Россия худуоһунньуктарын чилиэнэ, Саха сирин искусствотын үтүөлээх деятелэ Александра Самсоновна Бочкарева-Иннокентьева – Сууралдьыма биһиги киэн туттар биир дойдулаахпыт буолар.
🟠 Сууралдьыма живопись бары жанрдарын баһылаабыт худуоһунньук. Худуоһунньук хас биирдии үлэтин оҥороругар элбэҕи үөрэтэн, хасыһан баран суруйар. Онон кини үлэлэрэ история чахчыларын, культураны кэпсиир дириҥ ис хоһоонноохтор. Төһө да Чурапчы алдьархайын өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 1991 сыллаахха биирдэ сыыһа дьаһалынан билиммиттэрин иһин, кэнники сылларга көһөрүллүү историятын үйэтитии сыллата бара турар. Ол үтүө соругу ылынан, көһөрүллүү кыттыылаахтарыттан ахтыы ылан, экспедицияларга сылдьыһан туран уруһуйдаабыт көһөрүллүүнү кэпсиир хартыыналардаах.
🟠Олортон икки хартыыната биһиги музейдарбытыгар баар: А.А.Саввин аатынан Чурапчытааҕы история уонна этнография музейыгар уонна Хатылытааҕы көһөрүллүү музейыгар күннэтэ историяны кэпсии, көрдөрө тураллар.