Олунньу 21 күнүгэр биһиги музейбытыгар Бахсы нэһилиэгин историятын кэпсиир быыстапка аһылынна. Быыстапка Бахсы диэн аат хантан кэлбититтэн саҕалаан күн бүгүҥҥэ диэри нэһилиэк историятын сүрүн кэрчиктэрин көрдөрөр. Бахсылар улахан ситиһиилэринэн нэһилиэктэрэ сурукка киирбитэ 385 сыла буоларын туоһулуур историческай ыспыраапканы ылбыттара буолар. Экскурсияны Жанна Федоровна Барашкова хайа баҕарар киһини сэҥээрдэр гына ыытта, өр сылларга үлэлээбэккэ турбут музейдарын саҥаттан сөргүтэн инники үлэлиир былааннарын, туристическай маршрут тэрийэр баҕа санаалаахтарын туһунан кэпсээтэ.
Ордук интэриэһинэйэ саҥа технологияны туһанан, «кюр код» диэн ньыманы киллэрэннэр дьон болҕомтотун тартылар. Мобильнай телефоҥҥа ОХЕ диэн босхо приложениены киллэринэн, анал кодтаах хаартыскаҕа тустаах киһи портретыгар телефоҥҥун чугаһаттаххына бу киһи бэйэтэ кэпсээбит ахтыыта видеонан көстөн кэлэр. Маннык кодтаах портреттар, хартыыналар элбэхтэр. Манна бэлэмнэнэн хас эмэ сыллаах үлэ баран, ол олоххо киирбитэ хайҕабыллаах суол.
Быыстапка аһыллыытыгар мустубут ыалдьыттары бука барыларын дэлэччи саха төрүт маанылаах этинэн-аһынан күндүлээтилэр, түмүгэр Бахсы былыргы үһүйээннэрин кэпсэттии буолла.
Бу тэрээһин өссө төгүл Бахсылар түмсүүлээхтэрин, биир санаанан үлэлииллэрин – хамсылларын туоһутунан буолла.