Бэс ыйын 2 – 29 күннэригэр Саха Республикатын күндү баайын государственнай харалын “Сокровищница” быыстапкалыыр саалатыгар ханна да хатыламмат, туохтааҕар да ураты уонна сыаналара кэмнэммэт, биһиги музейбыт экспонаттарын Дьокуускай куорат олохтоохторо уонна ыалдьыттара илэ харахтарынан көрдүлэр, сөхтүлэр-махтайдылар. Маннык тастан киирии быыстапка күндү баай харалыгар маҥнайгынан туруоруллан сэдэх көстүү буолла.
Бу быыстапкаҕа музей фондатыттан, дириҥ-баай историялаах, Боотурускай улуус саҕаттан, XVIII-XIX үйэлэр кэминээҕи айылҕаттан айдарыылаах, уран тарбахтаах маастардар, уустар сэдэх үлэлэрэ көрдөрүүгэ турдулар.
Сахалыы көмүс оҥоһуктар, үрүҥ көмүс туттар тэриллэр, ыһыах алгыстаах түһүлгэтигэр уохтаах кымыһынан күндүлүүр араас иһиттэр, өбүгэ үгэһин, норуот ойуутун-мандарын көрдөрөр таҥас-сап, саха маанылаах атын сэбэ-сэбиргэлэ, дьахтар симэхтэрэ, эр киһи мала-сала Сахабыт сирин киэн туттар күндү баайын кытары кэккэлэһэ туруоруллар чиэстэммиттэрэ долгутуулаах суол.
Быыстапка үөрүүлээх арыллыытыгар ыҥырыылаах, дьоһун- мааны ыалдьыттар үгүс үтүө тыллары этэн, сэдэх экспонаттары көрөн –истэн дуоһуйан тарҕастылар.
Бу быыстапка сүрүн суолтата, сыала-соруга – дьоҥҥо-сэргэҕэ, кэнчээри ыччакка өбүгэбит үтүө-мааны, мындыр толкуйун, өйүн-санаатын көрдөрүү, тиэрдии буолар.