Чурапчыга үбүлүөйдээх онус «Сыл экспоната-2019» тэрээһин үрдүк таһымнаахтык ааста. Төһө да ыһыахтар чугаһаан, түбүк элбэҕин иһин ыаллыы Тааттаттан, Мэҥэ Хаҥаластан, Уус Алдантан уонна улуус олохтоохторо урукку устуоруйаны туоһулуур эгэлгэ маллары аҕалан көрдөрдүлэр. Чурапчытааҕы түмэл 2010 сылтан «Сыл экспоната» диэн сонун тэрээһини ыытар. Онтон ыла сылтан сыл Мэҥэнэн, Тааттанан, Уус Алданынан бииртэн биир таһымнаах дьаһаллар тэриллэн-ыытыллан кэллилэр. Барыта 18 киһи араас экспонат тутуурдаах кэлэн көхтөөхтүк кытынна. Бииртэн биир сэдэх, былыргы үйэтинээҕи өбүгэлэрбит олорбут олохторун дакаастабыла буолар, устуоруйаны кэпсиир мал-сал оронон истэ. Экспонаты сырдатааччылар бары киһи «айаҕын атан» олорон, сэргээн истэр гына кэпсииллэр. Ити үлэ 11 чаастан 15 чааска диэри тигинэччи барда. Улуустартан биирдии киһилээх дьүүллүүр сүбэ талыллан, кыраҕытык көрдө, иһиттэ, сыаналаата. Хатылыга Күүс өттүнэн көһөрүү мусуойугар сырыттылар. Ыалдьыттар чурапчылар хайдахтаах ыарахан кэмнэри ааспыттарын туһунан мусуой салайааччыта Марфа Чичигинарова итэҕэтиилээх кэпсээниттэн уонна экспозицияны илэ көрөн итэҕэйдилэр, курутуйдулар. Уус Алдантан сылдьар Антонина Бурцева, чурапчылар Көһөрүллүүгэ баран иһэн хаалларбыт дьааһыктарын уонна иистэнэр массыынаны, ийэтэ бу маллары чурапчыларга тиксэрээриҥ диэн кэриэс эппитин толорон, бу мусуойга туттарда.
Чурапчыга төннөн кэлэн, Александр Попов таксидермическай мусуойугар сырыттылар. Олох тыыннаах курдук оҥоһуллубут, өссө атахтара эҥин хамсыыр чуучулалары олус сөбүлээтилэр, Александр Александрович талаанын сөхтүлэр.
Улуус А.А.Саввин аатынан устуоруйа уонна этнография мусуойун көрөн баран, аттынааҕы балаҕаҥҥа остуол тула олорон санаа атастастылар, дьүүллүүр сүбэ (В.Д. Пинигина, Л.М. Григорьева, М.Е. Барахова, В.В. Жиркова, А. Бурцева) түмүгү таһааралларын иһиттилэр. «Историческай суолталаах экспонат» – Мария Филиппова чааһынай коллекциятыттан үрүҥ көмүс кириэс. «Дьикти дьылҕалаах экспонат» — Александр Сивцев Чараҥ Кулантай аатынан мусуойтан аҕалбыт И.С. Клиорина чааскыта. «Үчүгэй туруктаах экспонат» — Клара Макарова Сылаҥ оскуолатын мусуойуттан хомууна бэчээтэ. «Саҥа булумньу» — Нина Колосова Мэҥэ Хаҥалас Төхтүрүттэн былыргы ыҥыыр уонна палаш. «Бастыҥ сэһэнньит» — Зоя Белолюбская Уус Алдан Бороҕон мусуойуттан суруксут хоппото. «Үһүс үрдэл»— Чурапчы мусуойуттан Ольга Ядреева, М.П.Фелицына (Новгородова) бөҕөҕө. «Иккис үрдэл» — Таатта Чөркөөх мусуойуттан Платон Ойуунускай бэлэх ууммут САССР маҥнайгы манньыаттара. «Бастакы үрдэл» — Мэҥэ Хаҥалас Павловскайыттан Надежда Авелева аҕалбыт Библията буолла. Бу ураты сыаналаах кинигэ диэн бэлиэтээтилэр. Библияны Чүүйэ сэлиэнньэтин олохтооҕо Егор Андреевич Скрыбыкин диэн киһи сэтинньи 3 күнүгэр 1969 с. Павловскай орто оскуолатыгар бэлэхтээбит. Чулууттан чулуу, «Кылаан кыайыылаах» аатын Тааттаттан Альбина Лопатина ылла. Ити курдук онус үбүлүөйдээх тэрээһин үрдүк таһымҥа буолла. Кэлбит ыалдьыттар бары Чурапчы бэлиэ миэстэлэрин көрөн, сылдьан, астынан тарҕастылар, махтал тылларын эттилэр. Эһиилги «Сыл экспоната -2020» кыайыылаах дойдутугар — ытык Тааттаҕа ыытарга диэн бары биир санааҕа кэллилэр.