Үс сэргэ – үс кут

Бэс ыйын 14 күнүгэр А.Е.Кулаковскай – Өксөкүлээх Өлөксөй төрөөбүтэ 145 сылыгар анаан “Үс сэргэ – үс кут” диэн концепция бырайыак чэрчитинэн Өймөкөөнтөн делегация – Өймөкөөн улууһун баһылыга Иннокентий Семенович Сивцев, культура дьаһалтатын начальнига Аксиния Семеновна Сивцева кэлэн бардылар. “Үс кут – үс сэргэ” концепция сүрүн соруга – Өксөкүлээх Өлөксөй тус бэйэтинэн оҥорон хаалларбыт аһаҕас халлаан мусуойун экспонаттара – мас сэргэлэрэ кини олоҕун уонна үлэтин кэрэһиттэринэн буолан туралларын үйэтитии. Өймөкөөнтөн ыалдьыттарбыт Өймөкөөн сириттэн буор аҕалан куттулар.

Санатан эттэххэ:
🌿Саха норуотун духуобунай лиидэрэ Өксөкүлээх Өлөксөй Саха сиригэр үс эрэ улуус нэһилиэктэригэр – Чурапчы Арыылааҕар, Үөһээ Бүлүү Оҥхойугар уонна Өймөкөөн Томторугар Өйдөбүнньүк сэргэлэри туруорбута. Ол мас историческай өйдөбүнньүктэр күн бүгүнүгэр диэри бу улуустар олохтоохторо сүгүрүйэн ааһар ытык сирдэринэн буолаллар.

🌿Ол курдук, 1904 сыллаахха Чурапчы улууһун Арыылаах нэһилиэгэр Өксөкүлээх кэлэн өбүгэ сиэрин-туомун тутуһан, арыгыта суох уруу тэрийбит. Манна кини саҥа олох түстэниитин бэлиэтин — ИЙЭ КУТ бастакы сэргэтин туруорбут.
1905 сыллаахха Үөһээ Бүлүү улууһугар эмиэ Арыылаах нэһилиэгин Оҥхой учаастагын олохтоохторугар от охсор тэрили илдьэ тиийэн, оһуохай тэрийэр. Кини манна үлэни, или уонна уйгулаах олоҕу түстүүр БУОР КУТ — иккис сэргэтин туруорбут.
1924 сыллаахха эйэлээх олох кэлбитин, судаарыстыбаннас түстэммитин уруйдаан, Өймөкөөн улууһун Томтор нэһилиэгин Үрэх Төрдө диэн сиргэ өбүгэ үгэһин барытын тутуһан ыһыах ыһар уонна манна – САЛГЫН КУТ үһүс сэргэтин туруорбут.