Чурапчыттан төрүттээх историяны оҥорсубут улуу политиктарбыт
Архив за месяц: Сентябрь 2021
Мэхээлэ Доҕордуурап төрөөбүтэ 115 сааһа
Балаҕан ыйын 25 күнүгэр саха биллиилээх суруйааччыта, драматура, журналиһа, кыраайы үөрэтээччитэ Мэхээлэ Доҕордуурап төрөөбүтэ 115 сааһын туолар. Кинини биһиги талааннаах суруйааччы быһыытынан эрэ буолбакка, краевед быһыытынан эмиэ билэбит. Олоҕун бүтэһик сылларыгар Чурапчытааҕы кыраайы үөрэтэр музейын директорынан үлэлээбитэ. Улуус историятын үөрэтэн, үйэтитэн билиҥҥи ыччакка умнуллубат бэлэҕи хаалларбыта.
Кэриэстэбил күнэ
Балаҕан ыйын 19 күнэ – республика үрдүнэн ылыныллыбыт көһөрүү кыттыылаахтарын кэриэстиир күн. Сылын аайы дириҥ ис хоһоонноох араас тэрээһиннэр ыытыллаллар. Бу күн сыллата аҕыйаан иһэр көһөрүүгэ сылдьыбыт ытык кырдьаҕастарбыт, кинилэр оҕолоро, сиэннэрэ түмсэллэр, кыттыыны ылаллар. Бу видеоны кэриэстэбил күннэрин үйэтитэн, бэйэтин хаартыскаларын таҥан, А.А. Саввин аатынан Чурапчытааҕы история уонна этнография түмэлин үлэһитэ Григорий Григорьевич Турантаев-Чолбон оҥордо.Клип Омук уолун тылларыгар, В. Эверстов мелодиятыгар “Чурапчы көһүүтэ” ырыанан киэргэтиллиннэ.
“Оонньооботох оҕо саас”
Балаҕан ыйын 19 күнэ – республика үрдүнэн ылыныллыбыт, көһөрүү кыттыылаахтарын кэриэстиир күн. Ол чэрчитинэн, Хатылытааҕы көһөрүллүү музейын сырдатар уруок уһуллубут. Дьиҥнээх көһөрүллүүгэ сылдьыбыт “харах уулаах” экспонаттары, ахтыыларга оло5урбут экскурсияны СР культуратын туйгуна, көһөрүллүү музейын салайааччыта Марфа Владимировна Чичигинарова кэпсиирин истиэххит.