Мандьуур манньыата

Биһиги түмэлбитигэр араас дойдулартан киһи кэрэхсиир маллара бааллар. Ол иһигэр биир мандьуур манньыата баар. Ити манньыат Мандьуур сириттэн (Маньчжурияттан) кэлбит. Билигин Мандьуур сирэ Кытай иһинэн Хэйлунцзян, Гирин, Ляонин уонна Иһинээҕи Монгол сирэ (илин өттө) диэн провинцияларга тыырыллыбыт. Ол эрээри 73 сыл анараа өттүгэр Мандьуур империята (ол эбэтэр Маньчжоу-го) баар эбит, ону кытары ССРС официальнай дипломатия сыһыанын олохтуу сылдьара.

Ити иннинэ мандьуурдар Азияҕа саамай күүстээх сэрии күүстэнэннэр Цин империяны олохтообуттара. XVII үйэҕэ мандьуурдар туох баар аттыгар олорор омуктары, ол иһигэр кэриэйдэри, тоҥустары, монголлары, кытайдары, тибеттары, дьуҥгаардары, уйгурдары уонна да атыттары сэриилээн Вьетнамҥа, Индияҕа, Россияҕа диэри тиийбиттэр. Улуу Цин судаарыстыбатын тэриммиттэр. Ол иһигэр 1649-1689 сыллаахха мандьуурдар нууччалары кытары сэриилэһэн кыайаннар Россияны Амур өрүскэ чугаһаппатахтар. Арай 1911 эрэ сыллаахха кытайдар өрө тураннар мандьуур судаарыстыбата симэлийбитэ. Ол кэннэ Дьоппуон күүһүнэн 1931-1945 сыллаахха Маньчжоу-го диэн судаарыстыбаны мандьуурдар тилиннэрэ сылдьыбыттар эрээри Кыһыл армияҕа кыаттарбыттарыгар ССРС сирдэрин Кытайга биэрбитэ.

Билиҥҥи Кытайга 10 мөлүйүөнтэн тахса мандьуур олорор. Кинилэр тоҥус тыллаах омуктарыттан саамай улахан омук буолаллар, үгүстэрэ ийэ тылларын умнубут да буоллар. Кинилэр биһи эбэҥкилэрбитигэр, эбээннэрбитигэр, ону таһынан нанайдарга, удэгэлэргэ уонна да атыттарга уруулу омуктар.

Биһиги манньыппыт 1940 сыллаахха Маньчжоу-го-ҕа таптайыллыбыт. Оччолорго ол дойду манньыаттара Мукден (билиҥҥи Кытайга Шэньян диэҥҥэ аатын уларыппыттар) куоракка манньыат дьиэтигэр биитэр Дьоппуоҥҥа Осака куоратыгар оҥоһуллаллара. Манньыат номинала 1 «фынь», үрүҥ көмүстүү өҥнөөх, чэпчэки ыйааһыннаах тапталлымтыа тимиртэн оҥоһуллубут. Ыйааһына 1 грамм. 100 «фынь» 1 «лян» буолара (1 киилэ үрүҥ көмүс). Түмэлбитигэр ити манньыаты 1973 сыллаахха Аҕа дойдутун уонна Дьоппуон сэриитин кыттыылааҕа Петр Егорович Спиридонов бэлэх ууммута. Кини 1964 сыллаахха соҕуруу Кытай уонна Кэриэй дойдуларыгар ыалдьыттаан кэлбитэ. Петр Егорович – талааннаах киэргэтээччи, драмартист, сценарист. РСФСР Үөрэҕириитин туйгуна, педагогическай үлэ ветерана, “Красная Звезда” орденынан, «За доблестный труд», «За победу над Японией», «Халхин Гол» мэтээллэринэн наҕарадааламмыта.

 

 

Ааптар  А.А.Саввин аатынан Чурапчытааҕы история уонна этнография музейын научнай сотруднига Ядреева О.А

 

Москваттан Боотур улууһугар диэри…

Быйыл Чурапчыбыт нэһилиэгэ төрүттэммитэ, сурукка-бичиккэ киирбитэ 370 сылыгар анаммыт курдук, хас да үйэни уҥуордаан бэс ыйыгар биһиги түмэлбитигэр сэдэх экспонаттар киирдилэр.

А.А.Саввин аатынан Чурапчытааҕы история уонна этнография түмэлигэр кэрэхсэбиллээх, бэрт үчүгэйдик нумизматика коллекциятын толорор предмет киирдэ – хатырык-манньыат. Манньыат балык хатырыгар майгынныыр буолан хатырык-манньыат диэн ааттаммыт. Ону кытары бииргэ бэрт дьикти оҥоһулаах хамса төбөтүн коллекционер Чурапчы нэһилиэгин олохтооҕо Семен Семенович Иванов түмэлгэ бэлэх гынан аҕалла.

Семен Семенович оскуола эрдэҕиттэн нумизматиканан эрэ буолбакка фелеристиканан умсугуйар. Билиҥҥи туругунан коллекциятыгар 800 тахса предмет баар эбит.

Хатырык-манньыат нууччаларга Улуу Бүөтүр иннинэээҕи кэмҥэ харчы быһыытынан туттулла сылдьыбыт.

1718 сыллахха ыраахтааҕы Улуу Бүөтүр ыйааҕынан хатырык-манньыат кутуута бобуллубута. Итинник хатырык-манньыат туһунан интернет-ресурс «http://fb.ru» маннык диэн кэпсиир: «Хара маҥнайгыттан хатырык-манньыат ыйыллыбыт сыаннаһа суох этэ. Манньыат сыаннаһын ыйааһынынан быһаараллара. Оччолорго үрүҥ көмүс харчы алтаннааҕар сыаналанара. Уопсайынан ол кэмҥэ үрүҥ көмүс сыаната билиҥҥитээҕэр быдан үрдүк этэ. 1 грамм кыһыл көмүскэ 10 грамм үрүҥ көмүһү биэрэллэрэ (билигин буоллаҕына 1 грамм кыһыл көмүс 77 грамм үрүҥ көмүскэ тэҥнэһэр). Манньыат ыйааһына сыаналанар буолан тас көстүүтүгэр,  быһыытыгар-таһаатыгар улахан болҕомто ууруллубата. Суон үрүҥ көмүс  эбэтэр алтан боробулуоханы кэрчиктээн ылан кырыйаллар уонна штампанан таптайан манньыат оҥороллор этэ. Быһыыта ньолбоҕор, балык хатырыгар майгынныыр буолара. Штамп ойуута биир манньыакка толору түспэт буолар эбит, толору ойуута хас даҕаны манньыаты холбоотоххо көстөр. Ол иһин манньыат маннык технологиялаах оҥоһуллар буолан икки атылыы манньыат тахсыбат. Хас биирдии кинээс бэйэтэ манньыат оҥорор дьиэлээх эбит, ол иһин көрүҥнэрэ элбэх этилэр. Манньыат сирэйигэр үксүн кинээс аата баар буолар, онтон манньыат кэлиҥ өттүгэр былыргы номоххо баар кыыл эбэтэр уһун уктаах үҥүүлээх аттаах киһи ойуута баар буолар эбит. Нуучча Сирэ сүрэхтэммитэ ырааппытын да иһин, манньыаттарга  бэрт элбэх языческай бэлиэлэри арааран көрүөххэ сөп. Уордаах Уйбаан ийэтин Елена Глинская реформатын кэнниттэн, харчыга копейка диэн саҥа аат олохтообуттара. Ол гынан баран манньыат оҥоруу технологията уонна тас көрүҥэ оннунан хаалбыта. Ол эрээри дьон син-биир хатырык-манньыат диэн ааттыы сылдьыбыт[1].

Биһиги хатырык-манньыппыт Чурапчыттан хоту сытар Дүпсүн диэн алаастан бу сыл бэс ыйын саҕаланыытыгар булуллубут эбит. Коллекциялаахтар «1992 сыллааҕы В.Н.Клещинов уонна Н.В.Гришин ыраахтааҕы Улуу Бүөтүр боробулуоха хапыайкаларын илин өттүлэрин быһаарыы» кинигэттэн быһаарбыттарынан 1696-1704 сылларга маннык манньыат Москватааҕы манньыаттаах дьиэтигэр быһыллар эбит.  Киирбит манньыат 10мм үрдүктээх, 0,7мм туоралаах.

Маны таһынан биһиги музейбытыгар өссө да элбэх кэрэхсэбиллээх экспонаттар баллар.

 

[1] http://fb.ru/article/146101/dengi-dopetrovskoy-rossii-monetyi-cheshuyki