Ахсынньы 7-8 күнүгэр биһиги музейбыт Ем.Ярославскай аатынан саха музейыгар республиканскай биенналега уонна Староватовскай ааҕыыларга кыттыыны ылан кэллэ. Республикаҕа биир бастакынан төрүттэммит П.Х.Старватов аатынан кыраайы үөрэтэр музей 100 сылыгар анаммыт дьаһаллары СӨ музейдарын управлениета, «Бүлүү куорат» МТ уонна П.Х. Староватов аатынан Бүлүүтээҕи кыраайы үөрэтэр музей сүрүннээн ыыттылар. Тэрээһиҥҥэ Саха сирин араас муннуктарыттан 15 улахан музей кыттыыны ылла. Биһиги музейбыт «Уу, уот, салгын “тыыннаах” Күөсчүт Көкөөнөй аҕаспыт алгыһынан» диэн быыстапканы туруорда. Быыстапкаҕа сүрүннээн музей фондатыгар харалла сытар А.А.Саввин хомуйбут арааһынай туой иһиттэрэ уонна туой иһиттэр сиэдэрэй ойуулаах кыырпахтарын коллекцията туруорулунна. Быыстапкабыт ис-хоһоонугар ситэрии быһыытынан биир дойдулаахпыт, П.П.Романов аатынан художественнай училище (колледж) преподователя, сүрүн профессиональнай дисциплинэлэр отелениеларын сэбиэдиссэйэ В.П.Божедонова бэйэтэ оҥорбут Чурапчы Болтоҥотугар Ухаанньыйа диэн сиртэн А.А.Саввин 1941 с. XVI үйэтээҕи көмүүттэн булбут саамай былыргы үс атахтаах чороонун реконструкциятын аҕалан туруорда.
Ону тэҥэ А.П. Гоголев аатынан Чурапчытааҕы оҕо искусствотын оскуолатын П.А.Екечьямов үөрэтэр ДПИ кылааһын үөрэнээччилэрэ музейга баар туой иһиттэри хайдах баарынан үтүгүннэрэн оҥорбут үлэлэрэ туран киэҥ сэҥээриини ыллылар. Россия художниктарын Союһун чилиэнэ, СӨ культуратын туйгуна, биир дойдулаахпыт, биллиилээх художник-керамист Мария Николаевна Гуляева-Туойа кэлэн быыстапкабытын сэргии көрөн, сэҥээрэн, туой иһит туһунан бэйэтин көрүүлэрин, билиитин үллэстэн, кылгастык күөсчүт эбээтин туһунан кэпсээн барбыта олус интэриэһинэй буолла.
Хас биирдии кыттаачы музей тус туспа, ураты тупсаҕай көстүүлээх экспозиция туруорбутун дьүүллүүр сүбэҕэ, көрөөччүлэргэ темаларын ис хоһоонун сиһилии кэпсээн экспонаттарын билиһиннэрдилэр. Салгыы биллиилээх кыраайы үөрэтээччи П.Х.Староватов аатынан ааҕыыларга республика кыраайы үөрэтэр музейдарын историяларын, кыраайы үөрэтэр музейдар үлэлэрин хайысхаларын сырдатар, кыраайы үөрэтэр музейдар сайдыыларыгар, төрүттэниилэригэр улахан кылааттаах дьоннору кэпсиир дакылааттары иһиттибит. Бэйэбит музейбыт историятын, проектнай үлэлэрин туһунан дакылааттарынан кыттыыны ыллыбыт.
Мустубут музей эйгэтин үлэһиттэрэ бэлиэтээһиннэринэн бу кэнники сылларга өтөрүнэн ыытылла илик сүрдээх интэриэһинэй, киэҥ далааһыннаах тэрээһин буолла.