэн бастакы сэһэнэ тахсыбыта.
⭕️1931-1942 сылларга Эрилик Эристиин айар үлэтигэр өрө көтөҕүллүү кэмэ этэ. «Бассабыык Тиихээн», «Тулаайах Уйбаанчык» бэйиэмэлэргэ кини революционер-бассабыык дьылђатын көрдөрбүтэ. «Революция уолаттара», «Аймалҕан» сэһэннэр атын омук — Казахстан, Бурятия — национальнай дьоруойдарын олохторуттан суруллубуттара.
⭕️Суруйааччы 1942 сыллаахха, хараҕынан көрбөт буолар, бу кэмҥэ «Маарыкчаан ыччаттара» арамаанын бүтэрэр. Бу арамаан кэнники сахалыы, нууччалыы хаста даҕаны бэчээттэммитэ.
⭕️Саха Сирин Суруйааччыларын Сойууһа уонна Эрилик Эристиин аатынан сопхуос сыл аайы тыа сирин оло5ун туһунан суруллубут бастыҥ уус-уран айымньыга бэриллэр литературнай бириэмийэни олохтообуттара. Эрилик Эристиин төрөөбүт сиригэр Чурапчы улууһун Чакырыгар киниэхэ аналлаах түмэл дьиэ аһыллыбыта. С.С.Яковлев – Эрилик Эристиин аата Чурапчы улууһун Чакыр орто оскуолатыгар иҥэриллибитэ.