ССРС кульутарын туйгуна, СӨ культуратын үтүөлээх үлэһитэ, Чурапчы улууһун уонна Болугур нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, күндүтүк саныыр, киэн туттар бэтэрээн үлэһиппит Валентина Дмитриевна Пинигина сырдык аатыгар бэрт истиҥ, иһирэх ахтыы кинигэни дьоһун бэлэх оҥордулар. Кинигэни таҥан оҥордулар А.М. Смирникова, Е.С.Слепцова. Валентина Дмитриевна Чурапчы музейын, культуратын үрдүк таһымҥа таһаарбыт дьонтон биирдэстэрэ буолар. Кини үлэлээбитэ-хамнаабыта, оҥорбута-туппута Чурапчыбыт историятын кэрчик кэмнэрин сырдатар. Онон үгүһү кэпсиир ис хоһоонноох кинигэни таһаарбыккытыгар, үтүө киһибитин үйэтиппиккитигэр ис сүрэхтэн махтанабыт!

Чурапчыга СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирэ Афанасий Ноев үлэлээтэ

Хас биирдии улууска өбүгэ саҕаттан ордон кэлбит малы-салы, кыылы-сүөлү, докумуоннары, оройуон төрүттэниэҕиттэн устуоруйатын кэпсиир-көрдөрөр улахан суолталаах тэрилтэнэн мусуой буолар.

Быйыл саастан саҕалаан Чурапчытааҕы А.А.Саввин аатынан устуоруйа уонна этнография түмэлин дьиэтигэр капитальнай өрөмүөн ыытылынна. Бу үлэ бырайыага, сметата 2023 сыллаахха оҥоһуллан, улуус баһылыга Степан Саргыдаев бигэргэтэн, СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтигэр түһэриллибитэ уонна «Култуура» федеральнай национальнай бырайыакка хапсан бүгүҥҥү күҥҥэ түмүктэннэ. Бэдэрээччигинэн «ПД-Инжиниринг» хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэ (салайааччы Гавриил Платонов) үлэлээн, былааннаммыт үлэни-хамнаһы барытын ыйыллыбыт кэмигэр туттарда. Билиҥҥи туругунан түмэл экспонаттара туруорулла иликтэр, мусуой үлэһиттэрин ону көһөрөн миэстэтин булларыы түбүгэ күүтэр.

Түмэл үлэтэ култуура эйгэтэ буоларын быһыытынан балаҕан ыйын 11 күнүгэр  СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирэ Афанасий Ноев Чурапчы улууһугар кэлэн үлэлээтэ. Бастатан туран, кини Бахсы нэһилиэгэр тутулла турар Т.П.Местников аатынан норуот айымньытын дьиэтигэр үлэ хаамыытын сиһилии билистэ, саҥа эбийиэк үлэҕэ киириэхтээх кэмин чопчулаата итиэннэ туһааннаах соруктары туруорда. Онтон салгыы Чурапчы түмэлигэр сылдьан улуус баһылыга Степан Саргыдаевы, улуус баһылыгын тутуу уонна архитектура боппуруостарыгар солбуйааччыта Афанасий Дьячковскайы, култуура управлениетын начаалынньыга Петр Гуляевы, түмэл дириэктэрэ Афанасий Захаровы, үлэһиттэри, бэдэрээччиги кытары көрсөн кэпсэттэ, өрөмүөн түмүгүн көрдө-иһиттэ.

Афанасий Иванович: «Быйыл бу А.А.Саввин аатынан Чурапчытааҕы түмэл өрөмүөнэ национальнай бырайыак иһинэн үлэлиир «Капитальный ремонт муниципальных музеев» бырагырааманан оҥоһуллан түмүктэннэ. Бүгүн бу эбийиэги көрдүбүт, үлэни сиһилии билистибит. Онон биһиги маны барытын тэрийэн, хонтуруоллаан тиһэҕэр тиэрдибит дьоҥҥо — Чурапчы улууһун баһылыгар Степан Саргыдаевка, түмэл үлэһиттэригэр уонна чуолаан «ПД Инжиниринг» олохтоох бэдэрээт тэрилтэтигэр, салайааччы Гавриил Платоновка хойутааһына суох чопчу этиллибит кэмигэр үлэлэрин туттарбытыгар махталбытын тиэрдэбит. Маннык бырайыактар баар буоланнар кэнники кэккэ сылларга өрөспүүбүлүкэбит улуустарыгар Кэбээйигэ, Бүлүүгэ, Уус Майаҕа эмиэ мусуойдар өрөмүөннэннилэр, быйыл бу Чурапчыны таһынан Өлүөхүмэҕэ Саҕынньахтаахха эмиэ түмэлгэ өрөмүөн үлэтэ ыытылла турар. Онон «Култуура» национальнай бырайыак иһинэн анаан-минээн киирбит муниципальнай мусуойдары өрөмүөннээһиҥҥэ туһуламмыт бырагырааманы биһиги төһө кыалларынан туһанаммыт, бу хайысханан үлэ ыытарбыт үтүө түмүктэрдээх буолан эрэр диэн бэлиэтиэххэ наада. Оттон Чурапчы түмэлин үлэтэ саҥардыллыбыт сырдык, сылаас уораҕайга өссө тупсуо, кэҥиэ, тэтимириэ диэн эрэллээхпин»,-диэн санаатын үллэстэр.

Тустаах тэрилтэ үлэһиттэрэ бары даҕаны күннэтэ үлэлиир-хамсыыр тэрилтэлэрэ сырдаабытыттан, бэл кэҥээбит курдук буолбутуттан олус диэн сүргэлэрэ көтөҕүллэн сылдьаллар. Түмэл дириэктэрэ Афанасий Захаров: «Бүгүҥҥү күҥҥэ бу үөһэ куполбыт анныгар икки миэтэрэлээх кырасыабай люстра иилиллэрэ хаалла итиэннэ аҕыйах хонуктаах бытархай үлэ, ол кэннэ сыыйа экспонаттарбытын көһөрөн, сааһылаан саҕалыахпыт. Бэйэм өттүбүттэн улууспут салалтатыгар, аҕа баһылыкпытыгар Степан Саргыдаевка, СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистиригэр Афанасий Ноевка, бэдэрээччит тэрилтэбит салайааччытыгар Гавриил Платоновка махталбын тиэрдэбин»,-диэтэ.

Маны таһынан, түгэнинэн туһанан, улууспут баһылыга Степан Анатольевич, култуура управлениетын салайааччыта Петр Егорович, түмэл дириэктэрэ Афанасий Афанасьевич, үлэһиттэр экспонат элбэҕин, ону барытын харыстыырга, харайарга анал фондохранилище наадатын Афанасий Ивановичка тоһоҕолоон эттилэр, онно болҕомто ууралларыгар көрдөстүлэр, эбийиэк бырайыагын экраҥҥа сырдатан көрдөрдүлэр.

Наталья Сибирякова

*Сиһилии:* https://xn--80aa7aggbp2b.xn--p1ai/churapchyga-se-kultuura5a-uonna-duhuobunaj-sajdyyga-miniistire-afanasij-noev-yleleete/ *Видеону бу сигэлэринэн көрүөххэ сөп:* https://rutube.ru/video/c0d172d3762af80a232eb52928d87c1d/?r=ahttps://vk.com/video-210932099_456239232?list=52189ef1d81c755bfe

Во дворе одного из жителей Кытанахского наслега Чурапчинского улуса найдены артефакты ымыяхтахской культуры

В июне 2024 г. местность Нама в Кытанахском наслеге Чурапчинского улуса стала местом исключительного археологического открытия – во дворе одного частного дома были обнаружены артефакты древней ымыяхтахской культуры. Этот неожиданный и невероятно важный для истории улуса привлёк внимание как местных жителей, так и профессиональных археологов.


https://yakutia24.ru/news/obshchestvo/istoricheskoe-otkrytie-vo-dvore

Чурапчыга саҥа быыстапка аһылынна

Бүгүн Чурапчы улууһугар бука бары билэр, ытыктыыр биир дойдулаахпыт, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, 2002-2008 сылларга Чурапчы улууhун баhылыгынан таһаарыылаахтык үлэлээбит, өрөспүүбүлүкэ, улуус уонна хас да нэһилиэк ытык киһитэ Иннокентий Николаевич Аммосов 75 сааһын көрсөр үбүлүөйдээх күнүгэр сөп түбэһиннэрэн «Айылгы» норуот айымньытын дьиэтигэр «Эргиллэн көрдөхпүнэ дьылҕабар, үлэ дьонугар куруук махталлаахпын» хаартысканан быыстапка аһыллыыта үөрүүлээх быһыыга-майгыга ыытылынна.

Наталья Сибирякова, ааптар хаартыската, видеота

В дар нашему музею концевой скребок из стоянки Хонду, найденный в 2023 г.. Скребок создан древним человеком на пластинчатом отщепе. Длина 4,8 см, ширина 2,6, толщина 0,5. Культурная принадлежность – дюктайская культура. Возраст 35 – 10,5 тысяч лет назад. Дар музею оказал Кандыба Александр Викторович, старший научный сотрудник отдела археологии каменного века Института археологии и этнографии СО РАН. Передал артефакт участник архелогической раскопки ученый археолог из Якутска Протопопов Альберт Васильевич.

Бүгүн биһиги түмэлбит библиотекатыгар Чурапчы улууһун үөрэҕин салалтатыттан «Край родной Чурапчинский» диэн улуус үүнэр көлүөнэ ыччата төрөөбүт дойдутун үөрэтэн сиһилии билэригэр туһуламмыт, оскуола 5-һис кылааһын үөрэнээччилэригэр улуус географияҕа, историяҕа учууталлара оҥорбут кинигэлэрин дьоһун бэлэх оҥордулар.

Бу кинигэҕэ улуус историята, айылҕата, нэһилиэнньэтэ, киэн туттар дьоно, тыа хаһаайыстыбата, улуус билиҥҥитэ барыта олус өйдөнүмтүө, оҕолорго сөптөөх тылынан киирбит. Бу үөрэх кинигэтэ биһиги үлэбитигэр куруук туһанар кинигэбит буолуоҕа саарбаҕа суох. Онон олус улахан махталбытын тиэрдэбит үөрэх салалтатыгар Юрий Павлович Посельскайга, бу элбэх сыллаах киэҥ хабааннаах үлэни салайан таһаартарбыт педагогика билимин кандидатыгар Любовь Семеновна Пахомоваҕа, бары автордарга: Анастасия Алексеевна Аржаковаҕа– Николай Дмитриевич Субуруускай аатынан Болтоҥо орто оскуолатын географиятын учууталыгар, Анна Гаврильевна Борисоваҕа– Иван Егорович Федосеев-Доосо аатынан Дириҥ орто агро оскуолатын бэтэрээн учууталыгар, Нина Михайловна Дагданчаҕа – Тихон Михайлович Каженкин аатынан Арыылаах орто оскуолатын географиятын учууталыгар, Зинаида Петровна Дьячковскайаҕа – Профессор Георгий Прокопьевич Башарин аатынан Сылаҥ орто оскуолатын географиятын учууталыгар, Люция Павловна Илларионоваҕа– С.А. Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатын историятын учууталыгар, Мария Дмириевна Колесоваҕа– И.М. Павлов аатынан Чурапчы орто оскуолатын географиятын учууталыгар, Татьяна Ивановна Лазареваҕа Василий Семенович Яковлев-Далан аатынан Кытаанах орто оскуолатын географиятын учууталыгар, Любовь Семеновна Макароваҕа– С.А. Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатын географиятын учууталыгар, Марфа Афанасьевна Монастыреваҕа– Дмитрий Петрович Коркин аатынан Чурапчытааҕы республиканскай олимпийскай эрэллэри бэлэмниир спортивнай орто интернат-оскуола географиятын учууталыгар, Екатерина Дмитриевна Софроноваҕа – Одьулуун орто оскуолатын географиятын учууталыгар, Иван Романович Федосеевка – Василий Сергеевич Соловьев-Болот Боотур аатынан Хатылы орто оскуолатын географиятын учууталыгар.