ВАЛЕНТИНА ДМИТРИЕВНА ПИНИГИНА

История кэрэһиттэрэ

Ытык-бэлиэ сирдэр, история кэрэһиттэрэ экспонаттар дьоңңо-сэргэҕэ туһалара  улахан.  Бу улуус эрэ баайа буолбатах, бүтүн республика духуобунай баайа, ону сөптөөхтүк тэрийэн туһаныы – улуус салалтатын иннигэр  турар  чопчу сыал-сорук буолар. “Ытык-бэлиэ сирдэри” былааннаахтык тэрийэн, историческай-культурнай пааматынньыктары үөрэтии, баай историческай, литературнай нэһилиэстибэни, хайысхалаахтык улууска  маршрут  оңорон эдэр көлүөнэ ыччаты уһуйууга наадата күннэтэ күүһүрэр. Историяны дириңэтэн билии-көрүү  биһиги халың хаххабыт, суон дурдабыт буолар.  Кэлэр сылга  алтынньы 31 күнүгэр, 1909 с. “Якутскай-Охотскай”  телеграфнай  линия  тутуллан үлэҕэ  киирбитэ  оруобуна 110 сылын  туолар. Оччотооҕу  кэм  историятын  кэрэһэлиир сир,  дьиэ-уот, экспонаттар краевед, этнограф, фольклорист А.А.Саввин аатынан Чурапчытааҕы история уонна этнография  музейыгар  харалла сыталларыттан  билиһиннэриэҕи баҕарыллар. Ол курдук:

1.Морзе телеграфнай  аппарата;

2.Хаңха ыңыыр;

3.Ахтыылар;

4.Фотоматырыйааллар;

5 Телефон аппарата.

           Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Кыһыл сулус орден кавалера, улуус Бочуоттаах олохтооҕо Г.Д.Ефимов морзе аппарата музейга хайдах киирбитин туһунан  маннык кэпсээн турардаах: 1967 с. Өктөөп революциятын  50  сыла туолуутун Чурапчы өрө көтөҕүллэн туран, бырааһынньык быһыытыгар-майгытыгар бэлиэтээбитэ. Сэбиэт былааһа Саха сиригэр  олохтонуутун  историятыгар  Чурапчы улууһа  ураты  суоллаах-иистээх. Онон соҕурууттан-хотуттан  ыалдьыт бөҕө ыңырыллыбыт. Гаврил Дмитриевич  оччолорго  Революция уонна  Үлэ албан аатын  оройуоннааҕы кулуубун председателэ. Инньэ гынан, Георгий Кононович Беляевка юбилейнай дьаһалга наадатын ыйан туран, морзе телеграфнай  аппаратын буларга  сорудахтыыр. Георгий Кононович  – оройуон  бастакы үөрэхтээх телеграфиһа. Ол курдук,  пролетарскай революция  сирдьитэ В.И.Ленин  Саха  үлэһит дьонугар аадырыстаан ыыппыт  телеграмматын суолтатын аҕа көлүөнэ дьон  умна иликпитин эдэрдэргэ тиэрдиэх кэриңнээхпит диэн. 1921 с. муус устарга, 10 улуус дьадаңыларын конференцията бара турар кэмигэр, Ленин телеграмматын ким бастаан  туппутун  билэр ахсааннаах буолуо. Оччотооҕуга  үөрэхтээх да киһи аҕыйаҕа, сибээс сириэстибэтэ да мөлтөҕө. “Дьокуускай-Охотскай”  телеграфнай  линия  аһыллыытыгар почта-телеграф дьиэтигэр биир “морзе” аппарат, начальник телеграфист, сурук таһааччы үлэлиирэ. Телеграфиһынан 1917 сыллаахтан Дьокуускайга телеграфистар анал курстарын бүтэрбит Г.К.Беляев улэлии олороро. Бэйэтин кэмигэр кини үөрэхтээх дьон кэккэтигэр киирэрэ.  Үчугэй  буочарынан суруллубут ахтыыта музей фондатыгар уурулла сытар: «Бэрт эрэйинэн да  буоллар В.И.Ленин телеграмматын ылбытым. Сонно тута телеграмманы туппутунан конференция  үлэлии олорор  сиригэр таңара дьиэтигэр тэбиммитим, мунньах президиумугар туттардым. Ону председателлии олорор Константин Сокольников доргуччу ааҕан иһитиннэрбитэ», – диэн ахтар. Албан Аат кулуубуттан ылбыт сорудаҕын Георгий Кононович   эмиэ толорбута. Почта-телеграф дьиэтин сарайын, ампаарын (билигин да турар ампаар)  бөҕүн-саҕын хаһан аппараты булан аҕалан туттарбыт, Үлэ, Албан аат кулууба  ол киэһэ музейга бэлэхтээбитэ. Сүүс уон сыллааҕы “Дьокуускай-Охотскай” телеграфнай линия историятын уонна 1921 с. былаас уларыйыытын кэмин биир ураты суолталаах-сыаналаах кэрэһитэ  буолан, аппарат музейга хараллан турар.

            Линияны тутууга  үлэ-хамнас олус тэрээһиннээхтик барбытын историктар бэлиэтииллэр. Уобалас оччотооҕу  саңа  губернатора И.И. Крафт бэйэтинэн хонтуруоллаабыт. Ол түмүгэр биир техниката, суола-ииһэ, дьоно-сэргэтэ  суох сиринэн, эт илиинэн 30 км  кэтиттээх просеканы быһан, ыраастаан, кэрдэн, остуолбалары  бэлэмнээн, туруоран линия    10 ый иһигэр 1117 биэрэстэ сиргэ тардыллыбыт, сибээс олохтоммут. Бу телеграф линиятын  тардыыга үлэҕэ дуогабар түһэрсэн, Кулаковскай А.Е.- Өксөкүлээх сылдьыбыта историяҕа биллэр. Таһаҕастарын хаңха ыңыырынан атынан таспыттар.

            Бу хаңха  ыңыыр  историята дириң. Онтон быһа тардан кэпсээтэххэ маннык. Почта-телеграф территорията Чурапчы тоҕус томторуттан саамай баай, былыргыттан дьон-сэргэ олохсуйбут сиригэр турбута. Билигин МТС томторо дэнэр, уруккута Почта томторо диэн этэ. Бу томторго Почто-телеграф хонтуората баара, хоту өттүгэр олорор дьиэлээҕэ. Ол хоту өттүгэр Күөрэгэй алааһын илин өттүгэр “Сэмэнэбис дьиэтэ” эмиэ да радиоузел,  кэлин суут да, хаайыы да дьиэтэ буола сылдьыбыт  улахан дьиэ баара.  Телеграф дьиэтин аллараа кырыытынан, сыыр аннылыы, хойукка диэри почта дьиэтэ турбута. Бу томтор илиңңилии  үһүгар Кыам Уус (Петров Иван) олороро, Субуруускай  кэргэнэ Мотрена Ивановна төрөппүт аҕата. Кини кыһыллар диэки санаалааҕа, ону бандьыыттар оҕонньору куттаан туран уһаннаран муңнууллара. Эстибэт доруоп сааларын оңоттороллоро. Бу уус түөлбэтэ, ыраахтааҕы суолун кытта сибээстээх. Иккис  Камчатскай  эспэдииссийэ  таһаҕаһын таһыынан, Охотскайы  уонна  Санкт-Петербуру кытта  буоста сибээһин  олохтоору  Охотскай  суолугар  1733 сыл ыам ыйын 31 күнүнээҕи ыраахтааҕы  уонна сенат быһаарыыларынан, Санкт Петербург – Тобольскай, Дьокуускай, Охотскай пордун икки ардыларыгар  буоста сибээһин олохтообуттара. Ол иһин,  Охотскай  суолугар ыраастааһын, солооһун, муоста тутуутун үлэлэрэ ыытыллыбыттара уонна 15  ыстаансыйалар  олохтоммуттара. 1736 сылга  Дьокуускайтан  Амма өрүскэ  диэри  биэрэстэни  ыйар  остуолбалар туруоруллубуттара, дьаамнар тутуллан  үлэлээн барбыттара.  Дьокуускайтан Охотскайга диэри сиринэн барар суолу Витус Беринг Иккис  Камчатскай эспэдииссийэтигэр  сылдьыспыт  Павел  Крашенников «Описание земли Камчатской” диэн  үлэтигэр олус сиһилии бу суолунан 1737 сылга  Камчаткаҕа айаннаан иһэн аара баар сирдэр, күөллэр, үрэхтэр ааттарын  ыйыталаһан суруйан хаалларбыт. Итинник  сиһилии  суруйаары анаан-минээн сири-уоту эңкилэ суох билэр сирдьиттэри олохтоох кинээстэртэн көрдөөн ылыллар эбит. Охотскай  суолун  Дьаарбаңтан Чурапчыга диэри кэрчигин П.Крашенников суруйбут кинигэтиттэн билсиэххэ сөп. Куоҕалы  күөлэ оччоттон баара. Ст. Татская – Чиранчи оз. Чурапчы  күөлүгэр (Чиранчи  оз) биир  биэрэстэ тиийбэккэ Охотскайдыыр суолга Куохара үрэх үрдүгэр турар диэн суруллар. Бу ыстаансыйаҕа айанньыттар Дьаарбантан ылбыт аттарын уларытан «Бельскэй” ыстаансыйа  туорааһыныгар диэри бараллар – диэн П.Крашенников суруйбут. Ону таһынан, манна айаңңа туттар өйүө гынар сүөһүлэрин атыылаһаллар эбит. Аһылыктара бүттэҕин аайы, үүрэн иһэр сүөһүлэриттэн өлөрөн астаан, өйүө гыналлара.

            Ити ахтыллыбыт  “Татскай” ыстаансыйа турбут сиринэн МТС томторо диэн ааҕабыт. Бу ыстаансыйаттан, сааллыы тыл курдук киирэр, үрдүк сиргэ уустар түөлбэлээн олорбут сирдэрэ баар. Эспэдииссийэ илин айаҕар аттарын кэһэхтэрин оңотторон, айаннарын уустарга чиңэттэрэн. ыңыырдарын уларыттаран. ыраах айаңңа туруналлара. Бу ыстаансыйаны тутааһын, сүөһүнэн-аһынан хааччыйыы тэрээһинин Боотурускай  улуус (ыраахтааҕы суола) моой-арҕас сүгэрэ. Кулуба бэйэтэ дьаһайара. Онон Чурапчыга дьон  олохсуйан  барыыта Охотскай пордугар диэри буоста олохтонуоҕуттан 1733 сылтан саҕаламмыта диэхтээхпит. Кыһыңңы буоста суола (ыраахтааҕы суола) 15 ыстаансыйаттан турара.:

1.Ярмонская (Якуская городская)                                       0

2.Тылбыяхтахская                                                              35 км

3.Тюнгюлюнская                                                                15 км

4.Чачигийская                                                                    32 км

5.Поротовская                                                                    34 км

6.Чурапчинская ( Татская-Таатта үрэҕэ)                             32 км

барыта холбоон 148 биэрэстэ.

            19 үйэҕэ Россия  хотугулуу-илиңңи территориятын хаһаайыстыбаннай  өттүнэн бөҕөргөтөргө, аһынан-таңаһынан, көлөнөн хааччыйыыга уонна  Россия ыаллыы  сытар судаарыстыбаларын кытта экспортка  түүлээҕинэн эргинэригэр  Саха сирин дьоно-сэргэтэ,   бэйэлэрин кылааттарын  киллэрбиттэрэ. Америка нууччаларын (Русская  Америка), Алеутскай, Курильскай арыылар сирдэрин баһылааһыңңа сүрүннээн, 1799 с.  «Российско-американская компания” тэриллибитэ. Саха сирэ ити компанияҕа бэйэтэ представительстволаах этэ. Якутскайтан Охотскайга уонна Аян суолунан ат көлөнөн таһаҕаһы таһыы  олохтоох нэһилиэнньэҕэ  суктэриллэрэ. Компания  атыыһыттар нөңүө сүөһүнү атыылаһара, тууһаммыт балыгы, арыыны  хомуйан, Аляскаҕа, Алеутскай арыыларга  ыытара.  Ону таһынан,  булчуттары, уустары,  сүөһү көрөөччүлэри, отчуттары, бурдук үүннэрээччилэри наймылаһаллара. 1860с.  атырдьах ыйынааҕы   Саха сирин земскэй суутун уурааҕар сурулларынан, Боотурускай улуустан бу компанияҕа 20 киһи наймыга  үлэлии сылдьара испииһэгинэн  ыйыллар.    Таһаҕас таһыыта, Дьокуускай –Охотскай  суолунан, өрөбөлүүссүйэ  кэнниттэн  1930 с. эмиэ хаттаан саҕаламмыта. Саха сирин правительствота кыһыл көмүһү хостооччуларга аһы-үөлү тиэрдиигэ колхуостаахтары көмөҕө  туруорбута. ҮөҺэттэн  кэлбит сорудаҕы  ат көлөнөн Ааллаах Үүңңэ дылы таһаҕас  таһыытыгар  үлэлээбиттэрэ. Бу  үлэ промышленноска тыа дьонун далааһыннаах көмөлөрүн курдук сыаналанар. Ити балысхан  үлэни кииннээччинэн, почта-телеграф  сибээһин  нөңүө, Чурапчы бөһүөлэгэ этэ, онтон хаңха ыңыыр түөрт  үйэ тухары,  Россия судаарыстыбатын Илин эңээрин  границатын   үүйбүт-хаайбыт сыаната биллибэт олус суолталаах экспонат буолар.

            Маннык  ыңыыр  биһиги музейбытыгар баар. Телеграфист-связистэр ахтыыларыттан  өссө биир ахтыыны кытта билсиң: 1941 с. бэс ыйын 22 күнүгэр Дьокуускай куорат телеграбын  үлэһиттэрин ортолоругар биһиги биир дойдулаахпыт  Дмитрий Леонтьевич Ноговицын ахтыыта:

…Срочно на связь, вызывает Иркутск. Уточним пароль с Иркутским. Шифровка открытым текстом… “Немецко-фашистская  армия без предупреждения перешла  границу, напала на нашу страну,  разбомбила много советских городов, страна объявляет военное положение. Проводится  мобилизация  людей в ряды  Красной Армии…” (От волнения  и напряжения телеграфистска упала в обморок)…Организуйте по радио речь председателя наркома внешних дел т. Молотова. Установите в узловых местах радио, репродукторы…” Мы срочно сообщили в Верховный Совет ЯАССР, совнарком, обком партии, МГБ и военный комиссариат».

           Оччоттон баччааңа дылы 110 сыл, сууһунэн  тыһыынчанан   хонук уу курдук  устан аастаҕа. Дьон-норуот туһа диэн, судаарыстыба  харыстабылын туһа диэн, боевой постка  түүннэри-күннэри  телеграфистар тураллар. Бүгүн олох күүскэ сайдар, тэтимнээхтик  сайдар, сибээс средстволара  куйаар долгунун үүйэ-хаайа тутан, чыпчылҕан  түгэнэ ийэ сирбитин эргитэн аҕалаллар. Бу сүүстэн тахса оһоллоох-моһоллоох, киириилээх-тахсыылаах, уларыйыылаах-тэлэрийиилээх ураты уустук, ол эрэн кэскиллээх үлэ  күүскэ  сайда  турар “Сахателеком» Чурапчытааҕы филиалын бары  үлэһиттэригэр улуус кыраайы  үөрэтээччилэрин аатыттан баҕарабыт сырдык  ыраас  күөх халлааны,  эйэлээх дьоллоох,  байылыат олоҕу, айымньылаах  таһаарыылаах үлэни! Бары былааннаргыт, бырайыактаргыт харыыта суох, кимиилээхтик  олоххо киирэн истиннэр, барыта санаа хоту тупсаҕайдык быһаарыллан, улууспут биир сайдыылаах киэн туттар эйгэтэ буола туруохтун!   

В.Д .Пинигина, краевед РФ журналистарын чилиэнэ, СР культуратын  үтүөлээх  үлэһитэ, Чурапчы улууһун бочуоттаах  олохтооҕо

Официальный сайт "Чурапчинского музея и истории этнографии им.А.А.Саввина"