Архив рубрики: Новости

«ОЛОҤХО ДОЙДУТУН ОҺУОРДААХ ТОЙУГА»

Чурапчы улууһугар Аан дойду чулуу айымньытынан ааттаммыт саха улуу олоҥхотугар анаммыт күннэр чэрчилэринэн, Педагогическай үлэ ветерана, норуот маастара, СССР уонна Саха Республикатын культуратын туйгуна, Российскай Федерация художниктарын союһун чилиэнэ, Саха Республикатын культуратын үтүөлээх үлэһитэ, Хоптоҕо, Болтоҥо, нэһилиэктэрин бочуоттаах гражданина, биллиилээх худуоһунньук, уус, муосчут, Кындалга «Олоҥхо дойдута» культурнай этнографическай комплексы тэрийбит олонхоһут-уруһуйдьут

КИМ КОНФЕЕВИЧ КОЛЕСОВ (1937-2013) төрөөбүтэ 80 сылыгар анаммыт

 «ОЛОҤХО ДОЙДУТУН ОҺУОРДААХ ТОЙУГА» 

 быыстапка аһыллыыта сэтинньи 23 күнүгэр күнүс 15.00.ч. буоларыгар Чурапчы улууһун олохтоохторун уонна ыалдьыттарын кэлэн көрөргүтүгэр, сэҥээрэргитигэр ыҥырабыт.

Быыстапка сэтинньи 23 күнүттэн ахсынньы 25 күнүгэр дылы 10.00 ч. – 13.00 ч., 14.00 ч. – 18.00 ч. үлэлиир.

Буолар сирэ: Чурапчы с. Горькай уул. 16, А.А.Саввин аатынан Чурапчытааҕы история уонна этнография музейа.

Сэдэх быыстапка

Бэс ыйын 2 – 29 күннэригэр  Саха Республикатын күндү баайын государственнай харалын “Сокровищница” быыстапкалыыр саалатыгар ханна да хатыламмат, туохтааҕар да ураты уонна сыаналара  кэмнэммэт, биһиги музейбыт экспонаттарын  Дьокуускай куорат олохтоохторо уонна ыалдьыттара илэ харахтарынан көрдүлэр, сөхтүлэр-махтайдылар. Маннык тастан киирии быыстапка күндү баай харалыгар маҥнайгынан туруоруллан сэдэх көстүү буолла.

Бу быыстапкаҕа музей фондатыттан, дириҥ-баай историялаах, Боотурускай улуус саҕаттан, XVIII-XIX үйэлэр кэминээҕи айылҕаттан айдарыылаах, уран тарбахтаах маастардар, уустар сэдэх үлэлэрэ көрдөрүүгэ турдулар.

Сахалыы көмүс оҥоһуктар, үрүҥ көмүс туттар тэриллэр, ыһыах алгыстаах түһүлгэтигэр уохтаах кымыһынан күндүлүүр араас иһиттэр, өбүгэ үгэһин, норуот ойуутун-мандарын көрдөрөр таҥас-сап, саха маанылаах атын сэбэ-сэбиргэлэ, дьахтар симэхтэрэ, эр киһи мала-сала Сахабыт сирин киэн туттар күндү баайын кытары кэккэлэһэ туруоруллар чиэстэммиттэрэ долгутуулаах суол.

Быыстапка үөрүүлээх арыллыытыгар ыҥырыылаах,  дьоһун- мааны ыалдьыттар үгүс үтүө тыллары этэн, сэдэх экспонаттары көрөн –истэн дуоһуйан  тарҕастылар.

Бу быыстапка сүрүн суолтата, сыала-соруга – дьоҥҥо-сэргэҕэ, кэнчээри ыччакка өбүгэбит үтүө-мааны, мындыр толкуйун, өйүн-санаатын көрдөрүү, тиэрдии буолар.

Историческое наследие Чурапчинского улуса

Историческое наследие Чурапчинского улуса

Около 100 раритетов из Чурапчинского улуса выставлены на экспозиции в Сокровищнице Якутии. Впервые здесь представлен новый формат,  когда для горожан представляется доступ к раритетам другого музея. Это уникальные работы якутских мастеров 18 – начала 19 вв., которые собирали в течение многих лет, некоторые экспонаты сданы местным населением, другие – найдены поисковыми отрядами на обширной территории бывшего, исконно якутского, Ботурусского улуса.

Самобытные ювелирные изделия, старинная серебряная посуда,  деревянная кумысная утварь – якутская земля издревле славилась своими мастерами. Рассматривая их, приходишь к выводу: уникальные экземпляры удалось найти, собрать в Чурапчинском музее истории и этнографии, сохранить для потомков.

Эти раритеты представляют золотой фонд и гордость Республики Саха (Якутия). Безмолвные свидетели старины, они позволяют прикоснуться к истории якутского народа, в них заключено дошедшее из глубины веков послание о законах красоты и гармонии, выражено народное мироощущение и эстетика.

Предварительная запись по телефону.

Часы работы: 10.00; 11.00; 12.00; 13.00; 14.00; 15:00; 16:00; 17:00 (Экскурсии проходят каждый час)

Выходные дни: Суббота, воскресенье

Вход: Для взрослых – 240 руб.
Для детей, студентов, пенсионеров – 120 руб.

Справки по тел.: 42-52-90 касса; 42-52-58 – отдел экскурсоводов.

Возраст: 12+

Afisha.Ykt.Ru_ Историческое наследие Чурапчинского улуса

«Музей күнэ»

26 мая состоялось мероприятие, посвященное Международному дню музеев под названием «Музей күнэ». В программу мероприятия были включены разделы приуроченные    Году Молодежи в РС(Я), Году Истории в Чурапчинском улусе, Году Патриотизма в с.Чурапча и 75- летию насильственного переселения Чурапчинских колхозов в годы ВОВ.

Торжественное открытие началось с выступления фольклорного ансамбля «Айгыл» ЧСОШ №2 им.И.М.Павлова под руководством М.М.Слепцовой. Коллектив исполнил фольклорную композицию с пением и игрой на хомусе.

Своим литературно-художественным выступлением Год Патриотизма ознаменовали руководители администрации и депутаты наслежного совета с.Чурапча. Чтение стихотворений о Родине в исполнении видных деятелей с.Чурапча стало ярким примером и предметом гордости.

Юноши гимназисты ЧУГ им.С.К.Макарова  показали литературную композицию      о жизни и деятельности  С.А.Новгородова, посвященную 125- летию ученого лингвиста.  

Самой зрелищной частью мероприятия стали сценические эпизоды из постановки режиссера народного театра С.Тарасова по произведению С.С.Яковлева Эрилик Эристинэ «Маарыкчаан ыччаттара» в исполнении артистов Чурапчинского народного театра им.П.М.Решетникова. Артисты своим мастерством исполнения и костюмами полностью передали дух и обстановку того времени.

Совместно с советом молодежи Чурапчинского улуса «Маарыкчаан ыччаттара» проведена интеллектуально познавательная игра «Брейн-ринг»  охватывающая историю, краеведение, события и знаменитых людей Чурапчинского улуса.    Приняли участие 4 команды из студентов ЧГИФКИС, Чурапчинского колледжа, команда молодых специалистов управления культуры и сборная команда Чурапчинской молодежи.     

 Во дворе музея работал выставочный уголок – фото зона  «Ретро интерьер» и была организована выставка  самоваров из фонда музея  и частных коллекций «Сылаас чэйдээх Сылабаар тула».

В балагане Хатылынский филиал «Музей Переселенцев»         представил выставку из экспозиции и виртуальную экскурсию  по музею. Трогательный рассказ заведующей филиалом М.В.Чичигинаровой, о тяжелых испытаниях и судьбах переселенцев, не оставил равнодушными ни одного посетителя.

“Музей күнэ» тэрээһин программата

Сыллата ыытыллар Аан дойутааҕы Музейдар күннэрин бэлиэтээһин чэрчитинэн ыам ыйын 26 күнүгэр 16:00 чаастан Чурапчытааҕы А.А.Саввин аатынан история уонна этнография музейыгар  ыытыллар “Музей күнэ” тэрээһин программата:

– «Уус-уран дьүһүйүү» Чурапчыбыт туһунан патриотическай хоһоон ааҕыыта

– «Маарыкчаан ыччаттара» айымньыттан быһа тардыы

– «Брейн-ринг «Чурапчы историята» ыччаттарга хамаандаларынан оонньуу

– «Сылаас чэйдээх Сылабаар (Самовар) тула» быыстапка

– «Көһөрүллүү музейын» быыстапката, виртуальнай экскурсията

 

Кыттыыны ылаллар:

-Хатылытааҕы «Көһөрүллүү музейа»

-П.М.Решетников аатынан Чурапчытааҕы народнай театр

-Чурапчы нэһилиэгин дьаһалтата, депутаттара

-Чурапчытааҕы гимназия, И.М.Павлов аатынан 2 Чурапчытааҕы орто оскуола  үөрэнээччилэрэ

– Чурапчытааҕы ыччат отдела, «Маарыкчаан ыччаттара» түмсүү

🖋📝Норуот баайа-история дьиҥ чахчытын туоһулуур араас кэм экспонаттара, оҥоһуктара буолаллар.

 

 

🗿⛲🎺💽🎥📺📻✒📝

Норуот баайа-история дьиҥ чахчытын туоһулуур араас кэм экспонаттара, оҥоһуктара буолаллар.

БОЛҔОЙУҤ❗БОЛҔОЙУҤ❗

Убаастабыллаах биир дойдулаахтарбыт,Халыҥ Хадаартан төрүттээхтэр,Чурапчы олохтоохторо, ыалдьыттара самаан сайын салаллан кэлбитинэн истиҥник эҕэрдэлиибит!

Үлэһит үтүөкэн дьоннордоох, көхтөөх ыччаттаах, герой ийэлэрдээх, өлгөм сирдэрдээх, баай Байанайдаах Хадаар нэһилиэгин баай  историятын кэрэһэлиир музей үлэтин сырдатар тэрээһиҥҥэ ыам ыйын 24 күнүгэр күнүс 14.00 чаастан Чурапчытааҕы музейга кэлэн күндү ыалдьыт буоларгытыгар ыҥырабыт.

Кэлиҥ,сылдьыҥ,ыалдьыттаан элбэҕи билэн-көрөн иҥэриниҥ.

Региональный конкурс «Экспонат года 2017»

Ежегодный региональный конкурс «Экспонат года 2017» в этом году прошел 14 апреля в Чурапчинском музее. Мероприятие проведено в рамках Года Истории в Чурапчинском улусе, 75-летия насильственного переселения Чурапчинских колхозов, при поддержке МО «Чурапчинский улус (район)» и МКУ «Чурапчинское улусное управление культуры». Конкурс прошел среди муниципальных, ведомственных, школьных, общественных, частных музеев с целью содействия укреплению связей внутри профессионального музейного сообщества, формирования новых площадок диалога, распространения успешных методов работы музеев, установления прямых контактов между музейными работниками для обмена опытом и новыми практиками. В конкурсе приняли участие 19 музеев из 4 заречных улусов, среди которых сотрудники с многолетним стажем, так и совсем молодые специалисты. Всем участникам  были вручены сертификаты об участии в конкурсе, буклеты о нашем музее и памятные книги. Победители были награждены дипломами и ценными призами. В программу мероприятия так же были включены выездные экскурсии в частную благотворительную таксидермическую выставку А.А.Попова  и в Хатылынский филиал «Музей переселенцев», посещение которых вызвало восхищение от увиденного и в той же мере глубокую скорбь от истории насильственного переселения.

Членами жюри конкурса “Экспонат года 2017”, под председательством начальника управления культуры Чурапчинскогого улуса Попова Д.Д., в составе Пинигиной В.Д.(рук.”Ай”народной студии), Охлопкова И.С.(ст.науч.сотр.музея «Дружба»), Ксенофонтов С.И.(методист по музеям Усть Алданского упр.культ.), Филипповой М.Е.(сотр.Чурапчинского музея) подведены итоги:

❇ ГРАН-ПРИ- Мигалкина Зоя Васильевна директор  Усть-Алданского литературного музей-комплекса им. Кулантая с представленным экспонатом – “Алампа олоппоһо”

ЛАУРЕАТ I- Чичигинарова Марфа Владимировна зав.филиалом        «Хатылынский музей переселенцев» с трогательным рассказом о вещи и судьбе участницы насильственного переселения в годы ВОВ Терютиной Дарии Михайловны

ЛАУРЕАТ II- Божедонова Мария Петровна руководитель музея истории и культуры Диринского наслега с экспонатом     – старинные настенные часы «Густав Беккер»

ЛАУРЕАТ III- Борисова Анна Сергеевна – научный сотрудник Черкехского историко-мемориального музея «Якутская политссылка» с экспонатом -Первый якутский букварь.

Присуждены номинации:

  1. «Исторический экспонат»- Окоемов Павел Павлович сотрудник МКУ “Борогонский  музей  истории  улуса”с экспонатом именное  седло  Борогонского  головы  Окоемова  П.Н.(1884)
  2. «История рукописи»- Егорова Екатерина Иннокентьевна сотрудник музея «Педагогической Славы» с материалом Папка-скоросшиватель
  3. «Интересный экспонат»- Собакина Светлана Николаевна заведующая муниципальным музеем им.Луки Турнина Тыарасинского наслега с экспонатом Короб писательницы Веры Давыдовой
  4. «Старинный экспонат»- Колодезникова Ефросинья Константиновна главный хранитель фонда МКУ «Тандинский историко-архитектурный музей им.И.П.Готовцева» с экспонатом Святое Евангелие
  5. «Этнографический экспонат»- Макарова Прасковья Титовна руководитель музея истории школы имени Р. А. Бурнашова Табагинский СОШ привезла приблизительный схематический план колхозов с указанием их границы. Составитель Афанасий Семенович Порядин, 1935 год, март с дополняющим экспонатом: макет якутской усадьбы времен коллективизации. Автор: народный мастер художественных промыслов РС (Я) Макаров Николай Николаевич.
  6. «Лучший фотоматериал»- Аргунов Гаврил Иннокентьевич- научный сотрудник МКУ «Тандинский историко-архитектурный музей им.И.П.Готовцева» с представленной групповой фотографией знаменитого костореза Петрова П.Н., Петрова З.П. и Андросова П.Ф.
  7. «Юный краевед» -Заболоцкая Сайаана уч.2.кл.ЧСОШ №1 им «С.А.Н» представившая Чурапчинский музей истории и этнографии им.А.А.Саввина с экспонатом «Бурдук тардар таас» (дар музею от семьи Карсанаевых)
  8. «Лучшая коллекция»- Канаева Анна Николаевна представившая хомус из частной  коллекции с рассказом «Хомус сэһэнэ-1944»

В конце мероприятия за Круглым столом, было принято единогласное решение о проведении следующего конкурса в стенах музея победителя – Усть-Алданского литературного музея-комплекса им. Кулантая  в с.Борогонцы. Прошедший конкурс показал и еще раз доказал,  что в музеях работают люди по призванию, с душой и со знанием дела. Желаем  всем музейным работникам успехов в своей деятельности, взаимопонимания и плодотворного сотрудничества со своими коллегами.

“ӨКСӨКҮЛЭЭХ ӨЛӨКСӨЙ ЭЙГЭТЭ” .

Саха Өрөспүүбүлүкэтин культуратын уонна духуобунаһын министиэристибэтэ “Ытык-Күөллээҕи “Таатта” литературнай-художественнай музей-заповеднига.

 

“ӨКСӨКҮЛЭЭХ ӨЛӨКСӨЙ ЭЙГЭТЭ” .

Таатта музейын фондатыттан айар тыл аҕата, уһулуччулаах чинчийээччи-учуонай, бөлүһүөк, суруйааччы, общественнай деятель А.Е.Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй төрөөбүтэ 140 сааһыгар уонна кини олоҕун сырдатааччы, кыраайы үөрэтээччи Е.Д.Андросов ытык малларын, өбүгэлэрбит уран үлэлэрин билиһиннэрэр быыстапка.

 

Буолар сирэ, кэмэ: Чурапчы улууһун историяҕа уонна этнографияҕа музейа, кулун тутар 24 күнэ.

 

ПРОГРАММА:

  1. 11.00-13.00. Быыстапканы арыйыы, көрүү үөрүүлээх чааһа.
  2. 14.00-16.00. Маастар кылаастар:

– Саха мас иһиттэрэ, муус оҥоһуктары оҥоруу. Көрдөрөр СӨ норуотун маастара, үрдүк категориялаах педагога Ф.И.Чярин.

– “Саха быһаҕа” көрдөрөр СӨ норуотун маастара И.Х. Татаринов (Бэйэ быһаҕын сытыылаан биэрии, быһаҕы хайдах сөпкө сытыылыырга үөрэтии).

  1. 16.00-17.00 Таатта улууһун музейдарын, ытык сирдэрин Алдан, Амма өрүстэринэн туристическай маршруттар үлэлэрин билиһиннэрии.

 

Киири билиэт сыаната:

Быыстапка-150 солк.

Маастар кылаас-700 солк.

 

Быыстапка кулун тутар 24-31 күннэригэр үлэлиир.

 

Билсэр нүөмэрдэргит: 89640773524, 89245686139

Олунньу 21 күнүгэр Чурапчытааҕы музейга Бахсы нэһилиэгин историятын кэпсиир быыстапка аһылынна.

Олунньу 21 күнүгэр биһиги музейбытыгар Бахсы нэһилиэгин историятын кэпсиир быыстапка аһылынна. Быыстапка Бахсы диэн аат хантан кэлбититтэн саҕалаан күн бүгүҥҥэ диэри нэһилиэк историятын сүрүн кэрчиктэрин көрдөрөр. Бахсылар улахан ситиһиилэринэн нэһилиэктэрэ сурукка киирбитэ 385 сыла буоларын туоһулуур историческай ыспыраапканы ылбыттара буолар. Экскурсияны Жанна Федоровна Барашкова хайа баҕарар киһини сэҥээрдэр гына ыытта, өр сылларга үлэлээбэккэ турбут музейдарын саҥаттан сөргүтэн инники үлэлиир былааннарын, туристическай маршрут тэрийэр баҕа санаалаахтарын туһунан кэпсээтэ.
Ордук интэриэһинэйэ саҥа технологияны туһанан, «кюр код» диэн ньыманы киллэрэннэр дьон болҕомтотун тартылар. Мобильнай телефоҥҥа ОХЕ диэн босхо приложениены киллэринэн, анал кодтаах хаартыскаҕа тустаах киһи портретыгар телефоҥҥун чугаһаттаххына бу киһи бэйэтэ кэпсээбит ахтыыта видеонан көстөн кэлэр. Маннык кодтаах портреттар, хартыыналар элбэхтэр. Манна бэлэмнэнэн хас эмэ сыллаах үлэ баран, ол олоххо киирбитэ хайҕабыллаах суол.
Быыстапка аһыллыытыгар мустубут ыалдьыттары бука барыларын дэлэччи саха төрүт маанылаах этинэн-аһынан күндүлээтилэр, түмүгэр Бахсы былыргы үһүйээннэрин кэпсэттии буолла.
Бу тэрээһин өссө төгүл Бахсылар түмсүүлээхтэрин, биир санаанан үлэлииллэрин – хамсылларын туоһутунан буолла.

Улууска История сылын саҕалааһын

Олунньу 2 күнүгэр улуус дьаһалтатын аактабай саалатыгар Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээнэ, СР “Хотугу сулус”, “Албан аат” III – с истиэпэннээх орденнар кавалердара, Саха АССР үтүөлээх учуутала, Былатыан Ойуунускай аатынан СР государственнай бириэмийэтин лауреата, Чурапчы улууһун, Чурапчы, Болугур нэһилиэктэрин бочуоттаах гражданина И.М.Павловы кыттаа История сылын саҕалааһынын чэрчитинэн көрсүһүү буолла. Көрсүһүүгэ улуус дьаһалтатын салайааччылара, кыраайы үөрэтээччилэр, улуус музейдарын, библиотекаларын үлэһиттэрэ, история учууталлара үөрэхтээһин управлениетын специалистара кыттыыны ыллылар.Чурапчытааҕы музей директора Ю.Толстоухов ааспыт Музей сылын сүрүн хамсааһыннарын, туох үлэ барбытын сиһилии кэпсээтэ.

Улуустааҕы үөрэх управлениетын начальнигын солбуйааччы Е.Егорова саҥа История сылын концепциятын ис барылын толору билиһиннэрдэ, История сыла ааспыт Музей сылын салҕыыр ситимнээҕин эттэ, сиһилии ырытан кэпсээтэ. Үөрэх управлениета История сылын сүрүннээччинэн ананан концепцияҕа хас да хайысханан сыал-сорук туруоруллан сыл устата киэҥ далааһыннаах үлэ ыытыллыахтааҕын туһунан иһитиннэрдэ.
Иван Михайлович иһитиннэриилэри болҕойон истэн кэккэ боппуруостары, сүбэлэри – амалары биэрдэ, элбэҕи кэпсээтэ, улуус историятын түҥ былыргыттан хасыһан, чинчийэн үөрэтиҥ диэн тус санаатын эттэ. Ытык кырдьаҕас: “Историяҕа сыһыаннаах хайа баҕар мунаарар боппуруостаах буоллаххытына ыйыталаһар буолуҥ, төһө билэрбинэн, тута да буолбатар эппиэттиэм”- диэн этиинэн кэпсээнин түмүктээтэ. Көрсүһүүгэ мустубуттар Иван Михайловичка бары үтүөнү баҕаран туран, махталларын этэн тарҕастылар.