Олунньу 21 күнүгэр биһиги музейбытыгар Бахсы нэһилиэгин историятын кэпсиир быыстапка аһылынна. Быыстапка Бахсы диэн аат хантан кэлбититтэн саҕалаан күн бүгүҥҥэ диэри нэһилиэк историятын сүрүн кэрчиктэрин көрдөрөр. Бахсылар улахан ситиһиилэринэн нэһилиэктэрэ сурукка киирбитэ 385 сыла буоларын туоһулуур историческай ыспыраапканы ылбыттара буолар. Экскурсияны Жанна Федоровна Барашкова хайа баҕарар киһини сэҥээрдэр гына ыытта, өр сылларга үлэлээбэккэ турбут музейдарын саҥаттан сөргүтэн инники үлэлиир былааннарын, туристическай маршрут тэрийэр баҕа санаалаахтарын туһунан кэпсээтэ.
Ордук интэриэһинэйэ саҥа технологияны туһанан, «кюр код» диэн ньыманы киллэрэннэр дьон болҕомтотун тартылар. Мобильнай телефоҥҥа ОХЕ диэн босхо приложениены киллэринэн, анал кодтаах хаартыскаҕа тустаах киһи портретыгар телефоҥҥун чугаһаттаххына бу киһи бэйэтэ кэпсээбит ахтыыта видеонан көстөн кэлэр. Маннык кодтаах портреттар, хартыыналар элбэхтэр. Манна бэлэмнэнэн хас эмэ сыллаах үлэ баран, ол олоххо киирбитэ хайҕабыллаах суол.
Быыстапка аһыллыытыгар мустубут ыалдьыттары бука барыларын дэлэччи саха төрүт маанылаах этинэн-аһынан күндүлээтилэр, түмүгэр Бахсы былыргы үһүйээннэрин кэпсэттии буолла.
Бу тэрээһин өссө төгүл Бахсылар түмсүүлээхтэрин, биир санаанан үлэлииллэрин – хамсылларын туоһутунан буолла.
Архив за месяц: Февраль 2017
Улууска История сылын саҕалааһын
Олунньу 2 күнүгэр улуус дьаһалтатын аактабай саалатыгар Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээнэ, СР “Хотугу сулус”, “Албан аат” III – с истиэпэннээх орденнар кавалердара, Саха АССР үтүөлээх учуутала, Былатыан Ойуунускай аатынан СР государственнай бириэмийэтин лауреата, Чурапчы улууһун, Чурапчы, Болугур нэһилиэктэрин бочуоттаах гражданина И.М.Павловы кыттаа История сылын саҕалааһынын чэрчитинэн көрсүһүү буолла. Көрсүһүүгэ улуус дьаһалтатын салайааччылара, кыраайы үөрэтээччилэр, улуус музейдарын, библиотекаларын үлэһиттэрэ, история учууталлара үөрэхтээһин управлениетын специалистара кыттыыны ыллылар.Чурапчытааҕы музей директора Ю.Толстоухов ааспыт Музей сылын сүрүн хамсааһыннарын, туох үлэ барбытын сиһилии кэпсээтэ.
Улуустааҕы үөрэх управлениетын начальнигын солбуйааччы Е.Егорова саҥа История сылын концепциятын ис барылын толору билиһиннэрдэ, История сыла ааспыт Музей сылын салҕыыр ситимнээҕин эттэ, сиһилии ырытан кэпсээтэ. Үөрэх управлениета История сылын сүрүннээччинэн ананан концепцияҕа хас да хайысханан сыал-сорук туруоруллан сыл устата киэҥ далааһыннаах үлэ ыытыллыахтааҕын туһунан иһитиннэрдэ.
Иван Михайлович иһитиннэриилэри болҕойон истэн кэккэ боппуруостары, сүбэлэри – амалары биэрдэ, элбэҕи кэпсээтэ, улуус историятын түҥ былыргыттан хасыһан, чинчийэн үөрэтиҥ диэн тус санаатын эттэ. Ытык кырдьаҕас: “Историяҕа сыһыаннаах хайа баҕар мунаарар боппуруостаах буоллаххытына ыйыталаһар буолуҥ, төһө билэрбинэн, тута да буолбатар эппиэттиэм”- диэн этиинэн кэпсээнин түмүктээтэ. Көрсүһүүгэ мустубуттар Иван Михайловичка бары үтүөнү баҕаран туран, махталларын этэн тарҕастылар.
Чурапчы улууһун оскуолаларын музейдарын үлэһиттэригэр семинар
Тохсунньу 31 күнүгэр Олоҥхо дьиэтигэр Чурапчы улууһун оскуолаларын музейдарын үлэһиттэригэр семинар буолан ааста. Онно Чурапчытааҕы музей директора Ю.С. Толстоухов ыҥырыллан кыттыыны ылла, ааспыт 2016 Музей сылыгар улууска ыытыылыбыт үлэ түмүктэрин сырдатар иһитиннэрии оҥордо, быйылгы История сылын концепциятын сүнньүн билиһиннэрдэ.
Чурапчы уустара Саха ох саатын тула кэпсэттилэр
Тохсунньу 30 күнүгэр Чурапчытааҕы музейга улууспут биир биллэр ууһа В.Попов көҕүлээһининэн Саха ох саатын тула кэпсэттии буолла. Кэпсэтиигэ музей үлэһиттэрэ, уустар В.Барашков, П.Попов, С.Федоров уонна Чурапчытааҕы оҕо спортивнай оскуолатын ох саанан ытыы тренерэ, СССР спордун маастара С.Майоров кыттыыны ыллылар.
Музей директора Ю.Толстоухов бу соторутааҕыта Дьокуускай куоракка Ил Түмэн государственнай Мунньаҕын кыра саалатыгар буолбут «Саха ох саата» диэн темалаах төгүрүк остуолга кыттан кэлбитин онно көрбүтүн-истибитин сырдатта уонна онтон аҕалбыт Саха ох саатын туһунан тарҕатыллар матырыйаалларыттан уустарга түҥэттэ.Уопуттаах, идэтийбит тренер С.Майоров аныгы спортивнай ох саа 3 көрүҥүн аҕалан уустарга көрдөрдө, билиҥҥи ох саа ирдэбиллэрин билиһиннэрдэ.
Саха ох саатын оҥоһуутун былыргы ньымаларын киэҥник ырытыы, сүбэлэһии буолла. Уустар музей үлэһиттэригэр эбии туһааннаах литератураны, онно сыһыаннаах матырыйааллары буларга көмө буолан бииргэ үлэлэһэргэ этии киллэрдилэр.