Архив за месяц: Февраль 2022
Семен Андреевич Новгородов төрөөбүтэ 130 сыла
Саха норуотун уһулуччулаах уола, саха маассабай суругун-бичигин төрүттээбит Семен Андреевич Новгородов Саха автономията төрүттэниитигэр оруола
Д.П.Чечебутов 85 сааһын бэлиэтиир дьоро тэрээһин ZOOM платформаҕа
Олунньу 8 күнүгэр Көһөрүллүү түмэлин төрүттээччи, РСФСР үөрэхтээһинин үтүөлээх үлэһитэ, норуот үөрэҕириитин туйгуна, Чурапчы улууһун уонна Хатылы нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Дмитрий Павлович Чечебутов 85 сааһыгар аналлаах дьоро тэрээһин ZOOМ платформанан буолан ааста.
Д.П.Чечебутов 85 сааһа
Көһөрүллүү түмэлин төрүттээччи, РСФСР оскуолаларын үтүөлээх учуутала, РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, Хатыла нэһилиэгин, Чурапчы улууһун бочуоттаах олохтооҕо Дмитрий Павлович 85 сааһын олунньу 8 күнүгэр туолла. Түмэл коллектива өрөгөйдөөх үбүлүөйүнэн эҕэрдэлиибит!
Көһөрүллүү түмэлин тэрийии туһунан видеоны көрөргүтүгэр ыҥырабыт!
Олунньу 2 күнэ – Сталинградтааҕы кыргыһыыга сэбиэскэй армия немецкэй армияны кыайбыт күнэ.
Сталинградтааҕы кыргыһыы (1942-1943)- Аҕа Дойду сэриитигэр биир саамай улахан уонна быһаарыылаах кыргыһыы буолар. 200 күн устата буолбута. Бу кыргыһыы түмүгүнэн, сөптөөх стратегияны ылыммыттара уонна кыайыыны аҕалбыттара. Бу кыргыһыы хаамыытын тосту уларыппыт киһинэн буолар биһиги биир дойдулаахпыт Гавриил Дмитриевич Протодьяконов.
Буойун. Учуутал. Үйэтитээччи.
Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, “Албан аат” 3-с степеннээх, “Аҕа дойду сэриитин” 1-кы степеннээх уордьаннарын кавалера, Саха АССР оскуолаларын үтүөлээх учуутала, Чурапчы улууһун бочуоттаах олохтооҕо, СӨ Былатыан Ойуунускай аатынан Государственнай бириэмийэ лауреата, “Хотугу сулус” уордьан кавалера Иван Михайлович Павлов бүгүн, тохсунньу 31 күнүгэр төрөөбүтэ 101 сыла.
Бу бэлиэ күн зуум-платформа нөҥүө А.А. Саввин аатынан Чурапчытааҕы устуоруйа уонна этнография түмэлин дириэктэрэ Юрий Толстоухов модератордаах төгүрүк остуол тэриллиннэ. Кэпсэтиигэ улуус дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Афанасий Захаров, Болугур нэһилиэгин баһылыга Анна Флегонтова, Одьулуун нэһилиэгин баһылыга Людмила Ефремова, улуус үөрэҕин управлениетын начаалынньыга Юрий Посельскай, улуус култуураҕа управлениетын начаалынньыга Дмитрий Попов, Иван Павлов аатынан Чурапчы орто оскуолатын дириэктэрэ Иван Васильев, Иван Павлов аатынан Монографическай түмэл салайааччыта Михаил Дьячковскай, улуус бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Матрена Матвеева, Дмитрий Коркин аатынан Чурапчытааҕы республиканскай ыспартыыбынай олимпийскэй эрэллэри бэлэмниир орто интэринээт-оскуола дириэктэрэ Николай Гуляев, Болугур нэһилиэгин бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Николай Михайлов, Иван Павлов аатынан Чурапчы орто оскуолатын нуучча тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала Павлина Артемовна Матвеева кыттыыны ыллылар.
Тэрээһин олус үчүгэйдик үрдүк көтөҕүллүүлээхтик барда. Уопсайа 79 киһи киирэн кыттыыны ылла.
И.М.Павлов төрөөбүтэ 101 сыла
Тохсунньу 31 күнүгэр Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, “Албан аат” 3-с степеннээх, “Аҕа дойду сэриитин” 1-кы степеннээх уордьаннарын кавалера, Саха АССР оскуолаларын үтүөлээх учуутала, Чурапчы улууһун бочуоттаах олохтооҕо, СӨ Былатыан Ойуунускай аатынан Государственнай бириэмийэ лауреата, “Хотугу сулус” уордьан кавалера Иван Михайлович Павлов төрөөбүтэ 101 сыла туолуо. Онно анаан ZOOM платформаҕа “Буойун. Учуутал. Үйэтитээччи” төгүрүк остуол буолара күүтүллэр.
Мария Петрова Иустинова 75 сааһа
Тохсунньу 28 күнүгэр Чурапчы улууһун Хатылы нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, үлэ бэтэрээнэ, ССРС, СӨ култууратын туйгуна, кыраайы үөрэтээччи Мария Петровна Иустинова 75 сааһын туолла.
С.С.Яковлев – Эрилик Эристиин төрөөбүтэ 130 сыла
Бүгүн, тохсунньу 24 күнүгэр, киэн тутта ааттыыр биир дойдулаахпыт, саха литературатын сайдыытыгар сүҥкэн кылаатын киллэрбит бөдөҥ суруйааччы, дойдубутугар дьоллоох олох иһин турууласпыт революционер, салайааччы, хорутуулаах, хорсун үлэһит Степан Семенович Яковлев – Эрилик Эристиин төрөөбүтэ 130 сылын туолла.
Олоҕун олуктара:
⭕️ 1892 с. тохсунньу 24 күнүгэр Боотур Уус улууһун (билиҥҥи Чурапчы улууһа) Чакыр нэһилиэгэр төрөөбүтэ.
⭕️Гражданскай сэрии кэмигэр — кыһыл бартыһаан.
⭕️1923 сыллаахтан бэчээттэнэр буолбута.
⭕️1924 сылтан – ССКП чилиэнэ, 1938 сылтан – ССРС Суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ.
⭕️1928 сыллаахха «Чолбон» сурунаалга «Соһуччу үөрүү» диэн бастакы сэһэнэ тахсыбыта.
⭕️1931-1942 сылларга Эрилик Эристиин айар үлэтигэр өрө көтөҕүллүү кэмэ этэ. «Бассабыык Тиихээн», «Тулаайах Уйбаанчык» бэйиэмэлэргэ кини революционер-бассабыык дьылђатын көрдөрбүтэ. «Революция уолаттара», «Аймалҕан» сэһэннэр атын омук — Казахстан, Бурятия — национальнай дьоруойдарын олохторуттан суруллубуттара.
⭕️Суруйааччы 1942 сыллаахха, хараҕынан көрбөт буолар, бу кэмҥэ «Маарыкчаан ыччаттара» арамаанын бүтэрэр. Бу арамаан кэнники сахалыы, нууччалыы хаста даҕаны бэчээттэммитэ.
⭕️Саха Сирин Суруйааччыларын Сойууһа уонна Эрилик Эристиин аатынан сопхуос сыл аайы тыа сирин оло5ун туһунан суруллубут бастыҥ уус-уран айымньыга бэриллэр литературнай бириэмийэни олохтообуттара. Эрилик Эристиин төрөөбүт сиригэр Чурапчы улууһун Чакырыгар киниэхэ аналлаах түмэл дьиэ аһыллыбыта. С.С.Яковлев – Эрилик Эристиин аата Чурапчы улууһун Чакыр орто оскуолатыгар иҥэриллибитэ.
Открытие “Планета Мунхалова” арт-галерея современного искусства в здании Районного Дома Народного творчества “Айылгы”
20 января 2022 года, состоялось торжественное открытие обновленной и модернизированной арт-галереи современного искусства “Планета Мунхалова”. Галерея размещена в здании Районного Дома Народного творчества Айылгы. Посетителям онлайн-мероприятия была представлена презентация нового оборудования и театрализованное представление раскрывающее жизнь и творчество выдающегося художника-графика Афанасия Петровича Мунхалова.
https://www.instagram.com/tv/CY7vLEAhsJa/?utm_source=ig_web_copy_link
Краткая биография Афанасия Мунхалова:
- Родился в Мельжехсинском наслеге Чурапчинского района Якутской АССР.
- Окончил Якутское музыкально-художественное училище (1957), графический факультет Московского государственного художественного института им.В.И.Сурикова (мастерская Е.А.Кибрика) (1963).
- С 1963 по 1968 гг. преподаватель Якутского художественного училища.
- Член Союза художников СССР с 1964 г.
- В 1968—1979 и в 1991—1994 гг. — председатель Правления Союза художников ЯАССР.
- В 1998—2001 гг. — директор Якутского филиала Красноярского государственного художественного института, с 2001 года декан факультета изобразительных искусств Арктического государственного института искусств и культуры, профессор кафедры графики.
- Депутат Верховного Совета СССР 8-го созыва (1970), депутат Верховного Совета Якутской АССР 9-го созыва (1975).
Афанасий Мунхалов — участник международных выставок в 26 странах мира. Работы художника хранятся в фондах крупных музеев: в Третьяковской галерее, музее изобразительных искусств им. А. С. Пушкина, музее Восточных культур в Москве, Русском музее Санкт-Петербурга, Национальном художественном музее Республики Саха (Якутия), Дрезденской картинной галерее в Германии, во многих частных коллекциях.