Быйыл А.А.Саввин төрөөбүтэ 125 сылыгар “Гончарное ремесло у якутов” үлэтэ кинигэ буолан тахсыахтаах. Андрей Андреевич хомуйбут фондатыгар баар туой иһиттэри реконструкциялаабыт Прокопий Алексеевич Екечьямов кэпсиир.
Архив за месяц: Ноябрь 2021
А.А.Саввин “Пища якутов до развития земледелия” кинигэтинэн маастар-кылаас
2005 сыллаахха историческай наука доктора Романова Екатерина Назаровна А.А.Саввин үлэтинэн “Пища якутов до развития земледелия” кинигэтэ күн сирин көрбүтэ уонна тута ааҕааччы болҕомтотун ылбыта. Бу үлэтигэр А.А.Саввин саха аһын хас да өттүттэн дириҥник үөрэппит. Ол курдук сахалар аһыыр режимнэриттэн саҕалаан, аһы хайдах хаһааналларын, бэлэмнииллэрин, көрүҥнэрин, доруобуйаҕа дьайыытын, улуустарынан ас-үөл уратытын, фольклорга ас туһунан этиигэ тиийэ үөрэппит.
Кинигэттэн сиэттэрэн маастар-кылааһы кэпсиир Хатылытааҕы көһөрүллүү түмэлин салайааччыта Марфа Владимировна Чичигинарова.
Культура питания якутов. От истории до настоящего времени
Приглашаем на познавательное чаепитие в рамках фестиваля «Вкус Якутии-2021»🙌🏼 @tasteofyakutia @yakutmuseum @culture_yakutia
В программе:
• выступление фольклорного коллектива “Долун” (АГИКИ) @agiki.ru @zoyastrek
• мастер-класс по приготовлению традиционного якутского саламата.
• выставки:
– «Традиционная посуда народа саха» из фондов Якутского музея им. Ем. Ярославского @yakutmuseum
– «Орудие охоты – якутский самострел «Айа» из фондов Якутского музея им. Ем. Ярославского;
– «Якутская утварь. От истоков к современности» от компании «Камелёк» @kamelek888
• лекции:
– «Современные аспекты питания якутов» @agatu_news ;
– «Лечебные травы в рационе якутов» @science_svfu @ykm0803 ;
– «Кумыс и традиционная утварь кумысопития у якутов»;
– «О деятельности А.А.Саввина» @churapchinskiy_museum
• чайная церемония от чайного клуба «Саха чэйэ».
1 декабря в 11:00 ч.
Место проведения: якутский этнографический центр «Якутская юрта».
“Кыраайы үөрэтээччи, фольклорист, этнограф А.А.Саввин” научнай-практическай кэмпириэнсийэ
Сэтинньи 25 күнүгэр уус тыл урана, эгэлгэ кэрэтэ, саха норуотун өркөн өйүн түмпүт улуу айымньы, духуобунай-култуурунай нэһилиэстибэтэ – Олоҥхо күнүгэр түбэһиннэрэ киин библиотека ааҕар саалатыгар “Кыраайы үөрэтээччи, фольклорист-этнограф А.А.Саввин- Өндөрүүскэ Саабын” диэн научнай-практическай кэмпэриэнсийэ буолла.
Андрей Андреевич Саввин норуот тылынан уус-уран айымньытын, этнографическай, историческай, кыраайы үөрэтэр религиознай матырыйааллары хомуйбута, 10 ча олоҥхо тексин суруйан хаалларбыта.
Чурапчытааҕы история уонна этнография музейын директора Ю.С.Толстоухов,
СӨ Суруналыыстарын сойууһун бырабылыанньатын Чурапчытааҕы салаатын бэрэсэдээтэлэ Н.Г.Захарова, Сылаҥнааҕы модельнай библиотека сэбиэдиссэйэ А.В.Аммосова экспертэринэн үлэлээтилэр.
Кэмпэриэнсийэ 5 хайысханан ыытыллан, түмүк таҕыста.
“А.А.Саввин-Өндөрүүскэ Саабын төрдө-ууһа, аймахтара, төрүччүтэ” хайысхаҕа:
1 үрдэл – М.Д. Вырдылина;
2 үрдэл – М.Е.Картузова;
3 үрдэл – М.Н.Кузьмина
“Саха төрүт культуратын, аһын-үөлүн чинчийиитин билиҥҥи үйэҕэ үйэтитии” хайысхаҕа:
1 үрдэл- В.Д.Пинигина;
2 үрдэл – Л.П.Саввина
“Кыраайы үөрэтээччи, фольклорист, этнограф быһыытынан экспедицияҕа үлэтэ” хайысхаҕа:
1 үрдэл – С.Р.Никонова;
2 үрдэл – Л.М.Григорьева;
3 үрдэл – Л.А.Пермякова
“А.А.Саввин-Өндөрүүскэ Саабын олоҕун уонна үлэтин туһунан бэчээккэ тахсыбыт литератураны ырытыы” хайысхаҕа:
1 үрдэл – Н.П.Ахматова;
2 үрдэл – В.Д.Попова;
3 үрдэл – Е.Г.Винокуров
“Музей үлэтин сайыннарыыга кылаата” хайысхаҕа:
1 үрдэл – В.В.Мохначевская;
2 үрдэл – М.Е.Филиппова
Кыайыылаахтар дипломнарынан, туоһу суруктарынан, сыаналаах бириистэринэн наҕараадаланнылар.
А.А.Саввиҥҥа кинигэ быыстапката
Чурапчытааҕы киин библиотека А.А.Саввиҥҥа аналлаах кинигэ быыстапкатын туруорбута. Выставканы кэпсиир Марфа Николаевна Кузьмина. Киирэн көрүҥ, элбэҕи билиҥ, тускутугар туһаныҥ!
#аасаввин #өндөрүүскэсаабын
“А.А.Саввин норуотугар хаалларбыт суоллара” өрөспүүбүлүкэтээҕи төгүрүк остуол түмүктэрэ
Сэтинньи 23 күнүгэр А.А.Саввин аатынан Чурапчытааҕы история уонна этнография түмэлин тэрийиитинэн саха биллиилээх фольклориһа, этнограба, кыраайы үөрэтээччитэ А.А.Саввин төрөөбүтэ 125 сылыгар «А.А.Саввин норуотугар хаалларбыт суоллара» өрөспүүбүлүкэтээҕи төгүрүк остуол буолан ааста. Манна республика араас муннуктарыттан 42 киһи кытынна.
Бу тэрээһин түмүгүнэн А.А.Саввин үлэтин-хамнаһын сырдаттылар уонна салгыы хайдах баай нэһилиэстибэни үйэтитэр туһунан этиилэр, сүбэлэр киирдилэр. Киирбит этиилэр:
- Верхоянскай улууһун (оройуонун) депутаттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Ноговицына Екатерина Васильевна Дьааҥы улууһугар А.А.Саввин Хотугу экспедицияҕа сылдьан хомуйбут материалларын түмэн, Гуманитарнай институт үлэһиттэрин көмөтүнэн, кинигэ таһаартараары сылдьалларын эттэ. Саввин үлэлэрин кытары Дьааҥыга буолбут Х-с Олоҥхо ыһыаҕар сиэри-туому толорууга, ыһыаҕы тэрийэргэ көмөлөһүннэрбиттэрин кэпсээтэ. Екатерина Васильевна Дьааҥыга тэҥҥэ үлэлиир сыаллаах экспедицияҕа ыҥырда;
- История билимин дуоктара, профессор, Саха сиринээҕи аҕыйах ахсааннаах норуоттар проблемаларын чинчийэр гуманитарнай институт археология уонна этнография салаатын сэбиэдиссэйэ Бравина Розалия Иннокентьевна «История Якутии» диэн 3 туомнаах энциклопедия таһаарбыттарын, онно бастакы туомугар, төрдү-ууһу үөрэтиигэ Андрей Андреевич Саввин сахалар хантан кэлбиттэрин сырдатар үлэтэ киирбитин кэпсээтэ. Санатан эттэххэ, Розалия Иннокентьевна А.А. Саввин үлэлэрин ырытан суруйа сылдьыбыта уонна сахалар төрүттэрин көрдөрөр үлэни оҥорбут эрээри, олоҕо кылгаһынан ситэрбэккэ, систиэмэлээбэккэ барбыт диэн түмүккэ кэлбитэ;
- Устуоруйа билимин кандидата Васильев Валерий Егорович А.А.Саввин саха ойууннааһыныгар туспа үлэни таһаарыахха наадатын, онно элбэх материал баарын ыйда. Холобурдаан, Эргис Ойуун туһунан Саввин суруйбутун, үөрэппитин кэпсээтэ уонна ураты үлэ буоларын бэлиэтээн туран, аҥардас бу Эргис Ойуун туһунан суруйуутун научнай үлэлэргэ туһаныахха сөбүн чорботто. Түмүгэр: “Бырааттыы Ксенофонтовтарга анаан Покровскайга памятник туруорбуттарын курдук, Чурапчыга А.А.Саввиҥҥа уонна Сэһэн Болоҕо анаан памятник туруоруллара буоллар”, – диэн баҕа санаатын эттэ;
- Ем.Ярославскай аатынан Саха түмэлин этнографияҕа салаатын сэбиэдиссэйэ Попов Василий Васильевич саха ытык иһитэ “чороон” төрдө туой иһит диэн туоһулуур экспонаты А.А.Саввин булан Саха түмэлигэр биэрбитэ баарын сырдатта уонна бу дьикти экспонаты реконструкциялыахха наадатын бэлиэтээтэ;
- Ньурбатааҕы К.Д.Уткин аатынан Норуоттар доҕордоһуулара түмэл научнай-чинчийэр салаатын салайааччыта Борисов Борис Борисович: “А.А.Саввин Ньурбаҕа кылгас да кэмҥэ кэлэ сырыттар, ситиһиилээх үлэни оҥорбута. Ол кини корреспондентскэй пууннары оҥорбут үтүөтэ буолар”, – диэн эттэ. А.А. Саввин манна фольклору сурукка түһэрэргэ үөрэппит эбит. Ол түмүгэр, хас да улахан олоҥхо сурукка тиһиллибит. Ньурба ыалын кэрийэн суруйбут материаллара архивка баар буолуохтаахтарын, ону ылан үөрэтэр баҕа санаалааҕын биллэрдэ. Уонна былыргы сэргэлэр туһунан Саввин 71 страницалаах баай үлэтэ баарын билэн, кинигэ тахсыан сөбүн эттэ;
- С.А.Зверев-Кыыл Уола аатынан мемориальнай түмэл методиһа Любовь Николаевна Афанасьева Кыыл Уолун наука, искусство, культура киэҥ эйгэтигэр Андрей Андреевич Саввин таһаарбытын чопчулаата. Онон, «Ытык дабатыы», «Суоһалдьыйа Толбонноох» онтон да атын сүдү айымньылар Андрей Анреевич кыһамньылаах, сыралаах үлэтин түмүгэ буоларын эттэ уонна маннык улуу айымньылар курдук үлэлэрин суруйуулара архыыптан хостоноллоро наадатын бэлиэтээтэ;
- Верхоянскайдааҕы В.З.Кириллина аатынан оройуоннааҕы кыраайы үөрэтэр “Тымныы чыпчаала” түмэл дириэктэрэ А.А.Саввин Верхоянскайга сылдьан хаалларбыт дьикти бэлиэтээһиннэрин кэпсээтэ. Холобурдаан, аатырбыт Новгородовтар диэн биллиилээх ыал төрүттэрин туһунан Саввин эрэ бэлиэтээһиннэриттэн хаалбытын биллэрдэ. Уонна Хотугу экспедицияттан материал суоҕун кэриэтэ буоларын ыйан туран, хасыһар, тарҕатар соруктаахтарын эттэ;
- Чурапчы улууһун Соловьев нэһилиэгин музейын салайааччыта, кыраайы үөрэтээччи Иннокентий Иннокентьевич Собакин А.А.Саввин Мырылаҕа оҕолору, улахан дьону ликбезкэ, үөрэппит үтүөлээҕин билиһиннэрдэ: “Андрей Андреевич Мырылаҕа үлэлиир кэмигэр нэһилиэккэ 30-ча олоҥхоһут баара, онон хайдах да Мырыла олоҥхолорун үөрэппит буолуохтаах. Ону үөрэтиэх тустаахпыт”, – диэн эттэ.
Санаа атастаһыы түгэнигэр, кыраайы үөрэтээччи, учуутал Мария Егоровна Филиппова санаатын үллэһиннэ: «Туох барыта төрүччүттэн саҕаланар, Саабыннар ийэлэрэ Даарыйакаан сээркээн сэһэнньит, былыргыны бэркэ билэр, бастыҥ асчыт этэ. Онон оҕолору сахалыы сиэринэн ииттэхпитинэ, А.А.Саввин курдук улуу дьон буолан тахсыахтара”, – диэн оҕолору иити курдук тыын боппуруоһу таарыйда.
Гуманитарнай институттан научнай сотрудник, история билимин кандидата Данилова Наталия Ксенофонтовна кэпсэтиигэ кыттыста: “Институт кылаабынай научнай сотруднига, история билимин дуоктара Екатерина Назаровна Романова салайааччылаах А.А. Саввин «Пища якутов до развития земледелия» диэн монографията тахсарыгар үлэлээбиппит. Билигин «Гончарное искусство якутов» диэн үлэни таһаараары бэлэмнии сылдьабыт, манна бары көмөлөөн, өйөөн таһаарыаххайын, тиһэҕэр тириэрдиэххэйин”, – диэн ыҥырда.
Чурапчы улууһун культуратын салайыыччыта Дмитрий Дмитриевич Попов: “Быйыл төһө да биллэр биричиинэннэн А.А. Саввин суол хаалларбыт сирдэринэн барыахтаах экспедициябыт табыллыбатаҕын иһин, хойутаан да буоллар ситиһэр соруктаахпыт, хаһан табылларынан Бүлүү эҥэр барыахпыт”, – диэн эрэннэрдэ.
Сорохтор, А.А. Саввин үлэтин билсиһэ киирбит дьон эмиэ санааларын үллэһиннилэр, этиилэрин эттилэр. Холобур, П.Д.Степанов аатынан Кэбээйитээҕи кыраайы үөрэтэр музей Сангаардааҕы филиалын салайааччыта Архипова Екатерина Яковлевна кэпсэтииттэн кынаттанан, А.А.Саввин Кэбээйигэ үлэтин материалын үөрэтэр санааҕа кэлбитин эттэ, сүбэлэттэ.
Ити курдук, А.А.Саввин – Өндөрүүскэ Саабын үлэтин эбии билсэн, баҕа санаалары, этиилэри бэлиэтээн суруйдубут.
“А.А.Саввин норуотугар хаалларбыт суоллара” төгүрүк остуол
Саха сирин биллиилээх фольклориһа, этнограба, кыраайы үөрэтээччитэ А.А.Саввин төрөөбүтэ 125 сылыгар “А.А.Саввин норуотугар хаалларбыт суоллара” төгүрүк остуол барыла.
Конференция ZOOM платформаҕа ыытыллыа.
Буолар күнэ, бириэмэтэ: Сэтинньи 23 күнэ, 15:00 ч.
Подключиться к конференции Zoom
https://us04web.zoom.us/j/71445648291?pwd=QXUyTWlCKzlXQkhBOXJBa3g0dC9SZz09
Идентификатор конференции: 714 4564 8291
Код доступа: fDA5YY
“Кэрэ кэпсээн” биэрии
Андрей Андреевич Саввиҥҥа аналлаах Саха телевидениетын ханаалыгар сэтинньи 20 күнүгэр көстүбүт биэрии
#аасаввин #
өндөрүүскэсаабын
Чочоолоптор
Биллиилээх этнограб, кыраайы үөрэтээччи, фольклорист А.А. Саввин төрүччүтэ
Норуотун инникитин өтө көрөн
Бүгүн биллиилээх этнограф-фольклорист, саха төрүт өйүн-санаатын чинчийээччи, учуонай, кыраайы үөрэтээччи, түмэл үлэһитэ Андрей Андреевич Саввин – Өндөрүүскэ Саабын төрөөбүтэ 125 сыла. Кини сэтинньи 21 күнүгэр 1896 сыллаахха Боотурускай улууһугар Болтоҥо нэһилиэгэр төрөөбүтэ.
Андрей Андреевич Саввин олоҕун олуктарын кэпсиир биэриини көрүҥ, сэргээҥ!