“Дьоһун бэлэх”

🚩🚩🚩🚩🚩🚩🚩🚩🚩🚩🚩🚩🚩🚩🚩🚩🚩🚩🚩🚩🚩🚩🚩🚩🚩
Улуу Кыайыы 78 сылынан биһиги түмэлбитигэр дьоһун бэлэх киирдэ. “Үтүө кынаттаах дьоһун олох” диэн күүс өттүнэн Хоту көһөрүллүү кыттыылааҕа, тыыл, үлэ, сэрии бэтэрээнэ, Хадаар нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо Герой Ийэ Февронья Ивановна Пермякова уонна Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии бэтэрээнэ, инбэлиитэ, Хадаар нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо Николай Николаевич Филиппов тустарынан оҕолоро, сиэннэрэ таһааттарбыт кинигэлэрин бэлэх ууннулар. Филипповтар дьиэ кэргэн сэрии алдьархайын барытын эт-хаан өттүнэн билэн, эрэйдэнэн-аччыктаан, өй-санаа өттүнэн эриллэн, киһи кыайбатын кыайан, дойдуларыгар эргиллэн 10 оҕону төрөппүттэрэ. Февронья Ивановна соҕотох да хааллар, көһүүттэн тыыннаах эргиллибит, Николай Николаевич 18-таах эдэркээн уол, сэриигэ сылдьан билиэҥҥэ түбэһэн икки сылтан ордук тыыннаах хаалар туһугар охсуспут, сэрииттэн төннөн баран дьон кырыы харахтарынан көрөллөрүн тулуйан туран сэриттээн эмсэҕэлээбит олоҕу уһансыбыт. Кырдьык да кинилэр олохторо тулуур, дьулуур, олоххо тардыһыы холобурдарынан буолар. Кинилэр дьоһун олохторун кэпсиир кинигэни сүрэхтээбиккитигэр уонна бэлэх ууммуккутугар Филипповтар аймахтарга барҕа махталбытын тиэрдэбит, өссө да үйэтитии үлэтигэр кыттыһа туруҥ, тус олоххутугар дьолу-соргуну баҕарабыт🙌
#Дьоһунбэлэх2023