“Гончарное ремесло у якутов” диэн А.А.Саввин хомуйбут баай архыыбыттан Чурапчы улууһа (оройуона) МТ үбүлээн, Россия наукаларын академията Сибиирдэҕи салаа Гуманитарнай чинчийии уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар проблемаларын института (РНА СС ГЧуоХААОПИ) 2022 сыл бүтүүтэ кинигэ таһаарбыттара. Бу ураты кинигэ тутатына аан дойду таһымыгар ученайдар сэҥээриилэрин ылбыта. Онон кинигэбит Америкаҕа, Вашингтон издательствотыгар английскайдыы тылынан тылбаастанан таҕыста.