Биһиги түмэлбитигэр араас дьылҕалаах маллар түмүллэллэр. Кинилэр дьон күүһүн, тулуурун, үлэһитин уонна бүтэр уһуга суох тапталын туоһулара буолаллар. Олортон биирдэрэ – «холбука» буолар. Ити холбукабыт музей филиалыгар – Хатылытааҕы «Көһөрүллүү түмэлигэр» харалла сытар. Холбука диэн тиэрэ түһэр хаппахтаах мас дьааһык. Бу биһиэнэ ойуута суох, гынан баран атыттар ойуулаах да буолуохтарын сөп. Холобура Хатылытааҕы түмэлгэ өссө 100 саастаах холбука баар, кини геометрическай ойуулаах, ойуутугар үүнээйи кырааскатын туһаммыттар. Кэм ааспытын да кэннэ кырааскатын өҥө өлбөөрбөтө.Биһиги холбукабыт педагогическай үлэ ветерана, хоту улуустарга көһөрүллүү кыттыылааҕа Чичигинарова Анастасия Степановна киэнэ этэ. Холбука сырдык мастан оҥоһуллубут. Кини ыраас, лоп курдук буолан туох да киэргэлгэ наадыйбат. Бу холбуканы Анастасия Степановнаҕа, оскуолаҕа 1 кылааска барарыгар, эһээтэ Иванов Федор Иванович-I бэлэхтээбитэ. Онно кини өйүөтүн укта сылдьыбыт. Онтон 1942 сылга, көһөрүүгэ Кэбээйи улууһугар баралларыгар, бу холбукаҕа кэтиллэр таҥас, иһит-хомуос уктан барбыттар. Көһөрүү кэмигэр итинник холбукалары үгүс дьиэ-кэргэн илдьэ барбыттар. Бэйэҕин кытары 16 эрэ киилэ таһаҕаһы илдьэ барар көҥүллэнэрэ.Анастасия Степановна ахтыыларыттан: «1942 сыллаахха Кэбээйигэ көһөрүллүүгэ биһиги дьиэ кэргэн – 3 киһи бу холбукаҕа таҥаспытын, чааскыбытын уган илдьэ барбыппыт. Кэбээйигэ Куокуй нэһилиэгэр Аалгыма диэн сиргэ көһөрүллүүгэ киллэрбиттэрэ. Ыран-быстан алтынньы ыйга тиийбиппит. Онно 1-2 эрэ балаҕан баара. Онон үгүс ыалы колхоз быраҕыллыбыт хотонугар симпиттэрэ. Тымныы тыал-күүс бөҕө этэ. Дьоммут ол хотоҥҥо икки өттүнэн сирэйдээн көмүлүөк оһоҕу туппуттара. Дойдубутуттан ыыталларыгар онно бэлэм дьиэҕэ-уокка, аска-үөлгэ тиийиэххит, балыгы сыһа сылдьан сиэххит диэн агитация улахана этэ. Оҕолор 3км., Арҕас диэн сиргэ киирэн икки сменанан үөрэнэн кэлэрбит, үһүс-төрдүс кылаастар иккис сменаҕа үөрэнэрбит. Оскуолабыт хатырык кырыыһалааҕа, титирик муосталааҕа, чараас хаптаһын хостордооҕо, ыһыырынньыгынан сырдатынарбыт, паартаҕа 3-һүө – 4-дүө буолан олорорбут. Кинигэ, тэтэрээт диэн олус кэмчитэ. Дьиэҕэ үлэбитин кинигэ уларсан толорорбут. Олохтоох оҕолор тот, олус мэник-тэник этилэр. Биһиэхэ хаппыт балыгы (барчаны) бэрсэллэрэ, аччык буоламмыт холуннарбат этибит. Ол эрээри үөрэххэ баҕабыт, дьулуурбут улахана. Онтон 1944 сыл сааһыгар биһигини дойдубутугар ыытар буоланнар үөрдүбүттэрэ. Оҕонньоттор болуот оҥостоллоро. Ол эрээри хойутаан хааламмыт, борохуокка утары болуотунан барбыппыт. Кыайан хаамар өттүлэрин сатыы быһалыы борохуокка ыыппыттара да, куоттаран тиийбит этилэр. Онон мин ийэм хаалан хаалбыт. Эһэбинээн атын оҕолору, кырдьаҕастары кытта борохуокка нэһиилэ тиксибиппит. Онтон Саҥгаарга борохуоттан түһэртээн барыбытын дезинфекциялаатылар, баанньыкка сууннардылар. Мин эһэбин сиэтэ сылдьабын. Онтон Аллараа Бэстээҕи буллубут <…>».Онон, биһиги холбукабыт оҕо күүһүн, тулуурун, хорсун быһыытын, холооно суох билиигэ талаһыы туоһута буолар. Анастасия Степановна тулуйан алдьархайдаах кэмҥэ тыыннаах хаалан, кини булгуруйбакка төрөөбүт дойдутугар, дьиэтигэр-уотугар төннөн кэлбит.Биһиги дойдубут историятыгар советскай былаас кэмигэр, элбэх норуоттар сэрии кэмигэр эрэ буолбакка политическай репрессияҕа түбэспиттэрэ. Сыалай норуоттары дойду араас сирдэригэр күүс өттүнэн көһөрөр – депортациялыыр этилэр. Электроннай ресурс Бикипиэдьийэ маннык диэн ССРС норуоттарын депортацияларын өйдөбүлүн быһаарар: «Норуоттары күүс өттүнэн көһөрүү (депортация) — ССРС-ка политическай репрессия биир көрүҥэ буолар. Ити күүс өттүнэн көһөрүү курдук репрессия көрүҥүн ураты чинчилэрэ буолаллар: туох да суут уурааҕа суоҕа, сүүһүнэн тыһыынча киһини хабара, соруйан элбэх киһини халбархай, кинилэр олоро үөрэммэтэх ыраах сирдэригэр ыыталлара[1].Маннык репрессияларга уопсайа 4,5 мөлүйүөн киһи түбэспитэ, ол иһигэр: кэриэйдэр, ньиэмэстэр, ингерманланд-финнэрэ, карачайдар, калмыктар, чэчиэннэр, ингуштар, балкардар, кырыым татаардара, месхэтин-туурактара. Олортон сэттэ омук — ниэмэстэр, карачайдар, калмыктар, чэчиэннэр, ингуштар, балкардар, кырыым татаардара— национальнай автономнай республикалара суох оҥоһуллубутар»[2].Политическай репрессия кэмэ норуоттар, дьоннор олохторун уонна дьылҕаларын букатын уларыппыта. Уонна хаһан даҕаны инники кэскилбитигэр хатыланыа суохтаах.
ааптар А.А.Саввин аатынан Чурапчытааҕы история уонна этнография музейын научнай сотруднига Ядреева О.А
[1] https://ru.wikipedia.org/wiki/Депортации_народов_в_СССР
[2] https://ru.wikipedia.org/wiki/Депортации_народов_в_СССР