Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар аналлаах «Чурапчыбыт сайдыытын 100 сыллаах былаана” оҕолорго улуустааҕы айар үлэ куонкурус БАЛАҺЫАННЬАТА
Саха Автономиятын туруулаһааччы, саха сэбиэскэй литературатын төрүттээччи, биллиилээх судаарыстыбаннай, политическай уонна уопсастыбаннай деятель Былатыан Ойуунускай 1927 сыллаахха «Сүүс сыллаах Улуу былаан» диэн айымньытын суруйбута. Айымньы сигэтэ: https://e.nlrs.ru/open/12212, https://e.nlrs.ru/open/56174. Онно 2017 сылга диэри Сахабыт сирин сайдыытын ыра санаа оҥостон олуктарынан ойуулаабыта. П.А.Ойуунускай айымньытыттан сиэттэрэн «Чурапчыбыт сайдыытын 100 сыллаах былаана» улуустааҕы куонкурус оҕо айар, суруйар дьоҕурун сайыннарар сыалтан ыытыллар. Оҕо Былатыан Ойуунускай «Сүүс сыллаах Улуу былаан» айымньытын ааҕан баран Чурапчы улууһа кэлэр 100 сыл иһигэр сайдарын ырыҥалаан, анааран көрүүтүн суруйар.
- КУОНКУРУС СЫАЛА-СОРУГА
1.1. Оҕо айымньыны ылыныытын таһымын, уратытын кэрэһэлиирин таһынан, оҕо бэйэтин санаатын сатаан итэҕэтиилээхтик сааһылаан сурук тылын таба туттан суруйар дьоҕурун көрүү;
1.2. Айар, суруйар дьоҕурдаах оҕолору көҕүлээһин;
1.3. Оҕону кэрэ эйгэҕэ сыһыарыы, иитии
2. ТЭРИЙЭР БӨЛӨХ
-
- «Чурапчы улууһа (оройуона)» муниципальнай тэриллии;
- Чурапчы улууһун үөрэҕин салалтата;
- Чурапчы улууһун культураҕа салалтата;
- А.А.Саввин аатынан Чурапчытааҕы история уонна этнография музейа.
3. ЫЫТЫЛЛАР БОЛДЬОҔО
3.1. Сайаапкалары, үлэлэри тутуу – балаһыанньа тахсыбыт күнүттэн муус устар 1 күнүттэн саҕаланар;
3.2. Үлэлэри муус устар 25 күнүгэр диэри тутабыт.
4. КУОНКУРУС УСУЛУОБУЙАТА
4.1. Куонкурска Чурапчы улууһун 5-11 кылаас үөрэнээччилэрэ 2 бөлөххө арахсан кытталлар (1 бөлөх – 5-8 кылаастар, 2 бөлөх – 9-11 кылаастар);
4.2. Өйтөн суруйуу сахалыы эбэтэр нууччалыы буолуон сөп;
4.3. Өйтөн суруйуу кээмэйэ – 1 сирэйтэн кырата суох, 3 сирэйтэн ордуга суох буолуохтаах. Буукуба кээмэйэ – 14, сириибэ – Times New Roman, строка икки арда – 1,15;
4.3. Кыттааччы үлэтин, анкетатын churmuseum@yandex.ru электроннай почтаҕа «Айар үлэ» диэн тиэмэлээн ыытар. Билсэр төлөпүөн: 89841001615 (эпп. Сахая Романовна Никонова)
Кыттааччы анкетата:
- Араспаанньата, аата, аҕатын аата.
- Үлэ аата.
- Оскуолата, кылааһа.
- Салайааччыта.
- Аадырыһа.
- Төлөпүөнэ, электроннай почтата.
4.4. Куонкуруска киирбит үлэлэр төннөрүллүбэттэр, авторство иһин толору эппиэтинэһи үлэни ыытааччы сүгэр.
5. ҮЛЭҔЭ ИРДЭБИЛЛЭР
5.1. Тиэмэни толору арыйыы;
5.2. Тыла-өһө хомоҕой, литературнай нуормаҕа эппиэттиир буолуохтаах;
5.3. Суруйуу ис хоһооно үүнэр көлүөнэни үтүөҕэ, кэрэҕэ сирдиэхтээх;
5.4. Оҕо санаатын толору этиитэ үрдүктүк сыаналанар;
5.5. Үөрэнээччи билиитэ-көрүүтэ, ырытар дьоҕура болҕомтоҕо ууруллар;
6. ТҮМҮГҮ ТАҺААРЫЫ
6.1. Кыайыылаахтары дьүүллүүр сүбэ быһаарар;
6.2. Куонкурус түмүгүнэн I, II, III миэстэ кыайыылаахтара баар буолаллар, уопсайа алта бириис олохтонор;
6.3. Биһирэммит суруйуулар электроннай форматтаах «Чурапчы сайдыытын 100 сыллаах былаана» кинигэҕэ киириэхтэрэ.
7. НАҔАРААДАЛААҺЫН
7.1. Кыайыылаахтар бириистэринэн, грамотанан наҕараадаланаллар;
7.2. Хас биирдии кыттааччыга, салайааччыга туоһу сурук туттарыллар.
Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар аналлаах
«Чурапчым инникитэ мин харахпынан”
оҕолорго улуустааҕы уруһуй куонкурсун
БАЛАҺЫАННЬАТА
Буолар кэмэ: муус устар 1 күнүттэн 25 күнүгэр диэри.
Кыттааччылар: Чурапчы улууһун 1-11 кылаас үөрэнээччилэрэ:
I бөлөх – 1-4 кылаастар;
II бөлөх – 5-8 кылаастар;
III бөлөх – 9-11 кылаастар.
Куонкурус сыала-соруга:
- оҕолорго уруһуйдуур талааннарын арыйыы;
- оҕону кэрэ эйгэҕэ сыһыарыы, иитии.
Тэрийэр бөлөх: «Чурапчы улууһа (оройуона)» муниципальнай тэриллии, Чурапчы улууһун үөрэҕин салалтата, Чурапчы улууһун культураҕа салалтата, А.А.Саввин аатынан Чурапчытааҕы история уонна этнография музейа, «Үөрүү» оҕо дьоҕурун сайыннарар киин.
Куонкурус услуобуйата:
- уруһуй улахан киһи көмөтө суох оҥоһуллуохтаах, кэтэҕэр оҕо толору аата, кылааһа, оскуолата, салайааччыта, салайааччы телефона, электроннай почтата харандааһынан суруллар;
- уруһуйдар альбом илииһигэр – А4 (210*290), А3 (420*580) формакка халыҥ илиискэ, ханнык баҕарар тиэхиньикэнэн (масло, акварель, тушь, өҥнөөх харандаас, миэллэр уо.д.а.) толоруллар;
- куонкуруска кыттааччы биир ойууну киллэрэр;
- куонкуруска киирбит матырыйааллар төннөрүллүбэттэр;
- куонкурус түмүгүнэн бөлөҕүн аайы I, II, III миэстэлэр, биһирэбил үлэлэр ананаллар.
Дьүүллүүр сүбэ сыаналыыр көрүҥнэрэ:
- үлэ ис хоһооно, тиэмэтин арыйыыта, сонуннук таба көрүү (оригинальность), саҥалыы айыы, уус-уран ойуулааһын таһыма сыаналанар
Наҕараадалааһын:
- кыайыылаахтар бириистэринэн, грамотанан наҕараадаланаллар;
- хас биирдии кыттааччыга, салайааччыга туоһу сурук туттарыллар;
- биһирэммит үлэлэр электроннай форматтаах «Чурапчы сайдыытын 100 сыллаах былаана» кинигэҕэ киириэхтэрэ;
- күрэх түмүгэ churmuseum.ru сайтыгар тахсыа.
Билсэр төлөпүөн: 89841001615 (эпп. Сахая Романовна Никонова)