Ким Конфеевич Колесов айымньылаах үлэлэринэн, төрөөбүтэ 80 сылыгар анаммыт «ОЛОҤХО ДОЙДУТУН ОҺУОРДААХ ТОЙУГА» диэн быыстапка үлэтин саҕалаата.

Ким Конфеевич Колесов айымньылаах үлэлэринэн, төрөөбүтэ 80 сылыгар анаммыт «ОЛОҤХО ДОЙДУТУН ОҺУОРДААХ ТОЙУГА» диэн быыстапка үлэтин саҕалаата.

Сэтинньи 23 күнүгэр быыстапканы үөрүүлээхтик арыйыы тугэнигэр үгүс киһи, оҕо – аймах мустан, Ким Конфеевич туһунан үгүс ахтыылар оҥоһуллан, истиҥ – иһирэх тыллар этилиннилэр. А.П. Гоголев аатынан Чурапчытааҕы оҕо искусствотын оскуолатын сольнай кылааһын кэрэчээн үөрэнээччилэрэ ырыаларынан – тойуктарынан  ыалдьыттары сэргэхситтилэр. Ким Конфеевич олоҕун доҕоро, үлэ ветерана, Саха республикатын культуратын туйгуна Александра Егоровна Колесова минньигэс алаадьытынан, амтаннаах саламаатынан ыалдьыттары күндүлээн сэргэх тэрээһин буолла.

   

  

Ким Конфеевич 1937 сыллаахха Хаҥалас улууһун Сата диэн сиригэр  айылҕаттан бэриллибит дэгиттэр талааннаах дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Ким Конфеевич эһэтэ-мындыр булугас өйдөөх тимир yyha, аҕата — өйдөөх сытыы тыллаах суруналыыс, ийэтэ — көмүс илиилээх иистэнньэҥ этилэр.

1962 сыллаахха Дьокуускайдааҕы художественнай училищены бүтэрэн, Чурапчы оройуонун Дириҥ орто оскуолатыгар художественнай кылаас оҕолорун үөрэппитэ. Ол кэмҥэ Хабаровскайдааҕы пединститут художественнай графическай факультетын ситиһиилээхтик бүтэрбитэ.

Бэйэтин айар дьарыгын үөрэнэ да, үлэлии да сылдьан сайыннарар баҕатын, дьүккүөрдээх санаатын ыһыктыбакка, мамонт муоһуттан, маска быһан этюдтары, хартыыналары айбыта, оҥорбута элбэх.

Онтон сиэттэрэн 1994 сыллаахха Үгүс үтүө айар куттаах дьоннор уутуйан үөскээбит сирдэригэр Кындалга дьонунуун, кэргэниниин Александра Егоровналыын бэйэлэрин баҕаларын, ылыммыт санааларын күүһүгэр тирэҕирэн историко-этнографическай хайысхалаах картиннай галереяны аспыттара. Онтон салҕыы дьоҥҥо-сэргэҕэ, үүнэр көлүөнэ ыччаттарга билиһиннэриэххэ диэн өйтөн-санааттан, дьиэ кэргэнин, уруу-аймах дьоннорун көмөлөһүннэрэн 2001 сыллаахха «Олоҥхо дойдута» комплексы олоххо киллэрбитэ. Бу комплекс олоххо киирэригэр Саха Республикатын бастакы Президенэ М.Е. Николаев «2000 үтүө дьыала» диэн инициативата олук буолбута.

Бэйэтин санааларын, көрүүлэрин түмэн, көннөрү киһи, оҕо-уруу өйүгэр-санаатыгар тиийэр, өйдөнөр гына үөрэтэн билбит билиитин баһылаабыт сатабылын туһанан бу үлэни саҕалаабыта. Бу улахан дьыаланы ылсарыгар эдэр эрдэҕиттэн өйүгэр-санаатыгар иитиэхтии сылдьыбыт ыра санаатын художественнай училищены үөрэнэн бутэрэр дипломнай үлэтигэр  «Олоҥхоһут» диэн композицияны онорбута бигэ тирэх буолан кыым сахпыта. Онно кини өр сыллаах айар үлэтэ барыта түмуллүбүтэ. Олоҥхо дьиэтин бэйэтин талаанынан, билиитинэн ситэрбитэ, ону таһынан ирбэт тоҥ араҥатыгар олоҥхо дьонун образтарын муустан оҥорорго холонон көрбүтэ.

Ким Конфеевич айар үлэтэ саҕаланыаҕыттан өбугэлэрин үгэстэрин дириҥник үөрэппитэ. Кини оҥоһуктарын чочуйарыгар, былыргы норуот маастардарын үгэстэрин тутуһара, ону дакаастыыра, дьоҥҥо-сэргэҕэ тиэрдэ сатыыра.

Улууспутугар памятниктары, өйдөбүнньүк бэлиэлэри сэргэхсүтүүгэ уонна айан туруорууга өйүн-санаатын, күүһүн-күдэҕин ууран үлэлээбитэ. Элбэх сыллаах үлэтин түмүгэр үгүс дипломнарынан, грамоталарынан, махтал суруктарынан наҕараадаламмыта, ЮНЕСКО национальнай комитетын биһирэбилин ылбыта.

Ким Конфеевич айымньылаах үлэтин туоһуларынан кини үгүс Республикаҕа, Россияҕа ыытыллыбыт, Аан дойдутааҕыга тиийэ  үрдүк таһымнаах, быыстапкаларга ситиһиилээхтик кыттыбыта дакаастыыр. Ол курдук кини үлэлэрэ Японияҕа,  Америка Холбоһуктаах Штаттарыгар, Германияҕа, Францияҕа биһирэбили ылбыттара.

Билигин кини үлэлэрэ Чурапчы, Сунтаар, Нерюнгри музейдарыгар, Дьокуускай куорат «Симэх» галереятыгар, Е.Ярославскай аатынан Хотугу норуоттар историяларын уонна культураларын государственнай музейыгар, Москватааҕы постпредствоҕа, Казахстан, Япония музейдарыгар уонна чааһынай коллекцияларга бааллар. Cаха Pеспубликатын аатыттан бэлэххэ барбыт барбыт үлэлэрэ үгүстэр.

Ким Конфеевич өр сыллаах айымньылаах үлэтин түмүгэ улууспут историятыгар, ытык дьонноругар, үүнэр кэлүөнэҕэ умнуллубакка үтүө холобур буола турдун.

       

Быыстапка  күннэтэ ахсынньы 25    дылы 10.00 ч. – 13.00 ч., 14.00 ч. – 18.00 ч. үлэлиир.

«ОЛОҤХО ДОЙДУТУН ОҺУОРДААХ ТОЙУГА»

Чурапчы улууһугар Аан дойду чулуу айымньытынан ааттаммыт саха улуу олоҥхотугар анаммыт күннэр чэрчилэринэн, Педагогическай үлэ ветерана, норуот маастара, СССР уонна Саха Республикатын культуратын туйгуна, Российскай Федерация художниктарын союһун чилиэнэ, Саха Республикатын культуратын үтүөлээх үлэһитэ, Хоптоҕо, Болтоҥо, нэһилиэктэрин бочуоттаах гражданина, биллиилээх худуоһунньук, уус, муосчут, Кындалга «Олоҥхо дойдута» культурнай этнографическай комплексы тэрийбит олонхоһут-уруһуйдьут

КИМ КОНФЕЕВИЧ КОЛЕСОВ (1937-2013) төрөөбүтэ 80 сылыгар анаммыт

 «ОЛОҤХО ДОЙДУТУН ОҺУОРДААХ ТОЙУГА» 

 быыстапка аһыллыыта сэтинньи 23 күнүгэр күнүс 15.00.ч. буоларыгар Чурапчы улууһун олохтоохторун уонна ыалдьыттарын кэлэн көрөргүтүгэр, сэҥээрэргитигэр ыҥырабыт.

Быыстапка сэтинньи 23 күнүттэн ахсынньы 25 күнүгэр дылы 10.00 ч. – 13.00 ч., 14.00 ч. – 18.00 ч. үлэлиир.

Буолар сирэ: Чурапчы с. Горькай уул. 16, А.А.Саввин аатынан Чурапчытааҕы история уонна этнография музейа.