Улууспут историятыттан кэрчиктэр.
Улууспут историятын быһыта-орута да буоллар анааран,
инникини түстээбит көлүөнэни кэриэстээн ааһыаҕыҥ.
Кыргыс үйэтэ
Чурапчы улууһа үөскүөн иннинэ с. Урукку Боотурускай улуус олус киэҥ сири хабара. Ол курдук, 17-с үйэ5э Алаҕар, икки Сылан, биэс Хатылы, Одьулуун-Хатылы, Төлөй, икки Хадаар, Чакыр, Болугур, Хайахсыт нэһилиэктэрэ киирэллэрэ Иван Галкин диэн Енисей атамааныттан саҕаламмыт Н.Бекетов дьаһааҕын кинигэтигэр Боотурускай улуус Сылан, Чакыр, Хадаар Алаҕар, Бахсы нэһилиэктэринэн ахтыллар. .
17-с үйэҕэ Боотурускай сахалара Амма Таатта үрэхтэринэн сүөһүнэн, сылгынан байан-тайан олорбуттара .Кыргыс үйэтин саҕана Дыгын сэриитин төттөрү үүрэр Ураанай Боотур, Батас Мөндүкээн диэн куустээх баатырдар бааллара . Хатылы, Сылан, Бахсы кинээстэрэ Дыгыны кытта тэҥҥэ аахсар күүстээх бөлөҕү (кланы) үөскэппиттэрэ., Нууччалар кэлиилэригэр кинилэртэн сорохторо эстибиттэрэ. Холобур,үһүйээннэргэ кэпсэнэринэн,1632 с. Бахсы кинээһэ Түһүгэ Чүүчэйэп уолунаан Түһүгэ Ойууннуун иккитэ дьаһаахтан аккаастаммыттарын , Мэҥэ, Нөөрүктээйи, Наахара баатырдара Копылов диэн атаман салалтатынан бары бииргэ саба түһэннэр кэлэн күүстэринэн халаан-талаан барбыттар, ол иһин буолуон сөп, 1648 с. дьаһаах Бахсы буолаһа ахтыллыбатах .
Христианство
1730 сылтан саҕалаан күүс өттүнэн уонна атын араас ньымалары туттан сахалары сүрэхтээһин, таҥара дьиэлэрин тутуу саҕаламмыта.. Бастакы таҥара дьиэтэ Аммаҕа 1745 с., 1847 с. Ытык Күөлгэ Преображенскай , ,Чурапчыга 1848 с Вознесенскай таҥара дьиэлрээ, 1854 с. Арыылаахха часовня тутуллубуттара. Ити тутуулар барылара нэһилиэнньэ күүһүнэн, сэниэ ыаллар кылааттарынан тутуллубуттара. Чурапчыга саҥа таҥара дьиэтин мэлиэбэнэ 1899 с. Бэс ыйын 12 кунүгэр буолбута.Бу манна ыалдьыттар ортолоругар В.В.Никифоров,саҥа үөрэҕин бүтэрэн кэлбит П.Н.Сокольников бааллара
2010 с. патриарх Кирилл уонна Президеммит Е.А.Борисов Нуучча Православнай Таҥара Дьиэтин уонна Саха Республикатын икки ардыларыгар хардарыта үлэлэһии Сөбүлэҥин түһэрсибиттэрэ. Ити Сөбүлэҥ бастакы улахан дьаһалынан тыл үөрэхтээҕэ,учуонай, этнограф, географ Саха сирин архиерейэ Святитель Иннокентий суруйууларын сэттэ томнаах хомуурунньугун Москваҕа бчээттээн таһаарыы буолбута.
2012 с. Сэтинньи 25 күнүгэр, Москваҕа Христос Спаситель Храмыгар Саха республикатын күннэригэр Патриарх Кирилл салайыытынан, Илин Сибиир архиерейдэрин , Егор Афанасьевич салайааччылаах делегация кыттыылаах Саха сирин туһугар литургия аан бастакытын сахалыы тылынан буолбута.
Сыылынайдар
19-с үйэ иккис аҥарыттан Боотурускай улууска сыылынайдары ыытыы күүһүрбүтэ. Элбэх политическай сыылынайдар, государственнай преступниктар кэлбиттэрэ . 1871 с- 32 Польшаҕа бастаанньа кыттыылаахтара Алаҕарга, Төлөйгө, Хатылыга, кэлбиттэрэ. Бастакынан Чурапчыга кэлбит судаарыскайдарынан Загибалов, Шаганов буолбуттара. Тютчев, Шаганов Воронин, Коган-Бернштейн, В.Э.Кизер, у.да олорбуттара. Кинилэр сир оҥоруутунан дьарыктаналлара, Шаганов бэйэтин кинигэлэринэн,( ол иһигэр К.Маркс «Капитала”) улууска бастакы библиотеканы аспыта, кини бачыымын атын политссыылынайдар батыспыттара.
Ордук элбэхтик уголовниктары ыыталлара.1883с. сыылынайдар 675 –кэ тиийбитэ.Бу дьону сиринэн, ходуһанан, үбүнэн хааччыйыы барыта олохтоохтор үрдүлэринэн барбыта. Бу сыл бэс ыйын 21 күнүгэр Боотурускай улуус кулубата Егор Дмитриевич Николаев Александр III коронациятыгар делегация састаабыгар барсан, ис дьыала министригэр Д.А.Толстойга сурук туттарбыта. Кини бу суругар Саха уобалаһыгар уголовнай сыылынайдары ыытыыны тохтотууну туруорсубута. Бу кэнниттэн биэс сыл буолан баран министрдэр комитеттара холуобунай буруйдаахтары ыытыыны хааччахтыыр туһунан быһаарыы таһаарбыта . Сорох сыылынайдар чуумпутук олорон, бурдук ыһыытынан дьарыктаммыттара , олохтоохтору үөрэппиттэрэ. 4-сХатылы нэһилиэгэр Кустаревскай оҕолору ааҕарга үөрэппитэ
1888 с. 125 аттакылар ( скопецтар) кэлэн Чурапчы күөлүн үрдүгэр сир ыланнар олохсуйбуттара.Икки сыл буолан баран сирин үүнүүтэ мөлтөҕүнэн, губернатортан көрдөһөннөр, Мархаҕа көһүтэлээбиттэрэ. 1897 с. кинилэр оннуларыгар Пермтэн сектаннары аҕалбыттара. Биир сыл буолан баран, эмиэ сирдэрин сирэннэр, Тулагыга көһөрүллүбүттэрэ.
1890 с. Чурапчыга 10 , 1904 с. 16 судаарыскайдар олорбуттара. Социал-демократтар: Н.Мещеряков, Е.Решетов, М.Душкан, Б.Цейтлин, А.Гинзбург, Т.Болошов кыттыыларынан “Вестник ссылки”, эсердэр кыттыылаах “Летучий листок”, кистэлэҥ сурунааллары бэчээттээбиттэрэ.
Боотурускай улууһун араартааһын
XVIII-c үйэ бүтүүтүгэр Боотурускай улууһа 31,5 тыһ. киһилээх 31 нэһилиэктээх киэҥ сири хабар улуус этэ. Ити кэмтэн ыла улууһу араарар туһунан боппуруос турбута. 11 сыл устата барбыт мөккүөрдэр кэннилэриттэн 1901 с. Бэс ыйын 12 күнүгэр 10 Амма нэһилиэктэрэ мунньахтарын быһаарыытын губернаторга ыыппыттара. Сыл бүтүөр диэри аммалар үс суругу ыыппыттара. Ордук 1-кы Чакыр нэһилиэгин чаччыыната Афанасий Петрович Рязанскай суруга быһаарар оруолу ылбыта.Сурук сүрүн ис хоһооно маннык буолбута:
1 Боотурускай улууһа олус киэҥ сири хабарынан, салайыыга уустуктары үөскэтэр
2 Улууска мунньахтар сөптөөх куорума суох ыытыллаллар
3 Нэһилиэктэр ахсааннара сылтан сыл элбээн иһэллэр
4 Таатта, Амма сүнньүнэн олорор нэһилиэктэр саас, сайын киини кытта сибээстэрэ мөлтүүр
5 Улуус кулубалара сүнньүнэн арҕаа нэһилиэктэртэн талыллыылара нэһилиэктэр, улуус сайдыытыгар дьайар
Элбэх үөрэтии, мөккүөр кэнниттэн1902с ахсынньы 3 күнүгэр 11 нэһилиэк итэҕэллээҕэ Михаил Степанович Шеломов губернаторга улууһу үс улууска араарарга , Амма сүнньүн барытын биир улуус оҥорботу ыйбыта. Ити кэнниттэн А.П. Рязанскай улууһу икки улууска араарары туруорсан түөртэ сурук ыытар.
Боппуруос сирин кыраныыссалара чуолкайдык ыйыллыбатаҕынан уһаары гыммытыгар, Григорий Ванифатьевич Слепцов, Иван Елисеевич Кулаковскай 1905 с. от ыйын 25 к. Иркутскайга генерал-губернаторыгар улууһу икки улууска, ол иһигэр Тааттаны Боотурускай улуус састаабыгар хаалларары туруорсар суругу суруйаллар.
1904 с. уокурук суута Д.. И.Меликов Сенакка суругун кэнниттэн 4 сыл буолан баран, 1909 с. боппуруоһу тохтотор туһунан Иркутскай генерал- губернаторын Укааһа тахсыбыта. Ити кэнниттэн нэһилиэк старосталарын туруорсууларынан ,Саха уобалаһын дьаһалтатын быһаарыытынан 1911 с. сэтинньи 12 к.туспа Амма улууһа тэриллибитэ.Онтон 1912 сыл ахсынньы 18 к. Таатта уонна Боотурускай (Чурапчы) улуустара тэриллибиттэрэ. Амма эбэ быйаҥнаах ходуһалара үс улууһунан үллэһиллибиттэрэ.
1912 с. Боотурускай улуус кулубатынан Алаҕар нэһилиэгин кинээһэ Михаил Степанович Шеломов талыллыбыта. М.С.Шеломов 6 сыл улууһу салайбыт кэмигэр ыһыы сирин кэҥэппитэ, күөллэри куурдан ходуһа сирдэрин таһаарбыта, сылгы төбөтун уксэппитэ. Романовтар династияларын 300 сылыгар үрүҥ көмүс мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Хомойуох иһин , 1930 с ыам ыйын 26 к. Соловки лааҕырыгар сырдык тыына быстыбыта.
1916 с. кулубанан Дмитрий Павлович Сивцев- Сыллыкы-IV Хатылы ( Мырыла) талыллан 1918 с.диэри үлэлээбитэ…
Олунньутааҕы революция
Олунньутааҕы революция кыайан, ыраахтааҕы былааһа сууллубутун туһунан сураҕы Чурапчыга кулун тутар саҥатыгар истибиттэрэ. Муус устар 30 күнүгэр Н.Д.Субуруускай Мырылаттан тахсан нэһилиэктэртэн батараактары мунньан , политсыылынайдар Едлин, Конопляницын, Бартенев, Сергей Сокольников кыттыыларынан 150 киһилээх мунньаҕы ыытан, Обществоҕа куттал суох буолуутун комитетын тэрийбиттэрэ. Председателинэн учуутал Кирилл Петрович Захаровы талбыттара.
Бэс ыйыгар улууска сир түҥэтиитин боппуруоһугар сьезд буолбута.Дакылааты Семен Андреевич Новгородов оҥорбута.Мунньах улахан мөккүөрдээхтик, быһаарыыта суох түмүктэммитэ.Таҥара дьиэлэрэ бас билэр сирдэрин дьадаҥылар бэйэлэрин икки ардыларыгар үллэстибиттэрэ.
Советскай былаас
1918 с. От ыйын 1 күнүгэр Дьокуускайга А.С.Рыдзинскай этэрээтэ советскай былааһы олохтообута.Чурапчыга от ыйын 20 к. Г.Шергин кыра этэрээтэ саҥа былааһы олохтообутунан барбыта.Атырдьах ыйыгар Боотурускай улуус комиссарынан фельдшер Бартенев талыллыбыта.
Сэбиэскэй былаас Дьокуускайга уһаабатаҕа, кыһыллар Охотскай диэки барбыттара. Улуус милициятын начальнига И.Я. Едлин 16-18 киһилээх этэрээтэ сылаҥҥа Сыҥаһалаах күөлүн таһыгар Н.И. Снитько этэрээтигэр тоһууру оҥорон, Слюневсай диэн кыһыл байыаһы өлөрөн, атыттары билиэн ылан Дьокуускайга утаарбыттара.
1919 Ахсынньы 15 күнүгэр Колчак режима суулларыллыбыта Олунньуга Щербань диэн политссыльнай көҕүлээһһининэн Н.Д.Субуруускай салалтатынан улуус ревкома тэриллибитэ. 1920 с. олунньутугар , бары нэһилиэктэргэ сэбиэттэр быыбардаммыттара. Кулун тутарга улуус сэбиэтигэр бэрэстээтэлинэн С.С.Солбакин, чилиэннэринэн А.А.Саввин, Н.В.Попов, С.С.Яковлев: Эрилик Эристиин Д.С. Ефремов талыллыбыттара. Тойоттор-Шеломов, Иннокентьев, Куприянов, Макаров, Попов, Оконешников тутуллубуттара.
Ол гынан баран, баайдар сир үчүгэйин бас билэллэрэ,, улууһу көлөнөн,бородууктанан, табаарынан хааччыйа, оскуола, балыыһа үлэтигэр көмөлөһө олорбуттара.
1921 с. олунньу 2 күнүттэн биэс күн устата биэс улуус дьадаҥыларын конференцията буолан дьон-сэргэ саҥа уларыйыыларга көҕүн үрдэппитэ
Бу сыл муус устар 7-тэн 10 күн устата иккис 10 улуус дьадаҥыларын конференцията буолбута. Бу конференцияҕа ВЦИК чилиэнэ М.К.Аммосов нөҥүө В.И.Ленинтэн телеграмма кэлбитэ.
«Раскрепощенные от царистского унижения, освобождающиеся от кабалы тойонов, якутские трудящиеся массы пробуждаются и с помощью русских рабочих и крестьян выйдут на путь полного укрепления власти самих трудящихся»
Олохтоох нэһилиэнньэ саҥа уларыйыылары сымнаҕастык көрсүбүтэ. Ол гынан баран киинтэн кэлэр дьаһаллар сотору дьон санаатын уларыппыттара. Кулаактары куоластыыр бырааптарын быһыы, интеллигенцияны сойуолаһыы,көмүс хостооһунугар көлүүр аты хомуйуу, от үлэтин саҕана дьону көмүс бириискэлэригэр үлэҕэ ыҥырыы- бу барыта норуоту саҥа былааһы утары турарыгар төрүөт буолбута.
Гражданскай сэрии
Бу сыл күһүнүгэр В.А.Коробейников этэрээтэ Чурапчыга чугаһаабыта. Үрүҥнэргэ күрээбит дьоннор кэргэттэрин тутуу-хабыы саҕаламмыта.Алтынньы 20 күнүгэр Нуотараҕа кыһыл разведчиктар тоһуурга түбэспиттэрэ. Сулҕаччыга үрүҥнэр этэрээттэрэ баар буолбута. Маннык балаһыанньаҕа Тааттаҕа 22 киһилээх, Чурапчыга Н.Д.Крившапкин- Субуруускай салалтатынан 21 киһилээх Кыһыл дружина тэриллибитэ.
5-с армия командирын бирикээһинэн ,үрүҥнэргэ көмөлөспүт дьону, буруйа да суохтары тутан өлөртөөһүн- репрессия саҕаламмыта. Ити хардатыгар үрүҥнэр террордара саҕаламмыта. Чурапчы хотуттан кытта тутан аҕалан дьону накаастыыр сиргэ кубулуйбута.
1922 c кулун тутар 12 к Чурапчыга үрүҥнэр былаастара олохтоммута. Большевиктары утары программалаах дьааҥыттан төрүттээх Георгий Семенович Ефимов бэрэстээтэллээх Саха уобалаһын временнэй дьаһалтата (ВЯОНУ) олохтоммута. Бу саҥа былаас нэһилиэнньэттэн улахан нолуогу харчынан уонна сүөһүнэн, аһынан хомууру оҥорбута.Бу былаас уһаабатаҕа, от ыйын 5 күнүгэр Ракитянскай этэрээттэрэ Чурапчыга кэлбиттэрэ.
Илинтэн Пепеляев генерал армията кимэн иһэринэн сибээстээн,Чурапчыга Е.И.Курашов этэрээтэ кэлэн Чурапчыны ылбыта, онон ити армия Чурапчыга кэлиитэ тохтотуллубута.
Гражданскай сэрии кэмигэр ханнык сэрии кэлэн ааһарынан, олохтоохтор аһынан, көлөнөн, хонук дьиэнэн-уотунан хааччыйыахтаахтара . Дьон хайа да былааска итэҕэйиэхтэрин билбэт буолбуттара.
1922 с. Муус устар 27 к. Улуу дьоммут П.А.Ойуунускай, М.К.Аммосов, Исидор Барахов туруорсууларынан ВЦИК Саха сирин Автономнай республиканан биллэрбитэ.
Коробейников куоппутун кэннэ, ыам ыйын бүтүүтэ Чурапчыга Семенов атамаан «Оһуобай сорудаҕын” толорор, ВЯОНУ-га бас бэриммэт, Иркутскайга, Забайкальеҕа кырыктааҕынан биллибит полковник Дуганов этэрээтэ кэлбитэ. Бэс ыйын 21 к. Намҥа Никольскайдааҕы кыргыһыыга кыһыллар кыайбыттарын истээт, үрүҥнэр штабтара уонна ВЯОНУ Тааттанан, Амманан куоппуттара. Чурапчыга былааһы Дуганов ылбыта. Куотан барыахтарын иннинэ ,от ыйын 1 күнүгэр улууспут историятыгар «Колотушка” диэн аатынан киирбит кырыктаах дьыалалара буолбута. Хаайылла сытар 17 киһини тыаҕа таһааран баалкынан сынньан өлөрбүттэрэ. Манна сөп буолбаккалар, саҥа балыыһаны , оскуола икки дьиэтин, биэссэр дьиэтин, баанньыгы, балыыһа ампаарын уоттаабыттара. Уус –Алдан Дүпсүнүн босхолоон Чурапчыга иһэр В.Ракитянскай этэрээтэАара тардыллан, От ыйын 5 күнүгэр, хойутаан кэлбитэ.
1924-1926 сылларга улуус Исполкомун бэрэстээтэлинэн Н.П.Павлов, Н.Д.Субуруускай талыллан саҥа, эйэлээх олох саҕаламмыта.
Аҕа дойду сэриитэ
1941 с. Бэс ыйын 22 күнүгэр сарсыарда Дьокуускайга телеграф үлэһиттэрин үлэлэригэр ыҥыртаабыттара, Иркутскайтан аһаҕас тексинэн сэрии саҕаламмытын туһунан шифровка кэлбитэ. Миэстэлэргэ репродуктордарга Тас дьыала наркомун председателэ В.М. Молотов этиитин холбооһуну тэрийиҥ диэн сорудахтаабыттара.
Чурапчыга бу кэмҥэ иккис күнүн ыһыах буола турара.Мустубут дьоҥҥо Иһитиннэриини партия оройуоннааҕы комитетын бастакы секретара Яков Белолюбскай оҥорбута.Эдэрдэр трибунаҕа тахсан уоттах-күөстээх, кыһыы-аба тылларын этэн фроҥҥа барар баҕа санааларын биллэрбиттэрэ.Ити долгутуулаах иһитиннэрии кэнниттэн дьоннор уку-сакы буолан, тарҕаспыттара.
От ыйын 30 күнүгэр бастакы хомуурга барбыт 13 эдэр дьон Майа военкоматыттан барбыттара.
1941 с. барыта 6 төгүл призыв барбыта, саамай улахан призыв 1942 Бэс ыйын 20- 22 к. буолбута.Барыта 533 киһи барбыта.
Улууспутуттан барыта сэрии сылларын устата 2124 фроҥҥа ыҥырыллыбытыттан коммуниһа 53, комсомолеһа 336 . тыыннаах эргиллибитэ.967 киһи. Биһиги биир дойдулаахтарбыт сэрии бары фроннарыгар кыргыспыттара, Европа дойдуларыгар эйэлээх олоҕу төнүннэрбиттэрэ.
Сталинграды көмүскүүр кыргыһыыга Алаҕартан учуутал, артиллерист Г.Д.Протодьяконов геройдуу кыргыспыта.
36 биир дойдулаахпыт Москва анныгар, Ленинграды туһугар-36, 45 – Сталинградка кыргыһыыга тыннарын толук уурбуттара,
Биһиги киэн туттабыт биэс бойобуой орденнаах С.Д.Флегонтовынан, үстүү орденнаах И.И.Марковынан, И.П.Марковынан, Г.И. Поповунан, С.А.Кузьминынан, Кыһыл знамя орденнаах С.Е.Аммосовынан, Е.Д.Догордуровынан, М.Г.Тарабукинынан;, Дм. Титович Брыскаевынан, Вера Кирилловна . Захарованан у д.а.
!945 с. Бэс ыйын 24 к. Москваҕа Кыайыы парадыгар 14 саха сириттэн буойун кыттыбыттара, кинилэр ортолоругар Хадаартан төрүттээх Аҕа дойду улуу сэриитин II-с степеннээх орден, элбэх мэтээл хаһаайына Диодоров Иван Николаевич кыттыбыта.
1942-1944 сс.Хоту көһөрүллүү
Чурапчыбытыгар улахан курааннар 1939 сылтан саҕаланан, 1942 сыллаахха ордук өрө турбута. Хааппыла да ардах түспэккэ, аһыҥа бүрүүкээбитэ, от-мас хаппыта. Колхозтар дьоннорун атын оройуоннарга оттото ыытарга күһэллибиттэрэ .Салалта иннигэр сүөһүнү хайдах сыл таһаарар, дьону аччыктааһынтан быыһыыр сорук турбута.
1942с. тохсунньу 6 к. Партия КК « Сибиир уонна уһук Илин күөллэригэр балык бултааһынын сайыннарыы туһунан» Уурааҕа тахсыбыта. Бу Уураах сүнньүнэн САССР-га 5907 дьон (спецпереселенецтэр) көскө кэлбиттэрэ . 367 эдэр доброволецтар, 1445 колхозтаахтар балык бултааһыныгар ыытыллыбыттара. Бу сыл Атырдьах ыйын 11 к. Партия Саха сиринээҕи обкома « Чурапчы оройуонун колхозтарыгар дьаһал туһунан” Уураах таһаарар . Бу Уураахха Чурапчы 40 колхоһун хаһаайыстыбаларын балык бултааһыныгар уларытыы туһунан ыйыллыбыта. Боротокуолга көстөрүнэн, Чурапчыттан партия райкомун бастакы секретара Я.Д.Белолюбскай да, исполком бэрэстээтэлэ Н.Н.Барашков да кыттыыны ылбатахтара, онон, нэһилиэнньэ үлэни кыайар эрэ өттүн ыытар туһунан туруорсуу ылыныллыбатаҕа.
Нэһилиэктэринэн боломуочунайдар, милициялар, кими да утары саҥардыбакка, оҕотуттан кырдьаҕаһыгар тиийэ үс кун иһигэр 16 ЭРЭ КИИЛЭ ТАҺАГАСТААХ КҮҮС.ӨТТҮНЭН КӨҺӨРҮҮ САҔАЛАММЫТА . Аймалҕан, иэдээн саҕаламмыта.Балаҕ ан ыйын 5-6 күннэригэр Бэстээххэ 5318 киһи, 2904 сүөһү аһаҕас халлаан анныгар 26 күн кэлиэхтээх борокуоту. баржаны кэтэспиттэрэ. Ыарыы, өлүү-сүтүү манна саҕаламмыта Борокуот кэлбэтэгэ, сүөһүлүүн-дьоннуун, таһаҕастыын бары баржаҕа аһаҕас халлаан анныгар устубуттара. Тиийиэхтээх сирдэригэр Кэбээйигэ. 18 колхоз сүөкэнэн 10 хонукка эмиэ аһаҕас халлаан анныгар уот оттунан кэтэһии , өлүү-сүтүү манна эмиэ саҕаламмыта , онтон тиийиэхтээх сирдэригэр уонча көс тайҕаны солоон тиийэн, олорор сир, хотон тутуутугар түһүммүттэрэ.
Эдьигээҥҥэ тиийбиттэргэ эмиэ маннык балаһыанньа буолбута. Булуннар арыыйда тэрээһиннээхтик көрсүбүттэрэ.
Кэбээйигэ Чурапчыттан 18 артыал балыктаабыта. Дьахталлары хабан туран, 984 киьи балыккка сылдьыбыта. Олорор сирдэриттэн тэйиччи, балааккаҕа хоно сылдьан аччык аҥардаах үлэлээтэллэр да,1942 сыл төрдүс кварталыгар 702 центнер балыгы бултаабыттара да, бытархай буолан, бөдөҥүн эрэ туппуттара, Маныаха эбии 140 эр дьон үлэни кыайар-хотор өттүлэрин армияҕа ылбыттара.Усулуобуйа мөлтөҕүттэн 439 колхозтаах суорума суолламыта, 188 оҕо тулаайах , 279 тулаайах аҥардаах хаалбыта, 152 үлэни кыайбат кырдьаҕастар .Сорох оҕолору интернакка, детдомҥа ылбыттара. Эдьигээҥҥэ тиийбиттэргэ балыктыыр тэрилинэн, көмө баара да, балык аҕыйах этэ.
Балык иккис кварталга биэс төгүл дэлэйбитэ . Ахсынньы ыйга сорох сирдэргэ былаан туолбакка, чүмэчинэн сырдатынан үлэлээбиттэрэ. Эдьигээҥҥэ 1943с. балык икки төгүл элбээбитэ.Булуҥҥа 17 колхоз , сөптөөхтүк быһаарынан, олохтоохтордуун кыттыһан, 1947 с. диэри үлэлээбиттэрэ.. Балык бултааһынын таһынан биир дойдулаахтарбыт тутууга, куруус, почта таһыытыгар, сүөһү көрүүтүгэр үлэлээбиттэрэ.960 оскуола саастаах оҕоттон үгүс оҕо араас биричиинэнэн, пай ылар туһуттан, үлэлээри, ыарыһах аймахтарын көрөөрү. үөрэммэтэҕэ : Бэйэлэрэ ыалдьар буоланнар. Тыыннарын күрэтэн,103 хаһаайыстыба, 188 киһи дойдуларыгар, оройуон киинигэр күрээбиттэрэ.
1942 с. Кыһыныгар рыбтрест начальнига В.П.Харитонов туруорсуутунан правительственнай комиссия тэриллибитэ.1943с атырдьах ыйын31 к. САССР совнаркомун”Об экстренных мерах по организации хозяйственного заселения колхозов. Переселенных в Кобяйский район” уурааҕа тахсыбыта. Бу Уураахтан сиэттэрэн Чурапчы колхозтарын дойдуларыгар төттөрү көһөллөрүн көҥүллээһин саҕаламмыта.
1991 с тохсунньу 29 к. РСФСР компартиятын Саха Өрөспүүбүлүкэтээҕи кэмитиэтин бюротун Чурапчыттан А.Д.Захаров, Е.А.Борисов кыттыылаах сабыылаах мунньаҕар « 1942 с. чурапчылар күүс өттүнэн көһөрүллүбүттэрэ диэн анал хамыыһыйа түмүк иһитиннэриитин оччолорого Чурапчы райсоветын бэрэстээтэлэ Егор Афанасьевич Борисов оҥорбута.
Бу мунньаҕы Ю.Н.Прокопьев салайан ыыппыт.
Компартия республикатааҕы комитете 1942 сыллаҕы уураах сыыһа дьаһал буоларынан биллэрбитэ. Уурааҕы көтүртэриигэ үлэлэспит иккис киһинэн партия райкомун иккис сэкиритээрэ Агафья Семеновна Птицына буолбута. Кини салалтатынан ханнык баҕарар боппуруостарга эппиэттиир үгүс матырыйаал хомуллубута. Бастакынан Хоту көһөрүллүү эрэйин-муҥун туһунан киэҥ билиигэ таһаарбыттара Гаврил Дмитриевич Ефимов, Афанасий Данилович Захаров, Егор Прокопьевич Коркин, Семен Алексевич Собакин, Иван Петрович Оконешников- Хочуон, Прокопий Петрович Флегонтов, Степан Алексеевич Попова, Иван Михайлович Павлов, Дмитрий Павлович Чечебутов , о.д.а. күүс-көмө буолбуттара.
Күүс өттүнэн көһөрүү улууспут сайдыытын таҥнары тардыбыта-1 939 c нэһилиэнньэ ахсаана 17000 эбит буоллаҕына,1943 с 7934- кэ түспүтэ, 50191 сүөһү уонна сылгы ахсааныттан 13771 хаалбыта.
Бу маннык сыыһа дьаһал хаһан да хатыламматын түһүгар, 1992 с Д.П. Чечебутов салайыытынан «Көһөрүллүү” музейа тэриллибитэ, художник В.Н.Дьячковскай салайыытынан мемориал аһыллыбыта. Инициативнай бөлөх көмөтүнэн кинигэлэр тахсыбыттара.
Общественнай хамсааьын
Улууспут историятыгар общественнай хамсааһын сүрүн миэстэни ылар
19-с уйэ бутуутэ улууска, уобаласка эрэ буолбакка, Сибииргэ биллибит общественнай деятелинэн улуус кулубата Егор Дмитриевич Николаев буолбута.Кини кеҕулээьининэн улууска 1900 с. саҕана арыгыны утары общество тэриллибитэ. Нуучча бастакы революциятын кэнниттэн эргэ олоҕу кемускэһээччинэн Алаҕар кулубата М.С.Шеломов буолбута. Эсердар хамсааьыннарын өйөөбуттэрэ учуутал Е.М.Егасов, С.С.Собакин.Олунньутааҕы революция кэннинээҕи общество олоҕо анархист Е.Я.Едлин, федералистар Е.М.Егасов, С.А. Новгородов, социал-демократтар Д.И.Бартенев, С.А.Сокольников, бэйэлэрин санааларын булуна илик Н.Д.Кривошапкигн, Эрилик Эристин тула барбыта.
1917 с. Дьокуускайтан Тааттаҕа ааһан иһэн П.А.Ойунскай, Н.Д.Субуруускайга, С.А.Сокольниковка «Дьадаҥылар сойуустарын» тэринэллэригэр субэлээбитэ
Эсердэр , федералистар земствоны олохтуурга,сири дууьанан улэстиини туруорсубуттара.
«Холбоһук» диэн түмсүү тэриммиттэрэ. 1920 с. исполком председателинэн эсер С.С.Собакин талылларын ситиспиттэрэ. Сотору буолаат , кини ыалдьан олохтон туораабыта. 1920 с. Бэс ыйын 18 к. Дьокуускайдаагы улуус ревкомун састаабыгар Н.Д.Субуруускайы, С.С.Яковлевы киллэрбиттэрэ. Оттон муус устар 18 кунугэр М.К.Аммосов Иркутскайтан дьаьалынан РКСМ тэриллэн, Чурапчыга секретарынан Н.В.Дьячковскай улэтин саҕалаабыта.
1921 с. Губревкомтан С.В.Васильев Чурапчыга кэлэ сылдьан Боотурускай улууьугар бастакы РКП(б) ячейкатын мунньагын ыыппыта. Бастакы коммунистарынан буолбуттара: Н.Д.Кривошапкин-Субуруускай- секретарь. Георгий Кононович Беляев, Д.Н.Дьячковскай уонна биэс кандидат. Коммунистар уонна комсомолецтар иннилэригэр саҥа олоҕу тутуу улахан, чэпчэкитэ суох соруктара турбуттара.Сүрүн боппуруоһунан сири дууһанан үллэрии буолбута. Гражданскай сэрии кэмигэр быстах кэмҥэ коммунистар , комсомолецтар үлэлэрэ тохтуу сылдьыбыта. Субурууускай тэрийбит Кыһыл дружината Саһыл Сыһыыга. Курашов этэрээтигэр сылдьыбыттара.
В.И.Ленин өлбүт күнугэр- 1924 с. Тохсунньу 24 -гэр коммунистар, комсомолецтар аһаҕас мунньахтарыгар В.И.Лениҥҥэ памятника харчы хомуйарга быһаарбыттара. Бу сыл. Кулун тутар 8 күнүгэр улууска бастакы дьахталлар уопсай мунньахтара буолбута. Дьахталлар республикатааҕы сьезтэригэр үс делегат талыллыбыта:Кузьмина, Беляева. Дьячковская.
1929-1930 сс. сир туһунан боппуруос саҥаттан күөдьүйбүтэ. Коллективнай хаһыаайыстыбалары тэрийии- сүрүн боппуруос буолбута, артыаллар табаарыстыбалар тэриллибиттэрэ.
Партия ыытар политикатын тарҕатар сыаллаах 1931 с. «Социализм суола» хаһыат типографията үлэтин саҕалаабыта. 1932 с. МТС, почта, телеграф, радио гидрометеостанция баар буолбуттара.. Куоракка салайар улэьиттэри бэлэмниир семинардарга, курстарга үөрэтии саҕаламмыта
Дьон өй-санаа өттүнэн өрө көтөҕүллүүлэрин кэмигэр саҥа олоҕу тутууну салайбыт дьоммут: Н.Д. Субуруускай, Н.В.Дьячковскай тутуллан хаайыллыылара эмиэ сэрэхэдийиини үөскэппитэ.
Сэрии сылларыгар нэһилиэнньэ оҕотуттан оҕонньоругар тиийэ бары күүстэрин ууран туран Кыайыы туһугар үлэлээбиттэрэ, үбүнэн-харчынан, үрүҥ көмүһүнэн фондаҕа кыттыспыттара. Дьахталлар эр киһи үлэтин үлэлээбиттэрэ, эдэр кыргыттар трактор- комбайн уруулугар олорбуттара, от мунньуутугар, бурдук үүннэриитигэр үрдүк көрдөрүүлэри ситиспиттэрэ
1947 с. оройуон салалтатыгар атын улуустан ыытыллыбыт кандидаттар талыллыбатахтарын иһин партия оройуоннааҕы комитетын иккис секретара Д.Ф.Дьячковскай партиятыттан уһуллубута.
1951 с. «Правда» хаһыат ахсынньы 10 к. нүөмэригэр С.Борисов,А.Сурков,Л.Климович « За правильное освещение истории якутской литературы» диэн ыстатыйалара тахсыаҕыттан бБиир дойдулаахпыт Г.П.Башарины « Три якутских писателя- реалиста» диэн кинигэтинэн эккирэтиһии саҕаламмыта.
Дойду экономиката, культурата сайдыбыта.Колхозтаахтар дохуоттара үрдээбитэ, саҥа тутуулар дьэндэйбиттэрэ, бородууксуйа государствоҕа атыыланар сыаната үрдээбитэ. Сталин культличноһын туһунан партия быһаарыытын улуус нэһилиэнньэтэ болҕойон кэтээбитэ.
Партия Киин Комитетыттан саҕалаан оҥорон таһаарыыны үрдэтэр туһуттан , 60-с сыллардаахха кэккэ сыыһа дьаһаллар ыытыллыбыттара.Ол курдук, колхозтары бөдөҥсүтүү, оройуоннары холбоон управление оҥоруу оройуон экономикатын мөлтөппүтэ. Бу реформалар 1964 с. көннөрүллүбүттэрэ. Бу маннык алҕастар кэннилэриттэн дьон партия дьаһалларыгар ураты болҕомтону уурар буолбуттара.
Саха классик үс суруйааччыларыгар сыһыан, Г.П.Башарины эккирэтиһии, тыа хаһаайыстыбатыгар республика салалтатын өттүттэн тахсар алҕастары нэһилиэнньэ сөбүлээбэтэ ордук 1965 с. Тохсунньу 28 күнүгэр буолбут оройуон партийнай конференциятыгар көстүбүтэ. Бу конференцияҕа кистэлэҥ куоластааһыҥҥа партия райкомун бастакы секретарынан үөһэттэн туруоруллубут кандидатураны куолаһынан баһыйан, Егор Михайлович Филиппов талыллыбыта.
Обком салалтата, С.З.Борисов пленум саҥа састаабын мунньаҕын ыытары көҥүллээбэтэҕэр, Пленум чилиэннэрэ: Г.Д.Ефимов, Р.Х.Кривошапкин, П.П.Дьячковскай Партия Киин Комитетыгар, Л.И.Брежневка сурук суруйбуттара. Телеграмманы тутаат партия КК секретара П.Н. Демичев пленуму ыыттарарга сорудахтаабыта, ол да үрдүнэн С.З.Борисов бэйэтин кандидатуратын туруорсарга биэс обком бюротун чилиэнин ыыппыта. Куолас баһыйан I-кы секретарынан Е.М.Филиппов, II-с секретарынан, И.П.Листиков, секретарынан Д.Д.Дьячковская талыллыбыттара. Бу конференция үлэтин түмүгүн республика бүтүннүүтэ кэтээбитэ. Ити курдук, Чурапчы коммунистара партийнай демократия холобурун көрдөрбүттэрэ .
1965-1985
Бу кэмнэргэ оройуоҥҥа райком бастакы секретарына Е.М.Филиппов, И.П.Листиков; райисполком председателлэринэн С.Г.Охлопков,Р.Р.Бурнашев,М.Е.Пермяков үлэлээбиттэрэ.
XIX партийнай конференция быһаарыытынан, улахан колхозтар бытарытылланнар, 7 колхоз баар буолбута: Эрилик Эристиин, Субурусскай, К.Маркс, Калинин, Партия XXII сьеьэ, Ленин, Комсомол.
1967 с. Субурусскай, Партия XXII сьеьэ, Ленин, Комсомол холбонон , Субуруускай колхоз буолбуттара.
“Межколхозстрой” тутуу учаастактара оройуон киинигэр, колхозтар отделениеларыгар кииннэригэр оскуола, кулууп, бурдук ыскылааттара, механизированнай аҥардаах сайылыктар, кыстык фермалара тутуллубуттара, лесопуннар олох- дьаһах комбинаттара, почта, телеграф үлэтэ сайдыбыта. 1971-72 сс. Тааттаны, Чурапчыны хааччыйар дизельнай автоматическай электростанция үлэҕэ киирбитэ.
Улугуруу сылларынан биллибит 80-с сылларга , 1980 с.түмүгүнэн оройуоммут экономикаҕа, культураҕа, общественнай олоххо ситиһиилэринэн Партия КК уонна ССРС Министрдарын Советын Бочуотунай Грамотатынан бэлиэтэммитэ.
1987 с. Улахан кураан түһэн, от былаана 1942 с оҕо-дьахтар, оҕонньоттор оттообут нуормаларын сиппэтэҕэ. Райком, республика, правительство тэрээһиннэринэн дьоммут 8 улууьунан оттооннор, Хабаровскай кыраай, Новосибирскай, Амурскай уобаластартан от, комбикорма кэлэн кыстыгы этэҥҥэ туораабыппыт.
Салгыы инники сыллардааҕар үүтү, эти туттарыы былаанын аһара куоһарыы , экономикҕаа, культураҕа ситиһиилэр баар буолбуттара.
1986-1991 сс. Райком бастакы секретардарынан үлэлээбиттэрэ: Г.М.Сысолятин, М.Н.Сысолятин, М.Н.Сибиряков, В.Е.Попов, райисполком председателлэринэн- С.П.Макаров, А.С.Субботин, Е.А.Борисов, М.Н.Сибиряков,А.А.Захаров. Комсомол бастакы секретардарынан- И.К.Макаров,И.М.Андросов,О.А.Дорофеев,М.М.Данилов үлэлээбиттэрэ
1992- улуус баһылыгынан И.С.Сивцев анаммыта. Россияҕа саҥа партийнай хайысхалартан «Биир Ньыгыл Россия” бөлөҕө дьайар күүстэммитэ.Совхозтар оннуларыгар бытархай чааһынай хаһаайыстыбалар баар буолбуттара. ССКП ыһыллыан иннинэ 770 чилиэннээх 29 партийнай тэрилтэттэн 2005 с. 160 чилиэннээх партийнай тэрилтэ баара. Секретарь–С.И.Никитин күн бүгүн эрэллэхтик үлэлээн кэллэ.
Көрөрбүт курдук, Россияҕа, республикаҕа буолар уларыйыылар улууспутун быһа ааспатахтара. Чурапчыбыт история быһаарыылаах түгэннэрин киининэн буолбута элбэх.
Бэйэлэрин олохторун кэрэйбэккэ хорсуннук кимэр киэн туттар биир дойдулаахтарбыт ааттара кэриэстэнэр, үйэтитиллэр.
Аҕа көлүөнэ общество олоҕор көхтөөх кыттыыта үүнэр көлүөнэни төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буолуу тыыныгар иитэргэ холобур буола туруо.
,
Бэчээккэ бэлэмнээтэ Варвара Попова
«Чурапчинский улус. История.Культура.Фольклор».Якутск 2005
« Саха омук саарына Егор Борисов» Бичик 2019
Иван Николаевич Винокуров Саха сирин
Национальнай библиотекатын тэрийсибитэ.
«Он, безусловно, будет очень ценным работником в Якутии» И.Н.Барахов
Иван Николаевич Винокуров (1893-1935) автономиялаах өрөспүүбүлүкэбит атаҕар туруутугар, П.А.Ойуунускайы.И.Н.Бараховы, М.К.Аммосовы, С. М. Аржакову кытта тэҥҥэ үлэлэспит бөдөҥ государственнай деятель буолар.
2021 сыллаахха «XX век. Якутия. История. Лица» серияҕа «Иван Николаевич Винокуров . Сборник архивных документов» Л.М.Григорьева, А.А.Калашников, Н.С.Степанова хомуурунньуктара бэчээккэ тахсыбыта. Кинигэгэ барыта 125 архыып докумуона киирбит. Манна И.Н.Винокуров дакылааттара, отчуоттара, суруктара, Саха сиригэр наркомунан, Совнарком бэрэстээтэлинэн, Москваҕа бэрэстэбиитэлинэн улэлээбит кэмнэринээҕи уураахтар, дьаһаллар киирбиттэр. Докумуоннарга М.К.Аммосов, П.А.Ойуунускай, И.Н.Барахов, С.М.Аржаков тыл этиилэрэ, суруктара, илии баттааһыннара баар.
Ити архыып докумуоннарыттан Иван Николаевич Саха Национальнай библиотекатын тэрийиигэ кыттыытын билистим.
Автономия бастакы сылларыгар республикабытыгар үөрэхтээх кадрдар тиийбэттэр этэ. Киинтэн кэлбит үлэһиттэр болдьохторун толороот төннөллөрө. Сорохтору күһэйии бэрээдэгинэн ыыталлара.
Исидор Никифорович Барахов Иван Николаевич Винокуровы Саха сиригэр үлэлии кэлэрин туруорсан РК(б)П КК сэкэрэтээригэр В.М.Молотовка сурук суруйбута – “ … Мы перед Вами ставили также вопрос о командировании в Якутск т. Винокурова из Самары. Он уроженец Якутии, великолепно владеет якутским языком и член РКП со стажем с 1918 г., служит в губернском союзе работников просвещения…. Он ,безусловно, будет очень ценным работником в Якутии.”
Иван Николаевич Винокуров уһаппакка сөбүлэҥин биэрэн, 1923 сыллаахха дьиэ кэргэнин илдьэ Иркутскайга диэри поеһынан, Иркутскайтан Качугаҕа диэри массынанан көһөн кэлбитэ.Айанын ороскуотун республика уйуммута.
Ити сыл Балаҕан ыйын 28 күнүгэр үөрэх, онтон сэтинньи 5 күнүгэр доруобуйа харыстабылын наркомунан анаммыта. Онон , ити икки салааҕа тэҥинэн дойдутугар үлэтин саҕалаабыта.
Бу кэмҥэ Саха сиригэр нэһилиэнньэ икки эрэ бырыһыана сатаан ааҕар-суруйар этэ, ону даҕаны сүнньүнэн нууччалар. Онон биир бастакынан норуоту ааҕарга- суруйарга үөрэтии соруга турбута. В.И.Ленин «подлинная советская власть, как выражение подлинной демократии, осуществима только тогда, когда мы научим каждую кухарку управлять государством» – диэн этиитинэн сирдэтэн , ликбезтэри арыйыы саҕаламмыта. Партиялаахтары, профсоюзтаахтары улуустар олохтоохторун кытта тэҥҥэ хабан үөрэппиттэрэ.
1924 с. кулун тутар 30 күнүгэр Киин Ситэриилээх кэмитиэт 3-с сиэссийэтигэр Иван Николаевич «Долой неграмотности!” обществоны тэрийэр наадатын , 10 сыл иһигэр ликбеһинэн 118965 киһи хабыллыахтааҕын ыйбыта,ол гынан баран, Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин 10 сылыгар, үөрэтэр кадр тиийбэтинэн, бу соругу толоруу кыаллыбатынан, 1932 с.Автономия 10 сылын туолуутугар ситиһэр сыаллаах былаанын ааҕан-суоттаан, 1056 учуутал наадатын, ол уопсай ороскуота 3074544 солк. буоларын ыйбыта. Итини сэргэ ааҕарга үөрэппит дьоммут биир-икки сылынан умнан кэбиспэттэрин наадатыттан,ликбеһи сэргэ сырдатар сирдэри: ааҕар балаҕаннары, библиотекалары, кулууптары аһары наадалааҕынан аахпыта.
Сессия И.Н.Винокуров бу былаанын бигэргэтэн, өрөспүүбүлүкэ Киин Ситэриилээх кэмитиэтин президиумун уонна совнаркому дойду киин былааһыгар бүттүүн уопсай үөрэхтээһиҥҥэ анаан биир ступеннаах оскуолалары аһар туһунан дойду киинигэр хадаатайыстыба түһэрэллэригэр сорудахтаабыта.
Иван Николаевич кылгас кэм иһигэр үөрэхтээһин,доруобуйа харыстабылын, промышленность наркомунан үлэлээн республикаҕа ыарахан экономическэй балаһыанньа кэмигэр бэйэтин эрдэ үлэлээбит уопутунан, үөрэҕинэн, билиитинэн араас мөккүөрдээх түгэннэргэ туруорсуута кытаанаҕынан, салалта эргимтэтигэр боччумнаах миэстэни ылбыта.
Республикабыт сайдыытын тыын боппуруостарын таһынан М.К.Аммосов Национальнай библиотека тэриллиитин боппуруоһун туруорбута.
Историяҕа төнүннэххэ, Дьокуускайга публичнай библиотека губернатор И.И. Крафт көҕүлээһининэн өссө 1891 с музейы кытта холбуу Гостинай двор дьиэтигэр тэриллибитэ. Кинигэ араас улуустартан, Халыматтан тиийэ, политсыылынайдартан, араас тэрилтэлэртэн хомуллубута. Кинигэ фондата быһа барыллаан 11.500 тиийбитэ .Баай библиотека анал дьиэтэ суох буолан, кинигэлэри харыстыыр сыалтан, И.И. Крафт 1908 с. атыыһыттарга публичнай библиотекаҕа анаан таас дьиэ тутуутугар үбүнэн көмөлөһөллөрүгэр көрдөһүү суруйбута. Атыыһыттар И.И.Семенов.Н.Д.Эверстов,А.И.Громова,Кушнаревтар, Г. В.Никифоров, о.д.а. бу суолталаах көрдөһүүгэ сөбүлэҥнэрин биэрэн илии баттаабыттара
1911 с. Архитектор А. И. Лешевич бырайыагынан ирбэт тоҥҥо биир уһулуччу тутуулаах кэрэ дьиэ аана куорат олохтоохторугар тэлэччи арыллыбыта. Малааһыҥҥа киин куораттартан элбэх улахан ыалдьыттар сылдьыбыттара. Бу дьиэҕэ куорат музейын эмиэ киллэрбиттэрэ.
Революция кэнниттэн Саха сиригэр баар ахсааннаах чааһынай библиотекалар , кинигэ атыылыыр ларектар национализацияламмыттара- государствоҕа бэриллибиттэрэ.
1925 с ыам ыйыгар Национальнай библиотеканы тэрийиигэ бэлэмнэнии үлэтэ саҕаламмыта.
1925 сыл Бэс ыйын 11к. П.А.Ойуунускай илии баттааһыннаах Саха сирин Киин Ситэриилээх комитетын уурааҕынан И.Н.Винокуровы Совнарком председателин дуоһунаһыттан босхолоон, Москваҕа бэрэтэбиитэлистибэҕэ үлэлэтэ ыытарга быһаарбыттара. Совнарком председателинэн М.К. Аммосов анаммыта.
20-с сылларга ,буола турар балаһыанньаттан, уонна үөрэхтээх кадр аҕыйаҕыттан салайааччылары уларытыы 2, ардыгар 1,5-сылынан буолуталыыра.
Бу иннинэ 1922 сыл бэс ыйыттан Москваҕа бэрэстэбиитэл Андрей Илларионович Мордвов этэ. Кини Аптаныамыйаны туруорсууга үлэлэьэн бэйэтин улахан кылаатын киллэрсибит биир эмиэ бөдөҥ салайааччы этэ.
Иван Николаевиһы Москваҕа бэрэстэбиитэлинэн анааһын- бу киниэхэ үрдүк итэҕэл туоһута буолбута. Өрөспүүбүлүкэбит Киини кытта быһаччы сибээһэ бэрэстэбиитэлистибэ нөҥүө салгыы сайдыбыта. Винокуров Саха сирин аатыттан республикабыт олоҕун тыын боппуруостарын: Алдан көмүһүн, суол, телеграф, нолуок, ,таһаҕас тиэйиитин сыанатын у.д.а. учебниктарга тиийэ боппуруостары бырабыыталыстыба , суут , профсоюз тэрилтэлэригэр , Орджоникидзеҕа, Свердловка туруорсара,.Балаьыанньаны П.А.Ойуунускайга суруйан кистэлэҥ грибинэн билиһиннэрэн иһэрэ, М.К.Аммосовы кытта прямой проводынан балтараа чааска тиийэ уһуннук кэпсэтэрэ.
Национальнай библиотеканы тэрийии ымпыгын-чымпыгын Бэс ыйын 25 күнүгэр САССРы үөрэтэр комиссия сэкэрэтээрэ П.Витин М.К.Аммосовка Саха национальнай библиотеканы тэрийии бэлэмнэнэр үлэ хаамыытын билиһиннэрэр суругуттан көрөбүт.
Ол курдук, кинигэни хос ыытыы тахсыбатын туһуттан , куоракка баар библиотека кинигэлэрин инвентарын кинигэтин куоппуйатын көрдөтөн ылбыттара. Быһа барыллаан, Россия наукатын академиятыттан,Ленинград, Москва научнай у.д.а тэрилтэлэриттэн 30 000 том ыытыллара бэлэмнэммитэ. Хас биирдии экземпляр штемпеллэммитэ, карточкаламмыта, онон, кинигэ тиийээтин кытта библиотека ааҕааччылары кытта үлэтин саҕалыыр усулуобуйата тэриллибитэ .
Дьокуускайга библиотекаҕа септеех тэриллэрдээх, таас дьиэ бэлэмнэннэҕинэ эрэ кинигэлэр ыытыллаллара былааннаммыта.
1925 с Атырдьах ыйын 11 к.Саха сирин Совнаркомун сорудаҕынан, И.Н.Винокуров Национальнай библиотека сэбиэдиссэйин эбээһинэһин толорооччунан анаммыт, этнограф- учуонай гр. Бурыкина Наталья Николаевналыын икки өрүттээх дуогабар түһэрсибиттэрэ. Дуогабарга Н. Н.Бурыкина икки сылтан итэҕэһэ суох үлэлиирэ,ыйдааҕы хамнаһын акылаата, поеһынан айанын , 10 бууттан ордуга суох таһаҕаһын, ону таһынан, үлэлиир болдьоҕо бүттэҕинэ төннөр проеһын эмиэ республика уйунара, ыйыллыбыта.
1925 с. Балаҕан ыйын 14 күнүгэр. М.К.Аммосов бэрэстээтэллээх Совнарком киэҥ ыҥырыылаах мунньаҕар Саха сиригэр судаарыстыбаннай Национальнай библиотека тэриллэрин туһунан боппуруос көрүллүбүтэ. Уураахха библиотеканы Москваттан кэлэр кинигэлэри таһынан Дьокуускай публичнай библиотекатын кинигэлэринэн толорорго диэн ыйыллыбыта.
Алтынньы 10 күнүгэр САССР совнаркомун иһинэн сүбэ мунньахха библиотека уонна музей боппуруостара көрүллүбүттэрэ. Мунньахха бааллара: совнарком бэрэстээтэлэ М.К.Аммосов,эргиэн, былаанныыр комиссияттан Гущин, Колосов. Политпросветтан Кремнев, музей сэбиэдиссэйэ Москвин , “ Саха кэскилэ”уо-ба сэкэрэтээрэ Попов, куорат библиотекатын сэбиэдиссэйэ Дельгинин , “ Саха кэскилэ” уо-ба библиотекатын сэбиэдиссэйэ Лонская.
Бу мунньахха 1887 с тэриллибит Дьокуускай куорат публичнай библиотекатын, бу библиотека Саха сирин олохтоохторун кинигэнэн хааччыйыыга өҥөтүн, дойду Илин уһугар соҕотох улахан библиотека буоларын ыйан туран, туспа библиотека буоларын тохтотон, Саха национальнай библиотекатын тэрийэр туһунан боппуруос көрүллүбүтэ.
Кинигэ дьиэҕэ бэриллибэккэ библиотека бэйэтин иһигэр туһаныллыахтааҕа ыйыллыбыта.
Куорат ааҕаччыларын кинигэнэн хааччыйар сыалтан, куорат библиотеката Национальнай библиотекаа салаа быһыытынан, туспа тэриллэрдээх, үлэһиттэрдээх,ааҕааччыга дьиэҕэ бэриллэр усулуобуйалаах үлэлиирэ ыйыллыбыта. Маны таһынан, Национальнай библиотекаҕа сыһыана суох, Политпросвет иһинэн, көһө сылдьар библиотека салгыы үлэлиирэ көрүллүбүтэ.
Национальнай библиотека туһунан балаһыанньаны оҥоруу үөрэхтээһин, доруобуйа харыстабылын наркоматыгар сорудахтаммыта
Биир сүрүн боппуруоһунан библиотека дьиэтин боппуруоһа турбута. Музейы библиотека дьиэтиттэн таһааран, архиерей дьиэтигэр көһөрөргө, оттон музей миэстэтигэр Саха национальнай библиотекатын тэрийэргэ быһаарбыттара.
(НА РС(Я).Ф.Р-1229.Оп.2.Д4.Л.23-24.Копия.Машинопись)
Библиотека салалтатыгар Наталья Николаевна Бурыкина 1925-1928 сс. үлэлээбитэ. Кини кэнниттэн библиограф үөрэхтээх Николай Николаевич Грибановскай салалтаҕа кэлбитэ.
Ити курдук, Национальнай библиотека тэриллиитэ Саха өрөспүүбүлүкэтин Москваҕа бэрэстэбиитэлэ Иван Николаевич Винокуров кыттыытынан барбыта диэн бэлиэтиир наада.
Ити кэнниттэн уон сыл ааспытын кэннэ,1935 с Иван Николаевич Винокуров иккистээн бэрэстэбиитэлинэн талыллан үлэлиир кэмигэр, Кремль клиникатыгар сүрэҕэ тохтообута.Бөдөҥ осударственнай деятель баара-суоҕа 42 сааһыгар олохтон туораабыта.Үлэлиир остуолугар республикабыт хоту оройуоннарыгар культура базатын кэҥэтии (ол иһигэр библиотекалары тэрийии эмиэ киирбит буолуон сөп диэн сабаалыахха сөп) туһунан илии баттааһыннаах докумуона сытан хаалбыта…
Государственнай деятели анал комиссия тэриллэн улахан похороннай процессиянан Новодевичэй кылабыыһаҕа атаарбыттара. Бөдөҥ государственнай деятеллэр, олор ортолоругар И.В.Сталин кэргэнэ көмүллүбүт миэстэлэрин таһыгар кистээбиттэрэ.
Ити сыл Иван Николаевич Винокуров аатын үйэтитэр сыаллаах САССР Киин Ситэриилээх кэмитиэтин Президиумун мунньаҕын 1935 с. Тохсунньу 20 к. боротокуолугар ыйылларынан,Таатта оскуолатыгар, потребкооперация техникумугар уонна Саха Государственна Национальнай библиотекатыгар И.Н.Винокуров аата бэриллэрин туһунан быһаарыы ылыммыттара
(НА РС(Я).Ф. 1229.Оп.2.Д.4.Л.32-36)
Биллэрин курдук, 1937 с. П.А.Ойуунускай Иркутскайга, .. М.К.Аммосов Фрунзе куоракка сымыйа буруйунан тутуллубуттара. Репрессия ытарчатыгар И.Н.Винокуров 1938с., олохтон барбытын кэннэ үс сыл ааспытын кэннэ , хабыллыбыта. Олохтон туораабыт киһини кытта репрессиялыылларын биир туоһутунан Иван Николавич Винокуровы репрессиялааһын буолбута. Бу сылга М.К.Аммосов, И.Н.Барахов “Коммунарка “ полигонугар ытыллыбыттара. 1939 с. Алтынньы 31 Күнүгэр П.А.Ойуунускай сырдык тыына Дьокуускай түрмэтигэр быстыбыта
Ыам ыйын 28 к. 1938 с. ВКП (б) Саха сиринээҕи обкомун бюротун уурааҕынан П.А.Ойуунускай,. И.Н.Винокуров М.В.,Мегежекскэй. И.Н.Жирков норуот өстөөхтөрүнэн биллэриллибиттэринэн, кинилэр ааттара тэрилтэлэртэн уһуллубуттара, кинилэр ааттарынан персональнай быһаарыылар тохтотуллубуттара. Национальнай библиотекаҕа Серго Орджоникидзе аата иҥэриллибитэ.
Кырдьык үрдүгэр сымыйа ыттыбат. 1955 с.ахсынньы 15 күнүгэр П.А.Ойуунускай үтүө аата тиллибитэ. Биллэрин курдук ,. П.А.Ойуунускай аата Саха театрыгар иҥэриллибитэ.. , И.Н.Жирков аата Дүпсүн орто оскуолатыгар иҥэриллибитэ, М.В.Мегежекскэй аатынан Сатал микрорайоҥугар уулусса баар буолбута .
И.Н.Винокуровы үйэтитэн улууспутуттан Бузулук куоракка делегация барыыта тэриллибитэ, Новодевичэй кылабыыһаҕа оготун , сиэннэрин кытта дойдутун буорун, сибэкки дьөрбөтүн, уурбуттара. Улууспут киинигэр уонна Арыылаах нэһилиэгэр бюстар турбуттара, республиканскай научнай-практическй конференция ыытыллыбыта.
Иван Николаевич Винокуров атын репрессия сиэртибэлэрин кытта реабилитацияламмыта, оттон үтүө аата үйэтитиллэн иҥэриллиитэ, чуолаан, Национальнай библиотекаҕа аата төннө илик…
Варвара Попова
Суруналыыс
Чурапчы
Егор Борисов кэпсиир
Сэрии сылларыгар чурапчылар «Тугу барытын фроҥҥа, тугу барытын кыайыы туһугар» диэн ыҥырыынан уопсай дьыала туһугар сэбиэскэй норуоту кытта тэҥҥэ туохтарын да харыстаабакка үлэлээбиттэрэ.1942 сыллаах куйаас, кураан сайын от үүммэккэ, ыарахан кыстык буолара биллэн барбыта.Итинэн сибээстээн үрдүкү салалтаҕа чурапчылары хоту көһөрүү туһунан кэпсэтиилэр саҕаламмыттара. Норуоту хоргуйууттан быыһыахха диэн сорук күөрэйбитэ. Ис дьиҥэ төрүт атын этэ
Республика правительствотыгар үлэлээн уопуттанан, чаастатык бэйэбэр боппуруос туруорар буолбутум: “Сэрии да кэмэ буолбутун иһин, маннык быһымах дьаһалтан атыннык чурапчыларга көмөлөһүөххэ сөп этэ дуо?”,- диэн . Уонна куруук биир түмүккэ кэлэрим – ханнык да балаһыанньаҕа маннык варвардыы көһөрүү өрүһүлтэ буолар кыаҕа суох этэ.
Итиччэтигэр чурапчыларга көмөлөһөр төрүт да наадата суох этэ. – биир эрэ сыл фроҥҥа анаан үрдэтиллибит сорудаҕы толорууттан босхолооһун ордук буолуох этэ. 1943 с. кураан тохтообута.
Билигин биллибит докумуоннартан көрдөххө, партия Саха сиринээҕи обкома дьон туһугар буолбакка, киинтэн туруоруллубут экономическэй, политическэй соруктары толорор туһугар үлэлээбит.
Дьыала иһэ маннык этэ. 1942 с тохсунньуга партия КК уонна Совнарком «Сибиир уонна Илин Сибиир өрүстэригэр балык бултааһынын сайыннарыы туһунан» Уураах таһаарбыттара.Бу докумуоҥҥа ыйылларынан Лаврентий Берия салалталаах ССРС ИДьНК 1942 с от ыйын1 күнүгэр диэри балыктааһыҥҥа 6000 спецпереселенецтэри ( репрессияламмыттары) департациялаан балыктааһыны ус аҥаар төгүл улаатыннарыахтаахтара. Ыйыллыбыт кэмҥэ Ленинград уобалаһыттан 4150 эрэ финнэр көһөн кэлбиттэрэ. Ким эрэ төбөтүгэр ити тиийбэт сыыппараны чурапчыларынан ситэриэххэ диэн санаа киирбитэ. Онуохо төрүөт элбэх этэ-бу оройуоҥҥа кураан, сыллата былаан туолбата, иитэр сүөһү өлүүтэ.
Партия уобаластааҕы салалтата көһөрүүнү тэрийэригэр олохтоох салалта, норуот санаатын аахсары наадалааҕынан аахпатахтара. Ол курдук, бу улуус дьылҕатыгар улахан быһаарыныыны ылынар обком бюротун мунньаҕар оройуон салалтатын ыҥырбатахтара даҕаны. Олохтоох салалта колхозтары көһөрүү туох содуллаах буолуоҕун өйдөөн, үлэни кыайар эр дьону эрэ ыытары туруорса сатаабыта. Үөһэ былаастар боломуочунайдарынан, милиция үлэһиттэринэн булгуччулаахтык олохтоохтору барыларын: оҕолору, кырдьаҕастары ааҕан туран көһөрөрү тэрийбиттэрэ. Утары саҥарбыт, куота сатаабыт дьоннору, улаатан эрэр оҕолору ( олор ортолоругар мин аҕам Афанасий 13 састааҕар)сокуон хараҕынан буруйдаабыттара.
1942 с атырдьах ыйын 11к. Партия Саха сиринээҕи обкома « Чурапчы оройуонун колхозтарыгар дьаһаллар тустарынан» диэн уурааҕы таһаарбыта. Бу докумуоҥҥа ыйылларынан, 40-тан тахса колхозтар быстах кэмҥэ республикаҕа туһата суохтарынан, дьарыктарын тыа хаһаайыстыбатыттан балыктааһыҥҥа уларытан Кэбээйигэ, Эдьигээҥҥэ, Булуҥҥа көһүөхтээхтэр. Ити кэнниттэн балтараа ый буолан баран сэттэ нэһилиэги, ол иһигэр Төлөй нэһилиэгин эһэр туһунан обком быһаарыыта тахсыбыта.
Балаҕан ыйын бастакы күннэригэр 5000 тахса колхозтаахтар Өлүөнэ бириистэнигэр диэри 160 километры көлөнөн, сатыы тиийбиттэрэ. Тоһуйа көрсүөхтээх борокуоттара суоҕа. Үс да хонугунан, нэдиэлэнэн да кэлбэтэхтэрэ. Ити курдук көһөрүү тэрээһинэ хара маҥнайгыттан быстар мөлтөҕө көстөн тахсыбыта. Бэстээх биэрэгэр таһаҕас тиэйэр баржаҕа тиксибэтэхтэр ый устата аһаҕас халлаан анныгар салгыы кэтэһэ хаалбыттара. Хас да киьи манна өлбүтэ.
Хас да нэдиэлэ устата айанныахтаах дьону илдьэр баржалары дьону тиэйэргэ анаан оҥоьуллубатаҕа. Аһаҕас палубаҕа күһүҥҥү сытыы тыалтан, хаар былаастаах ардахтан хахха диэн суох этэ. Ууну да оргутар усулуобуйа суох буолан ,сиикэй өрүс уутун иһэллэрэ. Тахсан киирэр да усулуобуйа суоҕа. Ахтыыларга кэпсэнэринэн биир ийэ сордоох оҕотун ууга мүччү тутан кэбиспитин быыьыы да сатаабакка, ааһа турбуттара, өйүттэн тахсыбыт ийэни нэһиилэ ууга ыстана сатаабытын туппуттара.
Тиийиэхтээх сирдэригэр кэлэн баран, иэдээннэрэ өссө иннилэригэр көһүтэрин өйдөөбүттэрэ. Манна , сибээс суох дойдутугар, былаастар илдьиттэрэ кэлэ илик буолан, туох да бэлэм суох этэ. Эмиэ аһаҕас халлаан анныгар олоруу буолбута. 16 эрэ киилэ таһаҕас көҥүллэммит буолан, кыһыҥҥы танас суоҕун кэриэтэ этэ, ким да таҥас бэлэмнээн тоһуйбатаҕа. Астара айаннарыгар бүтэн,тоҥон, хоргуйан өлүү саҕаламмыта.Сэниэлээх доруобай өттүлэрэ быраҕыллыбыт өтөхтөрү сарайы, хотону сөргүппүттэрэ, сыаналаах малларын аска мэнэйдэспиттэрэ.
Булуҥҥа, Эдьигээҥҥэ тиийбиттэргэ олохтоохтор балыктыыр тэрилинэн хааччыйбыт эбит буоллахтарына, Кэбээйилэртэн оннук көмө кэлэн биэрбэтэҕэ.Биллэн турар,сөптөөх балыктыыр тэрилэ суох, үөһэттэн анаммыт үрдэтиллибит былааны толорор кыахтара суоҕа. Ити курдук, бэҕэһээҥҥи сүөһү иитээччилэр балыксыт буолбуттара. Бултаабыт балыктарын биири да бэйэлэрэ, оҕолоро сииллэригэр хаалларбакка туттараллара- бу хоргуйуу сүрүн биричиинэтинэн буолбута. Көһүүгэ барбыт эр дьоннору армияҕа ыҥырыахтара суоҕа диэбиттэрэ туолбатаҕа, үлэни кыайар, дьиэ кэргэттэрин аһатар күүстээх, эдэр дьон армияҕа барбыттарыттан балаһыанньа өссө ыараабыта.
Бастакы сылга өлбүт дьоннорун кыайан көмпөккө таһырдьа таһааран кыстыыллара.
Аҕа дойду сэриитигэр Чурапчыттан баран өлбүттэр ахсааннара көһөрүү сиэртибэлэриттэн икки төгүл кыра этэ. 1939 с улууска 17000 киһи олорбут, 50000 сүөһү, сылгы баар эбит буоллаҕына,1944 с 8000 эрэ киһи, 13000 сүөһү, сылгы хаалбыта.
Ити демография көрдөрүүтүн улууспут 1985 с- 40 сыл буолан баран ситиспитэ улууспут сайдыыта үйэ аҥара кэнники тэбиллибитин туоһулуур. Көһөрүү бары сүтүгэ чеченнэри, ингуштары, балкардары, Волга немецтэрин уонна крым татардарын утары сталин репрессиятыгар тэҥнээх.
Чурапчы оройуонун салалтатыгар үлэлиир кэммэр кеһерүү кыттыылаахтарын реабилитациялааһыҥҥа кыттыыны ылбытым. Кырдьык кыайарын туһугар биир дойдулаахтарым, общественность, ветераннар,сэрии сылын оҕолоро буолан күүскэ үлэлээбиппит. Ити Советскай Союз кэмигэр олорон партия аатыгар хара бээтинэни түһэрии боростуойа суох дьыала этэ. Үөһэ салалтаҕа да олорооччулар өйдөөбүттэрэ- итинник кырдьыгы аны кистиир кыаллыбат буолбутун. 1991 сыл тохсунньутугар, үйэ аҥара кэм ааспытын кэннэ партия обкома 1942 сыллааҕы кеһерүү туьунан уураах сыыһанан ааҕыллан, сотуллубута. Сыл курдук буолан баран Төлөй нэһилиэгэ чөлүгэр түһэриллэн, биир инники күөҥҥэ сайдан иһэр нэһилиэк буолла.
А.Березовскай, В.Федоров .Егор Борисов.
Москва. Молодая гвардия 2020 с.стр 22-27
Бэчээккэ элэмнээтэ В.Попова – Е.А.Борисов
архыып- библиотекатын кылаабынай библиотекара
Уот айах Куудуҥса- улуу төрүппүт
Былаан
1 Уот айах Куудуҥса- Хатылылар төрүппүт.
2 Кудаҥса олоҕо
3 Кудаҥса Чачыгыр Тас ойуунтан үс көрдөһүүтэ
4 Кудаҥса улуу киһи эбит
5 Кудаҥсаны үйэтитии
Сэһэн Боло «Ленаҕа нуучча кэлиэн иннинээҕи саха олоҕо» диэн 1994 сыллаахха «Бичик » кинигэ кыһатыгар бэчээттэммит кинигэтигэр Уот айах Кудаҥса 8, 10, 177,187, 238,страницаларга толору суруллубут. Онно Уот айах Кудаҥса оруода баһылыга дэнэр. Уустар диэн төбөҕө Боотурускай улуус олоҕор “ Ботуруускай ууһа- Боло Күүлэкээн, Күҥэһэйдэр, Уот айах Кудаҥса,онтон Хатылы ууһа туспа арахсар “-дэммит.
Сэһэнтэн көрдөххө нуучча кэлиэн иннинээҕи саха баайдара ыһыах ыһаллара – Таатта-Боотур ууһа- Уот айах Кудаҥса баай ыһыахтыыра дэммит. Батас Мөндүкээн диэн (Мааллаҕа олорбут киһи). Дыгын күтүөтүттэн биэс уол төрөөн Биэс Хатылы ууһун тэнитэллэр. Хатылы нэһилиэктэрэ: Кытаанах, Болтоҥо, Аччаҕар, Уокаа, Одьулуун, Төлөй, Чэппиэдэй дэммит, ол аата сэттэ нэһилиэк төрдө биир.
Дьон сэһэнинэн Кудаҥса тоҕус уоллаах, тоҕус кыыстаах улуу баай сириэдийэн олорбут. Баайа батымына, бэрдэ батарымна үөһэ дойдуну кытта уруурҕаһаары… Чачыгыр Таас ойууну кыырдарбыт. Ол сэтигэр-сэлээнигэр аҕыс уола, аҕыс кыыһа утуу-субуу өлөн хаалбыттар. Арай саамай кыра Аан Өрүөчэй диэн уола тыыннаах ордубут. Ол уолтан Аан Табытай уонна Батас Мөндүкээн диэн уолаттар төрөөбүттэр Кэлин кинилэр ыччаттара бэт элбэх дьон үөскээн-тэнийэн барбыттар. Номоххо Аан Табытай иһиллэр да, кини туһунн туох даҕаны сэһэн хаалбатах. Аан Табытай уола Үөчэй баай нууччалар кэлиилэригэр баар киһи эбит. Кини уолаттара Аччаҕар Ньамньаах , Үрүҥ Бас Болтоҥо эмиэ сэһэҥҥэ-номоххо үгүстүк киирбит дьон. Ньамньаах (Немняк Очеев) XII үйэ 40-с сылларыгар хайыы-үйэҕэ кинээс буолбут уонна өр кэмҥэ кинээстээбит. Батас Мөндүкээн хос сиэнэ Кытаанах Баллы. Ону хайа эрэ сэһэнньит сыыһа кэпсээн Г.В.Ксенофонтов уонна Сэһэн Боло Аччҕар Ньамньаах, Үрүҥ Бас Болтоҥо уонна Кытаанах Баллы буолаллар. Батас Мөндүкээн оҕолоро дэн алҕаьаабыттар. Батас Мөндүкээн – Дыгын күтүөтэ, Түөйэ хоту өттүгэр Маалла диэн алааска олорбута. Киниттэн I-rы Хатылы дьоно ууһууллар. Куудаҥса бырааттарыттан чакырдар, хадаардар ууһаабыттара.
« … Омоон суол Түөйэ үрэхтэн арахсан хоту түспүтэ, аттаахтар ону батыспыттара. Синньигэс үрүйэни- харыйаны быһа түһүтэлээн, тыа быыһыгар бүгэн олорор балачча улахан алааска киирбиттэрэ Алаас соҕуруу өттүгэр тумустаан киирбит саал тумус үрдүгэр бур-бур буруолуур саҥа буор сыбахтаах кыракый бадьыр балаҕан оҕотун көрбүттэрэ.
- Ол олороллор!- диэбит Дыгын Дархан аргыстарыгар,- Дьэ эрэ, мин диэтэх киһи көмүс бараан ордуубуттан мааны кыыспын кыбынан күрээн, хара тыаҕа дугуйдаммыт урдуска суос бэриниэххэ!
- … Тохтооҥ! – диэн хаһыытаабыта кини.- Батас, дьэ холуҥ этэ хойдубут, сиһиҥ этэ сиппит эбит- күтүөт оҕо буолуоххун буолбут эбиккин. Туох этэрдээххин?.»
- Онуоха Батас ох саатын ылан аҥаабыллаан баран ытан саайбыта- оноҕоһо кыһыыран кэлэн Дыгын Дархан тайнан олорор ыҥыырын бүргэь игэр хараҥаланан хорос гыммыта.
- – Тойон кылыным, мин хардам ити баар!
- Дыгын Дархан киһи эрэ буоллар, охтон этэ тардан чинэрис гына түспүтэ. « Ити мэник уол эрбэ5э эрчимэ, хараҕа кыраҕыта, оноҕоһо бэргэнэ эчи сүрүкэтин! Киһини хайа талбыт ыт гыныыһы», дии санаат, ох далыттан тахсаары атын быһа биэрбитэ. Ол гынан алааһы туораан иьэн. эргиллэн баран хаһыытаан сатарыппыта:
- – Эн аатыҥ мантан инньэ Батас Мөндүкээн буоллун! Теретер оҕону телкелее, иитэр сүөһүнү күрүөлээ. Мин эһиги олоххутун оҥоро. Эн айан төрөппүт аҕаҥ Аан Өрүөчэй аатын ааттаан бардым!
Федот Захаров «Боотуруускай улуус сахаларын төрүт уустара” (документальнай очерк)диэн Чурапчыга 1993 сыллааха бэчээттэммит кинигэтигэр 5 страницатыгар Боотуруустар диэн кэрчигэр суруйбут: « Былыргы өбүгэлэрин икки аҕа ууһугар араарыахха сөп. ХVII үйэтээҕи маҥнайгы ясак испииһэктэригэр «ботурусцы и хатылинцы» диэн араарыллар эбит. Боотур аҕатын ууһугар болугурдар, оттон. Хатылы ууһугар хатылылар, хадаардар, чакырдар киирэллэр.
Кудаҥса олоҕо
Федот Захаров суруйарынан Куудаҥса олорбут сирэ Тааттаттан арҕаа диэки Түөйэ үрэх хаҥас өттүгэр Таатта диэки «Майы Баалы», оттон кэпсээҥҥэ киирбит Чачыгыр Таас ойуун хоту Кытаанахха олорбута үһү
« Хайа бэйэлээх сир киинэ сиргэ, дойду долгуруута дойдуга, хайа ааттаах алаас алтан ньээкэтигэр, сырдык ырай киинигэр араҕас далбарыгар бу Улуу Кудаҥса олохсуйан олорбутай диэн ыйытар буоллаххытына- ырыаһыт чыычаах ымыыламмыт. күөрэгэй чыычаах көрдөммүт. Тардыы көмүс курдук нарын араҕас талахтаах, таалар налыы хонуулаах, тыаллаах күҥҥэ көмүс мүһүүрэ курдук ыдьымыр-дьыдьымыр долгуннаммыт Таатта эбэ хотун арҕаа диэки өттүгэр аҕыс үөстээх күөх. Араҕас кыһыл дьэргэн кустук таҥнары сатыылаан түһэн өрүнэ оонньообут Майы Баалы диэн ааттаах куөл үрдүгэр, араҕас чыычаах уйата от күөх далбардаах, күн уотун күҥүүрэ буолбут араҕас дьогдьоот кырдалыгар Улуу Кудаҥса обургу олохсуйан олорбута эбитэ үһү.»
… «Албан аат сатыылаабыт, улуу сурах олохсуйбут, дохсун санаа дугуйдаммыт дьолуолаах дуолалара субу буоллахтара”.- дии саныы испитэ Тыгын Дархан Түөйэ эбэ үтүөкэннээх сыһыыларынан уу дьоруонан оҕустаран, лаһыр айанынан дайдаран иьэн.
“… Оччотооҕу кэнэн үйэҕэ баай баттала баар эбээт диэн, баһылык аннынан сылдьар кыра-хара норуот хамначчыкка ааҕынан хаана оонньообот эбит,кулукка көрүнэн куруйа санаабат эбит. Онон, тойоннорун аҕа баһылыкпыт диэн, бу ийэ ууһун аҕатынан, ийэтинэн көрөллөр эбит.
Олохторо ол курдук буолан салаллан иһэрин быһыытынан эр дьон сорох өттө сайыннары-кыһыннары наар сылгы сүөһүнү көрөллөр эбит,. сорох өттө наар анах сүөһүнү көрөр эбит. Сорох өттө бултуур эбит, сорох өттө масчыт. Сорох өттө оччут буолар эбит. Дьахтар өттө эмиэ ити курдук, сорох өттө дьиэни көрөр, сорох өттө иистэнэр. Сорох өттө сылгы аһын астыыр. Сорох өттө анах аһын астыыр эбит.Онон ийэттэн кыыска. Аҕаттан уолга сас-уйэ тухары идэлэммит идэлэрэ баран иһэр эбит.
Ачыгый үлэттэн ардырҕаһан аймааһын тахсыбат эбит.. бэт эйэлээхтик, бэт иллээхтик үөрэ-көтө, үҥкүүлүү былаастаан үлэлэрин үлэлээн иһэр эбиттэр….»
Мантан көрөбүт былыргы родовой община олоҕун
Оттон , оччотооҕу киһи майгыта, өйө-санаата бу ойуулуааһынтан көстөр
« … арҕаһыттан тэһииннээх айыы аймаҕынан ааҕынааччы, көхсүттэн тэһииннээх күн ууһунан тэринээччи ичээн эттээх, иннинэн сирэйдээх иэгэйэр икки атахтаах,буор куттаах бороҥ саха оччотооҕу урукку дьылларга сир-халлаан көстөр көстүбэт бүтүн аан дойду алта хонукка айыллыбата буолуо диэн адьас санаабат эбит. Айыыны оҥорон аакка түһүөм диэн үчүгэйи оҥорон ыырайга көтүөм диэн битигэр биттэммэт түүлүгэр түһээбэт эбит.. буруй-сэмэ улааттаҕына, айыы-хара элбээтэҕинэ бэйэбиттэн, ону ааһан бэдэрбиттэн иэстиэхтэрэ,. оттон оҕо уруу суох буоллаҕыа, бэйэбиттэн толору иэстээбэтэхтэринэ, эппин-хаммын сир ийэм туппакка, куппун-сүрбүн дьабыҥҥа ойуун көтөхпөккө, сибиэн буолан бар дьоммун хара дьайдыам буоллаҕа диэн балыктааҕар кэлэҕэйдик сымыттааҕар бүтэйдик сылдьар эбит”
« Хайа да ийэ ууһа чөҥөрө чүөмпэ саҕа дириҥ далай түһүлгэни, улуу тунах ыһыаҕы оҥордохторуна, соҕотох Кудаҥса дьоно кыайан тахсар буоланнар, албан ааттара аллаах ат ахчайа тардыаҕынан аҕыс аартыкка атыыр сылгы курдук дырылаччы кистээбит эбит, суон сурахтара алталаах атыыр оҕус кыайан дьүккүйбэтинэн тоҕус толомон маҕан суолга айаатаан лаҥкынаабыт эбит. Этэн баран эҕирийиэх иннинэ кэлбит-барбыт, көрөн баран чыпчылыйыах иннинэ киирбит-тахсыбыт элэс быһыйдар, дьэргэс сүүрүктэр, ууналас илиилэр. дэгэс атахтар, биэкэйэр бииллээхтэр. Дарайар сарыннаахтар, хайыта харбаспыт харылаахтар, тоһута тутуспут чоруун тарбахтаахтар. Бөдөҥ туруулаахтар. Урааҥхай саха уһук туйгуннаахтара бу Улуу Кудаҥса эрэ ийэтин ууһугар олохсуйан төрүүллэр-үөскүүллэр эбит.»
Маннык эбиттэр Боотур уустар төрүттэрэ!
Кудаҥса Чачыгыр Таас ойуунтан үс көрдөһүүтэ
1 Кудаҥса бииһин ууһа баайдык, дьоллоохтук аатыран олорбуттар. Ол эрээри биир кыһын наһаа тымныы, хотуттан буурҕа түспүт. Ынах –сүөһү тоҥон өлөн барбыттар. Мас күөл уута хайыта тоҥмут. Дьон куттанан дьиэттэн тахсыбат буолбуттар уонна Кудаҥсаттан быыһаа-абыраа диэн көрдөспүттэр.. былыргы итэҕэл быһыытынан Чолбон сулус улааттаҕына уонна « Кус уйата»(Плеяды) сулус бөлөҕүн кытта алтыстаҕына буолар эбит. Ол иһин Кудаҥса Чачыгыр Таас ойуунунан Чолбону кэттэрэргэ. Бытарытарга, онон дьонун тымныыттан быыһыырга, куруук сайын оҥорорго соруммут. Улуу Кудаҥсаҕа норуота өлөр өлүүттэн быыһыа- абырыа диэн көрдөһүүлээхтэрин маннык этэр : «Аан ийэ дойдубут толомонноох ньуура, үрдүк мындаата быстар кэппитинэн кэбилэнэн, өлөр биппитин биттэнэн бу айылаах хайыта баран, дьүһүн кубулунан эрдэҕэ дии »). Кудаҥса Чачыгыр Таас ойуунтан сулуһу кэрдэргэ. Онон тымныыттан дьону өрүһүйэргэ сымнаан туран көрдөһөр. ” Дьэ кырдьаҕаас, эьэлээтэр эһэбэр холуйаммын, аҕалаатар аҕабар ааҕаммын үүннээх-тэһииннээх үтүө тылбын иһитиннэрэн эрэбин.Ааттаһар да ахсааннаах, көрдөһөр да күттүөннээх диэн өс хоһооно. Уос номоҕо баар этэ»
Чачыгыр сэттээх-сэмэлээх буолуо дтиэн утарсан көрбүтүн истибэтэх..» Бар – дьон туһугар үтүөнү оҥоруу айыы буолбатах, таҥара айбыт дьонноро дьоллоох буолалларын тоҕо сөбүлүө суоҕай. »,- диэбит. «Улуу Кудаҥса обургу соруннар эрэ кэннинэн кэхтибэтин, иннинэн чугуйбатын урук да истэрин быһыытынан батан кэбистэхпинэ ойоҕоһум быыһынан чиккэйэн турар сиһим үөһэ көстүөр диэри. Хайҕахтах хара быарым быгыалыар диэри ибили таһыйыах бэйэтэ буолуоҕа диэн сүрэҕэ нүөлүйэн, эт- этэ брыта мууһунан хаарыйбыт курдук дьар гына түстэ.”
Оо, субу мантан саталаах санаа модун кынатыгар уйдаран, имэҥнээх илбистээх тылынан далаһаланан, Чачыгыр Таас ойуун үрдүк мэҥэ халлааҥҥа өрө көттөҕө!
Ойуун Чолбону кэрдэ турдаҕына биир дьахтар хотон саах күрдьэр түннүгүнэн көрөн кэбиһэн мэһэйдээбэит. Чолбон үс гыммытын иккитэ үлтү сынньылланүргэл буолбут. Тымныы сымнаабыт ,Улуу Кудаҥса аатырбыт…
2 «… Дьэ бу курдук Улуу Кудаҥса обургу аҥардастыы аатыран, соҕотохтуу сураҕыран күн анныгар. Сир үрдүгэр киниэхэ тэҥнээх ким даа суоҕун курдук көстөн өр дуу, өтөр дуу олорбутун кэннэ ахсаана биллибэт алдьархай, үксэ-дьүүлэ көстүбэт үлүгэр өлүү-сүтүү буолла.
Ыалтан ыалы матарбакка. Киһиттэн киһини ордорбокко үөһэ дойду өлүүтэ диэн сүрдээх күүстээх дьаҥ турбут»
Кудаҥса үөьэттэн абааһылар ыытар ыарыыларыттан дьонун өрүһүйээри соҕуруу халлааҥҥа олохтоох улуутуйар тойон үөлугар кыыһын ойох биэрэрэ кэпсэнэр.
«Хайтах абырыымыный? Бар дьонум өлөн баранаары гынна ээ, хайтах абырыыбын? Хайтах абырыыбын?!! Ити курдук буолуо дуо?!! Ол курдук буолуо дуо?!!»- диэн түһээбит киһи курдук үлүгүнэйэ олорор буолла. Кыыс араҕас хаана-сиинэ, кубарыйан баран, көҕөрө өллө. Килбэлдьигэс ыыс-хара баттаҕа кыырыктыйан маҥхайан хаалла. Ыар санааҕа ылларда, нүһэр өлүүгэ түбэстэ …
Ол курдук бэт эрэйдэнэн, улуу муҥу көрөн түҥ-таҥ, тиэрэ-маара буккуйан, араастык ырытан баран- икки атахтаах уоһах мэйиитигэр санаабатах санатын санаата, өйдүөбэтэх өйүн өйдүөтэ. Дьиибэни тэриннэ, дьиктьини сананна.»
«Улуу Суорун бу ыарыыны таҥараны аанньа ахтыбат буолбуппутугар үөһэттэн ыытан өлөртөөн эрэр”.- диэн кырдьаҕастар аймаммыттар. Улуу Кудаҥса дьонун быыһаары уолун. Кыыһын биэрэн аймахтыы буоларга сорунар.
Ойуун абааһылары кытта кэпсэтэриттэн аккаастаммытыгар, Кудаҥса бэйэтин норуотугар туһалаары маннык тыллары ыһыктар» Хайа, мин даҕаны тэбэр сүрэхтээх, ыалдьар эттээх киһибин дии… Хара быарым хайҕахтара буолбут, тойон буолуо сүрэхтэрим нохтолоро… көрдөр харахтарым дьүккэтин, көтүрдэр тиистэрим билэтин- уоллаах кыыспын аһыммат, харыһыйбат үһүбүн дуо ? Ол да аһыйдарбын, төһө да харыһыйдарбын. Бар дьоммун ордороммун, урааҥхай сахабын көмүскээммин, уолбун-кыыспын толук туттар буолбаппыан?»
Тохсунньу тоҕус күнүгэр кэлбитигэр хара күлүктэрин, ыар тыыннарын, ыарахан сыттарын тулуйбкка ыксаан “аймахтарын» үөһэ үтэйтэрэн, бастаан уола, онтон кыыһа өлөллөр, ону дууһалара үөьэ көттөхтөрө, дьэ өлүү-сүтүү аҕыйыаҕа диир. Оттон аны баар-суох күүстээх дьоно куттанан куоталлар. Кудаҥса быһынна, уруу-билэ дьоно күөс күүгэнэ уостубутун курдук баранна. Биир модьууннаах торбос хотонугар оппото. Биир иринньэх кулун далыгар хаалбата. Алааһа-толооно айаҕы атыппат гына мунну-уоһу саба туттар гына үллэ сытыйбыт сүөһү, сылгы сытынан өрө тунуйда. Кымырдаҕас бөҕө кыймаҥнаата, хомурдуос бөҕө хончоҥноото. Хара төбөлөөх үрүҥ үөн үллэҥнээтэ. Сахсырҕа бөҕө сааҕынаата. Дьиэтигэр-уотугар, сиригэр-дойдутугар биир уллуҥах үктэнэр ыраас сирэ суох буолла. үллэҥнэс үөн-көйүүр буолла.»
« … Аҕыйах күнүнэн-ыйынан Улуу Кудаҥса барахсан суос- соҕотоҕун хаалла, ол да буоллар, модун санаата булгуруйбат.
« Мин санаабар үс дойду сокуона икки атахтаах анала маннык буолуох тустаах:
Орто дойдуга күүскүт кыайарынан, өйгүт ситэринэн, хайдах үчүгэй буолуоҕунан, бэйэ-бэйэҕитин өйөһөн-убаһан олоруҥ, эккит-хааҥҥыт ситэринэн үөскээн-тэнийиҥ диэн буолуох тустаахх. Атын буолуон сатммат!
Ону бу эн курдук сыыһа өйдөөччүлэр тиэрэ-маары үөрэтэннэр. Үлүгэр-алдьархай бөҕө буолла быһыылаах»,- диэн Улуу кудаҥса Чачыгыр Таас ойууҥҥа тыл этэр.
3 Уонна үсүһүн ойууну соруйар: үс харыс илбистээх сэби, аптаах сытыы кылыһы таһаар диэн. Аллараа дойдуга ойууну ыытан Кытай Бахсы ууска аптаах кынчаал оҥотторор. Ол кынчаалынан аччык , кулут элбээтэҕинэ кэлэр үйэҕэ охсуһуу кылыһа буолуо диэн. Ойуун эмиэ утарсыбытын ылыммат- «өлөн эрэри ууга, уокка түспүтү өрүһүйүө суохтаахпыт дуо?». –диир. Икки атахтааҕы эрэйтэн быыһаары. Урааҥхай саханы өлөртөн өрүһүйээри гыммыт киһи- Кудаҥса кылыһыттан өлөр.
Кудаҥса улуу киһи эбит
Уот айах Кудаҥса оруода баһылыга, улахан балаҕаннаах, баай ыһыах ыһар, хатылылар төрүттэрэ, тыллаах-өстөөх уот айахтаах сытыы киһи эбит. Уот айах диэн мээлэ ааттаабаттар.
Олус модун санаалаах,өйдөөх буолан. бар дьон санаатын иирдэн.бар дьон өйүн күүрдэн. олох алдьанна диэн баайдар кинини буруйдуу саныыллар эбит. Ол барыта Чачыгыр Таас ойуун тылыттан-өһүттэн уонна Кудаҥса этэ-хаана илбис буолан тарҕанна диэн кэпсээниттэн көстөр. Баай өттө, хоодуот-хоһуун өйдөөхтөрү үүннээн мөлтөтө саныыр эбит. Дьадаҥы өттө.олох уларыйаргар баҕалаах өттө- бу кудаҥса олус киэргэтэн, күүһүрдэг оннук улуу идэлээх. Модун санаалаах. Күүстээх өйдөөх баар этэ диэн мөккүөрдэрин уһуктуу-өргөстүү сылдьар эбиттэр. Онон бу кэпсээҥҥэ саха норуотун баайа, дьадаҥыта икки өттүлэриттэн санааларын хассыһыннаран ааһар эбиттэр..
Кудаҥса олорбут бириэмэтэ- Петр Великэй иннинэ бириэмэ буолуохтаах. Бу кэпсээн саха олоҕун. Кини олоҕо хаһааҥҥытьтанһ уларыйбытын бэт үчүгэйдик көрдөрөр. Онон « былыргы саха олоҕун чинчийэр үлэһиттэргэ бу кэпсээн элбэх ыйыыны- кэрдиини биэриэхтээх»,- диир Ойуунускай 1929.
Кудаҥса обраһа героическай даҕаны. Трагическай даҕаны. Кини геройдуу бүтүн норуот интэриэһин көмүскүүр. Тугун да кэрэйбэт. Адьас бэриниилээхтик охсуһар.
Күүстээх. Улахан өйдөөх. Кытаанах волялаах. Үтүөҕэ дьулуурдаах буолан баран. Кудаҥса сыалларын олоххо киллэрэр реальнай кыаҕа суоҕа,бу кини трагедията буолар.Сир үрдүгэр да. Аллараа да дойдуга тиийтэлээн көрөн баран таҥара ыйааҕын, дьылҕа хаан оҥоһуутун кыайбакка өлөр.
Улуу Кудаҥса саха Прометейа, дьонун- норуотун көмүскүүрүн иннигэр дууһатын биэрэр. Улуу гуманист обраһа биһиги бастакы хорсун дьоммутун кынаттаан, санааларын өрө күүрдүө. Күүстээх өйдөөх, модун санаалаах, биир-биир туран олоҕу уларытаары улуу мөккүөрү мөккүһэн, сорох өлбүт. Сорох кыайбыт.Бу өрө күүрдэр үтүө холобур буолар. Улуу Кудаҥса этин-хаанын. Уҥуоҕун-тириитин «Уот сиэмэ буолан тарҕан»,- диэн Аан дойдутугар. Ийэ буор сиригэр ыһан кэбиспиттэрэ. Ол уот сиэмэ улуу Өксөкүлээхтэри. Ойуунускайдары. Эриликтэри. Субуруускайдары. Омоллооннору. Болоттору, Даланнары ииппитэ да үөскэтиэҕэ, онно эрэнэбин. итэҕэйэбин. ( Г.Ефимов Е.В.Федоров «Звучащее слово народное» диэн ыстатыйатыгар (1974. Якутск, 186 стр.)суруйар : «Эрдэттэн билэр иичээн Чачыгыр таас ойуун Улуу Кудаҥсаны кутталлаах санааларыттан толхтото сатыыр. Ол эрээри ойуунтан Улуу кудаҥса обраһа дьону умсугутар. Кини Дьылҕа- Хаан утары барар уонна иннин биэрбэккэ эрэ тиһэххэ тиийэ туох баар кыаҕынан тэҥэ суох охсуһууга киирэн өлөр. Кини бэйэтин харса суоҕунан киһи аймах[11] үөскүүр көлүөнэтин уһуйар, эйэлэспэт күүһү кинилэргэ саҕар.»
Улуу Кудаҥсаны үйэтитии
Саамай эрдэтээҥи номоххо киирбит киһинэн Уот айах Кудаҥса буолар. Кини туһунан П.А.Ойуунускай «Улуу Кудаҥса» диэн сэһэн-номоҕу 1929 сыллаахха суруйбута. Ити сэһэн сюжетын киниэхэ Петр Ванифатьевич Слепцов диэн I Дьохсоҕон киһитэ суруйан бэлэх биэрбит» ( Ол илии баттааһыннах бэлэҕин институт архыыбыттан копиялатан мин – бу сырдатыы автора Чурапчы А.А.Саввин аатынн история. Кыраайы үөрэтии музейыгар народнай художник А.П.Мунхалов Улуу Кудаҥса 250х1.50 портретын анныгар тааска сытар буолуохтах)
… Суох, манна ким даҕаны олорон ааспатаҕын курдук. Үйэлэр сүүрүктэрэ барыны барытын үмүрүччү тардан оһоро охсубуттар. Улуу киһи баар буола сылдьыбатаҕын курдук. Модун санаа онньохолооботоҕун курдук. Өтөх турбут сиригэр лиҥкир тииттэр тыалтан иҥиэттэ иэҕэҥнииллэр, чэчинньиэр ойуур кэкэлиир. Арай абааһылаах ойууттар оҥортообут сүҥкэн кэрэх мастарын бакыр-такыр ачаахтарын быыһынан сойуодуйар куочайдара араллааннаах соҕуруу халлаан улаҕатын кыҥаабыттар.
Улуу Кудаҥсаны үйэтитии бу номоххо киирбит норуот биир баар буола сылдьыбыт дьонун сирдьитин үйэтитии буоларын таһынан. Бу улуу П.А.ойуунускай дьоһуннаах айымньытын үйэтитии. пропагандалааһын,чиэстээһин буолар. Хайдах, тугунан үйэтитиэххэ сөбүй. Ону бары толкуйдуоҕуҥ диэн ыҥырар биһиги киэн туттар фронтовикпыт Г.Д.Ефимов. Кини кэс тыла :
1 Таатта. Чурапчы саас-үйэ тухары тилиһэ тэлгэһэлээх. Биир Таатта үрэхтээх улуустарбыт. Уруккута биир боотуруускайдарбыт. Аймахтыыбыт. Онон Улуу Кудаҥса ыһыаҕын кыттыһан биир сиргэ ыһыахтыахха сөп эбит. Холобура, Түөйэ сүнньүгэр- Кындал диэки,биитэр Кудаҥса олорбут алааһыгар- Майы Баалыга.
2 Бастаан дьон интэриэһин тардар наада. Айан дьоно тохтоон аһаан ааһар сиригэр Чурапчы остолобуойун Улуу Кудаҥса аатынан ааттыахха. Дьокуускайга Аан дойду ааттаахтара түһэр . аһыыр сирдэрэ «Дыгын Дархан» диэн ааттаах кэрэ киэһэлээх гостиница- ресторан баар дии. Ол курдук.
3 Бороҕон улууһа төрдүлэрин Лөгөй тойону быйыл үйэтитэн ыһыах ыһан. Спортивнай оонньуу ыытан, Суорун Омоллоон 90 сааһыгар тоҕус бриллианнаах үрүҥ көмүстэн Лөгөй мэтээлин оҥорон бэлэхтээннэр бэрт саҕалаааһыны оҥордулар. Ону биһиги эмиэ батыһыаҕыҥ-Кудаҥса ыһыаҕын ыһаммыт, уруйдуохха. Хоһоон-ырыа айыахха, уус-уран айымньы суруйуохха. Уо.д.а. фронтовик ыҥырар.
Туох үлэ барарый
П.А.Ойуунускай «Улуу Кудаҥса» сэһэнин сюжетын Петр Ванифатьевич Слепцов диэн I Дьохсоҕон нэһилиэгин киһитэ биэрбит. Кини эһэтэ Ванифатий Слепцов Таатта Бэрээйи аҕатын ууһун сиригэр ҺНаммара үрэх саамай быйаҥнаах ходуһа сиригэр олохсуйан олорбут, сэттэ оҕотун соҕуруу үөрэттэрбит саха төрдүн удьуордарын суруйбут киһи диэн Р.М.Саввин ахтыбыт. Онн бу сэһэн Ванифатий Слепцовтан хаалбыт буолуон сеп.
Музейга үлэлиир кэммэр Институт архыыбыттан бу сэһэн илиинэн суруйуутун П.В.Слепцов таһыгар илии баттааһ бэлэхтээбитин копиятын ылбытым баар буолуохтах.
Проект суруйан , 100 000 –ҕа Улуу Куданса толору портретын (автор- народнай художник А. П. Мунхалов) онотторбуппут. Афанасий Петрович кэнники кэлэ сылдьан үлэтин көрө туран «көннөрүллүөхтээх »,- диэбитигэр туоһуласпатах буоллаҕым…
Ким Конфеевич Колесов «Улуу Кудаҥсаны “ааҕан баран, Майы Баалыны көрөн, сылдьан баран суруйбут хартыыналаах уонна этюдтаах. Радио корреспондена Максимов барса сылдьыбыт..
Ким Конфеевич Колесов ( ) ахтыбытынан, Майы Баалы күөлтэн Сыллыкы баай 40 хоппо балыгы ылара эбитэ үһү. Билиҥҥи туругунан ити күөл кыччаан, уолан турар. Оттон Р.М.Саввин ( ) :» 50-с сыллардаахха күһүн куобахтыы сылдьан күөлтэн хотугулуу арҕаа икки үүттээх, биир метрэни кыайбат уһуннаах үчүгэй бҕайы баҕана эмэх буолан сууллан сытарын көрөрбүт. Ону Улуу Кудаҥса муҥхатын балыгын сүөкүүр күрүөтүн маһа дииллэрэ»
2003-2011 сыллардаахха Д.Д.Попов улууска культура управлениетын начальнигынан улэлиир кэмигэр « Г.Д.Ефимов кэс суругунан сирдэтэн Түөйэ олохтоохторуттан сөбүлэҥнэрин ылан үйэтитии үлэтэ саҕаламмыта.Республикаттан 100000 солк. ылан ( Улууспут баһылыга И.Н.Аммосов) көмөлөһөн Чульмантан кытархай өҥнөөх көһөҥө таас аҕалатаран(бэйэм баран аҕалбытым суругун –бичигин В.Н.Дьячуковсайгачочуттаран күн түүннүүн тэҥнэһэр күнүгэр. Ахсынньы 22 чыыһылатыгар 2005 сыллаахха Кудаҥса кыстыгар Дьуойаҕа таһааран ахсыа буолан туруорбуппут .Сирин таларбытыгар Н.И.Слепцов-Сылык көмөлөмпүтэ. Түөйэттэн төрүттээх М.М.Пермяков сирдьит. Былыргытын тугу билэринэн кэпсээн. транспорт буларг көмөлөһөн. Кэлин Дьуойа илин баһыгар бэйэтэ үбүлээн. Бэйэтин биригээдэтинэн ураһа туруоран. Сылдьар дьон сүгүрүйэн ааһар сирин ситэрбитэ. Бу мэҥэ тааһы туруорарбытыгр Г.М. Яковлев кыттыан баҕарарын истэн үөрүүнэн илдьэ тахсыбыппыт. Онно ахс да сыллаах Улуу Кудаҥсаҕа үлэбит тумугун курдук ыстатыйа суруйарыгар этии оҥорбутум…
Гаврил Михайлович бастаан Саҥа олоххо онтон олунньу ыйга 9-16 күнүгэр 2006 с «С аха сирэ» №23.24-гэр бэйэтин көрүүтүнэн Өбүгэбит Улуу Кудаҥса».- диэн бэртээхэй ыстатыйаны суруйан таһаарбыта.
Культура эйгэтин биир үйэлээх-хайалаах үлэтинэн «Аарыгырар аҕыс айан аартыга» диэн нэһилиэктэргэ баар ытык сирдэринэн историческай өйдөбүнньүктэринэн культурнай нэһилиэстибэлэринэн туристическай маршруттары оҥоруу этэ. Ол кыраайы үөрэтиигэ олус туһалаҕын гимназия, Хатылы. Хоптоҕо үөрэнээччилэрин сырыылара дкаастаата, түмүгэр методическай кингэлэр тахсыбыттра республикаҕа биһирэммиттэрэ. Улуу Кудаҥсаны “Саха Прометейа” диэн бастакы президеммит М.Е.Николаев ааттаан бэйэтин кинигэтигэр киллэрбитэ. Ити биирэ.
Улуустааҕы С.К.Макаров атынан гимназия «Күн өркөн» лаҕырынан ( сал. Л.А.Пермякова) экспедицияҕа Майы Баалыга баран Улуу Кудаҥса курдук төрүччүлээхтэрин билэн кэлбиттэрэ.
Иккиһинэн ытык сир Маҕаайы алааһа ситтэ-хотто, онон Г.Д.Ефимов эппит тылларын сыта-тура толкуйдан биэс сыл буола-буола Улуу Кудаҥса аатынан Боотурускай улуус ыһыаҕын ыһыахха баар этэ.. Ырыа-тойук, хоһоон, атын да айар үлэ көрүҥнэрэ онтон сэдиптэнэн тахсан үлэ-хамнас ситэн иһиэ этэ»
Улуу Кудаҥса айылҕа алдьархайдаах кубулҕаттарыттан ( дьыбартан. Кураантан. Суттан)дьону быыһаары туох баарын барытын биэрэн туран охсуспут модун санаалаах улуу киһи. Итинник киһи төрүттээхпитинэнкиэн туттуох, кини аатын үйэтитиэх. Эдэр көлүөнэ ыччаттарбытыгар холобур оҥостуох тустаахпыт
Түмүк
Өбүгэбит Улуу Кудаҥса туһунан Сэһэн Боло, Федот Захаров төрүччүлэригэр, П.В.Слепцов сэһэнигэр, П.А.Ойуунускай айымньытыгар олоҕуран хаалбытын кэнчээри ыччакка өлбөөдүйбэт өйдөбүлү хаалларыахтаахпыт
Биир дойдулаахтарбыт ,художниктарбыт А.П.Мунхалов, К.К.Колесов айбыт образтарыгар тирэҕирэн эдэр художниктар Улуу Кудаҥса обраһыгар салгыы үлэлииллэригэр конкурс тэрийии наада эбит
Эрдэ былааннаммыт бырайыактары олоххо киллэрэр сыаллаах федеральнай, республиканскай конкурстарга кыттыыны саҕалаан, саха биир саарына , АДУС кыттыылааҕа Г.Д. Ефимов кэс тылын олоххо киллэрэргэ .
.Литература
! А.Р.Аржакова.Саха историческай фольклорун хомуйааччыта, чинчийээччитэ. Кыраайы үөрэтээччи Д.И.Дьячковскай- Сэһэн Боло: биобибл. Ыйынньык. / Чурапчытаа5ы кииннэммит библ. ситим, Одьулууннааҕы тыа сирин модел. Б.-та/ [хомуйан оҥордо А.Р.Аржакова; ред. А.Ф.Федорова]/- Дьокуускай: Сайдам, 2011.- 176 стр
2 Апросимов , Аполлон Михайлович, Попов, Гавриил Васильевич.Саха улуустарын нэһилиэктэрин төрүччүтэ.-Дьокуускай:Бичик,2015.-64 с.
3 Далан ( Яковлев Василий Семенович) Тыгын Дархан. Исторический роман. «Бичик». 1993
3 С.П.Ойунская. Платон Ойуунускай.Яккутск. Сахаполиграфиздат, 1999
4 Попова В.Д.. Улуу Кудаҥса диэн кимий? / Саҥа олох .2004
5 Попов Степан Федотович, Чечебутов Дмитрий Павлович, Прокопьев Семен Николаевич.- Дойдум миэнэ Хатылы. Якутск, 2000
6 Соловьева Ирина Саввична. Болдовская Фекла Николевна, Гуляев Петр Егорович. Тоҕус томтор ааҕыылара.-Чурапчы:Саҥа олох , 2018
Варвара Попова
От ыйа.2023 с