#дьоһунбэлэх

🔸 “Алаҕар нэһилиэгэ” МТ Чурапчы улууһугар “Ытыктабыл” сылынан Сэбиэскэй буойуттар фашистартан Сталинград куораты босхолообуттара 80 сылынан, аатырбыт артиллерист Г.Д. Протодьяконов олоҕун сырдатар кинигэни бэлэх уунна.

Кинигэҕэ Чурапчы улууһун Алаҕарыттан төрүттээх саха саллаатын аатын ааттаппыт Протодьяконов Г.Д. дьиҥнээх дьоруой буоларын туоһулуур айымньылара, архыып докумуоннара, ахтыылара киирбиттэр.