От ыйа. Аан Алахчын ыйа буолар.

   От ыйыгар Улуу тунах бүтэр (12 күн). Онон ыһыахтар тохтууллар. Окко киирии буолар. Отооһун – саха сүрүн үлэтэ. Окко киирэрэ эрдэттэн сэниэ ылан бэлэмнэнэллэр. Окко киирэн баран үс күн хаталлар. От ыйыгар күнү былытынан, үөнүнэн-көйүүрүнэг, кыылынан-сүөлүнэн, сиигинэн билгэлииллэр. От ыйын 20-с күнүгэр саары куйааһа бүтэр. Ый биир самыырдаах – от (Бөтүрүөп) самыыра, диир тыаллаах – от саарар тыала. От ыйа тохсунньу ыйга тэҥнэһэр. (Сахалыы Бикипиэдьийэттэн )