#дьоһунбэлэх

🔸 Саха норуодунай суруйааччыта С.А.Новгородов – Сэмэн Тумат “Лингвист Семен Новгородов уонна кэм-кэрдии тсохоло” кинигэтин түмэлбит библиотекатыгар бэлэх уунна.

Кинигэҕэ ааптар лингвист С.А.Новгородов Тыл наукатыгар оҥорбут үлэтин сырдатыынан сибээстээн кэккэ ыстатыйалары, публикациялары таһынан “Лингвист Семен Андреевич Новгородов: хаартыскалар, докумуоннар, ыстатыйалар” (2007), “Лингвист С.А.Новгородов: хаан-уруу дьоннор суруктара. Кини туһунан ахтыылар” (2011); “Лингвист Семен Новгородов суолталаах бэлиэтээһиннэрэ” (2014); “Душе моей две Родины…” (Елена Семеновна Новгородова туһунан ахтыылар, докумуоннар); “Өй-сүрэх көрдөбүлүнэн (чинчийиилэр, көрдөөһүннэр-булуулар, публикациялар, эсселар, суоллааҕы бэлиэтиһээннэр)” (2009); “Ытыллыбыт олох” (Андрей Андреевич Новгородов); “Рукопись” (2020) диэн кинигэлэрин суруйан, түмэн таһаарда. Сэ

Сэмэн Тумат бу кинигэҕэ С.А.Новгородов тула кэм-кэрдии тосхолун ырытар.