Мэхээлэ Доҕордуурап төрөөбүтэ 115 сааһа

Балаҕан ыйын 25 күнүгэр саха биллиилээх суруйааччыта, драматура, журналиһа, кыраайы үөрэтээччитэ Мэхээлэ Доҕордуурап төрөөбүтэ 115 сааһын туолар. Кинини биһиги талааннаах суруйааччы быһыытынан эрэ буолбакка, краевед быһыытынан эмиэ билэбит. Олоҕун бүтэһик сылларыгар Чурапчытааҕы кыраайы үөрэтэр музейын директорынан үлэлээбитэ. Улуус историятын үөрэтэн, үйэтитэн билиҥҥи ыччакка умнуллубат бэлэҕи хаалларбыта.