Одьулуун нэһилиэгин быыстапкатын кэлиҥ, көрүҥ, сэҥээриҥ.

Саҥа үүммүт сылга «Нэһилиэк историята (сайдыыта) музей экспонаттарыгар» диэн бырайыагынан үлэ салҕанан барар, ол чэрчитинэн биһиги музейбытыгар тохсунньу 18 күнүттэн Одьулуун нэһилиэгин быыстапката аһыллан үлэлии турар.
Одьулуун нэһилиэгэ ураты баай историялаах, уһулуччулаах учуонай, үтүө үлэһит, үөрэхтээх, талааннаах дьонунан киэҥник биллэр. Олортон биирдэстэрэ саха норуотун былыргытын хасыһан, дьаныһан үөрэппит киһинэн Дмитрий Иванович Дьячковскай – Сэһэн Боло буолар.Кини киэҥ хабааннаах үлэлэрэ историческай, этнографическай наука сайдарыгар, тылынан уус-уран литература үөрэтиллэригэр,сиэр – туом,сахалыы өй санаа чочулларыгар тирэх буолбуттара.
Күн бүгүн Одьулуун биир саамай актыыбынай позициялаах, таһаарыылаах үлэлээх –хамнастаах нэһилиэк быһыытынан сыаналанар. Улууска 2016 Музей сылын түмүктэринэн «За развитие музейного дела в наслеге” диэн анаал аат хаһаайыттара буолбуттара. Ол курдук Одьулуун нэһилиэгин историятын музейа, оскуола иһинэн Сэһэн Боло аатынан историко – краеведческай музей, техникум историятын музейа, ону таһынан сэрии ветерана, СӨ культуратын үтүөлээх үлэһитин, Чурапчы улууһун бочуоттаах гражданинын М.П.Ефимов Этно-педагогическай музей – дьиэтэ, норуот маастара Аржакова М.А. туостан оҥоһуктарын, аттарыы ииһин, ат симэхтэрин уо.д.а көрдөрөр балаҕана, норуот маастардара Степановтар дьиэ кэргэн араас былыргы малы –салы,сахалыы ииһи, оҥоһуктары быыстапкалыыр балаҕаннара, норуот маастара Никонова Елена Егоровна бэйэтин дьиэтигэр араас уран оҥоһуктарын,өр сылларга муспут фарфоровай статуэткаларын коллекциятын көрдөрөр муннуга сэҥээрээччилэргэ мэлдьи аһаҕастар.
Улууска История сыла, Чурапчы нэһилиэгэр Патриотизм сыла биллэриллибиттэринэн тус бэйэҕит толкуйданан, күннээҕи түбүктэн аралдьыйан, төрөөбүт төрүт түөлбэҕит туһунан элбэҕи билэ – көрө, үөрэтэ сатааҥ!


«Саха ох саата»


Тохсунньу 17 кунугэр Дьокуускай куоракка Ил Түмэн государственнай Мунньаҕын кыра саалатыгар «Саха ох саата» диэн темалаах төгүрүк остуол буолан ааста. Тэрийээччилэринэн Олоҥхо национальнай тэрийэр комитета, Культура уонна Духуобунай сайдыы Министерствота, Ем. Ярославскай аатынан Саха музейа, ХИФУ археология уонна энография музейа, Саха сирин уустарын Сойууһа, тутулуга суох кыраайы үөрэтээччилэр кулууптара буоллулар. Төгрүк остуолу Саха Республикатын Ил Түмэн Государственнай Мунньаҕын председателэ, Олонхо национальнай тэрийэр комитетын председателэ Александр Николаевич Жирков салайан ыытта. Кыттар дьон кэлиитэ элбэх, саалаҕа баппакка төгүрүк остуолу фойеҕа экранынан кытта көрдүлэр. Чурапчы улууһуттан А.А.Саввин аатынан Чурапчы музейыттан Толстоухов Юрий Семенович уонна тимир ууһа Попов Василий Степанович кыттыыны ыллыбыт.
Фойеҕа турбут ох саа быыстапкатыгар былыргы ох саалары туруордулар. Манна Сунтаар, Ханалас, Мэнэ-Ханалас, Чурапчы, ХИФУ археология уонна этнография музейын, Ем. Ярославскай аатынан Саха музейын экспонаттара көрдөрүүгэ турдулар. Биһиги музейбыт фондатыттан А.А.Саввин хотугу экспедицияҕа сылдьан Абый оройуонуттан аҕалбыт ох саатын (кураахтаах саа) илдьэн быыстапкаҕа туруордубут. Ону тэҥэ ХИФУ археология уонна этнография музейа үс ох сааны аҕалбытыттан иккитэ Чурапчы Болтоҥотуттан көстүбүт саалар эбит. Ол курдук биирдэрин 70-с сылларга, иккиһин 2004 сыллаахха көмүүттэн булбуттар.
Төгүрүк остуол ыытыллар сыалын-соругун А.Н.Жирков билиһиннэрдэ. Саха ох саата билиҥҥи кэмҥэ умнуллубутун, кинини оҥоруу ньыматын үөрэтии, саха омугун терүт культуратын биир дьоһун материальнай нэһилиэстибэтин быһыытынан сөргүтүү биһиги сүрүн сорукпут буоларын эттэ. Гуманитарнай чинчийэр институт уонна музейдар научнай сотрудниктара саха ох саатын туһунан научнай ырытыылары оҥордулар. Өбугэлэрбит олус уустуктук, мындырдык онороллор эбит. Көрдөххө чараас буолар эбит да иһигэр тиит мас, хатыҥ, туос, тирии, оннооҕор тэбиилээх буоллун диэн мамонт муоһун кытта хас эмэ хос хаттыгас гына силимнээн оҥорон таһаараллар эбит. Бу саалары оҥоһуллубут ньымаларын чинчийии өссө да салҕанан бара турарын эттилэр. Биһиги биир дойдулаахпыт, кыраайы үөрэтээччи Николай Николаевич Аржаков-Боло Уус бэртээхэй дакылааты оҥордо. Кини былыргы ох сааны үөрэтэн тус бэйэтэ оҥорбут саатын көрдөрдө.
Бу хомойуох иһин умнуллубут саха дьоһун сэбин-сэбиргэлин хайдах гынан тилиннэрэр туһунан элбэх этиилэр киирдилэр. Билиҥҥи кэмҥэ «Дыгын оонньууларыгар», «Манчаары» национальнай көрүҥнэргэ күрэхтэһиилэргэ, «Олоҥхо ыьыаҕын» күрэхтэһиилэригэр арҕаа дойдулар охторунан ытар эбит буоллахпытына сыыйа саха ох саатын бигэтик киллэриэххэ диэн этиилэри бары көхтөөх ытыс тыаһынан сөбүлээбиппитин биллэрдибит. Манна улуустарга баар кыраайы үөрэтээччилэр уонна уустар ох сааны оҥоруу былыргылыы ньыматын тилиннэрэргэ төһүү күүс буолуохтаахтара этилиннэ. Ох сааны оҥорууга конкурстары, күрэхтэри тэрийэн ыытарга, методическай пособиелары оҥорон тарҕатарга, эбии үөрэхтээһиҥҥэ оскуола оҕолоругар ох сааны оҥоруу ньыматын үөрэтиини киллэрэргэ, научнай практическай конференциялары тэрийэн ыытарга, «Олоҥхо ыьыаҕын», «Дыгын оонньууларын» программаларыгар саха ох саатынан күрэхтэһиини киллэрэргэ араас ведомстволарга сорудахтар бэрилиннилэр, республикатааҕы анал комиссия тэрилиннэ. Онон бу төгүрүк остуолга саха омугун төрүт культуратын биир дьоһун материальнай нэһилиэстибэтин – ох сааны тилиннэрэргэ, сөргүтэргэ дьоһун хардыы оҥоһулунна.

Юрий Толстоухов. Чурапчы музейын директора.

Ааспыт сылга Чурапчы улууһугар Музей сыла биллэриллибитинэн, биллиилээх учуонай этнограф, фольклорист, саха төрүт олоҕун чинчийээччи, Чурапчытааҕы музей бастакы директора А.А.Саввин-Өндөрүүскэ Саабын төрөөбүтэ 120 сылыгар анаан, кыраайы үөрэтиигэ көрдүүр-чинчийэр үлэлэри кэтэхтэн (заочно) көрүү буолан ааспыта. Көрүү түмүктэрэ ахсынньы 23 күнүгэр «Саха төрүт өйүн-санаатын чинчийээччи А.А.Саввин» диэн саҥа кинигэ сүрэхтэниитигэр тахсыбыта. Барыта 39 үлэ киирбититтэн 7 улахан киһи, 32 оскуола оҕото кыттыбыта. Онуоха Алаҕар, Арыылаах, Мугудай, Хайахсыт, Сылаҥ оскуолалларын, С.А. Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатын, Одьуулун, Амма оскуолаларын, улуустааҕы гимназия үөрэнээччилэрэ уонна учууталлара көхтөөх кыттыыны ыллылар.
Чинчийэр үлэлэр 3 сүрүн хайысханан көрүлүннүлэр: кыраайы үөрэтии, этнография, фольклор. Бу тэрээһин сүрүн сыалынан Чурапчы улууһугар Музей сылыгар болҕомто ууруу, А.А.Саввин-Өндөрүүскэ Саабын аатын үйэтитии, үөрэнээччилэр норуот үгэстэрин, үһүйээннэрин, номохторун хомуйан, төрөөбүт дойдуларын историятын, культуратын, фольклорун билэр-үөрэтэр, чинчийэр үлэлэрин көҕүлээһин, кэнчээри ыччакка төрөөбүт дойдуга тапталы иҥэрии, бэриниилээх буолууга иитии буолар.
Дьүүллүүр сүбэҕэ Чурапчы улууһун музейдарын координационнай сэбиэтэ үлэлээтэ. Сэбиэт быһаарыытынан С.К.Макаров аатынан Чурапчытааҕы гимназия 9-с кылааһын үөрэнээччитэ Маша Сидорова «Мин төрдүм– саха биллиилээх этнограба, фольклориһа-А.А.Саввин» диэн үлэтинэн ( салайааччы Соловьева И.С.) I-кы миэстэни ылла
,
С.А.Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатын 7-с «а» кылааһын үөрэнээччитэ Влада Оконешникова «С.С.Яковлев-Эрилик эристиин айар үлэтэ: олох уонна айымньы ситимэ» үлэнэн (салайааччы Еримеева С.И.) II –с миэстэҕэ тигистэ. Оттон И.Р.Константинов аатынан Амма орто оскуолатын 7-с кылааһын үөрэнээччитэ Юлия Кулешова «Школьный виртуальный музей Р.И.Константинова» диэн үлэтинэн (салайааччы Прокопьева Н.И.) III-с миэстэ буолла.
Улахан дьон үлэлэрин түмүгэ маннык буолла: Г.П.Башарин аатынан Сылаҥ орто оскуолатын историяҕа учуутала «Из жизни и творчества художника-самородка И.И. Сивцева-Мытыйыкы и его внука А.Т. Макарова» үлэтинэн Анна Алексеевна Макарова I-кы миэстэ, П.Н. Сокольников аатынан улуустааҕы балыыһа музейын үлэһитэ Любовь Михайловна Григорьева «А.А. Саввин о телеграмме П.Н. Сокольникова» үлэтинэн II-с миэстэ, Г.П.Башарин аатынан Сылаҥ орто оскуолатын учуутала Нюргуяна Прокопьевна Сивцева «Из истории организации летнего отдыха в Сыланском наслеге в 80-е годы» диэн үлэтинэн III -с миэстэ буоллулар.
Ону таһынан Одьулуун орто оскуолатын 10-с кылааһын үөрэнээччитэ Анита Собакина «Польза кисломолочного продукта сората в документальных источниках – в рукописе А.А.Саввина о мерах по борьбе с голодом во время ВОВ в 1941-1945 гг. и в наши дни» диэн үлэтинэн (салайааччы Саввина Л.П.) I-кы степеннээх дипломунан, С.А.Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатын 7-с г кылааһын үөрэнээччитэ Ян Лукин «Диалог культур: сэргэ и тотем»(салайааччы Семенова Н.А.) II-с степеннээх дипломунан, С.А.Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатын 10-с «а» кылааһын үөрэнээччитэ Шура Иванова «Увековечивание памяти первого профессионального врача из народа Саха П.Н. Сокольникова – символа мужества, патриотизма, интернационализма» (салайааччы Борисова М.А.) III-с степеннээх дипломунан наҕараадаланнылар.
Анал ааттар хаһаайыннарынан буоллулар:
 «Улуус легендарнай киһитин үйэтитии» – «Вера Захарова – первая якутская летчица » (по материалам школьного музея ЧСОШ им. С.А.Новгородова) үлэтинэн С.А.Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатын 8-с «а» кылааһын үөрэнээччитэ Дьулус Игнатьев;
 «Ытык киһини үйэтитии» –«Сорсуннаах булчут, үтүө киһи, хос эһэм –Денис Степанович Гермогенов» үлэтинэн И.Р.Константинов аатынан Амма орто оскуолатын 11-с кылааһын үөрэнээччитэ Маша Карпова;
 «Төрөөбүт кыраайы үөрэтии, чинчийии» – «Чурапчы сэлиэнньэтигэр суруйаччылар ааттарын үйэтитии» үлэтинэн С.К.Макаров аатынан улуустааҕы гимназия 8-с «а» кылааһын үөрэнээччитэ Уля Павлова;
 «Династиялары үйэтитии» – «Учуутал утума-хос эһэм саҕаттан» үлэтинэн И.Р.Константинов аатынан Амма орто оскуолатын 7-с кылааһын үөрэнээччитэ Нария Сысолятина;
 «Историческай чахчыны үйэтитии» – «Чурапчы педагогическай училищетын сэрии кэминээҕи выпуһа (1941-1944с.с.)» үлэнэн С.А.Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатын 8-с «а» кылааһын үөрэнээччилэрэ Сардана Макарова, Дайана Попова;
 «Былыргы үйэлэри уҥуордаан» – «Якутское седло как материальное наследие народа саха в музеях России» үлэнэн Одьулуун орто оскуолатын 10-с кылааһын үөрэнээччитэ Катя Софронова;
 «Норуот айымньытын үөрэтии» – «А.А.Саввин «Куруубай хааннаах Кулун Куллустуур» олоҥхоҕо бэлиэтээһиннэрэ» үлэтинэн С.К.Макаров аатынан улуустааҕы гимназия 8-с б кылааһын үөрэнээччитэ Ариан Собакин;
 «Кыраайы үөрэтии» – «Кыраайы үөрэтиигэ экспедиция лааҕыр оруола» үлэтинэн С.К.Макаров аатынан улуустааҕы гимназия музейын салайааччыта Л.А. Пермякова.
Бука бары кыттааччыларбытыгар махталбытын тиэрдэбит уонна инникитин даҕаны төрөөбүт түөлбэҕит историятын, кыраайы үөрэтиигэ кыттыһан, чинчийэн саргылаах санааҕыт сайда, үүнэ турдун!